Киир

Киир

Биир кураан сайын күнүгэр бэрэсидьиэн Үөһээ Бүлүүнэн эргийэн Бүлүүгэ тиийбит. Ол саҕана Юрий Антонович Михайлов диэн өр сылларга салайар үлэҕэ эриллибит-мускуллубут, Михаил Ефимович сөбүлээн араас үлэҕэ үлэлэппит киһитэ бүлүүлэр баһылыктара буолан олорбут.

Юрий Антоновиһы Михаил Ефимович миниистирдии олорон, Эдьигээҥҥэ райсовет бэрэссэдээтэлинэн анаабыттарыгар баран, Эдьигээн дьонугар билиһиннэрбит. Онтон Юрий Антонович Эдьигээн райкомун бастакы сэкирэтээрэ буолбутун кэннэ партия эстэн хаалбытыгар Михаил Ефимович куоракка ыҥыран тутуу тэрилтэтигэр үлэлэтэр. Аны 1992 сыл тохсунньутугар Бүлүүгэ улуус баһылыгынан ыытар. Бүлүү кэнниттэн Бырабыыталыстыбаҕа каадырдары уонна улуустары кытта үлэлиир департамент салайааччытын солбуйааччытынан анаан 2,5 сыл үлэлэтэр. Онтон Эдьигээннэр, баһылыктарын сөбүлээбэккэ саҥа-иҥэ бөҕө буолбуттарыгар, Юрий Антоновиһы ыҥыран ылан «Дойдубутугар сатамматылар, Эдьигээҥҥэ баран быыбарга кытын» диир. Юрий Антонович 78% куолас ылан улуус баһылыга буолар. Михайловы биһиги эмиэ бэркэ билэр киһибит. Ханна үлэлээбит сиригэр дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэппит салайааччы. Аны майгытынан дьону кытта куруук эйэ дэмнээхтик, мичээрдээн кэпсэтэр-ипсэтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыанынан уһулуччу көнө сүрүннээх, солотун туһанан онон-манан барыһыра сатыыр адьыната суох, дьон туһугар олорбут-үлэлээбит үтүө сүрэхтээх, умнуллубат киһи.

Уоспут номоҕо бэрэсидьиэн сөбүлүүр да дьонун алҕас тылларын, дьаһалларын хайаан да сороҕор тылынан хомуруйан, сороҕор кинилэри «ууга-уокка» киллэрэн таһаарар майгытынан бэлиэтээн аһарар үгэстээҕин тоһоҕолуубут. Кимиэхэ да дьон баарыгар куолаһын сонотон, күргүйдээн, мөҕөн-этэн, остуолу охсон саҥарбытын-иҥэрбитин истибэтэҕим. Бэрэсидьиэн кэлэр күнүгэр Юрий Антонович өлүү болдьохтоох дьону кэбиниэтигэр көрсөн, дьон санаатын истэр кэмэ эбит. Биһиги оҕонньотторбут-эмээхситтэрбит сатыы алтахтаан баһылыктарыгар кэлэн баран санааларын ситэри этэн-тыынан барбатахтарына биир айдаан, туох-туох диэн этэн туруохтара биллибэт... Юрий Антоновиһы, кырдьаҕастар ыыппаккалар, бэрт кыратык портка айанныахтаах кэмин аһарбыт. Ыксаан тахсан, массыына айана төһө кыайарынан хас да УАЗ массыынанан портка барбыттар, Бэрэсидьиэни көрсөн илии тутуһан астыныах баҕалаах эдэр үлэһит дьон элбэх буоллаҕа. Аны бэрэсидьиэн сөмөлүөтэ үөһэ тыал хоту айаннаан арыый эрдэ кэлбит.

Ыксаабыт дьон ГАИ-ларын массыынатын уотун-күөһүн, ыһыытын-хаһыытын барытын холбоон, быыл-буор бөҕөнү күүдэпчилэтэн тиийэн сөмөлүөт иннигэр биирдэ хорус гына түспүттэр. Бэрэсидьиэннэрэ сөмөлүөтүн тула син уонча мүнүүтэ эргийэ хаампыт бадахтаах, ол эрэн туох да буолбатаҕын курдук эйэ дэмнээхтик илиилэрин тутан дорооболоспут. Юрий Антонович улууһугар гаас киллэрэр үлэтин көрдөрөөрү Өкүндү диэн нэһилиэги таарыйан ааһыахпыт диэн Михаил Ефимовиһы сэрэппит. Киһитэ тугу да хардарбатах. Массыынаҕа олоруу буолбутугар Юрий Антоновичка кэнники массыынаҕа олороругар эппит. ГАИ массыыната хаһыытын-ыһыытын, уотун-күөһүн эмиэ толору холбоон, кэлэригэр айаннаабыт уоҕун сүтэрбэккэ, инники-кэнники массыына быылтан көстүбэт буолуор диэри барбыт. Аны биһиги киһибит итинник арбанан-дарбанан, тыаһаан-ууһаан айанныырын сөбүлээбэт үгэстээх, бобооччу. Өкүндүгэ тиийэн бэрэсидьиэннэригэр хайдах тэринэн-дьаһанан эрэллэрин кэпсээбиттэр. Михаил Ефимович Юрий Антоновичтан ыйытар: «Бу эн төрөөбүт дойдуҥ дуо?» диэн. Юрий Антонович «дойдум» диэбитигэр, киһитэ сөбүлээбэтэҕин сэрэйэн, «бу дойду гаас Бүлүү сиригэр киирэригэр бастакы табыгастаах сир» диэн быһааран көрбүтүн, тугу да саҥарбатаҕыттан, сирэйин-хараҕын олоруутуттан эппиэти ылымматаҕын сэрэйбит.

Массыынаҕа олорон Бүлүү куоратыгар эмиэ оннук айаннаабыттар. Ол айаннаан иһэн Михаил Ефимович суоппартан аатын ыйыппыт, Хаппытыан диэн эбит. «Хаппытыан, ханна эмэ уу кытылыгар дьон-сүөһү мээнэ сылдьыбат чөкө сирэ баарын билэҕин дуу?» диэн ыйыппыт. Хаппытыан «билэбин» диэбит. «Мин манан туораа диэтэхпинэ суолтан туораар» диэн бэрэсидьиэн сорудах биэрбит. Хаппытыан хайыай, тойон сорудаҕын толордоҕуна сатанар буоллаҕа. Оннук, быылы-буору өрүкүтэн иһэн, суолтан туораан хаалбыттар, атын массыыналар быыл-буор быыһынан «У-аа, у-аа, у-аа» буолан салгыы дьаһалталарыгар тиийбиттэрэ бэрэсидьиэннэрэ суох үһү...  

Чаас аҥаарыттан ордук кэмҥэ бэрэсидьиэн сылаас илиитин тутан дуоһуйбут дьон киһилэрин сүтэрэн харахтара кэҥээн, баттахтара туран баһылыктарын диэкки көрөллөр. Юрий Антонович суоппарын да, бэрэсидьиэнин да бэркэ билэр уопут бөҕөлөөх киһи Михаил Ефимович тоҕо суолтан туораабытын өйдөөбүт. Үс сыыһаны оҥорбуттар эбит: сөмөлүөтү хойутаан көрсүбүттэр; кэлиини-барыыны гаиларынан аһары дарбаппыттар; гааһы киллэрэргэ баһылык бэйэтин төрөөбүт түөлбэтиттэн саҕалаппыт. Оттон Хаппытыан ити түбэлтэ туһунан маннык кэпсээбитэ: «Михаил Ефимович тыа сирин олоҕун иһиттэн билэр үрдүк сололоох салайааччы эбит этэ, хаһаайыстыба, тутуу, суол-иис, олох-дьаһах туһунан ыйытар боппуруостара чопчутуттан, урут дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьону туоһулаһарыттан сылыктаатахха. Аны биһиги курдук боростуой дьону кытта кэпсэтэрэ үчүгэйиттэн, истиҥиттэн киһилии киһи үтүөтэ дии санаабытым. Онон, үс чаас курдук бэрэсидьиэни кытта үчүгэй баҕайытык ыраас уулаах Морхоон диэн күөлбүт кытылыгар сынньанан турардаахпын. Күнү быһа сиһим быстыар диэри ити тойону онно илдьэн, ол хотуну манна аҕалан олоро түһэр быыс да суох буолааччы. Хата, бэрэсидьиэн кэлэн, таҥаспын, массыынабын, бэйэбин суунан абыраммытым».

Хаартыска: Николаев Киинэ

Бэрэсидьиэни кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын.
Салгыыта бэчээттэниэ.