АЛРОСА алмааһы суортааччыта: идэҕэ таптал уонна күндү таас тугу кэпсиирэ
Уот инженерэ хайдах эмискэ алмааһы хостуур тэрилтэҕэ тиийбитин, үлэтин уратытын, эриэккэс таастар уонна кинилэр тугу кэпсииллэрин бүгүн биһиэхэ Дьокуускайдааҕы алмааһы атыылыыр тэрилэ (ЯПТА) үлэһитэ, “АЛРОСА идэтигэр бастыҥ үлэһитэ” чөмпүйэнээт кыайыылааҕа Наталья Осипова билиһиннэриэ. Кини – көхтөөх үлэһит, спортсменка, уопсайынан, кэрэ киһи!
Бүгүҥҥү дьоруойбут Уус Майа бөһүөлэгэр күн сирин көрбүт. Тас көрүүгэ бэрт нарын-намчы, холку, ол гынан баран, күүстээх санаалаах, бэйэтигэр эрэллээх Наталья оскуоланы кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбит. Оҕо сылдьан чэпчэки атлетиканан, саахыматынан дьарыктанара, ону таһынан оҕуруонан киэргэллэри тиһэрэ. Кини сахалыы киэргэлэ быыстапкаҕа үгүстүк кыттара. Баҕар, бу да дьарыга билиҥҥи идэтин баһылыырыгар көмөлөспүт буолуон сөп.
Уһук Илиннээҕи тэхиниичэскэй университеты бүтэрэн баран, “инженер энергоснабжения” идэтинэн “Якутскэнерготтан” саҕалаабыт. 2011 сылтан идэтин таһыччы уларытан, ЯПТА-ҕа көһөр. Үлэлии-үлэлии МГУ-га “алмаас сырьетун ачастаассыйалааччы уонна суортарга араарааччы” сонун идэҕэ үөрэнэр. Ыра санаатын олоххо киллэрэн, бэлиэр 12-с сылын алмааска үлэлиир.
Саха сиригэр көстүбүт алмаас ЯПТА-ҕа кэлиэр диэри геологтар, хайа үлэһиттэрин, байытааччылар кыһамньылаах үлэлэрин нөҥүө ааһар. Кини үлэлиир тэрилтэтэ хостооччу уонна күндү тааһы батарыы икки ардынааҕы түһүмэххэ киирэр. Манна уопуттаах сыныйан көрүү, маастарыстыба көмөтүнэн алмаас инники дьылҕата – киэргэл буолан үйэтийэр дуу, бырамыысыланнас салаатыгар туттуллар дуу – олохтоохтук быһаарыллар.
– Алмааһы суортарга араарааччыттан туох-ханнык иннинэ туочунай буолуу ирдэнэр. Таас араас эгэлгэ моһуоннарын, өҥүн-дьүһүнүн эндэппэккэ билэ, араара үөрэниэхтээххин. Үүт-үкчү алмаас диэн суох, онон хас биирдиилэригэр ураты сыһыан наада. Хас биирдии кристалл туһунан устуоруйатын кэпсиир. Өскөтүн идэтийбит үлэһит алмаас “хаачыстыбатын” тута көрөр эбит буоллаҕына, ырааһын олус кыраҕытык чинчийэн көрүөх, хас биирдии кырачаан “вкраплениены” көтүтүмүөх тустааххын, – диир Наталья. – Мин алмаас хостуур тэрилтэҕэ үлэлиирим идэбэр ис кыахпын арыйарга көмөлөһүөҕүн өйдүүрүм. Айылҕа бэйэтэ айан-тутан оҥорбут кэрэтигэр сыстыы – саныахха да астык. Биллэн турар, оскуола кэнниттэн тута чопчу алмааһы суортуурга үлэлиэм диэн быһаарымматаҕым. Идэбэр үөрэнэн баран, АЛРОСА биир улахан кэлэктиибин биир өлүүскэтэ буолбутум. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһуннаах кылааты киллэрсэр тэрилтэҕэ үлэлиирим миэхэ олус суолталаах.
– Үлэҥ туһунан кэпсээ эрэ. Харах көрүүтүнэн суортарга араараҕыт дуу?
– Микроскобу уонна луупаны туһанабыт. Мин учаастагым бөдөҥ алмаастары суортуур. Алмааһы быһыытынан-таһаатынан, хаачыстыбатынан уонна өҥүнэн сыаналанар. Үлэбит быыччык уонна тыҥааһыннаах эрээри, онтон үлэ түмүгэ тутулуктанар. Алмааһы сөпкө уонна чуолкайдык сыаналааһын ордук. суолталаах, сыыһыа суохтааххын. «Глаз-алмаз» диэн – биһиги туспутунан этиллэр. Бастаан саҕалыырбар бирилийээн буолан тахсар күндү тааһы тутартан-хабартан да олус долгуйарбын өйдүүбүн. Онно миэхэ уопуттаах исписэлиистэр улаханнык көмөлөспүттэрэ. Барытын көрдөрөн, быһааран биэрэллэрэ: ханна туттуллуон сөбүн, алмаас ханнык характеристикатыгар ураты болҕомтолоох буолары сүбэлииллэрэ. Билигин үөрүйэхтэнэн, алмааһы көрөөт да, ханныга ювелирнайга, ханныга тэхиниичэскэй туһаныыга барыан сөбүн тута быһаарар кыахтаахпын.
– Туохха ордук болҕойоҕутуй? Ханнык эмэ интэриэһинэй таастары өйдөөн хаалбытыҥ буолаарай?
– Таас иһин көрөрбөр айылҕа биэрбит уратытын таба тайанарга дьулуһабын: үгэс буолбут эбииликтэри, уһуйуулары уо.д.а. Күннэтэ мин илиим иһинэн тыһыынчаҕа тиийэ таас ааһар. Үлэлээбит кэмим устата үтүмэн элбэх олох бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат алмаастар аастахтара. Хас биирдии таас уратылаах. Быһыылара эрэ буолбакка, дьүһүннэрэ кытта эгэлгэ өҥнөөх: букатын дьэҥкир, саһархай, бороҥ, араас дьүһүн булкуспута кытта баар буолар. Дьүһүннэрин араастаһыыта букатын элбэх. Эриэккэскэ да буоллар, сырдык халлаан күөҕэ, от күөҕэ, кыһыллыҥы, оруосабай, сиренниҥи баар буолааччы. Оннук таас хаһан баҕарар ураты болҕомтону ылар. Иһинээҕи кыбытыктар эмиэ араас буолаллар. Ол курдук, сулустуҥу эбэтэр смайликтыҥы быһыылаахтар көстөөччүлэр. Биир тааска хас биирдии өйүн ууһун көмөтүнэн, киһи арааһы булан көрүөн, маарыннатыан сөп.
ЯПТА-ҕа АЛРОСА ураты алмаастарын кэллиэксийэтигэр киирбит сэдэх таастар эмиэ суортаммыттара. Холобур, хаар кыырпаҕар дьүөрэлиир таас. Оннук тааһы кэллиэгэм Александра Шапошникова булбута. Оттон Татьяна Бурцева – аан дойдуга тиийэ биллибит «Матрешканы». Олох ураты алмаас этэ. Алмаас иһигэр холкутук сүүрэлиир иккис алмаас баара! Бэйэ-бэйэтигэр сыстыһа үөскээбит, АЛРОСА логотибыгар дьүөрэлиир элбэх таас көстүбүтэ. Ол гынан баран, биһиэхэ сүрүнэ – алмаас үчүгэй хаачыстыбалаах буолуута. Сыаната, үгүстэр саныылларын курдук, таас кээмэйиттэн буолбакка, хаачыстыбатыттан тутулуктаах. Алмаас төһөнөн ыраас, дьэҥкир да – оччонон ырыынакка сыаната үрдүк буолар. Ол иһин кыра да буоллар, ыраас тааһы таба тайаннахха үөрэҕин.
– Хас биирдии таас туһунан устуоруйалааҕа буолуо?
– Оннук да диэххэ сөп. Уопуттаах суортааччы алмааһы көрөн баран, ханнык сиргэ хостоммутун быһаарыан сөп. Сорох сир киэнэ бөкүнүктүҥү, атыҥҥа хаптаҕайдыҥы, сорохтор ордук чуолкай, кристаллическай быһыылаах буолаллар. Ханна эрэ саһархайдыҥы сырье, ханна эрэ бороҥо элбэх, ханна эрэ маҥана баһыйар.
Уһуннук үлэлээтэххэ, күндү, сыаналаах таас быһыытынан буолбакка, судургу матырыйаал курдук көрөр буолаҕын. Биһиэхэ хас биирдии алмааһы устуоруйатыгар, характеристикатыгар уонна да араас атын киритиэрийдэргэ олоҕуран, классификаторга тирэҕирэн, суортарга сөпкө араарыы суолталаах.
– Бу идэҕин тоҕо талбыккыный? Аналым, дьиҥ бэйэм миэстэбэр сылдьабын диэн саныыгын дуу?
– Үлэбин сөбүлүүбүн. ЯПТА-ҕа чопчу суортарга араарааччынан диэн үлэлии кэллэҕим. Үлэбит сүнньэ тута астыннарбыта – эрэсиимэ, кээмэйэ, былаана уонна түмүгэ. Туохха барытыгар чопчу, дьэҥкэ буоларын сөбүллүүбүн. Үлэ хаамыыта тэрээһиннээх, чопчу, сыал-сорук өйдөнүмтүө буоларын биһириибин. Ону тэҥэ сөбүлүүр хоббибынан дьарыктанарга бириэмэлээхпин: сүүрэбин, саахыматтыыбын уонна оҕуруо тиһэбин.
Наталья этэринэн, сүүрүү – оҕо эрдэҕиттэн олоҕун арахсыспат аргыһа. Ону ааһан эт-сиин туруга тупсарыгар көмөлөһөр. Саахымакка оскуола сылларыттан оонньуур. Бу умсулҕанын уолугар биэрбитэ, оҕото саастыылаахтарын ортотугар Дьокуускай уокуругар сыллата ыытыллар алтыс турнирга кыайыыны ситиспит. Уолчаанын кытта хас киэһэ аайы саахыматтыыр, кини үөрүүтүн, кыайыытын тэҥҥэ үллэстэр.
Оҕуруонан тиһэргэ оскуола сылларыттан сыстыбыт. Наталья саныырынан, ити дьарыга билиҥҥи идэтигэр ылсарыгар тирэх буолбут.
– Төрөппүттэрим иитиилэрэ-такайыылара уонна оҕо эрдэхпиттэн дьарыгым билиҥҥи үлэбэр туһалаах үөрүйэх үөскүүрүгэр көмөлөстөҕө. Үлэлэрбинэн элбэх быыстапкаҕа кыттыбытым. 8-с кылааска сылдьан оҥорбут үлэлэрим Москубаҕа Саха сирин брендовай истиэндэтигэр тура сылдьыбыттара. Билигин да быысабайдыырбын сөбүлүүбүн. Национальнай оҥоһуктары таһынан оонньуурдары оҥоробун. Ол дьарыгым уһуннук олорор, ураты болҕомтону эрэйэр үлэбэр туһалаата дии саныыбын.
Наталья олоххо көхтөөх, араас спартакиадаҕа, куонкуруска кыттан тэйэр. АЛРОСА үрдүк маастарыстыбаны көрдөрөр “Үлэтигэр бастыҥ” корпоративнай чөмүйэнээтигэр 1-кы миэстэлэммитэ.
Бу – киэҥ хабааннаах, хампаанньа бары салаа тэрилтэлэрин хабар (ол иһигэр Мииринэйгэ, Айхалга, Удачнайга, Архангельскайга, Москубаҕа бааллар эмиэ киирсэллэр) орто сүһүөх идэлээхтэр ортолоругар ыытыллар бэлиэ күрэхтэһии. Быйылгы чөмпүйэнээккэ АЛРОСА 14 салаа тэрилтэтиттэн 79 идэтигэр бастыҥ үлэһит сүүмэрдэнэн кыттыбыта. Кинилэр 6 күн тура тэбинэн туран, Мииринэй уонна Айхал былаһааккаларыгар 9 араас хайысхаҕа маастарыстыбаларын көрдөрөн, күөн көрсүбүттэрэ. Онно теория да, быраактыка да барыта баара.
– Мин итинник чөмпүйэнээккэ иккис кыттыым. Былырыын 3-с миэстэ буолбутум. Быйыл хайаан да кыайыахтаахпын диэн буолбута. Бу – бастыҥтан бастыҥнар мустар, дьиҥ идэтийбиттэр киирсэр дуоспуруннаах куонкурустара. Маннык туһалаах, сэргэх чөмпүйэнээти тэрийэрин иһин хампаанньаҕа махтанабын. Оттон тутаах өйөөччүлэрим, биллэн турар – кэллиэгэлэрим. Ити – миэнэ эрэ буолбакка, барыбыт кыайыыбыт. Кинилэр тылынан эрэ өйөөбөккө, биидьийэҕэ тиийэ устан ыыталлара санааны кынаттыыра, миигин кытта бииргэлэр диэн, эрэлим бөҕөргүүрэ.
– Алмааһы суортааччылар хайдах күрэхтэһэллэрий?
– Бастакы түһүмэххэ теория этэ, 20 ыйытыыга хоруйдаабыппыт. Оттон быраактыка чааһыгар 1,5 ч устата 50 алмааһы суортарга араартаабыппыт. Ол эбэтэр, ханнык хаачыстыбалаахха уонна киритиэрийгэ эппиэттэһэллэрин сыысхала суох быһаарыахтааххын. Көннөрү күҥҥэ тыһыынчаҕа тиийэ тааһы сыаналыыбын. Ол гынан баран, күрэхтэһии кэмигэр долгуйуу, эппиэтинэс улаханыттан, бириэмэ көтө-көтө түһүнэр курдуга. Концентрация, уопут уонна сөптөөх туругу ылыныы көмөлөспүттэрэ.
– Аан дойдуга аата-суола дуорайбыт бөдөҥ тэрилтэҕэ үлэ диэн, эн санааҕар, хайдаҕый?
– Бастатан туран, бигэ турук, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуу. Үлэһиттэр идиэйэлэрин болҕомто тас өртүгэр хаалларбаттарын, ылыналларын биһириибин. Үлэҕэ сонуну, саҥаны киллэриини, тупсарар баҕаны өрүү көҕүлүүллэр. Холобур, суортааһын үлэтигэр оҥорон таһаарыы чопчу соруктарын ситиһэргэ бириэмэни табыгастаахтык туһаныыга хас да кэккэ идиэйэни киллэрбиппин ылынан, үтүөкэн түмүк ситиһиллибитэ.
Хампаанньа ыччаты уонна оробуочай идэни өрө тутарын, эбии үөрэҕи, трениннэри, идэлээхтэр ортолоругар күрэхтэри ыытарын сөбүлүүбүн. Хаһан баҕарар эйиэхэ көмөлөһөргө бэлэмнэригэр эрэллээххин. Амарах, үтүө дьон үлэлиир. Настаабынньыктааһын үгэһэ күн бүгүнүгэр диэри күүскэ тутуһуллар. Биһиги сүрүннүүр эспиэрдэрбит бэйэ дьарыгар, чахчыта да, үрдүк идэтийиилээх дьон, эдэр исписэлиистэри суортарга араарыы бары ымпыгар-чымпыгар уһуйаллар, сүбэлииллэр. Ол хас биирдии салаа, бүтүн тэрилтэ таһаарыылаахтык үлэлииригэр тирэх буолар.
Бу саас ЯПТА төрүттэммитэ 30 сылын туолбута. Тэрилтэ күн бүгүн 170-ҥа чугаһыыр үлэһиттээх. Итинтэн үс гыммыт иккитэ – суортааччылар уонна эспиэрдэр. Кэлэктиип 80-тан %-а үрдүк үөрэхтээх, баһыйар үгүстэрэ тустаах тэрилтэҕэ 15 сылтан уһун кэм үлэлээбит дьон. Быһата, ситиһиилээхтик үлэлиир, баас устуоруйалаах тэрилтэ.
Алмааһы суортааһын төһө сөпкө ыытылларыттан алмаас атыыга хайдах тахсан, төһө барыһы-дохуоту киллэрэрэ улахан оруоллаах. Оттон атыы-тутуу хайдаҕыттан, алмаас хампаанньата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киллэрэр нолуогун уонна дивиденин кээмэйэ быһаччы тутулуктаах.