Киир

Киир

Бүлүү улууһун дьокутааттарын сэбиэтин 44-саастаах дьокутаата бүддьүөт харчытын хорон сиэбитин иһин суут иннигэр эппиэттиэҕэ.

Силиэстийэ быһаарбытынан, уорбаланааччы бэйэтэ хонтуруоллуур тэрилтэтинэн эргитэн, 10 мөл. солк. бүддьүөт харчытын уорбут. Маны таһынан, сиэхсит дьокутаакка “Халбаакы” потребкооперация 7 мөл. солк. тахса үбүн уорааһыҥҥа буруйданар. Кини “хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагырааматыгар кыттыстаҕа буолан, аукциоҥҥа бэйэтин тэрилтэтинэн кыайбыт (кини онно дириэктэр буолбатах эрээри, онно бэрт чугас, хонтуруоллуу олорбут) уонна счетугар 10 мөл. солк. ылбыт. Биллэн турар, эрэннэрбит дьиэтин туппатах, ылбыт харчытын бас билэринэн айбардаабыт. Маны таһынан, “Халбаакы” ПК саҥа хотонун тутуох буолан дуогабардаспыт уонна 7 мөл. солк. ылан баран туппатах. Дьокутаакка Арассыыйа ХК 159 ыст. 4 ч. холуобунай дьыала тэриллибит (масыанньыктааһын). Инньэ гынан, кини 10 сылга диэри хааллыан сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар