Киир

Киир

“Балаҕан ыйыгар бу иннинэ хамсыгынан сибээстээн, 16-гар диэри саастаах оҕолорго көрүллүбүт “Путин төлөбүрэ” кэлиэ диэн эрэнимэҥ” дииллэр – оннук харчы дойду бүддьүөтүгэр көрүллүбэтэх, экэниэмикэ боппуруоһа уустук.

“Итинник көмөнү оҥорорго сүүһүнэн миллиард солкуобай наада. Биллэрин төрүөтүнэн, билигин дойду уустук экэнэмиичэскэй быһыыга-майгыга киирэн олорор. Онон быйылгы бүддьүөттэн оннук харчыны тыырар олус уустук буолуо”, -- диэн Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валерий Рязанскай санаатын үллэһиннэ.

В.Рязанскай эппитинэн, бу иннинээҕи төлөбүрдэргэ судаарыстыба бүддьүөккэ көрүллүбэтэх 580 млрд солкуобайы бараабыт.

Экэниэмикэ билимин дуоктара Игорь Николаев “маннык иэрэҥ-саараҥ кэмҥэ судаарыстыба норуотун “кэмчилээн өйүө”. Харчыны “хара күҥҥэ” диэн хаһааналлар. Оттон онтон сылыктаатахха, бырабыыталыстыба үһүс төлөбүрү көрөрө саарбах” диир.

Бу туһунан РБК матырыйаалларыгар сигэнэн, “Сахапарламент” саайт суруйар.