Бүгүн биһиэхэ Тааттаттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор Лукачевская Валентина Семеновна диэн ааҕааччыбыт “Биир үтүө санаалаах саха далбар хотунун туһунан сырдатыаххыт дуо?” диэн көрдөһүүлээх суруйда.
Кини кэпсээниттэн Улан-Удэҕэ олорор биир дойдулаахпыт, Ньурбаттан төрүттээх дьон түмсүүлэрин салайар, 65 саастаах Ильина Пелагея Прокопьевна байыаннай чаастары кытта быстыбат ситими олохтоон, муммут-тэммит саха оҕолорун бэйэтин дьиэтигэр илдьэн ийэлии истиҥник сыһыаннаһан, аһатан, хоннорон, дойдуларыгар кэлэллэригэр көмөлөһө олорорун туһунан биллибит уонна үөрүүнү кытта сырдатарга сөбүлэстибит. Маҥнай Валентина Семеновна уонна Пелагея Прокопьевна хайдах билсибиттэрин ааҕыаҕыҥ:
- Балаҕан ыйын бүтүүтэ бииргэ төрөөбүт балтым (билигин бэйэтэ бу сиргэ суох) соҕотох оҕото байыаннай хомуурга түбэһэн Улан Удэҕэ тиийбитэ. Бырааппын, мөлтөх доруобуйалааҕын аахсыбакка, үчүгэйдик көрбөккө ыытан кэбиспиттэригэр, быраатым дойдутуттан, балыыһаттан ыспыраапкалары хомуйсан, манна Дьокуускай байаҥкамааттарынан сүүрэн, сайабылыанньа суруйан, ДП -1 анал дьааһыктарыгар укпутум. Ол барыта туһааннаах сиргэ тиийэн, быраатым сулууспаттан сыыйыллыбыта. Онтон байыаннай чаас Дьокуускайга көтүтэр сөмөлүөтүгэр кыайан тиийбэккэ хаалан, хонор сирэ суох буолбута. Эрдэ Улан Удэҕэ сахалар түмсүүлэрин салайааччытын Ильина Пелагея Прокопьевна төлөпүөнүн булбут буоламмын, киниэхэ эрийэн ханна хонноруохпун сөбүй диэн сүбэ көрдөөбүтүм. Мин дьолбор, “Бырааккар төлөпүөнүм нүөмэрин биэр, миэхэ кэллин” диэн соһуппута даҕаны, үөрпүтэ даҕаны! Бырааппын ити курдук ийэлии эйэҕэс майгытынан көрсөн, аһатан-сиэтэн, баанньыктатан, ыраас, сылаас дьиэтигэр хоннорон, уолбут нөҥүө күнүгэр Дьокуускайга көтөн кэлбитэ. Онон, күндү биир дойдулаахпыт Пелагея Прокопьевнаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит. Маннык үтүө санаанан салайтаран, дьон махталынан угуттанан, доруобай сылдьаргар, уһун дьоллоох олоҕу олороргор баҕарабыт. Оттон Улан- Удэтээҕи “Cэргэ” түмсүүгэ – үрдүк ситиһиилэри уонна бары үтүөнү.
Салгыы Пелагея Прокопьевнаҕа, бар дьон аатыттан махтанан туран, кини тэрийбит түмсүүтүн, ыытар үлэтин туһунан суругун ааҕыаҕыҥ.
Ытык-мааны Сахам сирин олохтоохторо!
Улан Удэтээҕи “Сэргэ”' түмсүүтүн кыттыылаахтарын аатыттан итии-истиҥ эҕэрдэ! Мин аатым Ильина Пелагея Прокопьевна. Мин эһиэхэ түмсүүбүт олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Түмсүүбүтүн 2016 сыллаахха тэрийбиппит уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Аан бастаан кэргэним баар эрдэҕинэ, 2010-2015 сыллар усталарыгар төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн биирдиилээн оҕолору байыаннай чаастарга баран көрсөн, ас атыылаһан, алаадьылаан илдьэн биэрэрбит. Кэргэним массыыналаах буолан, кэлэргэ-барарга судургу этэ.
Онтон кэргэним суох буолтун кэннэ сылтан ордук байыаннай чаастарга сылдьыбат буолтум. 2016 сылтан кыралаан биирдиилээн оҕоҕо, төрөппүттэр көрдөстөхтөрүнэ, ас-таҥас илдьэр буолтум. 2017 сылтан дьүөгэбинээн Людмила Елегяевалыын иккиэн 11-с биригээдэҕэ сулууспалыы сылдьар оҕолорго сылдьан саҕалаабыппыт. Оҕолор туоха наадыйалларын төрөппүттэригэр этэн, аҕалтаран, бэйэбит эбии алаадьылаан, бэрэскилээн илдьэр буолбуппут. Кэлин биһигиттэн истэн, түмсүү актыбыыстара Диана Будаева, Раиса Доржиева,Афанасий Лугинов кыттыспыттара. Онон, билигин Улан-Удэҕэ баар байыаннай чаастарга барыларыгар сылдьабыт.
Уолаттары кытта көрсөн, кэпсэтэн, ийэлэрэ ыыппыт үптэринэн кэһии атыылаһан, бэйэбит алаадьы, бэрэски буһаран илдьэн күндүлүүбүт. Барыахпыт иннинэ эбэһээт байыаннай чаас замполитын, кулууп дириэктэрин кытта кэпсэтэн көҥүл ылан тиийэбит. Оччоҕо Саха сириттэн сылдьар саллааттары болдьоммут күҥҥэ, чааска биир сиргэ мунньан тоһуйаллар.
Хас да сыл байыаннай чаастарга сылдьан ыһыах ыспыппыт. Успуорт төрүт көрүҥнэригэр, оонньууларыгар СӨ тустууга үтүөлээх тириэньэр Афанасий Афанасьевич Лугинов судьуйалаан ыытааччы. Биһиги кэллэхпитинэ уолаттар наһаа үөрэллэр, сүргэлэрэ көтөҕүллэр. “Кырдьаҕас саха киһитин кытта кэпсэппэтэх ыраатта” дэһэллэр. Инньэ гынан кэпсэтэн, сэһэргэһэн, санааларын этинэн, астынан “өссө кэлээриҥ” дии хаалаллар. Оҕолор үөрэ көрсөллөрө, күүтэ хаалаллара, ийэлэр, төрөппүттэр махталлара биһигини олус кынаттыыр, санаабытын көтөҕөр.
Байыаннай чаастар замполиттарын кытта билсэ, сибээстэһэ турабыт. Ол-бу кыра бэрээдэги кэһии тахсар түгэнигэр, биһиэхэ төлөпүөнүнэн эрийэннэр, “уолаттаргытын кытта кэлэн иитэр-өйдөтөр кэпсэтиини ыытыҥ” дииллэр, оччоҕо миэстэтигэр тиийэн кэпсэтэн, быһаарсан кэлэбит.
Быйыл саас үбүлүөйбэр байыаннай чаастар замполиттара, сулууспалаан бүппүт уонна сулууспалыы сылдьар уолаттарым, төрөппүттэр элбэх махтал суруктары, сибэкки дьөрбөтүн, өйдөбүнньүк бэлэхтэри дьиэбэр ыытаннар, наһаа үөрдүбүттэрэ. Онон, үлэбин ити курдук үрдүктүк сыаналаабыттарыгар барыларыгар барҕа махталбын тиэрдэбин.
Билигин “Сэргэ” түмсүү биир сүрүн соругунан саллаат оҕолору кытта билсэ туруу, көмөлөһүү буолар. Өссө биир дьарыкпытынан Бурятияҕа кэлбит биир дойдулаахтарбытын кытта көрсүһүүлэри тэрийии буолар.
Бастакы ыалдьыттарбытынан Саха сирин волейболга сборнай хамаандата этэ. Ол күн оруобуна Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтээн ыллаан-туойан, кэпсэтэн, оһуохайдаан, сүргэбит көтөҕүллэн тарҕаспыппыт. Ол кэннэ алгысчыт Сэмэн (хомойуох иһин, араспаанньатын умнубуппун) көрсүһүүгэ кэлбиттэри барыбытын сканируйдаан, ким хайдах туруктааҕын, хайдах туохтан харыстаныахтааҕын сүбэлээбитэ. Бүтэһигэр алгыстаан, арчылаан, ыраастаан барбыта. Онтон Самаан Сааска сатыы тэлиэгэлээх айаннаан тиийэн кэлбитин көрсөн, кэпсэтэн, сахалыы сиэринэн төрүт аһынан күндүлээбиппит.
2020 сыллаахха, байыаннай чааска баран ыһыах ыһаары, ас астаан, быыппахтаан сырыттахпытына оруобуна М.Е. Емельянова кэлэн кыттыыны ылбыта. Үөрүү-көтүү өрөгөйүн оройуттан тутан, сахалыы тыыммытын таһааран тарҕаспыппыт. 2021 сыл күһүнүгэр Клим Фёдоров салайааччылаах бөлөҕү кытта көрсүһүү олус көрдөөхтүк, сэргэхтик, ырыа-тойук аргыстаах ааспыта.
2021 сыл ахсынньытыгар Дугуйдаан Винокуровы, Мичил Неустроевы кытта улахан киэҥ программалаах көрсүһүү буолбута. СМИ бөҕө устубута, көрдөрбүтэ. Киэһэ дьиэҕэ-уокка, сахалыы үгэһинэн остуол тардан, чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтии буолта.
Онно Саха сириттэн Дугуйдааннааҕы көрсө кэлбит Валерий Егорович Неустроевтыын билсибиппит. Кини миэхэ ити көрсүһүүнү тэрийсибитим иһин махтал сурук, чороон туттарбыта уонна дойдубут ыһаарыламмыт соботун дьааһык муҥунан аҕалан күндүлээбитигэр, үөрпүтүтүгэр махталбыт муҥура суох. В.Е. Никифоров туһунан өссө да ахтан ааһыаҕым.
Онтон Өрөспүүбүлүкэбит 100 сааһын этнографическай музейга сирбитин-уоппутун аһатан, ыллаан-туойан, уруйдаан-айхаллаан, оһуохайдаан көрсүбүппүт. Ол кэннэ эмиэ этнографическай музейга Клим Фёдоров илдьэ сылдьар бөлөҕүн кытта пикниктээбиппит. Эмиэ сэргэх көрсүһүү буолан ааспыта.
Бэс ыйыгар Горнай улууһун дэлэгээссийэтин кытта “Сэргэ” түмсүү маҥнайгы ыһыаҕа буолбута. Горнай улууһун дэлэгээссийэтэ өттүк харалаах, утары уунардаах кэлэн, буспут куһунан, ыһаарыламыт собонон күндүлээбиттэрэ. Улан-Удэлэр сахаларын маҥнайгы ыһыаҕын иилээн- саҕалаан үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыт Аанчык, Миша Рожиннарга махталбыт муҥура суох. Дойдубут дьоно кэлэн көрсөн баралларыттан биһиги дойдубут салгынын эҕирийэн ылбыт курдук сананабыт. Төрөөбүт дойдубут сонунун истэн, ыллаан, туойан дуоһуйабыт.
Маны таһынан бэйэбит испитигэр элбэх көрсүһүүлэр, үбүлүөйдэр, бырааһынньыктар буолаллар. Соторутааҕыта Аҕам саастаах дьоннор күннэригэр көрсүспүппүт. Онно куруук көмө буолар култуура үнүстүтүүтүн устудьуоннара кэлэн ыллаан-туойан, хомустаан, эҕэрдэлээн барбыттара. Устудьуон оҕолорбут хайа баҕарар тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар. Оһуохай, тойук, олоҥхо, ырыа, үҥкүү - барыта баар буолар.
Алтынньы ыйга мобилизацияланан кэлбит биир дойдулаахтарбытын көрсө Сосновай борга 11-с биригээдэҕэ үстэ бара сырыттыбыт. Үһүспүтүгэр култуура үнүстүтүүтүн оҕолоро улахан сэргэх кэнсиэр туруорбуттара. Бу кэнсиэр туруоруллуутугар Валерий Егорович өҥөтө олус улахан. Бэйэтэ дойдутугар бараары сылдьан үнүстүтүүт ректорын кытта кэпсэтэн, устудьуоннар кэнсиэртииллэригэр көҥүл ылан, туох баар аппаратууранан үнүстүтүүт хааччыйарын ситиһэн, улахан да улахан көмөнү оҥордо.
Мобилизацияламмыт уолаттарга иккистээн барарбытыгар Валерий Егорович манна Улан-Удэҕэ баар этэ. Байыаннай чааска баран кэлэр тырааныспарбытын хааччыйан, замполиты, кулууп дириэктэрин кытары кэпсэтэн, кэнсиэртиирбитигэр көҥүл ылан, күнүн-чааһын быһаарсан, улаханнык көмөлөстө. Онон, бу кэнсиэр Валерий Егорович өҥөтүнэн барда диэххэ сөп. Валерий Егоровичка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Манна даҕатан эттэххэ, байыаннай чаастар куораттан тэйиччи тураллар, киһи ылбычча тиийбэт. Ол иһин кэнсиэртии тиийэрбитигэр харчы бырахсан оптуобус арендалаан барбыппыт уонна, идэбитинэн алтыа буолан, сүүстүү алаадьы, сүүстүү бэрэски буһаран, 20 лиитирэ быыппах оҥорон илдьибиппит. Ону таһынан дьоннорун көрдөһүүтүнэн, биирдиилээн сакаастары элбэх киһиэхэ атыылаһан илдьэн биэрбиппит.
“Сэргэ'” түмсүү олоҕун кылгастык билиһиннэрдэхэ итинник. Инникитин, ыраах да олордорбут, биир дойдулаахтарбытыгар кыра да көмө оҥорон туһалаатарбыт диэн баҕа санаалаахпыт.