“Российская студенческая весна” Бүтүн Арассыыйатааҕы XXXl бэстибээл быйыл ыам ыйын 26 күнүттэн 31 күнүгэр диэри Пермь куоракка ыытылынна. Манна сыл ахсын Арассыыйа тыһыынчанан устудьуоннара түмсэн, айар дьоҕурдарын көрдөрөллөр, тэҥнээхтэрин кытта алтыһаллар, уопут атастаһаллар, билсэллэр-көрсөллөр. Тэрийээччилэр – РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министириэстибэтэ, Росмолодежь уонна “Россия – страна возможностей” бэрэсидьиэн платформата буолаллар.
Саха сириттэн ХИФУ, АГАТУ, АГИИК устудьуоннара, “На крыльях весны” эрэгийиэннээҕи бырагыраамаҕа кыттан, Гран-при үрдүк ааты ылан, кыайыы көтөллөөх эргилиннилэр! “Эрэгийиэннээҕи бырагыраама” – бу бэстибээл саамай улахан, сүрүн хайысхата. Манна хамаандалар бары 40 мүнүүтэлээх дьүһүйүүнү (представление) туруораллар. Бу хайысхаҕа кыайыы – ханнык баҕарар хамаанда ыра санаата, улахан ситиһиитэ. Манна биһиги устудьуоннарбыт “Эдэр саас кынатыгар уйдаран...” диэн дьүһүйүүнү туруордулар. Режиссёр – дэлэгээссийэ салайааччыта, ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” КК дириэктэрэ Алексей Константинов.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэҕин кыһалара бары түмсүөхпүтүн наада
Алексей КОНСТАНТИНОВ, ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” КК дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
– “Студенческая весна” устудьуоннар бэстибээллэрэ быйыл 31-с сылын Пермь куоракка ыытылынна. Биһиэхэ, үрдүк үөрэх кыһаларын култуурунай киинин салайааччыларыгар, маннык тэрээһин – улахан сабыытыйа. Саха сирэ мэлдьи кыттар. Ол эрээри маннык улахан ситиһии биһиэхэ аан маҥнай кэллэ. Сыл аайы кыттан “алҕастары” көрөн үөрэнэҕин, алтыһыы баар буолар. Атын дэлэгээссийэлэр куонкуруска үлэлэрин көрөн, үлэ саҥа ньыматын арыйабыт. Үрдүк таһымнаах эспиэрдэр сыанабылларын истэҕин. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: “Маладьыастар, төрүт үгэскитин, тылгытын-өскүтүн илдьэ сылдьаҕыт, көстүүмнэргит чаҕылхайдар”, – диэн хайгыыллар, маны тэҥэ сыыһабытын-халтыбытын, итэҕэспитин-быһаҕаспытын ыйаллар, сүбэлииллэр. “Сэргэлээх уоттара” култуура киинин салайааччытын быһыытынан сайдарбар төрүөт, эдэр көлүөнэни кытта тэҥҥэ хардыылыырбар маннык тэрээһин көмөлөөх. Сыллааҕы үлэ түмүгүн отчуотун курдук буолар. Быйыл иккис сылбын баран кэллим.
Бу бэстибээлгэ Арассыыйа бары эрэгийиэниттэн 4000-тан тахса устудьуон кытынна. Онон Арассыыйаны барытын тутан олорон көрөр курдуккун. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн Татарстан (120 киһи), Бурятия (100 киһи), Чувашия (120 киһи), биһиги 60-чабыт, Краснодар (120 киһи), Чукотка, Камчатка арыый аҕыйах киһилээх. Дьүүллүүр сүбэ таһыма үрдүк. Аатырбыт ааттаах-суоллаах дьон кытаанахтык сыаналыыллар, кими да аһымматтар, харыһыйбаттар. Туох итэҕэс-быһаҕас баарын сирэйгэ этэллэр. Бу – эдэр ыччат сайдарыгар улахан төһүү буолар. Бэстибээл ыҥырар, угуйар ньымата чыҥха атын, дойду аата-суола, чиэһэ диэн үчүгэй атмосфераны үөскэтэллэр. Быйыл Пермь куоракка буолбут буоллаҕына, эһиил Саратовка ыытыллар. Ааспыт 30 сыллаах үбүлүөйдээх бэстибээл Самараҕа буолбута.
Дэлэгээссийэлэр бары булкуһа олороллор, доҕордоһуу киэһэлэрин, маастар-кылаастары тэрийэллэр. Уопсайынан, айар дьоҕурдаах оҕоҕо, ыччакка сүрдээх үчүгэй бэстибээл. Нэдиэлэни быһа араас былаһаакканан вокал, үстүрүмүөн, тыйаатыр, үҥкүү, о.д.а. хайысхаларынан тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Биһиги “Эрэгийиэннээҕи бырагыраама” хайысхаҕа 40 мүнүүтэлээх “На крыльях весны” эдэр саас кынатыгар уйдаран диэн дьүһүйүүнү төрүт үгэстэрбитигэр олоҕуран көрдөрдүбүт. Халыыбын, көрүҥүн бэйэҥ быһаараҕын, хааччах суох. Онно биһиги циркэ, тыйаатыр, үстүрүмүөн, үҥкүү, вокал, хоһоон, муода, о.д.а. хайысхатын киллэрбиппит. Маны барытын 40 мүнүүтэлээх дьүһүйүүгэ ситимнээн, холбоон көрдөрөр, биллэн турар, режиссёрга ыарахан. Ол түмүгэр элбэх кыттааччылаах Москубаны, Чувашияны, Краснодарскай кыраайы куоһаран, Гран-при хаһаайына буолбуппутуттан улаханнык үөрдүбүт. Чымадаанынан куубак, дьупулуом бөҕөтүн соһон кэллибит. Классическай көрүҥнэргэ, биллэн турар, нууччалар олох инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол курдук, классическай үҥкүүгэ, балекка, академическай ырыаҕа... Биһиги “SMM медиа” хайысхаттан ураты барытыгар кытынныбыт.
Бэстибээлгэ устудьуоннары мин, айар бырайыак салайааччыта Изольда Яковлева уонна уус-уран салайааччы Анастасия Неустроева буоламмыт илдьэ сырыттыбыт. Үлэһиттэрим эдэрдэр, ыччаты кытта уопсай тылы түргэнник булаллар. Айар бырайыактары үлэлэтэр салайааччыбыт Изольда Яковлева бу тэрээһин ис куукунатын бэркэ билэр. Манна кыттарга докумуон бөҕөтө оҥоһуллар. Ол курдук, хас биирдии кыттааччы оробуочай бырагыраамаҕа сөп түбэһэрэ, бирикээһэ сөпкө тахсыбыта, устудьуон “академ” ыла сылдьыбыта, үөрэҕэр ситиһиитэ – барыта учуоттанар. Аны кыттарга “профиль”, “непрофиль” диэн хайысхаларга арахсар. Ол эбэтэр үөрэх былааныгар “актерское мастерство” баар буоллаҕына, профильнай эйгэҕэ кыттаҕын.
Манна биири тоһоҕолоон этиэххэ наада, биһиги эрэ университеппыт элбэх устудьуону тэрийэн, үп-харчы өттүнэн ороскуот бөҕөтүн көрсөн кытыннарабыт. Ол курдук, ХИФУ-тан – 54, АГИИК-тан – 3, АГАТУ-тан – 1 устудьуон кытыннылар. Үчүгэйэ диэн, университеппыт култуурунай кииннээх, базалаах буолан, үлэлииргэ усулуобуйа толору баар.
Онон түгэни туһанан көрдөһүөм этэ – бу бэстибээлгэ ХИФУ устудьуоннара эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбитигэр баар үрдүк үөрэх кыһалара – АГАТУ, АГИИК, өрүс тырааныспарын института, Чурапчытааҕы физкультура института, Муусука үрдүкү оскуолата, о.д.а бары кытталлара буоллар. Инникитин Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһалара бары түмсэммит, “Студенческая весна” бэстибээл суолтатын өйдөөммүт, анал тэрийэр кэмитиэти тэринэн, күүстээх хамаанданан кыттыахпытын наада. Оччоҕуна үрдүк үөрэх кыһаларын иитэр-үөрэтэр, култуурунай сайдыытыгар сүрдээх туһалаах буолуо этэ.
Изолдьа ЯКОВЛЕВА, бэстибээл сүрүннэччитэ:
– Арассыыйа таһымнаах бэстибээлгэ бэлэмнэнэрбитигэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр күнүстэри-түүннэри диэбиккэ дылы, күн бокуойа суох бэлэмнэннибит. Бэстибээл кылаабынай тэрийээччитэ – Арассыыйа Эдэр ыччатын сойууһа – боччумнаах, дьоһуннаах тэрилтэ. Онон ирдэнэр докумуоннары хаачыстыбалаахтык уонна бириэмэтигэр туттарыы буолар. Бэйэм бу тэрээһиҥҥэ кыттааччы быһыытынан уопуттаахпын эрээри, салайааччынан сылдьыы улахан эппиэтинэһи эрэйэр. Ол эрээри сырабыт таах хаалбата. Гран-при аатын ылан, бүтүн улахан стадион уруйдаан-айхаллаан ытыс таһыммытыгар улаханнык долгуйдубут, үөрдүбүт-көттүбүт. Оҕолорбут барахсаттар бэһиэлэйдэрэ, кырасыабайдара, элэккэйдэрэ, эйэҕэстэрэ, омуннара-төлөннөрө, чахчы даҕаны, дьон болҕомтотун тардаллар. Үөрүүбүтүттэн оһуокайдаан эмиэ ыллыбыт.
Анастасия НЕУСТРОЕВА, “Сэргэлээх уоттара” КК 2-с сылын уус-уран салайааччынан үлэлиир :
– Ааспыт 30-с үбүлүөйдээх сылга Самара куоракка ыытыллыбыт бэстибээлгэ аан бастаан сылдьыбытым. Сүрдээх улахан таһымнаах бэстибээл эбитин көрөн, сүрдээҕин сөхпүтүм. Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн тыһыынчанан кыттааччы кэлэн, барыларын ытыс үрдүгэр ууран олорон кэриэтэ көрөҕүн. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ аакка-суолга, миэстэҕэ тиксии, чахчы, улахан үлэттэн, сыраттан тахсарын өйдүүгүн. Быйыл Гран-при наҕараадаҕа тиксибит эрэгийиэннээҕи бырагыраамабыт былырыын туох да миэстэҕэ тиксибэтэҕэ. Хомойбуппут. Идэтийбит, уопуттаах Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ тэҥинэн хайгыыллар, кириитикэлииллэр. Кинилэр кыраҕы харахтарыттан итэҕэс-быһаҕас ханна да куоппат. Онтон санаабытын түһэрбэккэ, сылы быһа итэҕэстэрбитин үөрэтэн, онно үлэлэһэн, пьедестал үрдүкү кирбиитигэр 30 сыл буолан баран таҕыстыбыт.
“Студенческая весна” бэстибээл Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн 750 үрдүк үөрэх кыһаларын түмнэ. Бырагыраамаҕа 10 хайысханан 1500 куонкурус үлэтэ киирбитэ. Бу 10 хайысхаттан 7 хайысхаҕа Саха сирин дэлэгээссийэтэ 1-кы, 2-с дьупулуомнаах лауреат аатын уонна анал бириистэри ылла. Лауреат аатын ылбыт Гаврил Никутов уонна Спиридон Иванов кыттыбыт үлэлэринэн Арассыыйа бырайыактарыгар кыттарга ыҥырыы туттулар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, мусукаан, композитор В.Ботвиновскай, Спиридон хомуска оонньуурун истэн: “Я считаю, что это будет просто изумительным украшением программы, потому что многогранная удивительная культура России и того региона, который вы представляете – главное то, ради чего мы с вами существуем”, – диэн бэлиэтээн эттэ.
Устудьуоннар үөрүүлэрин үллэстэллэр
Максим ГОЛОМАРЕВ, ХИФУ ХИНТуоКИ 2-с кууруһун устудьуона:
– Бу бэстибээлгэ 3-с төгүлүн кыттабын, манна кыттыым бэйэтэ Эверест чыпчаалын дабайыы кэриэтэ. Биһиги “Уран” үҥкүү ансаамбылбыт былырыын “Үҥкүү” хайысхаҕа 1-кы истиэпэннээх лауреат буолбут буоллаҕына, быйыл “Тыйаатыр” хайысхаҕа эмиэ 1-кы миэстэни ыллыбыт. Бу – улахан ситиһии. Бэйэм быйыл “Тыйаатыр” хайысхатын “Художественное слово” хос разделыгар бэйиэт Р. Рождественскай “Баллада о молчании” хоһоонунан кытынным. Миэстэлэспэтим да буоллар, санаабын түһэрбэппин, өссө үчүгэйдик бэлэмнэнэн, эһиил эмиэ кыттыам диэн эрэл санаалаахпын.
Оргилбаяр НЯМЖЕВ, “Үҥкүү” хайысхатыгар 1-кы истиэпэннээх лауреат, АГИИК 2-с кууруһун устудьуона:
– Ааспыт сылга үҥкүү хайысхатыгар 3-с истиэпэннээх лауреат буолбутум. Ол эрээри дьүүллүүр сүбэ өттүттэн элбэх сэмэни ылбытым. Онно этиллибит кириитикэни ылынан, хайаан даҕаны сыыһаларбын көннөрүнэн, кинилэр иннилэригэр “эксээмэни” туйгуннук туттарыахтаахпын диэн сыал-сорук туруорунан, Дьокуускайга эрэгийиэннээҕи көрүүнү этэҥҥэ ааһан, кыттан 1-кы истиэпэннээх лауреат буолбуппуттан олус үөрдүм. Өрөгөй!
Роман РОМАНОВ, ХИФУ магистратуратын 2-с кууруһун устудьуона, “Циркэ ускуустубата” хайысхаҕа анал бириис хаһаайына:
– Пермьнээҕи циркэ уораҕайыгар көрүү буолбута. Барыта 30-ча нүөмэр баара. Хас биирдии нүөмэргэ идэтийбит тириэньэрдэр сыһыарыллыбыттара. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар циркэ эйгэтигэр киэҥник биллэр, ытыктанар Эдгард Запашнай бэйэтинэн баара долгуппута. Сүрдээх сөҕүмэр, күүстээх нүөмэрдэр бааллара. Бэстибээл таһыма үрдүгэ сөхтөрдө. Уопсайынан, бу бэстибээлгэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн барыахха наада.
Спиридон ИВАНОВ, “Норуот үстүрүмүөннэрэ” хайысхаҕа 1-кы истиэпэннээх лауреат, “Хомус Хаус” бөлөх солиһа, ХИФУ математикаҕа уонна информатикаҕа институтун 1-кы кууруһун устудьуона:
– Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, мусукаан, композитор Влад Ботвиновскай Кириэмил дыбарыаһыгар “Танцуй и пой, моя Россия” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ хомуска оонньообут нүөмэрбитинэн ыҥырбытыттан үөрдүм, астынным. Биһиги “Хомус Хаус” бөлөхпүт Сахабыт сирин көрөөччүлэрин болҕомтолоругар эрэ сылдьыбыт буоллаҕына, мин соҕотоҕун Дьокуускайга ыытыллыбыт эрэгийиэннээҕи көрүүгэ кыттан, салгыы Арассыыйа таһымнаах бэстибээлгэ кыттыбытым инники сайдарбытыгар төһүү күүс буолла. “Устудьуон сааһа” – бу ситиһии төрдө!
Саха сирин устудьуоннарын сөҕүмэр ситиһиилэригэр, кинилэри кытта үлэлэспит педагогтар, айар кэлэктииптэр салайааччыларын ахтан ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, СӨ норуодунай артыыстара Екатерина, Алексей ЕГОРОВТАР, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Алексей КОНСТАНТИНОВ, Августина ОКОЕМОВА, Сардана ФЕДОРОВА, Надежда ПОПОВА, эдэр талааннаах ыччат Ньургун ИНДЕЕВ буолаллар. Эрэгийиэннээҕи бырагыырама бэлэмнээһинигэр СӨ култууратын туйгуна, сценарист Татьяна ЕГОРОВА, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэллэрэ Михаил ЕГОРОВ, Дмитрий НИКАНОРОВ, СӨ култууратын туйгуннара Анатолий ПОТАПОВ уонна Мичил КОНСТАНТИНОВ улахан сыраларын биэрдилэр.
Дьэ, ити курдук Саха сирин устудьуоннара ханна да сылдьыбыттарын иһин, мэлдьи кыайыы-хотуу кынаттаах сылдьаллара үөрүүлээх. Билиҥҥи эдэр ыччат үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо тулуура, дьулуура аҕа көлүөнэни үөрдэр, долгутар. ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” култуура киинэ тэрийбит, бэлэмнээбит устудьуоннарыгар ураты махтал, сүгүрүйүү буолуохтун!
Саргылаана БАГЫНАНОВА.