Эрэдээксийэбит бүгүҥҥү ыалдьыта – өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйи 2012 сыллаахха бүтэрбит, идэтинэн физик идэлээх, билигин үөрэммит кыһатыгар физика учууталынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар П.И. Ноговицын.
– Пётр Иванович, тэриллибитэ үйэ чиэппэрэ буолбут өрөспүүбүлүкэ аатырар оскуолатыгар үөрэммит уонна ол кыһаҕа үлэлии сылдьар эдэр учууталгын. Ол туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуу.
– Мин 1-тан 9-с кылааска диэри Төҥүлү орто оскуолатыгар үөрэммитим. Онно физика кылааһын лабаратыарыйатыгар алдьаммыт электрофорнай массыына баар этэ. Ол массыынаны бииргэ үөрэммит уолбунуун абырахтыы, оҥоро сатаабыппыт да кыаллыбатаҕа. Онтон сылтаан физика биридимиэтигэр интэриэһим саҕаламмыта. Билигин талан үөрэтэ сылдьар идэбэр маҥнайгы тапталы Төҥүлү оскуолатын физикаҕа учуутала Е.И. Ченянова сахпыта. Онон күндү учууталым Евдокия Ильиничнаҕа бу киэҥ, уустук эйгэҕэ сиэтэн киллэрбитигэр махталым муҥура суох.
Кыра кылаастартан математиканы сүрдээҕин сэҥээрэр буоламмын, садаачалары суоттааһыҥҥа олус үлүһүйэрим. Онно математика учуутала Шэйна Иннокентьевна Стручкова дьарыктаан, араас таһымнаах олимпиадаларга кыттарым. Ол олимпиадалар түмүктэринэн “Дьоҕур” сайыҥҥы оскуолатыгар ыҥырыллыбытым. Онно сылдьан, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэр оҕолортон лиссиэй туһунан аан бастаан истибитим. Бу оҕолор бары олус өйдөөх этилэр. Ол иһин кинилэргэ ымсыыраммын уонна өйдөөх буолаары лиссиэйгэ үөрэнэ киирэр ыра санаам “оҕотук сүрэхпэр уйаламмыта”.
– Дьэ, ол ыра санааҥ туолла дуу?
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ физика олимпиадатын түмүгүнэн киирбитим. Биирдэ ФМФ “Ленскэй кыраайга” (билиҥҥинэн МАН) физика олимпиадатын эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр эспэримиэнниир туур кэннэ, көрүдүөргэ табаарыспын кытта кэпсэтэ турдахпына, маҥан баттахтаах биир оҕонньор кэлэн: “Күһүн иккиэҥҥитин физика кылааһыгар күүтэбин”, – диэн соһутта. Мин үөрүү бөҕөтө. Олимпиадаҕа миэстэлэспиппинээҕэр ордук өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ ыҥырбыттарыттан үөрбүтүм, дьолломмутум. Өйдөөх оҕолор ахсааннарыгар киирэр ыра санаам туолан эрэриттэн астыммытым. Ол курдук физика 10-с кылааһыгар үөрэнэ киирбитим. Күһүн үөрэнэ кэлэн баран билбитим: маҥан баттахтаах оҕонньорум В.Ф. Потапов эбит.
– Үлэлээбитиҥ номнуо 4-5 сыл буолбут. Бу кэм устата син уопутурдаҕыҥ. Эһиги саҕанааҕы үөрэнээччилэртэн билиҥҥи көлүөнэ оҕо туох уратылаах, хайдах үөрэнээччи эбитий?
– Билиҥҥи кэм оҕото улаатар эйгэтэ атын. Информационнай технология күүскэ сайдан, араас социальнай ситимтэн, интэриниэттэн олус элбэх иһитиннэриини ылар. Ону барытын оҕо мэйиитэ түргэнник ылынар. Ол иһин билиҥҥи кэм оҕолоро, мин санаабар, информацияны олус түргэнник “обработкалыыр” кыахтаахтар. Ол эрээри кинилэр аралдьыйаллара элбэх, биир дьыалаҕа болҕомтолорун ууран уһуннук үлэлииллэрин ыарырҕаталлар. Билиҥҥи оҕолор санааларын аһаҕастык этэллэринэн хорсуннар, инникигэ сыал-сорук туруорунан үөрэнэллэрэ хайҕаллаах.
– Үлэни дьүөрэлии тутан, аспирантураны үөрэнэн бүтэрбиккин. Инникитин олоххун билими кытта ситимниир “бүччүм” санаа баар дуу?
– ХИФУ ФТИ аспирантуратын быйыл саас бүтэрбитим. Үлэ үөһүгэр сылдьар буоламмын, билимҥэ ыстатыйам аҕыйах. Ол да буоллар олус интэриэһинэй уонна киһи аймах олоҕор туһалаах тиэмэнэн дьарыктаммытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, научнай үлэбин син биир быыс-арыт булан салгыы сылдьабын. Төһө даҕаны билим хайысхата интэриэһинэй буоллар, оскуолаҕа оҕолору кытары үлэлэһэрбин ордорор эбиппин. Оскуола эйгэтэ – инники олоҕум, кэскиллээх үлэм.
– Ол да иһин буолуо, оскуола кэлэктиибэ эйигин инникигэ эрэллээх, кэскиллээх исписэлиис быһыытынан сыаналыыр. Оччотугар сыыспатах эбиттэр.
– Тоҕо оннук сыаналыыллара эбитэ буолла? Соһуйдум. Ол эрээри сатаабатым, билбэтим билигин да олус элбэх.
– Бэйэҥ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саамай сөбүлүүр учууталларыҥ кимнээх этилэрэй? Ордук ханнык биридимиэти сөбүлүүр этигиний?
– Оскуола кэмигэр биһигини үгүс сүдү учуутал үөрэппитэ. Онон да буолуо, хас биирдии уруок олус сэргэхтик ааһара. Киэһэ аайы саҥаны билэн, элбэҕи толкуйдаан, күн аайы өйүм-санаам эбиллэн иһэр дии саныырым. Сүрүн сөбүлүүр биридимиэттэрим физиканы, математиканы таһынан химия, саха литэрэтиирэтэ, физкультура, информатика этилэр.
Саҕахха күн тахсарын кэриэтэ, саамай кэтэһэр биридимиэтим химия уруога буолара. Химияны Л.П. Маленова үөрэппитэ. Химическэй реакциялары олоххо буолар түбэлтэни кытары тэҥнээн, көрдөрөн кэпсиирэ ураты интэриэһинэйэ. Мэктиэтигэр, айахпытын атан олорон кэриэтэ ол эспэримиэнниирин, уопут оҥорорун маныырбыт.
Лиссиэйгэ үөрэнэ киирэн баран, учуутал идэтигэр ааттара дорҕоонноохтук ааттанар чулуу учууталларга үөрэммитим. Бары даҕаны тус-туспа көрүүлээх, атын-атын мэтиэдьикэлээх учууталлар этилэр. Олортон саамай ытыктыырым, быйыл норуот учууталын үрдүк аатын ылбыт В.Ф. Потапов буолар. Ол иһин кини үтүө холобурун үтүктэн, албан аатын ааттатар инниттэн физика учуутала буолуохпун баҕарбытым.
– Төрдүгэр учуутал идэлээхтэр бааллар дуу?
– Аймахтарбар учуутал элбэх. Ийэм, аҕам, эбэм, саҥаһым, убайым, эдьиийим, быраатым – бары учуутал идэлээхтэр. Онон учуутал династияларабыт диэххэ сөп. Онон да буолуо, кыра эрдэхпиттэн хайаан даҕаны учуутал буолуохтааҕым курдук ылына улааппытым.
– “Учуутал – мин дьиҥнээх талан ылбыт идэм” диэн киэн тутта этэҕин дуо? Оскуолаҕа урут да, билигин да эр дьон тарбахха баттанар аҕыйах.
– Дьону кытары кэпсэтэрбэр киэн тутта учууталбын дэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, учуутал дьон инники олоҕун түстүүр буолан, дьон-сэргэ дьылҕатыгар дьайыыта улахан дии саныыбын. Оттон билигин оскуолаҕа эр киһи аҕыйаҕа, сүрүннээн, хамнас кыратыттан буолуо.
– Оскуолаҕа, чахчы, дьиҥнээх сахалыы эйгэлээх, өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх үөрэнээччилэр үөрэнэллэр дии саныыгын дуо?
– Биһиги лиссиэйбитигэр 5-тэн 9-с кылааска диэри гимназиялыы кылаастар сахалыы үөрэнэллэр. Үөрэнээччилэр сынньалаҥ да кэмигэр, бэйэлэрин икки ардыгар да буоллун, сахалыы кэпсэтэллэриттэн үөрэбин. Нууччалыы соҕус эйгэлээх оскуолаттан туттарсан киирбит оҕолор, сахалыы саҥарар буолан хаалаллар. Оттон үрдүкү кылаастарга туттарсан киирэр оҕо маҥнай нууччалыы тартаран саҥардар даҕаны, 11-с кылааска тиийэн, сахалыы саҥарара элбиир. Уу сахалыы саҥарар буолан хаалаллар. Онон сахалыы тыыннаах оскуолаҕа үлэлии сылдьарбыттан астынабын.
– Билиҥҥи ыччат кинигэни, хаһыаты төһө ааҕар дии саныыгын?
– Кэм сайдан, билигин хас биирдии киһи баҕарбыт кинигэтин эбэтэр ыстатыйатын интэриниэт ситимиттэн түргэнник булар. Онно аналлаах өҥө олус элбэх. Билиҥҥи ыччат кинигэни ааҕар даҕаны, истэр даҕаны. Хаһыаты кумааҕы көрүҥүнэн эрэ буолбакка, араас информационнай ааҕыныстыбалар сонуннарын “онлайн” ааҕаллар. Билигин информация элбэх эйгэттэн кэлэр буолан, “информационная грамотность” баар буолуохтаах. Анаарар, кириитикэлиир толкуй сайдыахтаах.
– Үлэттэн ураты туох дьарыктааххыный?
– Учуутал киһи иллэҥ кэмэ олус кырыымчык. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оскуолаҕа сылдьаҕын, үгүс бириэмэҥ онно ааһар. Киэһэ үлэбиттэн кэлэн, оҕобун кытары оонньоон бириэмэбин атаарабын. Хаһан эрэ биир аҕа кэллиэгэ: “Физик физическэй туруга эмиэ үчүгэй буолуохтаах”, – диэн бэргэнник эппитэ төбөбөр иҥэн хаалбыт. Онон, иллэҥ кэммэр успуорт саалатыгар баран дьарыктанабын.
– Итэҕэл омугу быыһыаҕа диэн өйдөбүлгэ санааҥ хайдаҕый?
– Сахалыы сиэри төһө билэрбинэн тутуһа сатыыбын. Саха киһитин олоҕу көрүүтэ, сахалыы толкуйа тылбытыгар эрэ буолбакка, сиэрбитигэр-туоммутугар тиһиллэ сылдьар.
– Эдэр киһи сиэринэн тас дойдуга, сылаас сиргэ олоҕуҥ укулаатын уларытыаххын санаабаккын дуо?
– Эдэр киһи сайдарыгар, үлэлииригэр олус тоҕоостоох кэм кэллэ, үүнэргэ-сайдарга усулуобуйа барыта баар. Тус бэйэм төрөөбүт дойдум тыйыс кыһынын сөбүлүүр буоламмын уонна сахам оҕото, ыччата сайдарыгар күүс-көмө буолар ботуруйуоттуу өйүм-санаам олус баһыйар буолан, хайа да атын дойдуга көһөр санаам суох. Дойдубун туохха да атастаспаппын.
– Тус олоххун сырдатыаҥ дуу? Төрөппүттэриҥ, дьиэ кэргэниҥ? Дьиэ кэргэҥҥэр сахалыы эйгэ төһө баар этэй?
– Оҕо сааһым Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр ааспыта. Ийэм Розалия Николаевна, аҕам Иван Иванович Ноговицыннар онно профессиональнай лиссиэйгэ үлэлээбиттэрэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Эдьиийдээхпин уонна бырааттаахпын. Эдьиийим ийэлээх аҕам туйахтарын хатаран, Төҥүлүтэҕи профессиональнай лиссиэйгэ үлэлиир. Быраатым ЯИПК-аҕа маастардыыр. Онон төрөппүттэрбитин утумнаан, үһүөн учуутал идэтин талбыппыт.
Кыра эрдэхпиттэн ийэлээх аҕам наар кинигэ ааҕа олороллорун өйдүүбүн. Ол эрээри биһигини “кинигэтэ ааҕыҥ” диэн хаһан даҕаны күһэйбэттэр этэ. Кинилэр холобурдарын үтүктэн, оҕолор бэйэбит кинигэ бөҕөтүн ааҕарбыт. Тыа сиригэр улааппыт буоламмын, дьиҥнээх сахалыы тыыннаахпын. Санаабын холкутук, сайа этэбин, саныырым, толкуйдуурум барыта ийэ тылбынан.
Ыалбын. Кэргэним Дарина Дмитриевна Ньурбаттан төрүттээх, 2 саастаах Ваня диэн утум салгыыр уол оҕолоохпут.
– Үйэ аҥаара буолбут, үөрэнэн-иитиллэн тахсыбыт, билигин үлэлии сылдьар тапталлаах оскуолаҕар урукку үөрэнээччи, билигин учуутал киһи быһыытынан баҕа санааҥ тугуй?
– Биһиги лиссиэйбит саамай улахан уратыта – оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит оҕолор олус түмсүүлээхтэрэ. Ханна да сырыттарбыт, “РЛИ, РК, РФМШ выпускниктарабыт” диэтэхтэринэ, бары биир дьиэ кэргэн курдук аймахтаһабыт, түмсэбит, истиҥник санаһабыт. Буолаары турар үбүлүөйбүтүгэр анаан, урукку-билиҥҥи оскуоланы бүтэрбит үөрэнээччилэр өттүлэриттэн үгүс үлэ ыытыллыбыта үөрдэр, долгутар.
Оттон биһигини, эдэр көлүөнэ иитиллээччилэри, үлэһиттэри, иннибитигэр өссө да үтүмэн үлэ, кыайыы, ситиһии кэтэһэр. Онон өссө күүскэ үлэлээн, кэскиллээх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарарга биһиги, эдэр көлүөнэ, аҕа табаарыстарбыт үтүө алгыстарынан айар аартыкпыт арыллар.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.