Өймөкөөн улууһугар такси сулууспатын массыыната суол саахалыгар түбэстэ. Ол түмүгэр 4 киһи эчэйдэ. Саахал муус устар 12 күнүгэр “Халыма” федеральнай суолугар Ольчанскай хайаны уҥуордуур аартыкка таҕыста.
SsangYong Istana микроавтобус суоппара Shacman (Shaanxi) бырысыаптаах грузовигы кытары харсыспыт. Эмсэҕэлээбит 2 олорсон испит киһи балыыһаҕа киирбит, икки киһи кыра эчэйиини ылбыт. Саахал кэмигэр Дьокуускай-Уус Ньара такситын салонугар 8 киһи олорсон испит. Айан билиэтин сыаната – 6 тыһ. солк.
Такси суоппара отой даҕаны дьону тиэйэр көҥүлэ суох эбит. Иньэ гынан, киниэхэ административнай дьыала тэрилиннэ. Суоппар “быылтан сылтаан айаннаан иһэр грузовигы кыайан көрбөтөҕүм” диэн быһаарбыт. Кини бэйтээ эмсэҕэлээбэтэ. Тарааннаһыы инники кириэһилэҕэ олорсон испит пассажир миэстэтинэн буолбут.