Киир

Киир

Бэс ыйын 18-с күнүгэр Атлантическай акыйааҥҥа биэс киһилээх туристическай батискаф сибээстэн сүтэн улахан аймалҕан таҕыста. Айанньыттар аатырбыт «Титаник» хараабылы көрөр ыра санаалаах эбиттэр. Ол туһугар хас биирдиилэрэ 250 тыһ. доллары төлөөбүттэр. Кинилэр кимнээхтэрий?

- Британия бизнесменэ Хэмиш Хардинг (1 млрд доллар баайдаах);

- Пакистан саамай баай киһитэ Шахзада Давуд уонна уола Сулейман (8 млрд доллар кэриҥэ баайдаах);

- OceanGate хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, бу эспэдииссийэни тэрийээччи Раш Стоктон;

- француз уу аннын чинчийээччитэ Пол-Анри Нарголе.

- биир айанньыт аата биллибэт.

titanik2

Субмаринаны кытта сибээс туристар уу анныгар киирбиттэрин кэннэ 1 чаас 45 мүнүүтэ буолан баран быстыбыт. Бүтэһик сибээстэһии «Титаник» тобохторун үрдүгэр сырыттахтарына бэлиэтэммит. Уу анныгар туох буолбутун билигин быһаарар кыах суох. Уу аннынан устар аалга уот барбыт, корпуһа тэстибит эбэтэр былыргы хараабыл тобохторун быыһыгар кыбыллан хаалбыт буолуон сөп дииллэр. Салгыннара чэппиэр күн эбиэккэ диэри тиийииэхтээх.  

Билигин сүппүт субмаринаны Эмиэрикэни кытта Канада көтөр уонна устар ааллара көрдүүллэр. Акыйааҥҥа гидроакустическай буйдары быраҕаллар. Буй диэн тэрил уу аннын 4 тыһ. миэтирэҕэ диэри көрөр кыахтаах. Көрдүү сылдьар экипажтар оптуорунньукка батискаф түспүт сириттэн тоҥсуйар тыастары истибиттэр диэн суруйаллар. 

Маннык эспэдииссийэлэри OceanGate хампаанньа 2021 сылтан тэрийэр. Баай дьону арлдьытарга анаан оҥоһуллубут  батискаф уу анныгар түөрт күнү быһа сылдьар,  сири кытта Starlink нөҥүө сибээстэһэр. Сибээс быстыыта, хараабыл тобохторугар кэтиллии манна инники эмиэ тахса сылдьыбыт курдук суруйаллар. Дьиктитэ диэн, бу субмарина тастан эрэ аһыллар уонна сабыллар. Онон, уу үрдүгэр дагдайдаҕына да, айанньыттар кыайан тахсыбаттар.

Оттон эһиги "Титанигы" көрө акыйаан анныгар айанныа этигит дуо?

Хаартыска: Mash тлг-ханаалтан

Киин таһаарыылар суруйууларынан бэйэ кэр.

Санааҕын суруй