Благовещенскай куоракка Алдантан сылдьар устудьуон менингиттээн өлбүт. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Людмила Вербицкая иһитиннэрэр.
Кини эппитинэн, 2001 сыллаах төрүөх Алдантан сылдьар Благовещенскайдааҕы техникум устудьуона Артем Д. өлбүт. “Кини бүтэһигин Алдаҥҥа каникулга тохсунньу 15-20 күннэригэр кэлэ сылдьыбыт. Муус устар күнүгэр эмискэ ыалдьыбыт уонна муус устар 3 күнүгэр быстыбыт. Менингиттэн бачча түргэнник өлүү сэдэхтик тахсар”, - диир Вербицкая. Миниистири солбуйааччы Саха сириттэн маннык диагнозтаах атын устудьуоннар тустарынан тугу да эппэтэ.