@wargonzo телеграмм ханаал бу дьыл алтынньы 15 күнүгэр “БАРС-13” чаас байыаһа биһиги биир дойдулаахпыт биир уһулуччулаах дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун кэпсээбитин таһаарбыт. Кэпсээччи киһи, дьоруой саха толору ааттара биллибэт. Хорсун быһыы хаһан, ханна чуолкай оҥоһуллубута эмиэ биллибэт.
Кэпсээччи төлөпүөнтэн хаартысканы көрдөрө-көрдөрө ыйытар киһиэхэ: “Бу олорор саха уола Никита, доҕорум, украиналартан тааҥканы былдьаан, биһиэхэ аҕалта (угнал). Сахалар тустарынан эттэххэ, хорсун, куттаҕаһа суох сэрииһиттэр. Никита биирдэ хараҥаран эрдэҕинэ алҕаска көрбүтэ, талах ойуурга тааҥка кэлбит Ону кимнээҕин билэ-билэ барбыт. Никита бэйэтэ танкист буолан, бастаан биһиэннэрэ диэн, кэпсэтээри чугаһаабыт. Арай чугаһаан кэлтэ, тааҥка саһархай бэлиэлээх. Сахалар булчуттар, булугас өйдөөхтөр, түргэнник толкуйдуу охсоллор. Тааҥка таһыгар турар икки өстөөх, эмиэ хараҥаҕа балыйтаран ким чугаһаан иһэр диэн уорбалаан эрдэхтэринэ, Никита ыкса чугаһаан баран иккиэннэрин аптамаатынан суулларбыт. Үһүс киһи, механик-водитель, куотан тааҥкатыгар киирэ сатаабыт. Ону Никита, танкист буолан кэнниттэн ойон тахсан, люк сабыллыан иннинэ олуйан кэбиспит уонна иһирдьэ киирбит киһини ыппыт. Онтон биһиэннэригэр кэлэн атын тааҥканы ыҥыран, троһунан состорон илдьэ барбыттара”, -- диэн кэпсээтэ.Бу түбэлтэ Бахмут анныгар эрдэ буолбут курдук көстөр.
Кэпсиир киһи Никитаны уордьанынан наҕараадалаабыттара диир. Бүтүн тааҥканы аҥаардас аптамааттах эрэ киирэн былдьааһын мээнэ киһиэхэ кыайтарбат дьыала. Саха уола чахчы улахан хорсун быһыыны оҥорбут.
Бу видеоны көрбүт дьон уолу билэр буоллаххытына, комменнарга суруйуҥ эрэ. Дьоруой аатын-суолун норуот билиэхтээх. Ити хорсун быһыытын иһин чахчы уордьанынан наҕараадаламмыта дуу, суоҕа дуу?
Бэйэ кэр.