Улуу сирдьит өлбүтэ 100 сылыгар
Оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр, 1924 с. тохсунньу 21 күнүгэр, сэбиэскэй судаарыстыбаны төрүттээбит уонна салайбыт, Улуу сирдьит Владимир Ульянов (Ленин) өлбүтэ. Оттон кинини тоҕо көмпөтөхтөрөй? Ленин өлөөрү уһугулаан сытан “дьаатта биэриҥ” диэн көрдөспүтэ чахчы дуо? Ол туһунан устуоруйа билимин хандьыдаата, Ломоносов аат. МГУ устуоруйаҕа факультетын доцена Алексей Гусев “Лентаҕа” биэрбит интервьютуттан быһа тардан...
“Оҕонньор эрэйдэнэр”
- 1923 сыллаахха улаханнык ыалдьыбыт Ленин Сталинтан дьаат көрдөспүтэ кырдьык дуо?
- Ити кырдьык. Ол туһунан Сталин 1923 сыл олунньутугар Политбюро мунньаҕар “оҕонньор эрэйдэнэр” диэн дакылаабыта. Ленин көрдөспүт цианистай калийын туһунан Троцкай мемуардарыгар эмиэ баар. Кини этэринэн, Политбюро атын чилиэннэрэ дьааты биэрэри кыккыраччы аккаастаабыттар. Ол онон ааспыт. Ол гынан баран, Троцкай өлүөн аҕыйах хонук иннинэ Эмиэрикэ “Liberty” диэн сурунаалыгар таһаарбыт “Сверх-Борджия в Кремле” ыстатыйатыгар “Сталин Ленин өлүүтүн түргэтэппит буолуон сөп” диэн уорбалыыра суруллубута эрээри, дакаастабыла суоҕа. Онон Ленин официальнайдык мэйии тымырын быһа барыытыттан өлбүтэ диэн буолар.
Тоҕо көмпөтөхтөрөй?
- Надежда Крупская 1924 с. тохсунньу 29 күнүгэр “Правда” хаһыакка таһаарбыт ыҥырыытыгар: “Киниэхэ анаан пааматынньык туруорумаҥ, кини аатынан дыбарыастары ааттаамаҥ, кинини кэриэстээн улахан бырааһынньыктары (торжества) оҥорумаҥ”, – диэн көрдөспүтэ. Сирдьит огдооботун этиитин тоҕо истибэтэхтэрэй, оттон Ленини Египет фараонунуу мумиялаабыттарай?
- Мумияны кытта сөпкө тэҥнээтиҥ. Ленин өлүөн иннинэ Египеттэн Тутанхамон фараон гробницатын булбуттара, ол туһунан прессэҕэ элбэхтик суруйбуттара. Онон Ленини тоҕо итинник гыммыттарын өйдүү сатыыр буоллахпытына, ити чахчы эмиэ учуоттуохпутун сөп буолуо.
Бастаан мумиялыыр туһунан кэпсэтии букатын суох эбит. Ленин өлбүтүн сарсыныгар, 1924 сыл тохсунньу 22 күнүгэр, Феликс Дзержинскэй бэрэссэдээтэллээх ВЦИК анал хамыыһыйата тэриллэн, көмүүгэ бэлэмнэнэн бараллар. Ити хамыыһыйа бастакы мунньаҕар Ленини кириэмил эркинин таһыгар сыыҥкабай хоруопка Свердлов уҥуоҕун таһыгар көмөргө быһаарбыттар. Ити күннэргэ Емельян Ярославскай “Правда” хаһыакка маннык суруйбута баар:
“Хаан-уруу Ленин! Эн эккин-сииҥҥин сиргэ кистиэхпит, оттон дьыалаҥ, өйүҥ-санааҥ биһигини кытта уонна биһиэхэ хаалыа”.
Ленини нэдиэлэ кэриҥэ тулуктаһарын курдук эмтээн-томтоон (забальзамировать) баран, бырастыылаһыы буолуохтаах сиригэр, Сойуустар Дьиэлэрин Колоннай саалатыгар, хоруобугар сытыарбыттар. Бырастыылаһыы хас да күн буолбут. Төһө да отучча кыраадыска тиийэр олус тымныы күннэр турбуттарын иһин, олус элбэх киһи кэлэн барбыт. Ол үрдүнэн киһи кэлэрэ тохтообокко уонна ССРС ыраах эрэгийиэннэриттэн эмиэ дэлэгээссийэлэр кэлэн көрсөн баралларын туһугар, 1924 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Политбюро бырастыылаһыыны уһатарга быһаарбыт. Ол иһин Кыһыл болуоссакка суһаллык мас дьиэ (склеп) оҥоро охсон, тохсунньу 27 күнүгэр сирдьити онно көһөрбүттэр.
Ол да үрдүнэн бастаан Ленини өр сытыарар былааннара суоҕа. Холобур, доруобуйа харыстабылын оччотооҕу наркома Семашко сирдьити ити курдук ССРС-ка бастакы крематорий тутуллуор эрэ диэри сытыарарга этии киллэрбитэ.
Кэлин эрэ В.И. Ленини көмөр туһунан кэпсэтэн бүтэн, мумиялыырга эппиттэрэ. Ол эрээри, ким оннук этиини хаһан киллэрбитэ, хайдах быһаарыы ылыныллыбыта чопчу биллибэт. Сылыктаатахха, 1924 сыл олунньутугар эбэтэр кулун тутарын саҥатыгар буолуон сөп.
Ленини бальзамируйдуур туһунан санааны кини өлбүтүн кэннэ кини санаатын салҕааччылар, Ленин сүрүн нэһилиэнньиктэринэн ааҕыллар Зиновьев эбэтэр Сталин эппит уонна олоххо киллэрбит буолуохтарын сөп дииллэр. Ол курдук, төһө эмиэ Крупская Ленин аатын ханна да иҥэримэҥ диэбитин үрдүнэн, 1924 сыл тохсунньу 26 күнүгэр Зиновьев көҕүлээһинэн, Петроград куорат Ленинград буолбута. Кини аата араас куораттарга, фабрикаларга, уулуссаларга, култуура дьиэлэригэр, о.д.а. иҥэриллибитэ. Бэл, тохсунньу ыйы кытта “Ленин ыйа”, оттон Арассыыйаны “Лениния”, Сэбиэскэй Сойууһу “Ленин аат. ССРС” диэн уларытарга кытта этиилэр киирэ сылдьыбыттара.
Алексей Гусев “Лентаҕа” биэрбит интервьютуттан быһа тардан.
Хаартыска: аһаҕас источниктартан