Киир

Киир

Быйылгы Туймаада ыһыаҕа “Дьокуускай – үлэ кил­биэнин куората” диэн идиэйэлээх ыытыллыа уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сылыгар, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылларыгар ананыаҕа. Быйылгы ыһыах сүрүн уратыта – ордук болҕомто СВО кыттыылаахтарыгар уонна педагогтарга ууруллуоҕа. Билиҥҥитэ куорат дьаһалтатын култуураҕа управлениета бигэргэммит ыһыах тэрээһиннэрин таһаара илик, өссө да чочулла сылдьар диэн буолла.

Атыы-эргиэн

Ыһыахха атыы-тутуу оройуттан тутуллар. Үс Хатыҥҥа 80-тан тахса стационарнай тутууга уонна балааккаларга атыылыахтара, көҥүлэ суох атыылааһын кытаанахтык бобуллар. Биллэн турар, итирдэр утахтары атыылааһын эмиэ көҥүллэммэт. Ыһыахха атыылыан баҕалаахтар бэс ыйын 16 күнүгэр диэри мээрийэҕэ – Ленин бэр., 15, 207 кэб. (төл. 40-80-95) сайаапкаларгытын биэриэххитин сөп. Маны таһынан быйылгы ыһыахха гаас боллуонун уонна көтөр дроннары (судаарыстыбаннай ТВ ханаалларыттан ураты) туһаныы эмиэ бобуллар. Росгвардия үлэһиттэрэ сэрии сэбигэр уонна дэлби тэптэрэр бэссэстибэҕэ кыраҕы харахтарын хатыахтара. Ити барыта – үгүс дьон тоҕуоруһар сиригэр куттал суоһаабатын хааччыйыыга туһуламмыт дьаһаллар.

Суол

Сыл ахсын Үс Хатыҥҥа диэри айан суола – төбө ыарыыта. Билигин “Белое озеро” ырыынагыттан саҕалаан Мархаҕа диэри суолу өрөмүөннүү сылдьаллар, онон-манан дьаама, тиэхиньикэ, быыл өрүкүйэ турар... Урукку сылларга харгыстааһын хаайар эбит буоллаҕына, быйыл өрөмүөнүнэн сылтаан өссө дириҥиир чинчилээх. “Главстрой” иһитиннэрэринэн, авиапортан Марха суолугар, Можайскай уулуссаҕа, Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатын учаастагар өрөмүөн эһиил алтынньыга биирдэ түмүктэнэр. Маны таһынан Даркылааҕынан быһалыырга, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, Паромнай уулуссаларга дьаама өрөмүөнэ ыытыллар. Онон ыһыахха барарга айан уһууругар, хаайтарарга бэлэм буолуҥ.

Ыһыах ыалдьыттара

Былырыыҥҥы ыһыахха Татарстан күннэрэ ыытыллыбыттарын өйдүүр буолуохтааххыт. Онно Рустам Минниханов баһылыктаах сүүстэн тахса киһилээх дэлэгээссийэ кэлэн барбыта. Быйылгы ыһыах ыалдьыта арыый кэмчи. Кытайтан, Улан-Удэттан, Альметевскайтан уонна Хабаровскайтан ыҥырыылаах ыалдьыттары кэтэһэллэр. Маны таһынан куорат, өрөспүүбүлүкэ ыкса бииргэ үлэлэһэр Арассыыйа хампаанньаларын салайааччылара кэлиэхтээхтэр.

Үлэ күөстүү оргуйар

Бу күннэргэ Үс Хатыҥҥа үлэ бөҕөтө ыытыллар – бөҕү-сыыһы ыраастыыллар, тэрилтэлэр түһүлгэлэрин саҥардаллар, Үс Хатыҥҥа киирэр суолу-ииһи өрөмүөннүүллэр. Быйыл көҕүрэттэр сирдэри, бөх баахтарын элбэтиэхтэрэ. Ыһыах бастакы күнүгэр Иннокентий Свинобоев-Тыыннаахап аатынан ипподромҥа ат сүүрдүүтэ буолар, онно түһүлгэни туруораллар, сүүрэр суолу өрөмүөннүүллэр. Онуоха 1,05 мөл. солк. көрүллүбүт.

Сырыы

Бэс ыйын 23 күнүттэн киэһэ 22 ч. саҕалаан бэс ыйын 25 күнүгэр киэһэ 23 ч. диэри Үс Хатыҥҥа массыына киириитэ бобуллар. Арай парковкаҕа эрэ ууруллуохтаах, онтон атын сиргэ туруордаххына, ыстарааптаах сиргэ тиэйэн илдьэллэр, онуоха анаан-минээн 10 эвакуатор үлэлиэҕэ. Маны таһынан эбии видеонан кэтээн көрөр хаамыралары туруоруохтара. Тохтобулга анал буруопуһунан эрэ киллэриэхтэрэ, онуоха мээрийэ 5300 оннук буруопуһу оҥорон үллэрэр.

Субуотаҕа оптуобустар 10–12 мүн., түүн – 20 мүн. арыттаах айанныахтара. Өрөбүл сарсыардатыттан күнү быһа – 15 мүн. арыттаах. Куорат оптуобуһун нүөмэрэ – 156, чааһынайдар – 155. Мээрийэ били былырыын ылыллыбыт саҥа кыһыл, кондиционердаах оптуобустарын таһаарыаҕа, лииньийэҕэ 12-15 оптуобус тахсыахтаах. Билиҥҥитэ айан сыаната быһаарылла илик (бэс ыйын 13 күнүгэр). Оптуобустар чопчу ханан айанныыллара эмиэ бигэргэнэ илик. Чааһынайдар тустарынан тугу да быһаарбатыбыт.

Дьөһөгөй Айыы сылыгар ананыаҕа

Быйылгы ыһыах култуурунай тэрээһиннэригэр саҥа уларыйыы быһыытынан улуустар икки ардыларыгар түһүлгэни тэрийиигэ, киэргэтиигэ күрэх биллэриллибитэ буолар уонна улуустар айар кэлэктииптэрэ туспа кэнсиэрдиир былаһааккалары тэрийиэхтэрэ. Дьэ, манна хайа улуус кыахтааҕа көстүөҕэ. Ыһыах аһыллыытын уонна сабыллыытын сүрүн режиссёра РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Федоров буолуоҕа. Быйылгы ыһыах саха халандаарынан Дьөһөгөй Айыы сылыгар сөп түбэһэр, инньэ гынан алгыска уонна кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар болҕомто ордук ууруллуоҕа. Сиэргэ-туомҥа улуустартан үлэҕэ үчүгэй көрдөрүүлээхтэри, учууталлары, уһуйааччылары ыҥыран кытыннарыахтара.

Ас-үөл хотойорунан

Ыһыах кэмигэр, бэс ыйын 24 күнүгэр, саха төрүт аһыгар бэстибээл ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэринэн куорат дьаһалтата, ресторатордар, отельердар уонна туризм “Ассоциация гостеприимства Республики Саха (Якутия)” национальнай ассоциациялара буолар. Күрэх кыттыылаахтара булгуччу үс саха бүлүүдэтин астыахтаахтар – үтэһэлээх эт, саламаат, кымыс эбэтэр быырпах. Маны таһынан күрэх кыттааччылара убаһаттан, булт этиттэн, истэн, быартан, хартаттан бүлүүдэлэри, балык бүлүүдэлэрин (тууччах, чыыр, уомул, быраҥаатта, бил уонна собо) астаан маастарыстыбаларын көрдөрүөхтээхтэр. Ону сэргэ бурдук ас: сахалыы лэппиэскэ, баахыла, бэрэски, алаадьы баар буолуохтаах.

Бэстибээл былаһааккатыгар кыттааччылар астарын амсатыахтара, маастар-кылаас көрдөрүөхтэрэ. “Ассоциация гостеприимства РС(Я)” саламааты астыырга маастар-кылааһы биэриэҕэ, бренд-шеф Николай Атласов кутааҕа бүтүн убаһаны астаан шоу-бырагырааманы билиһиннэриэҕэ, “Муус Хайа” эрэстэрээн шеф-пуобара Семен Тарбахов саха куукунатын мэтра Иннокентий Тарбахов ырысыабынан ис миинин астаан көрдөрүөҕэ, Туйаара Григорьева-Кучу Туйаара кучу чэй сиэрин-туомун көрдөрүөҕэ. Бэстибээлгэ эрэстэрээннэр, кафелар, урбаанньыттар, ТХПК, КФХ, БХ үлэһиттэрэ, диаспоралар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтарын сөп. Онуоха куорат дьаһалтатыгар бэс ыйын 22 күнүгэр диэри потребительскай ырыынак отделыгар – 207 кэб. сайаапкаларгытын биэрэҕит. Төл. 40-80-95. Элэктэриэн аадырыс: Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра..

Балаакка куората

Үс Хатыҥҥа балаакка куората тэриллэр. Онуоха хайаан да миэстэни уурдараргытын умнумаҥ. Ону https://ysyakh.yakadm.ru саайка киирэн са­йаапка хааллараҕыт. Балаакканы туруорарга туох ирдэбиллэри тутуһабыт?

– Балаакка куоратыгар балаакканы бөлөҕүнэн тэриллэн туруораҕыт. Онуоха муҥутаан 45 киһи буолуохтаах. Балааккалар икки ардылара 15 м кырата суох буолуохтаах.

– Балааккаҕа уот оттор көҥүллэммэт, маны таһынан эстэр, түргэнник умайар тэриллэри, уматыгы туруорар бобуллар, өссө ол-бу сөлүүт эҥин эмиэ бобуллар.

– Балааккаҕа уоту тардар, ол иһигэр балаакка үрдүнэн, аннынан ыытар эмиэ бобуллар. Маны таһынан гаас боллуона эмиэ көҥүллэммэт.

Туймаада ыһыаҕар бастыҥ учууталлары уонна үлэ династияларын чиэстиэхтэрэ. Култуурунай, сиэр-туом, успуорт тэрээһиннэртэн ураты, мээр дьону ыалдьыттатар (приёмнуур). Онуоха анаан, баһылык ураһатыгар остуол тардарга анаан үп көрүллэр. Мааны сандалыга төрүт ас хотойорунан тардыллыаҕа.

Куорат баһылыгын маанылаах остуолугар үгэс курдук бочуоттаах гражданнар, Старейшина сэбиэтэ, куоракка кылааттарын киллэрсибит ытык дьоммут, сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, урукку салайааччылар, мэссэнээттэр, успуонсардар, кэлии ыалдьыттар анаан-минээн ыҥырыллаллар. Ити – бочуоттаах ыалдьыттарга ытыктабыл бэлиэтэ.

Быйылгы ыһыахха СВО-ҕа наҕа­раадаламмыт, демобилизацияланан кэлбит, уоппускаҕа сылдьар СВО кыттыылаахтарыгар болҕомтону ууруохтара. Педагог уонна уһуйааччы сылынан куорат уһулуччулаах учууталларын ыҥырыахтара. Саха сиригэр Үлэ сылынан куорат үлэ династияларын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрин маанылыахтара. Икки күн иһигэр мээр 700 ыалдьыты ураһатыгар күндүлүөҕэ. Маны таһынан куорат бүддьүөтүттэн
Үс Хатыҥҥа үлэлиир ыксаллаах, хомунаалынай сулууспа, түүннэри-күнүстэри дьуһуурустубалыыр бөлөхтөрү, култуурунай тэрээһин кыттыылаахтарын итии аһынан хааччыйыахтара.

Дьөһөгөй Айыы сылыгар үлэ дьонун уруйдуур, билии киэҥ аартыгар угуйар учууталлары, уһуйааччылары айхаллыыр Туймаада ыһыаҕын алгыһын иҥэринэ, Үс Хатыҥҥа бэс ыйын 24–25 күннэригэр сахалыы сайбаччы таҥнан кэлэргитин күүтэбит.

Дмитрий ИВАНОВ бэлэмнээтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар