Киир

Киир

Сквошка, харбыырга уонна хомуска оонньуурга үөрэтэллэр: алмаас үлэһиттэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ сынньалаҥы хайдах атааралларый?

АЛРОСА хампаанньа түстэнэн үлэлиир эрэгийиэнин, ол иһигэр Мииринэй оройуонун, социальнай хабааннаах көҕүлээһиннэрин өрүү да өйүүр. Ол курдук, холобур, былырыын 2022 сылга, корпоративнай тус сыаллаах бырагыраамалары, социальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ анаан, ону таһынан аһымал санаа уонна успуонсардыы көмөҕө уопсайа 6,5 млрд солк. көрбүтэ.

Үлэһиттэрин бары өттүнэн өйүүрү хампаанньа социальнай инбэстииссийэ биир тыын суолталаах хайысхатынынан билинэр. АЛРОСА социальнай инбэстииссийэтин аҥаара корпоративнай бырагыраамаларга уонна биэнсийэнэн хааччыйыыга барар. Ону тэҥэ мэдиссиинэ баҕа өттүнэн страховкалатыытыгар (ДМС) анал үбүлээһини көрөр. Инньэ гынан, хампаанньа үлэһиттэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ доруобуйаларын эрдэттэн көрдөрүнэр, эмтэнэр уонна доруобуйаларын туругун чөлүгэр түһэринэр кыахтара улахан. Онуоха теле-мэдиссиинэ өҥөтүн буор босхо туһаналлар, сонотуоруйдарга, здравницаларга киирэн эмтэнэн, сэргэхсийэн тахсаллар.

Оттон хампаанньа култуура-успуорт холбоһугар (КСК) үлэһиттэргэ, кинилэр оҕолоругар анаан, уопсайа 300-тэн тахса успуорт араас көрүҥүн сиэксийэлэрэ уонна куруһуоктара үлэлииллэр.

Тус бэйэ холобура

“Киһи бастаан бэйэтиттэн саҕалыахтаах” – диэн санаалаах АЛРОСА КСК дириэктэрэ Мотрена Скрябина:

7fe19afd dfc9 4bed 8d3f 898ed5604ef9

– ВОЗ этэринэн, киһи доруобуйатын туруга доруобуйа харыстабылын сайдыытыттан баара эрэ 10 бырыһыан тутулуктаах, 20 %-а – төрүттэриттэн бэриллибит доруобуйатыттан (наследственность) уонна тулалыыр эйгэ туругуттан. Дьэ, оттон 50-тан тахса бырыһыана – хайдах олоҕу тутуһарыттан, этин-сиинин хайдах харыстыы, эрчийэ сылдьарыттан тутулуктанар. Оттон ол – киһи ис, тас туругар эмиэ бэриллэр.

Чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, айар-тутар дьон уратытык-сонуннук толкуйдуур уратылаахтар, истириэһи чэпчэкитик аһарыналлар, судургута суох түгэҥҥэ быдан суһаллык быһаарыныы ылаллар. Оттон доруобуйа туругар успуорт уонна эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээх, сайдыылаах буолуу туһатын этэ да барыллыбат. Мин маны истэн эрэ билэр буолбатахпын, биһиэхэ сылдьар, дьарыктанар дьон үтүө өттүгэр уларыйалларын күннэтэ көрө сылдьабын.

Ол да иһин АЛРОСА бу хайысхаҕа улахан суолтаны уурар. Биһиэхэ алмаастаах өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин сынньалаҥа туһалаахтык ааһарын уонна доруобуйатын туруга бөҕөх, чөл буоларын туһугар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ бүтүн тиһик үлэлиир.

Күн бүгүн хампаанньа иһинэн 20-тэн тахса успуорт араас көрүҥэр эрчийэр, дьарыктыыр 14 эбийиэктээх. Ону таһынан ким баҕалаах барыта кэлэн, айар-тутар дьарыгын, талаанын арыйарыгар сөптөөх култуура 6 эбийиэгэ баар. Манна кэлэн ыллыыртан саҕалаан хомустуурга тиийэ үөрэниэхтэрин сөп. Ыытар дьарыкпыт хайысхата, көрүҥэ да лаппа киэҥ.

Кэнники үс сылга биһиги күүскэ сайынныбыт, эбийиэктэрбитин тупсаран-саҥардан биэрдибит. Өҥө эбии көрүҥнэрэ, чуолаан улахан дьоҥҥо анаммыт өҥөлөр, эбилиннилэр. Ол иһигэр биирдиилээн дьарыктыыр көрүҥнэр эмиэ баар буоллулар. Бу тупсуу, саҥардыы үгүс өртүгэр КСК-ны сайыннарыы тосхоло (стратегията) ылыллыбытын суотугар олоххо киирдэ. Сайдыы стратегията уопсайа 32 көҕүлээһинтэн турар. Бүддьүөтэ да ботуччу – 564 мөл. солк, – диир дириэктэр.

Элбэхтэн талар кыах бэриллэр

Үлэһиттэр уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ тугу баҕаралларын, тугу ордук сэҥээрэллэрин көрө-билэ сылдьан, КСК саҥа хайысхалары арыйар.

– Мотрена Вячеславовна, эһиэхэ успуорт сиэк­сийэлэрин арааһа элбэҕэ сөхтөрөр. Бэл, синхроннай харбааһын, гиирэ анньыыта, сквош, шорт-трек бааллар эбит. Оннооҕор, киин куоракка даҕаны, эһиэхэ курдук успуорт элбэх көрүҥэр дьарык суох курдук.

– Оҕолорго успуорт бары көрүҥэр холонон көрөр уонна онтон бэйэлэригэр барсары талар кыах бэриллиэхтээх дии саныыбыт. Оттон биһиги дойду киин сириттэн ыраах олорорбут үчүгэйтэн матарбытыгар төрүөт буолуо суохтаах. Төттөрүтүн, кыах толору бэриллиэхтээх.

КСК үгүс сиэксийэлэригэр оҕолору алта саастарыттан ылаллар, ол гынан баран, букатын кырачааннар да дьарыкка сылдьыахтарын сөп буолла. Холобур, харбааһыҥҥа сылдьыан сөптөөх саас диэҥҥэ “кырачааннар” эрэ буолбакка, “эмиий эмээччилэр” кытта киирсэр буолуохтара. Ону ситиһээри, кинилэргэ анал баанналары сакаастаатыбыт. Бу сыйыҥҥыттан саҕалаан, итинник өҥөнү оҥорон таһаарыы үс тутаах былаһааккаларыгар барытыгар – Мииринэйгэ, Айхалга уонна Удачнайга – киллэриэхпит. Дьэ, онон биһиги муҥутуур кыра дьарыктанааччыларбыт икки ыйдаах оҕолор буолуохтара.

Ааспыт сыл биир бөдөҥ, бэлиэ тэрээһинэ – “АЛРОСА” Гран-притин ылар иһин өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнира буолбута. Саха сирин 11 оройуонуттан, ону таһынан Бүрээтийэттэн, Дагестантан тиийэ кэлэн, уопсайа 126 бастыҥ хапса­ҕайдьыт кыттыбыта.

Быйыл Саха эстрадатын эдэр ырыа­һыттарын “Туой Хайа” үбүлүөйдээх XXX бэстибээлэ үрдүк таһымҥа ааспыта. Манна өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонуттан 128 эдэр ырыаһыт кыттыбыта.

Саас Мииринэйгэ Бүтүн Арассыыйа та­һымнаах икки турнир тэриллибитэ. Бастакыта АЛРОСА бирииһигэр буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи ох саанан ытыы күрэһэ этэ. 12 улуустан 120 спортсмен күөн көрсүбүтэ. Оттон иккис бүтүн дойду таһымнаах турнир – көҥүл тустуу. Манна дойду 10 эрэгийиэниттэн ааттаах-суоллаах тустууктар кыттыбыттара.

Дьиэ кэргэҥҥэ бүттүүнүгэр

– Оройуон олохтоохторо өссө ханнык хайысхаларга ордук сөбүлээн, биһирээн дьарыктаналларый?

– Биһиэхэ биир да сиэксийэ, биир да куруһуок кураанах буолбат. КСК эбийиэктэригэр оҕо дэгиттэр сайдыылаах буоларыгар сөптөөх барыта баар. Улахан да дьон чөл олоҕу тутуһалларыгар анаан бассыайыннар, успуорт аһаҕас уонна сабыылаах былаһааккалара, успуорт сиэксийэлэрэ, айар үлэ устуудьуйалара уонна куруһуоктара, оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр сайыҥҥы лааҕырдар, түмэл, ону таһынан бүттүүн дьиэнэн сылдьарга анаммыт муустаах арыаналар, киинэ көрдөрөр саалалар уонна да атын эбийиэктэр бааллар, олорго туһааннаах өҥөлөр оҥоһуллаллар. Оҕолор художественнай-эстетическэй өттүнэн иитиллэллэр, айымньылаахтык толкуйдуур үөрүйэххэ үөрэнэллэр, култуураларын таһымын үрдэтинэллэр. Сайынын кинилэр “Орленок” оҕо лааҕырыгар сынньаныахтарын сөп.

Улахан дьон айымньылаах үлэ дьарыктарыгар сылдьаллар, биир интэриэстээхтэрин булсан, астына-дуоһуйа алтыһаллар. Араас тэрээһиннэргэ кыттан, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаараллар.

Былырыын КСК-аҕа 1,5 тыһ. кэриҥэ араас култуура маассабай тэрээһин, 500-тэн тахса физкультура-чэбдигирдэр уонна успуорт-маассабай тэрээһин буолан ааспыта. Ону таһынан 3 тыһ. кэриҥэ киинэ сеанса көрдөрүллүбүт. Онон АЛРОСА хампаанньа үлэлииргэ эрэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийбэт, үлэһиттэрин туһалаахтык сынньатар, аралдьытар, оҕолор дэгиттэр сайдыылаах буолалларыгар, талааннарын арыйалларыгар бигэ тирэх, көмө буолар.

Исписэлиис санаата: Сүрүнэ -уопутуруу

Эти-хааны эрчийии киһи уопсай, ис-тас туругар эрэ үтүөнэн дьайбат, оҕо өй-санаа өттүнэн сайдарыгар көмөлөһөр, интэлиэгин сайыннарар, бөҕөргөтөр. Дьарык туһалаах. Оҕону этин-хаанын сайыннарарыгар күһэйиэххэ сөп дуу уонна кини бэйэтэ дьарыктанарын курдук хайдах көҕүлүөххэ сөбүй? Маннык ыйытыылаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин идэлээҕэ Наталья Максимоваҕа таҕыстыбыт.

психолог

– Биллэн турар, күһэйэр хайдах да табыллыбат. Сиэксийэлэргэ, куруһуоктарга сылдьан эти-хааны сайыннарыы, араас сатабылга, үөрүйэххэ үөрэнии тус киниэхэ бэйэтигэр туһалааҕын кэпсиэххэ, быһаарыахха сөп. Ону таһынан улахан дьон ыйытыы бэриниэн наада: бу түгэҥҥэ сиэксийэҕэ, куруһуокка дьарыктаныы наада дуо, оҕо бу дьарыкка сылдьар гына, сөптөөх иллэҥ кэмнээх дуо, оҕо бэйэтэ дьарыктаныан баҕарар, онно дьоҕурдаах дуо?

– Саҕалааһын быһыытынан, оҕо бастаан утаа хас да дьарыкка сылдьан, холонон көрүөн наада. Ол кэнниттэн тус интэриэһин уонна баҕа санаатын учуоттаан, оҕоҕо бэйэтигэр талар кыаҕы биэриэххэ. Оҕо биир куруһуокка 2–3 ый сылдьан баран, атыҥҥа көһүөн да сөп – ол туох да куһаҕана суох. Хайдах да түгэҥҥэ, сөбүлүө дуу, сөбүлээмиэ дуу, сүрүнэ, дьарыкка сылдьыы – киниэхэ саҥа дьоннуун алтыһыы уопута, оскуолатааҕы үөрэҕин уонна эбии дьарыгын көтүппэт гына, бэйэ бириэмэтин сөпкө аттаран, былаанныы үөрэнэригэр үөрүйэхтэнии. Ону сэргэ бэйэ күүһүн-кыаҕын, баҕа санаатын олоххо киллэрэргэ холонон көрүү буолар.

– Ол аата, оҕо сылдьар дьарыгын бэйэтэ уларытыан баҕардаҕына, туорайдаһа сатыыр наадата суох дуу?

– Оннук, оҕо бэйэтин хас да хайысхаҕа холонон көрдүн ээ. Бэл, өскөтүн хас да куруһуогу уларытарга тиийдэххинэ да, хаһан эмэ син биир оҕоҥ ис кыаҕын, талаанын таба тайанар кэмиҥ кэлэр. Эбии үөрэхтээһин куруһуога – идэ буолбатах, сайдыы түһүмэҕэ, олох тус стратегиятын сөпкө талар кыаҕы (шанс) биэрии. Эрдэ дуу, хойутуу дуу оҕо син биир санаата сытар дьарыгын буларыгар эрэниҥ. Ол эрээри дьарыгын уларытар түгэнигэр киниттэн тугу онно сөбүлээбэтэҕин, тугу уларытыан баҕарарын ыйыталаһар ордук. Тоҕо диэтэххэ, үгүс өттүгэр куруһуокка сылдьартан аккаастаныы биир саастыылаахтарын кытта өйдөспөт буолууттан тахсар. Чугас доҕоро тохтообутуттан эмиэ буолуон сөп. Эбэтэр көннөрү оҕо интэриэһэ уостубутуттан тохтуур. Ол балаһыанньаны уларытар кыах суох түгэнигэр, атын куруһуогу булар ордук.

Анастасия МОСКВИТИНА
суруйуутуттан тылбаас.

Санааҕын суруй