Киир

Киир

«Кыымҥа» Сүбэдэй Айыы-Арчылаан Дьулустаан Уола диэн ааттаах эдэр киһи ыалдьыттыыр. Бу ыччат аны туран, Kit Jah диэн аатынан киэҥ эйгэҕэ ыллыыр-туойар, айар үлэнэн дьарыктанар. Онон ураты ырыалаах-тойуктаах, ураты кэпсээннээх, ураты ааттаах Сүбэдэй Айыы-Арчылаан Дьулустаан Уолун кэпсээнин сэргээҥ.

– Аатыҥ-суолуҥ уһуна да бэрт эбит. Аан бастаан билсиһиэххэ, бэйэҥ тускунан кэпсээ...

– Мин Бүлүү Сыдыбылыттан силис тардыылаахпын. Сүүрбэ биэс саастаахпын. Оҕо сааһым төрөөбүт дойдубар ааспыта, оскуоланы онно бүтэрбитим.

– Эмискэ баҕайы аатыҥ «өрө күө­рэйэн» тахсыбыта дии... Хаһааҥ­ҥыттан ыллыыгыный?

– Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ырыанан үлүһүйбэтэҕим. Арай 1-кы кылааска аан маҥнай сыанаҕа тахсан ыллыы сылдьыбыттаахпын. Онтон кэлин эмискэ баҕайы 2014 сыллаахтан иэйиим уһуктан, ырыа айан барбытым.

– Аны туран, эн ыллыыр суолуҥ эмиэ атын. Регги диэн аныгы хайысханы толороҕун...

– Регги матыыба – дэгэрэҥ. Бу хайысханы Боб Марли диэн Ямайка биллиилээх ырыаһыта айбыта. Регги саха тылыгар барсар буолан, үчүгэйдик иһиллэр. Реггини 2014 сыллаахха бол­ҕойон истэн баран, сүрдээҕин сөбү­лээбитим уонна ырыа суруйан көрбүтүм. Аан бастаан Дьокуускай кафеларыгар, баардарыгар уонна түүҥҥү кулууптарга ыытыллар кэнсиэрдэргэ ыллыыр этим. Оччолорго өссө «ХСХ» диэн бөлөҕү тэрийэ сылдьыбыппыт. Бээ, тохтоо, эбэн эттэххэ, аан маҥнай ырыабын эһиги тэрилтэҕит дьиэтигэр «Ситимҥэ» Никита Веркинниин устан турардаахпыт. Онон эһиги эрэдээксийэҕитин кытары ситимнээх эбиппин.

Kit Jah

– Эн «инстаграм» ситимҥэ ырыа­ҕын видеоҕа устан таһаарбытыҥ...

– Ол видеоны балтым таһаарбыта. Аҕыйах чаас иһигэр көрөөччү болҕом­тотун олус тардан, интэриэс бөҕө үөскээбитэ. Ити кэннэ «Бууйа-бууйа» диэн ырыаны таһааран, улам сыана эйгэтигэр кэлбитим. Быйыл икки ырыаны таһаарбытым «Хотойтон хотой» уонна «Икки ньуул» диэннэри. Бакаа араадьыйаҕа биэрэ иликпин эрээри, дьон номнуо бэркэ ылынна, оннооҕор Иркутскайга тиийэ тарҕаммыт үһү.

– Эн тоҕо эрдэ биллибэтэххиний?

– Интэриниэт ситимигэр отой таласпатаҕым. Арай, үлэм ирдэбилэ буолан, билигин «инстаграмҥа» олоробун. Урут массыына сууйар сиргэ эбэтэр маҕаһыыҥҥа атыылааччынан үлэлээбит буоллахпына, билигин атыммын. Айар үлэбин сэҥээрэр дьону кытары алтыһыахха, санааларын истиэххэ наада. Ол иһин Интэриниэккэ олоробун. Оттон дьон-аймах болҕомтотун тардыы туһунан эттэххэ, эрдэттэн биир табаарыспар «сыл иһигэр биллиилээх киһи буолуом, миигин тэлэбиисэринэн көрүөххүт уонна араадьыйанан истиэххит, хаһыакка ааҕыаххыт» диэбитим. Онуоха доҕорум итэҕэйбэтэҕэ эрээри, эппит тылбын ситиспиппэр улаханнык сөхпүтэ. Аны туран, регги хайысхалаах ырыа дьон кутугар сайан киирэр.

– Ырыа төрөөн тахсыыта, айыллыыта бэриллибит бириэмэлээх дуо? Холобур, чопчу хайа эрэ кэмҥэ суруллуохтаах диэн...

– Мин сайын олорор эбиппин. Ол аата сайын үлэлиир-хамсыыр дьоҕурум киирэр, дууһалыын сырдыыбын уонна айыахпын-тутуохпун баҕарабын. Оттон кыһын хайдах эрэ уостан хаалабын. Кыһын иэйии киирбэт, киһи ханна да барбат-кэлбэт, дойду «хаайыыга» кубулуйбукка дылы буолар.

Kit Jah1jpg

– Ырыаларыҥ ис хоһоонноро киһини толкуйдатар күүстээхтэр. Маныаха, «кэскилим туһугар» диэн тыл үгүстүк ахтыллар...

– Кырдьыгынан эттэххэ, үйэбэр кинигэ диэни аахпатах киһибин. Онон маннык тыл-өс күүһэ өбүгэлэрбиттэн кэлэр. Холобур, хос эһэм, эһэм уонна аҕам – оһуокайдьыттар уонна ырыаһыттар. Аҕам Дьулустаан Иванов ырыаһыт этэ... Кини, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон күрэммитэ. Оттон эһэм Сэмэн Уйбаныап Бүлүү улууһун дархан этээччитэ, алгысчыт, хос эһэм – сэрии толоонугар охтубут буойун.

(Тохтуу түһэн баран)... Төрөппүттэ­рим эрдэ арахсыбыттара. Ол эрээри эр киһи хантан төрүттээҕин хайаан да билиэхтээх диэммин, аҕабынан өбүгэлэрбин билэ улааппытым. Бастаан утаа «аҕам миэхэ тугу да хаалларбатах» дии саныырым, билигин кэлэн толкуйдаатахха, ырыа хаалларбыт эбит. Тыл-өс эмиэ ол курдук хантан да кэлбитэ биллибэккэ, тиһиллэн хаалар. Ол эрээри иэйии диэн баар. Сороххо киирэн быстыбат. Мин ырыаларбын оҕолор сөбүлээн истэллэр. Ол аата кинилэри туох эрэ үчүгэйгэ үөрэтиэхпин сөп эбит. Сүрүн соругум – ол. Оттон бэйэм саастыы дьону туохха үөрэтиэхпиний?

– Оҕо сааһыҥ хайдах ааспытай?

– Оҕо сааһым дэриэбинэҕэ ааспыта. Соҕотох ийэҕэ үс буолан иитиллибиппит. Ийэбит биһигини, төһө да ыарахан буоллар, биирдэ да аччыктаппатаҕа, таһырдьа хоннорботоҕо, дьиҥэр, бас билэр дьиэбит-уоппут суоҕа, кыһалҕа баара. Ол эрээри атын оҕолортон туох да итэҕэһэ суох таҥнан-саптан, оонньоон-көрүлээн сылдьыбыппыт. Кэлин бииргэ төрөөбүт биэс буолбуппут. Онон соҕотох ийэбит биэс оҕону иитэн атахпытыгар туруорбутугар дириҥ махталлаахпыт. Билигин туох эрэ ыарахан тирээн кэллэҕинэ, наар ийэм тулуурун-дьулуурун санаан кэлэбин.

Kit Jah2jpg

– Дьэ, аны туран, ааты-суолу ылыныыга киириэххэ...

– Бу – мин пааспарбынан аатым. Тус санаабынан, улаатан баран, ааппын уларыппытым. Мин кимминий? Сахабын. Оччоҕуна сахалыы ааттаах буолуохтаахпын. Оннук буолбатах дуо?

Билигин бары нууччалыы ааттаахпыт, араспаанньалаахпыт. Мин нууччалары туох да диэбэппин, ол саҕана бириэмэ, ирдэбил оннук этэ. Ол кэм ааспытын кэннэ тус бэйэм илдьэ сылдьыахтаах ааппын-суолбун төнүннэрдим. Билигин ким баҕарар аатын уларытыан сөп, оннооҕор хос эһэлэрин, эбэлэрин ааттарынан ааттаналлар. Эбэн эттэххэ, тас дойдуларга таҕыстахпына, сахалыы ааттаах буоламмын, ураты норуот буоларбын, ураты тыллаахпын-өстөөхпүн көрдөрөрбүттэн киэн туттуом. Аны туран, биһиги Саха өрөспүүбүлүкэтигэр олоробут ээ. Ол эрээри биһиэхэ күүлэйдии кэлбит ыалдьыттарга тоҕо эрэ Машалар, Катялар, Сашалар, Колялар, о.д.а. бааллар. Кинилэр көрдөхтөрүнэ, биһиги ураты омук курдук көстөрбүт буолуо дуо? Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр тыллаахпыт эрэ, ону харыстыахха наада.

– Биллэр-көсөтөр буолар төһө уустугуй?

– Эппиэтинэстээх уонна ыарахан. Дьиҥэр, биллиилээх буолуу диэни атын соҕустук өйдүүбүн. Өскөтүн эйигин элбэх киһи көрөн билэр уонна эн хайдах киһи буоларгар сыана быһар буоллаҕына – «ол аата эйигин билэллэр» диэн буолбатах. Мин хайдах киһи буоларбын бэйэм эрэ билэбин. Бэлиэтээн эттэххэ, мин элбэҕи аастым. Олохпор барыта баара, албын доҕоттор, албын таптал...

Kit Jah3jpg

– Бу олоххо тус суолгун-иискин буллум дии сананаҕын дуо? Саамай улахан ситиһииҥ тугуй?

– Кэнчээри ыччакка туох эрэ үтүө өйдөбүлү хаалларар соруктаахпын. Ол туһугар күннэтэ үлэлиибин. Улахан ситиһиим диэн уолум күн сирин көрбүтэ буолар. Үрүҥ Айыы Тойон миэхэ уол оҕону бэлэхтээбитэ туохтааҕар да күндү! Кинини сир ийэ иччилэрэ харыстаатыннар, амарах харахтарынан көрө сырыттыннар. Билигин оҕом туһугар күүскэ үлэлиэхпин наада. Уолум ийэтин кытта олорор. Миэхэ субу-субу күүлэйдии кэлэр. Кини билигин кырата бэрт, ол иһин ийэ сылаас илиитэ туохтааҕар да наада. Арыый улааттаҕына, бииргэ сылдьарбыт элбиэҕэ.

– Эн ырыаларгын оскуола кыра оҕолоро толороллор. Ырыаһыт буолуон баҕалаах оҕолорго тугу этиэҥ этэй?

– Санаа күүһэ уонна баҕа санаа диэн баар. Баҕа санаа хоту эрэллээхтик айанныахха наада. Бэйэбин күүстээх куоластаах ырыаһыппын дэммэппин. Санаам күүһүнэн сылдьабын уонна кутум ыллыыр. Атын дьон тылынан хаһан да барымаҥ, «табыллыа суоҕа» диэтэхтэринэ, өрө барыахха уонна ситиһиэххэ!

– Мааҕын кэпсэтии саҕаланыы­тыгар төрөөбүт тыл туһунан кэпсэппиппит. Төрөөбүт тыл инники дьылҕатын туһунан туох санаалааххыный?

– Төрөөбүт тыл биһиги көлүөнэҕэ сүтэн эрэр. Бу көстүү ордук 90-с сыллар оҕолоругар баар. Толкуйдаан көрдөххө, Сэбиэскэй былааска иитиллибит дьон биһигини атыннык ииппиттэрэ. Оттон билиҥҥи оҕолор быдан сайдыылаахтар уонна төбөлөрө «атыннык үлэлиир». Биһиги кэннибититтэн кэлэр көлүөнэни хайдах да албыннаабаккын, сахалыы ааттарын былдьаабаккын.

Даҕатан эттэххэ, Сэбиэскэй былаастан хаалбыт уонна 90-с сыллар оҕолоро, биһиги, чэпчэки санаалаахпыт. Биһиги түргэн харчыны, кэлиини-барыыны, күүлэйи сэргиибит. Холобур, арыгы туһунан кэпсэтиэххэ. Мин эмиэ арыгыны амсайа сылдьыбытым. Ону кистээбэппин. Хата, арыгы миэхэ доҕор буолуо суоҕун өйдөөтүм. Ити күөх моҕой дьаата саха абыраллаах аргыһа буолбатаҕын бары өйдүөхтээхпит. Ол эрээри, туох эрэ ыарахан буолла да, арыгы үрдүгэр түһэбит. Ол кистэл буолбатах. Көрүҥ, Дьокуускай куорат уулуссаларын, кулууптары, улуустар дэриэбинэлэрин... Ким да өйүгэр норуот сайдыытын туһунан өйдөбүл суох. Мин барыларыгар диэн эппэппин эрээри, чэпчэки суолу батыһарбыт үксээтэ. Аны туран, биһиги арыгылаабыппытын, табахтаабыппытын көрө улааппыт оҕолор кэнэҕэс куһаҕан дьаллыгы батыһыахтара суоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Эрэйгэ улааппыт оҕо иһиэн баҕарыа суоҕа. Биир өттүнэн, билигин үөскээбит быһыы-майгы сөптөөх. Бу барыта – омук инникитин туһугар. Кэлэр көлүөнэни толкуйдатар быһыы-майгы. «Киэһэ 20:00 ч. кэннэ арыгы атыыламмат» диибит, тоҕо бэйэбитин албынныыбытый? Бүтүҥ! 20:00 ч. кэннэ арыгы сыаната үрдүүр! Бу куоракка кафе, баар ахсаана күн-түүн элбээн иһэр. Киһи саамай абарара диэн, саха дьоно арыгы атыытын дьарык оҥостоллор. Кинилэр өйдүөх тустаахтар, арыгы атыылаан байбыт киһи диэн суох, туох барыта иэстэбиллээх.

Кэлин хайдах буолабыт? Сотору тимир суол кэлиэ, омук бөҕө үксүө... Оччотугар? Араас омук саба халыйан кэл­лэҕинэ, хайыыр да кыахпыт суох.

Өссө дьиэбитин-уоппутун, ойохпутун туран биэриэхпит. Оннук кыаҕа суох буолуу балаһыанньата үөскээтэ. Биһиги онно наадыйбаппыт. Күннээҕинэн олоробут. Ити «инстаграмҥа» кыргыттарбыт эттэрин-сииннэрин барытын көрдөрөн түһэллэр. Интэриниэккэ сүүһүнэн мөл. киһи биһиги хайдах кыргыттардаахпытын көрө сылдьар. Ким да бу кыһалҕаны өйдүү сатаабат. Биир Ил Дарханнаахпытын сүгүн үлэлэппэтибит! Биир эмэ киһи тахсаары гыннаҕына, аллара тардар үгэстээхпит. Былыр-былыргыттан оннук.

Мин этиэхтээхпин этэбин. Мин суруйааччыбын, айааччыбын уонна чиэһинэй буолуохтаахпын. Чахчы баары этэбин. Тугу да була сатаан эппэппин. Күн ахсын үөрүү-көтүү, бырааһынньык айдаана буоллубут. Дьиҥнээх хартыына букатын атын. Биир киэн туттар үөрэх кыһалаахпыт – ХИФУ. Бу үөрэҕи бүтэрэн баран, мээнэ хаамса сылдьааччы ахсаанын ааҕан сиппэккин. Аны тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕэр ким барыай? Ким хотон көрүөн баҕарыай?

– Онон түмүккэ туох диэн этиилээххин?

– Бэйэни эрэ буолбакка, уопсай норуот тупсуутугар үлэ ыытыахтаахпыт. Үлэбит күннээҕи буолуо суохтаах. Үйэлээх үлэни-хамнаһы оҥоруохтаахпыт. Өйбүтүн-санаабытын сааһылыахтаахпыт, ыраастаныахтаахпыт. Аны туран, билигин эппиэтинэс суох буолла. Соҕотоҕун оҕотун иитэр ийэ элбээтэ. Урут төрөп­пүттэр илии тутустахтарына, оҕо тулаайах хаалбата, дьахтар соҕотох буолбата мэктиэлэнэрэ. Билигин эр киһитэ суох олоруохпун сөп диэн санаалаах дьахтар элбээтэ. Аны эр дьон «кэрэ аҥаардарбыт кэлии омуктары кытары сылдьаллар» дииллэр. Оттон бэйэлэрэ күн солото суохтар. Ким эрэ кулууп иннигэр охсуһар, ким эрэ арыгылаан соһулла сылдьар. Оттон кэлии омуктар харчылара, көмүстэрэ ыһылла сытар, үлэлэрэ хара баһаам. Маныаха соҕотох оҕолоох туран хаалбыт дьахтар хайдах гыныай? Мин бу дьахталлары хайҕаабаппын эбэтэр көмүскэспэппин. Биһиги, эр дьон, кэрэ аҥаардарбыт маннык олоххо тиийбэттэрин курдук, кинилэри харыстыахтаахпыт, убаастыахтаахпыт уонна таптыахтаахпыт.

Онон кэлэр көлүөнэҕэ эрэлбит улахан! Кинилэр чөл туруктаах, сытыы толкуйдаах буола үүнэллэрэ буоллар. Түмүккэ ыҥырыы курдук этиэм этэ: ««Арчы» дьиэтигэр хас өрөбүл ахсын эр дьон алгыһа ыытыллар. Онон бука бары мустуоҕуҥ, биир сомоҕо буолуоҕуҥ!»

Сэһэргэстэ

Екатерина АФАНАСЬЕВА.

Санааҕын суруй