Киир

Киир

Саха омук сылгы-сүөһү ииттэн баччаларга диэри тыыннаах ордон кэллэхпит. Сопхуос саҕаттан үрүҥ илгэни үрүлүтэн, сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы сыһыы аайы сырыырҕатан олорбут эбит буоллахпытына, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр тыабыт хаһаайыстыбата нэһиилэ тыын ыла сатыыра кистэл буолбатах. Онуоха былаас өттүттэн араас өйүүр мэхэньиисими туһана сатыыллар да, ол түмүгэ соччо-бачча көстүбэт курдук.

ТХМ “Поддержка начинающих фермеров” уонна “Развитие семейных животноводческих ферм” диэн бырагыраама чэрчитинэн бааһынайдары өйүүр сыаллаах субсидия көрөр. Ол субсидияны кимиэхэ, хайдах бэрээдэгинэн бэриллиэхтээҕэ барыта докумуоҥҥа чопчу бигэргэнэр.

Былырыын саҥа саҕалыыр пиэрмэрдэри өйүүр сыаллаах уопсайа 145 мөл. солк. көрүллүбүт. Ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн -- 101,06 мөл. солк., оттон өрөспүүбүлүкэттэн – 43,94 мөл. солк. Уопсайа 381 сайаапка киирбититтэн 66 хаһаайыстыбаҕа субсидия харчытын түҥэппиттэр: сүөһүнү иитиигэ – 40, сылгыны иитиигэ – 17, оҕуруот аһын үүннэриигэ: хортуоппуйга – 3, табаны иитиигэ – 3, ыҥырыаны харайыыга – 3. Бу куонкуруска уопсайа 26 улуус кыттыбыт, өссө бүддьүөтү таһынан 16,11 мөл. солк. үп туһаныллыбыт диэн ТХМ отчуоттуур.

Оттон КФХ базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин өйүүргэ диэн былырыын 76,17 мөл. солк. көрүллүбүт (ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 23,08 мөл.солк., өрөспүүбүлүкэттэн – 53,09 мөл.солк.). Манна уопсайа 75 хаһаайыстыба кыттар баҕалааҕын биллэрбититтэн, куонкурус түмүгүнэн 20 бааһынай хаһаайыстыбаҕа биэрбиттэр: сүөһү иитиитигэр – 18 уонна сылгыны иитэр хаһаайыстыбаҕа – 2. Бүддьүөтү таһынан 50,78 мөл. солк. туһаммыттар.

Бу харчыны ылан баран (биэс сыл болдьохтоон ылаллар, харчыларын чопчу бигэргэммит былаанынан ороскуоттууллар) хас сыл аҥаарын ахсын министиэристибэҕэ хаартысканан отчуоттууллар үһү. Маны таһынан харчыларын туохха ыыппыттарын бигэргэтэр отчуоту туттараллар. Ол хаартысканан отчуоттарын көрбүт киһи баар ини. Барахсаттары сылга иккитэ төһө эрэ сууйан-тараан, ытыахтарыгар диэри ыбылы киэргэтэн түһэрээхтииллэр. Маны таһынан муниципальнай тэриллиилэр, т/х управлениетын, министиэристибэ былааннаммыт уонна былааны таһынан пиэрмэлэргэ тиийэн бэрэбиэркэлииллэр үһү.

Быйыл бу бырагыраама чэрчитинэн 76 хаһаайыстыбаҕа уопсайа -- 174 мөл. солк. уонна 10 хаһаайыстыбаҕа 66 мөл. солк. субсидия көрүллүөхтээх.

0orig

Ылар илии билбэт?

Былырыын Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин Хомустаах сэлиэнньэтигэр Петр Сивцев диэн бааһынай кулун тутарга 15 сүөһүтэ ырыганнаан өлбүтүн туһунан суруйан турабыт. Петр Петрович 2010 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, 2011 сыллаахха 19 племенной сүөһүнү кирэдьииккэ ылан үлэтин саҕалаабыт. Онтун былаан быһыытынан 3 сыл иһигэр 30 төбөҕө диэри элбэппит. Онтон 2015 сыллаахха салгыы өссө элбэтэр баҕалаах, 100 сүөһүгэ хотон туттар уонна эбии атыылаһар инниттэн “Семейная ферма” диэн бырагыраамаҕа кыттан улуус хамыыһыйатын ааспыттар. Онтон 2015 сыл муус устар 29 күнүгэр 30 сүөһүлээх хотонноро олоччу умайан, 18 сүөһүтэ өлбүт. Элбэҕи эрэннэрэр пиэрмэр сүөһүлэрэ кытарарга былдьаммыттарын кэннэ, министиэристибэ аны иккистээн көмөлөһөр сыаллаах 100 төбөҕө хотон туттарыгар, сүөһү атыылаһарыгар уонна ону көрөргө-истэргэ тиэхиньикэни, тэрили ыларга үлүгэрдээх үбү биэрбит. Холобур, биһиэхэ министиэристибэ ыыппыт кумааҕытыттан көрдөххө, Петр Сивцев сыл иккис аҥаарыгар 4 мөл. 522 тыһ. 97 солк. субсидия үбүн туһаммытын отчуоттаабыт. Бу граны ыларыгар нэһилиэк, Уус Алдан улууһун баһылыктара мэктиэ сурук суруйбуттар. Онно бааһынай хайдах курдук кэскиллээх салайааччы буолара ыйыллар. Маны сэргэ, бастаан хотонноро уокка былдьаммытын кэннэ, Сивцевтэр Ил Түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлин А.Н.Жирков аатыгар “биһигини, баһаалыста, өйөөҥ” диэн сурук ыыппыттар. Биир дойдулаахтарын ыарахан кэмнэригэр өйөөн, бэрэссэдээтэл сүбэһитин аатыттан ТХМ хадатаайыстыба киирбит. Ол кэннэ Сивцевтэргэ иккистээн грант ылалларын көҥүллээбиттэр. Онуоха грант харчытыттан туттубут 100 сүөһүлээх хотонноро кыстыкка диэри силигин сиппэтэх. Ону ол диэбэккэ, курдары көстөн турар хотоҥҥо кыстатан, тоҥ хаһааҕа, саахтарыгар батыллан, ааспыт сыл кулун тутарыгар сүөһү маассабай өлүүтэ тахсыбыта. Нэһиилэ сыккырыыр тыыннара хаалбыт сүөһүлэрин нэһилиэк дьонун хотонноругар көрдөһөн кыстаппыттар. Бааһынай Петр Сивцев кэргэнэ Екатерина Белолюбская ити грант ылар кэмигэр нэһилиэк дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлии олорбута. Ол тухары сүөһүлэрэ өлөн эрэллэрин көрө-көрө, тыллабыр эҥин оҥорботох. Тохсунньу-олунньу ыйдарга бэтэринээрдэр иккитэ тиийэ сылдьыбыттарыгар хотон таһыттан хатааһыннаах буолан, кыайан киирбэккэ төннүбүттэр. Бу быһылаан кэннэ Белолюбская үлэтиттэн уурайбыта. КФХ салайааччыта П.П. Сивцев быһаарыытыгар “наһаа улахан хотону тутаммын, тымныыта бэрдиттэн уонна хотонум суох буолан, ыксаан киирбиппит. Бэйэм өттүбүттэн болҕомтолоохтук сыһыаннаспатахпар буруйбун билинэбин. Дьиҥэ, бу хотоҥҥо эһиил, 2017 сыллаахха, киириэхтээх этим. Сүтэрбит сүөһүлэрбин быйыл 2016 сылга бэйэм харчыбыттан атыылаһан толуйуом диэн эрэннэрэбин” диэбит.

images

Быһылаан кэннэ министиэристибэттэн анал хамыыһыйа тахсан көрбүт-истибит. Буолумуна, итиччэлээх айдаан кэннэ, саатар, өлбүт сүөһүнү көрдөхтөрүнэ табыллар буоллаҕа. Хайа муҥун, тирии торуоннарыгар олоруохтарай?! Бу иннинэ тоҕо да тахсан көрбөтөх-истибэтэх баҕайыларай? Бука, кумааҕы отчуотун, оҥоһуу хаартысканы итэҕэйдэхтэрэ буолуо.

“Граннаах” сүөһү гааска тумнастар...

Бу сыл тохсунньу 25 күнүгэр ТХМ Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр КФХ салайааччыта Д.Н. Яковлев хотонугар 16 сүөһү маассабайдык өлбүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит.

Дмитрий Николаевич Яковлев -- Атамай нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдэттэлэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата. 2015 сыллаахха нэһилиэк баһылыгын хадатаайыстыбатынан “Начинающий фермер” куонкуруска кыайан, 1 480 510 солк. грант ылбыт. Бу харчыга тиэхиньикэ уонна сүөһү ылбыт. Ылбыт гранын сыл аҥаара буола-буола отчуоттуу олорбут. Ааспыт сыллааҕы отчуотун министиэристибэҕэ бу сыл тохсунньу 10 күнүгэр туттарбыт. Сүөһүлэрин кыстатарыгар 30 т. оту бэлэмнээбит. Хотоно тымныы буолан, диисэл уматыгынан үлэлиир буусканы түүн устата холбообут. Саатар, хотон турбата мууһунан бүрүллэн, эбиитин бэнсиининэн үлэлиир бууска холбонон, 16 сүөһү угаардаан өлбүт. Маны таһынан сүөһүлэрин мөлтөх хаачыстыбалаах отунан аһатан турбуттара биллибит. Дьон дьалаҕайыттан 16 сүөһү өллөҕө ол.

Билигин пиэрмэр Дмитрий Яковлевич сыл устата грант харчытынан ылбыт хаһаайыстыбатын баар оҥоруохтаах. Онто да суох умналаһан элбэх сүөһүнү ылбыт, элбэх оҕолоох ыал аҕата чөлүгэр түһэрэрэ, биллэн турар, ыарахан.

telenok

Сивцевтэр быһылаан кэннэ “сүөһүбүтүн барытын баар гыныахпыт, грант харчытын толуйуохпут” диэн эрэннэрбиттэрэ. Онуоха дьыала тугунан түмүктэммитин билээри, ТХМ сурук ыыппыппыт даҕаны, туох да күттүөннээх эппиэти туппатыбыт. Арай, ТХМ пресс-сулууспата 20-тэн тахса сирэйдээх кумааҕы бөҕөнү ыыппыт (ол-бу хамыыһыйа эҥин тэриллибит бирикээстэрин куоппуйата, ол тухары биһиги ыйытыыбытыгар туоха да чопчу хоруйа суох). Норуот туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар министиэристибэ быһааран биэриэхтээх буолбатах дуо? СМИ сокуон хараҕынан ирдиир да эбээһинсэтээх. Уус Алдан улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар төлөпүөннээн “Сивцевтэр сүөһүлэрин баар гыннылар дуо? Граннарын хайдах толуйдулар?” диэбиппитигэр “зоотехник эҥин бары бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьаллар, онон тугу да этэр кыаҕым суох” диэн хоруйдаатылар. Сылга биирдэ кэлэн барар бырабыыталыстыба отчуотун көтүтэр табыллыбат буоллаҕа. Отчуоттары кэрийбэккэ, дьиҥ үлэнэн дьарыктаммыттара буоллар, быдан көдьүүстээх буолуо этэ диэх айылаах.

Министиэристибэттэн грант ылар дьону муниципальнай тэриллии салайааччылара хадатаайыстыба суруйан мэктиэлииллэрин иһин хайаан даҕаны эппиэтинэһи сүгүөхтээхтэр. Бүддьүөт харчыта ороскуоттанарын быһыытынан кинилэр сотору-сотору үлэ хайдах баран иһэрин кыраҕытык кэтээн көрүөхтээхтэр. Саатар, ыйга биирдэ хотону кэрийэн көрөллөрө буоллар, дьон дьалаҕайын син кэмигэр тохтотуохха сөп этэ

.grant

Бүддьүөт харчытыттан көмөнү ылбыт пиэрмэрдэр үлэлэрин-хамнастарын граны биэриэх инниттэн хонтуруолга ылан күүстээх бэрэбиэркэни ыытар тоҕо сатамматый? Грант ылыллыбытын кэннэ аҥаардас хаартысканан муҥурдаммакка, ый ахсын анал аак оҥорон бэрэбиэркэлиир тоҕо кыаллыбатый? Грант биэрэр балаһыанньатыгар хонтуруолу кытаатыннаран биэрэр уолдьаспатах дуо? Аҥаардас харчытыгар эрэ ымсыыран, хаһаайыстыбаны өрө туппат пиэрмэрдэргэ тоҕо үрүт-үрдүгэр биэрэ туралларый? Бааһынайы хадатаайыстыбалаан ыыппыт баһылык миэстэтигэр хонтуруолу ыытара, ама, кыаллыбат үһү дуо? Нэһилиэк дьокутааттарыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар үйэлэрин тухары миккиллибит дьону мунньан, анал хамыыһыйа тэрийтэрэн хонтуруоллуур дьаһалы биэрэр тоҕо сатаммат буолуоҕай? Кистэл буолбатах, бу граҥҥа киирсэргэ үлүгэрдээх элбэх кумааҕыны хомуйсаҕын. Ол, биллэн турар, үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр. Онтон сылтаан дьиҥ чахчы туруу үлэһит, сүөһү-сылгы иитиитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр, ол эрээри кумааҕыны кыайан сырсыбат сүөһү көрөөччүлэр арыыланан хаалаллар.

“Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарабыт” дии-дии, үрдүк түрүбүүнэттэн кураанаҕы куолулаабакка, саатар, итэҕэһи-быһаҕаһы туоратан хонтуруолу күүһүрдэр, бэрээдэктиир кэм кэллэ.

Дмитрий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй