Бу сир улахан кымырдаҕас уйатын санатар. Киирии-тахсыы, кэлии-барыы, ыксал-тиэтэл, ол быыһыгар утуйуу, сынньаныы, кэтэһии... Аан дойду араас муннуктарыгар айаннааччылары тиксиһиннэрэр аэропорт киэҥ киэлитигэр тиийбэтэх, тиксибэтэх ахсааннаах. Киирэр ааҥҥа малы, дьону бэрэбиэркэлээн, онтон айанныыр хайысхаҥ эриэйсэтигэр ыҥыран, регистрацияны аһаран, ыраах айаҥҥа атааран, аэропорт үлэһиттэрэ күнүстэри-түүннэри түбүгүрэллэр. Көтөр аал, халлаан киэҥ куйаарын эйгэтэ үчүгэйкээн кыргыттарынан, аныгы сөмөлүөттэринэн, ыраах айаннааччыларга минньигэс, сонун аһынан-үөлүнэн эрэ өйгө хаалар. Оттон ити хартыына кэтэҕэр көстүбэт-биллибэт эйгэ үлэһиттэрэ баалларын биһиги дэҥ кэриэтэ саныыр буолуохтаахпыт.
Былатыан Ойуунускай аатынан “Дьокуускай” аэропорда нуучча, аангылыйа тылларын таһынан сахалыы биллэрэринэн уратылаах. Эдэр кыыс нарын, холку куолаһа ханнык сиргэ хайа эриэйсэ саҕаланан эрэрин биллэрдэҕинэ, киһи ыксаабакка, холкутук хомунар. Бу матырыйаалга пуорт сахалыы саҥарарын ситиспит, билигин ити биллэриилэри быһаччы салайар сулууспаҕа үлэлиир диспиэччэри кытта билсиэхпит.
Изабелла Петрова көтөр ааллар халлааҥҥа уонна сиргэ хамсааһыннарын тэрийиигэ үлэлээбитэ 35 сыл буолла. Пуорт производство, диспиэччэр сулууспатын диспиэччэрэ.
Кыырай халлааҥҥа талаһар баҕа санаа оруоллаах
Кырачаан Изабелла олорор бөһүөлэгин – Өлүөнэ эбэ кытылыгар турар Хаптаҕайын – үрдүнэн улахан да, кыра да сөмөлүөттэр күҥҥэ хаста эмэ көтөллөрө. Ити сөмөлүөттэр ыраах, сайдыылаах дойдуларга көтөн эрдэхтэрэ... Изабелла ол көстүбэт кэрэҕэ талаһар, ыраах кэрэ куораттары көрөр, дьону-сэргэни кытта билсэр баҕа санаатын сүрэҕин түгэҕэр кистээбитэ. Дьиҥ олох атыны этэрэ. Оччолорго оскуола кэнниттэн сопхуоска үлэлиир путевканы илиигэ тутартан, ону тэҥэ халыып буолбут учуутал эбэтэр эмчит идэтин баһылыыртан ураты суол дэриэбинэттэн төрүттээх кыыс оҕоҕо көстүбэт курдуга. Дьолго, киниэхэ дьылҕата атыны тоһуйан турара. СГУ филологическай факультетыгар туттарса сылдьан, Дьокуускай 11 №-дээх производственнай-тэхиниичэскэй училищетыгар (ПТУ) бортпроводниктар куурустарыгар сүүмэрдээһин саҕаламмытын туһунан биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Бу уруккулартан уратылаах выпуск этэ. Кууруска түөрт саха кыыһа үөрэнэн, оччолорго сахаҕа сэдэх идэни баһылаабыттара. Хомойуох иһин, Изабелла, күөмэйэ ыалдьар буолан, доруобуйатын туругунан көтөргө көҥүлү кыайан ылбатаҕа. Ол оннугар нууччалыы-сахалыы холкутук, эрэллээхтик саҥарар талаанын сыаналаан, Дьокуускай аэропордугар эспэримиэн быһыытынан биллэрээччи үлэтигэр быраактыкатын барарыгар ыҥырбыттара.
Сахалыы биллэрээччигэ дьон билигин да олус наадыйаллар. Тыа сириттэн кэлбит, нууччалыы саҥаны истэ үөрэммэтэх дьоҥҥо киин сиргэ сахалыы саҥа хайдахтаах курдук күндүтүн сэрэйэр буолуохтааххыт. Изабелла үлэтин бастакы күнүттэн киниэхэ киирээри дьон Мавзолейга курдук уочараттаабыттара. Дьон араас сыаллаах көтөр. Хас биирдии киһини кытта кэпсэтии, быһаарыы сыанан аҕаабат. Дьон да майгыта араас. Эриэйсэ уһаабытыттан кыйахаммыт, хонор сирэ суох хаалбыт, малын сүтэрбит, ыалдьыбыт, оҕотунан кыһалҕаламмыт хара баһаам буоллаҕа. Изабелла үлэтиттэн өрүүр икки күнүгэр иһиттэн саҥата тахсыбат гына илистэрэ. Ол да буоллар, суолталаах, туһалаах үлэни толоро сылдьарын бэркэ өйдүүрэ.
Үлэ барыта сүрэх сылааһын эрэйэр
Саҥаны саҕалыырга мэлдьи уустук. Изабелла ким да ылсыбатаҕар ылсан эрэр буолан, элбэҕи толкуйдуура, ырытара. “Төһө сөпкө саҥаран эрэрим буолла?..” диэн бэйэтэ бэйэтиттэн ыйытара. Салайааччыта бэйэтигэр табыгастаах тылынан саҥарарыгар көҥүлү биэрбитэ эрээри, Изабелла тыл кэрэтик эрэ буолбакка, табатык саҥарыллыан баҕарара. Онон бэйэтин баҕатынан СГУ саха тылын хаапыдыратыгар тиийэн, сүбэлэһэргэ быһаарыммыта. Кинини киһи киэнэ үтүөтэ, тылы үөрэтээччи, филология билимин хандьыдаата Юрий Иванович Васильев-Дьаргыстай көрсүбүтэ. Эдэркээн кыыс өҥөтүнэн өрөспүүбүлүкэ салгыҥҥа эйгэтин киинэ – Дьокуускай аэропорда – сахалыы саҥарбыта суолталаах уонна үөрүүлээх түгэн этэ. Бу икки киһи куолаан үлэлэһиилэрин түмүгэр саха аэропорда эриэйсэлэри сахалыы биллэрэр буолбута. Ити – 1987 сыллаахха этэ. Кэлин 2012 сылга диэри саҥа пассажирскай терминалга саҥаны иһитиннэрэр аптамаат систиэмэтэ Юрий Васильев салайыытынан Изабелла Петрова оҥорбут халыыбын туттубута.
Юрий Иванович тылга дьоҕурдаах кыыһы университекка туттарсарга сүбэлээбитэ. Оттон аэропорт салалтата мэлдьи туох эрэ саҥаны киллэрэргэ баҕалаах, айылҕаттан талааннаах үлэһити бастайааннай дуоһунаска – ыспыраапка сулууспатын дьуһуурунайынан үлэҕэ ылбыта. 1998 сыллаахха Изабелла Кимовна үрдээн, тэрилтэ производство, диспиэччэр сулууспатын иһитиннэрэр-ыспыраапкалыыр сулууспатын диспиэччэрин дуоһунаһыгар көспүтэ.
Идэбин инники күөҥҥэ тутабын
– Изабелла Кимовна, билиҥҥи үлэҥ сүнньүн билиһиннэр эрэ.
– Иһитиннэрэр-ыспыраапкалыыр сулууспа симиэнэнэн үлэлиир диспиэччэрдэрэ салгын суудунатын хамсааһынын, авиахампаанньалары, аэропорт бары сулууспаларын ситимниир үлэни толороллор. Сөмөлүөт көтөр чааһа сыҕарыйыытын, саньытаарынай сорудах кэлиитин, саппаас сөмөлүөттэр эриэйсэлэрин билигин “Кобра” диэн анал бырагырааманан онлайн иһитиннэрэбит. Ити сулууспалар түргэн уонна хаачыстыбалаах үлэни ыыталларыгар толору эппиэтинэһи сүгэбит. Аэронавигация биһиги диспиэччэр пууммутугар тиксэрбит биллэриитин эбии оҥорон, ситэрэн-хоторон, салгыы сулууспаларынан тарҕатабыт. Биллэрии кырдьыктаах, кэмигэр буоларыгар эппиэтинэс биһиэхэ сүктэриллэр.
Диспиэччэр үлэтэ эмиэ туһунан уратылаах. Бэйэбит да, үлэбит да дьон хараҕар көстүбэппит. Бу 35 сыл үлэлиирим тухары сорох кэллиэгэлэрбин кытта сирэй көрсөн билсибэппин. Ардыгар онно-манна куоластарын истэн эрэ биир идэлээҕим буоларын сэрэйэн үөрэбин. Оннук симиэнэ симиэнэни, дьыл дьылы солбуйан, баран иһэбит. Өссө биир уратыбыт диэн, биһиги сулууспабытыгар кэрэ аҥаардар эрэ үлэлииллэр.
– Ол ирдэбил дуу, үлэ уратыта оннук дуу?
– Урут-уруккуттан оннук олохсуйан хаалбыт. Бука, кэрэ аҥаардар айылҕаттан тулуурдаахпыт оруолу оонньуура буолуо. Ардыгар сөмөлүөттэр көтөр бириэмэлэрэ сыҕарыйан, иһитиннэрии үрүт-үрдүгэр киирэр. Ону наардаан, сыымайдаан таһаарыы болҕомтону, тулууру эрэйэр. Каадырга кэлэр эдэр кыргыттары онно сыаллыыбыт, элбэххэ үөрэтэбит.
– Үлэҕит кыраапыга хайдаҕый?
– Биир күн – толору, иккис күн түүҥҥү симиэнэҕэ үлэлиибит. Икки күн – өрөбүл. Түүҥҥү үлэни уйар дьоҥҥо аналлаах үлэ. Эдэрбиттэн түүҥҥү чуумпуга уруок ааҕа үөрүйэх буоламмын, этим-хааным тута ылыммыта. Билигин да ыарырҕаппаппын.
– 35 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Бүтүн киһи төрөөн, атаҕар турар кэмэ буоллаҕа. Ол кэмтэн бүгүн туох уларыйыы баарый?
– Бу үһүс аэровокзалбар үлэлиибин. Үлэбин саҥа саҕалыырбар араспысаанньа таблота да диэн суоҕа. Билиҥҥи курдук онлайн-араспысаанньа киириэ диэн өйгө да суох буоллаҕа. Бу кэм иһигэр киһи итэҕэйбэт гына элбэх уларыйыы буолла. Пассажирдарга табыгастаах, чэпчэки араас өҥө киирэ турар. Кэлин аэропуорт бары хамсааһыннара биир систиэмэҕэ киллэриллэн, сулууспалар үлэлэрэ биллэрдик чэпчээтэ. Ол пассажирдары кытта үлэҕэ, багааһы, почтаны, көтөр ааллары көрүүгэ-харайыыга эмиэ биллэр. Пуорт кэлэктиибэ олус улахан, элбэх сулууспа үлэлиир. Олор үлэлэрин барытын билэр хайдах да кыаллыбат. Дьону кытта үлэлэһии – диспиэччэр үлэтин биир хайысхата. Дьоҥҥо көмөлөһөн, кыһалҕаларын быһаарсан, махтал тылларын иһиттэхпинэ, махтаммыт харахтары көрдөхпүнэ, сылаам ааһан хаалар, сөптөөх идэни талбыппыттан астыныы санаата киирэр.
– Үлэҥ олоххор оруола хайдаҕый?
– Үлэ, идэнэн тахсыы бастакы миэстэҕэ туруохтаах диэн бигэ санаалаахпын. Онуоха үлэҥ эн санааҕар сытар, таптыыр идэҕинэн буолара олус улахан суолталаах. Ол эрээри хайа да киһи дьиэ кэргэнин өйөбүлэ суох тахсыбат, табыллыбат. Кэргэним Роберт Петрович – мин биир санаалааҕым, эрэллээх эркиним. Кини өйөбүлүнэн үөрэхпин салҕаабытым, исписэлиис быһыытынан атахпар турбутум. Уоллаах кыыс оҕолордоохпут. Киһи олоҕор туох даҕаны мээнэҕэ буолбат. Оҕо сааһым ыра санаатынан халлааҥҥа көтөр дьылҕаламмытым буоллар, олоҕум атыннык салаллыа этэ. Сиргэ хаалан, тапталбын көрүстэҕим, ийэ буолар дьолун биллэҕим.
– Үлэҥ таһынан туох дьарыктааххыный?
– Туох да дьарыга суох олорору адьас сатаабаппын. Хайаан даҕаны тугунан эрэ дьарыктаныахпын наада. Сибэккини көрөрбүн-истэрбин сөбүлүүбүн, Жатай хуоругар ыллыыбын, араас уустук туортары астыыбын.
– Диспиэччэринэн үлэлиэн баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Эппитим курдук, биһиги үлэбит, бастатан туран, дьоҥҥо туһуланар. Аһыныгас, тулуурдаах, эппиэтинэстээх, болҕомтолоох, түргэн-тарҕан хаачыстыбалары ирдиир. Биир тылынан, киһилии хаачыстыба оруоллаах. Ханна да буоларын курдук, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.