Киир

Киир

(Салгыыта. Иннин “Кыым” 2022 с. 44-с №-гэр көр).

ТАҺЫМ

1994 сыл, ыам ыйа. Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр кэпсэтии кэнниттэн Михаил Ефимович миэхэ этэр: «Хотугу пуорум» акыйааны тула көтүү тэрийэр, онно суруйтар. Хоту дойду дьоно хайдах олороллорун көрөн кэл». Находкин Николай Александровичка суруйтаран, Василий Гаврилович Алексеев салайааччылаах уонча киһи Аляскаҕа көтөн тиийдибит. Николай Александрович көтүүнү, көрсүһүүнү салайса хаалла.

80-ча миэстэлээх “Боинг” сөмөлүөккэ Эмиэрикэ дьоно, дьоппуоннар, кытайдар, кэриэйдэр бааллар, билсиһии, көрсүһүү туох да олус үчүгэй, Юрий Мухин диэн Саха сирин лүөччүгэ “Боины” ыытыһар. Анкоридж куораттан Коцебу диэн Арассыыйаттан чугас Аляска куоратыгар тиийдибит. Сөмөлүөккэ олордохпутуна, «Смирнов» диэн күндү утах эрээттэн эрээккэ айанныыр, ким баҕалаах иһэр. Кэпсэтии-ипсэтии элбэх, эмиэрикэлэр «фрэнд» да «фрэнд» дии-дии, санныбытын таптайа сылдьаллар. Коцебуга хонон баран салгыы Чукоткаҕа тиийиэхтээхпит.

Сөмөлүөппүт Анаадырга түһэн, былыргы таҥас сууйар дуоскаҕа көлүөһэ сүүрэрин курдук илибирээн-салыбыраан бөҕө буолла. Таһырдьа тахсыбыппыт саас ортолоох, тимэхтэнэр сиринэн онон-манан тириитэ соролонон хаалбыт нуорка саҥыйах дуомнаах соҕотох дьахтар көрүстэ. Эргэ баҕайы «Икарус» оптуобуһунан айаннаан, “Автовокзал” диэн ааттаах кыра дьиэҕэ тиийдибит, ааныгар икки харабыын тутуурдаах саллааттар тураллар. Пааспар бэрэбиэркэлиир дьиэ эбит, 80-ча киһи киирэн, испиискэ хаатыгар мас симиллибитин курдук, тобус-толору турдубут. Олорор сир суох. Туалеттара алдьаммыт, сыт-сымар... Ити барыта саҥа сири көрүөх санаабытын улаханнык мөлтөттө. Балтараа чаас курдук дьону биир-биир ыҥыран пааспар бэрэбиэркэлээтилэр. Дьон чэпчэтинээри көрдөстөхтөрүнэ, били саллааттартан биирдэрэ, саатын туппутунан, таһырдьа балай да тэйиччи турар убуорунайга атаарар, бүтэллэрин күүтэн баран төттөрү аҕалар.

Бэрэбиэркэ бүтэн, күбүрүнээтэр эбиэккэ ыҥырар диэн буолла. Остолобуойга киирбиппит, түөрт атахтаах алюминий остуоллар тураллар, оннук хомуллар олоппостор бааллар. Остуолларбыт лаахтара онон-манан тоҕута сынньыллыбыттар. Аһыахтаах биилкэлэрбит, ньуоскаларбыт эмиэ алюминийдар, тиистэрэ, уктара үлтү эриллэн, ол-бу диэки көрө сылдьаллар. Хаппыыста булкаастаах миин кутан аҕаллылар, мокоруоннаах кэтилиэт уонна муорус биэрдилэр. Күбүрүнээтэрбит кэлэн, сыана курдук кыра үрдэлгэ олордо, биир нуучча дьахтара батыһан тахсан аттыгар турда. Тылбаасчыт эбит. Тойоммут эҕэрдэ тыл этэр да, дьахтарбыт сатаан тылбаастаабакка эрэй бөҕөнү көрдө. Омуктуу билэр дьоммут көмөлөһөн, «эҕэрдэ» тыл син бүттэ. Ким да тугу да саҥарбат, уку-суку аһаан баран, сөмөлүөппүтүгэр тиийдибит. Аны мантан киэһэ Тиксиигэ тиийиэхтээхпит.

“Смирновпут” айаннаабата, били «фрэнд» эҥин диэн тылларбыт иһиллибэт буолан хааллылар, саҥа-иҥэ да мэлийдэ. Тиксиигэ тиийэн түһэрбитигэр сөмөлүөппүт эмиэ илибирээн-салыбыраан киирэн барда. Түннүгүнэн көрдөххө, тыал бөҕөтө эбит. Арай омуктарбыт, тахсан иһэн, төттөрү сүүрэн киирэллэр, тугу эрэ улахан баҕайытык дьонноругар этэллэр уонна долбууртан хаамыраларын ыла-ыла төттөрү ыстаналлар. Тахсыбыппыт тоҕус туруйа уолаттар, аҕыс кыталык кыргыттар чараас баҕайы национальнай көстүүмнээх кэлэн, алаадьыларын кытыйаҕа лөглөччү уган, кымыстарын чорооҥҥо толору кутан, үөрэн аҕай тураллар эбит. Хомусчут хомус тардар, алҕааччы алгыс этэр. Дьоммут сэргэхсийэ түстүлэр, көрөн-истэн мичийии. Айаннаан иһэр омуктар былаахтара тыалга үөрбүт-көппүт курдук, тэлибирии аҕай тураллар.

Аны отучча сабыс-саҥа УАЗ массыына устуруойдаан аҕай турар эбит. Хонор сирбитигэр, ПТУ устудьуоннара олорор дьиэлэригэр, тиийдибит. Омуктарбыт киирээттэрин кытта, хосторун нүөмэрин кытта күлүүстэрин утары уунан биэрэллэр. Биһиги хоспут ып-ыраас, олох соторутааҕыта кырааскаламмыт. Биир хоско икки кылабачыгас тимир бастаах интэринээт оронноро, күөх өҥнөөх бакырыбаалалара, туалекка былыргы чугуун бочуок «хоош» гынар тыаһа оһуобай, унитазтар кылбаччы сууллубуттар, ханан да, хаһан да дьэбин сыстыбатаҕын курдуктар.

Киэһээ аһылыкка ыҥырдылар. Киирээти кытта уоппут сандааран сүрдээх, сыаналаах лүүстүрэлэр дьиэни улаханнык киэргэппиттэр. Остуолларбыт мап-маҥан, сабыс-саҥа ыскаатардаахтар, устуулларбыт да бөҕө-таҕа оҥоһуулаахтар. Остуолга сахалыы араас оһуордаах үс тылынан суруллубут меню ууруллубут. Биилкэлэрбит, ньуоскаларбыт мельхиордар, иһиттэрбит курустааллар, көрөргө үчүгэйэ сүрдээх. Ол быыһыгар үрдүк баҕайы мап-маҥан, ханан да быыл сыстыбатах, хомуллубатах сып-сырдык бэргэһэлээх, икки өттүнэн тимэхтэрэ кэчигирэспит үп-үрүҥ киитэллээх, сибилигин өтүүктэммит курдук хараҥа өҥнөөх бүрүүкэлээх, кып-кылабачыгас бачыыҥкалаах Тарбаахап, сэргээбит, эйэргээбит эрээри, барытын манна кини эрэ бас билэрин курдук, туттан-хаптан остуоллар быыстарынан хаамыталыыр.

Дьоммут олохторун булан олорбуттарын кэннэ, Михаил Ефимович, бэйэтигэр олус барсар сөрү-сөп көстүүмнээх, дьүһүнэ-бодото, көрөрө-истэрэ чопчу Баһылык аатын-суолун сүгэ сылдьарын итэҕэтэр курдук туттан-хаптан, холку баҕайы куолаһынан эҕэрдэ тылын саҕалаата. Кэннигэр, былааһы билинэр баҕайытык туттан, арыый тэйэ турбут тылбаасчыт Ольга омуктуу саҥаран тып-тылыбырас. Иккиэннэрин тэҥҥэ көрүөххэ астык баҕайы. Баһылыкпыт курустаал бакаалларын көтөхтөрдө уонна «Перед Вами споёт победитель Всероссийского конкурса имени Фёдора Шаляпина Иван Степанов» диэтэ. Оо, Уйбаан барахсан дьоҕус соҕус дьиэҕэ нууччалыы, сахалыы ыллаан доллоһуппутуттан бары да астынан чынайа түстүбүт. Уйбаан кэнниттэн Альбина Борисова, Нина Чигирева, Айталина Адамова аангылыйалыы, италиялыы, нууччалыы, сахалыы ыллаан киирэн барбыттарыгар аны омуктардыын, сахалардыын бары ыллаһан киирэн бардыбыт. Ол киэһэттэн ыла айаммыт бүтүөр диэри, били, биһиэхэ анаммыт «фрэнд» диэн тылбыт биһигиттэн арахсыбатаҕа.

Сарсыныгар Нарьян-Марга тиийдибит, пуорпут эмиэ сөмөлүөппүтүн титирэттэ аҕай, Чукоткаҕа курдук таҥастаах-саптаах дьахтар, суруктаах-бичиктээх оптуобус көрүстэ. Хата, көстүүнэйдэрэ кирпииччэ эбит, син ыраас. Эмиэ балтараа чаас пааспар бэрэбиэркэлээбиттэрин кэннэ, хосторго таҕыстыбыт. “Киэһэ баччаҕа эрэстэрээҥҥэ кэлэҕит, күбүрүнээтэр кэлэр” диэтилэр. Киэһэ муһуннубут, күбүрүнээтэрбит суох да суох. Сотору-сотору эрэстэрээн хотуна дьахтар тахсан “бакаа аһаамаҥ, күүтүҥ” диир. Оннук 40 мүнүүтэ олордубут, омуктарбыт үс гыммыттан биирдэрэ, чаас аҥаара олоро түһэн баран, хосторугар баран хааллылар. Кэмниэ кэнэҕэс күбүрүнээтэр солбуйааччыта кэлэн, тылбаасчыта суох тыл этэ сатаата да, булкуллара-тэккиллэрэ бэрдиттэн биһиги да тугу да өйдөөбөтүбүт. Омуктарбыт эмиэ айахтарыгар ууну омурдубут курдук буолан хааллылар. Сарсыныгар Рованиеми диэн Финляндия куоратыгар тиийдибит. Кыра да буоллар, аркыастыр көрүстэ, дьоммут күө-дьаа буола түстүлэр, биһиги да санныбытыттан ыар таһаҕас түспүтүн курдук, оонньоон, күлэн-үөрэн киирэн бардыбыт.

Барыта туох да соһуйуута-өмүрүүтэ суох, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук сылдьабыт.

Арай Гренландияҕа саҥа кэмҥэ дьон сыһыана хайдах буолуохтааҕын күлэ-үөрэ көрдөрдүлэр. Туундараҕа турар бултуур базаҕа аспаал суолунан сырылатан тиийдибит. Улахан баҕайы соҕотох дьиэ буолан баран, иһигэр таҥаһы-сабы, сааны-саадаҕы, арааһы барытын уларсар прокаттар, ас маҕаһыына, эрэстэрээн, сылаас туалеттаах нүөмэрдэр бааллар. Киирээти кытта улахан баҕайы саала баар, барыбытын онно мустулар, туохтан эрэ күлсэллэр, үөрэллэр. Арай саалаҕа түөстэрин кытта анныларын нэһиилэ сабар таҥастаах, мааны уҥуохтаах-иҥиэхтээх, эттээх-сииннээх булкаас хааннаах кыргыттар үөрэн-көтөн кэллилэр. Кинилэри кытта погуоннаах паспортист баар буола оҕуста уонна биһиги пааспардарбытыгар бэчээт уура-уура төттөрү биэрэн киирэн бардылар. Бары да ол дьаһалтан сорохпут соһуйан, сорохпут дьиктиргээн, сонньуйуубут сыыйа күлсүүгэ-салсыыга кубулуйда.

 *Салгыыта бэнидиэнньиккэ, олунньу 20 күнүгэр,  тахсыаҕа
 
Бэрэсидьиэни кытта
18 сыл  бииргэ үлэлээбит
Виктор Ноговицын.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар