Киһи барыта билэр аспиринын 20 үйэҕэ айыллыбыт биир сүрүн эмп быһыытынан сыаналыахха сөп. Бүгүн аспирин айыллыбыта 125 сыла бэлиэтэнэр. Оттон аспирин айыллыан иннинэ дьон тугунан эмтэнэрэй?
Урут, аспирин айыллыан иннинэ, дьон-сэргэ үөт уонна иирэ талах субаларын оргутан ыарыыларын мүлүрүтэллэрэ, температураларын түһэрэллэрэ.
Устуоруйаҕа биллэринэн, 1763 сыллаахха Эдвард Стоун диэн таҥара үлэһитэ Лондон Королевскай уопсастыбатыгар үөт субатыттан оҥоһуллубут көөнньөрүү титириири эмтиирин туһунан дакылаат аахпыт. Онтон 1838 сыллаахха үөт субатыгар (хатырыгар) салицил кислотата баарын быһаарбыттар. Кэлин италия химига Рафаэль Приа ол салицил кислотатын хатырыктан туспа арааран ылбыт, химическэй састаабын быһаарбыт уонна “салицил кислотата” (“спираевая”) диэн сүрэхтээбит. Ол гынан баран, салицил кислотатынан 15 сыл буолан эрэ баран дьону эмтиир буолбуттар.
Бастаан ким, хайдах туһаммытый? “Байер” хампаанньа үлэһитэ Феликс Хоффман диэн киһи арамачыыстаабыт аҕатын эмтээри салицил кислотатын чинчийэ сылдьан, ацетилсалицил кислотатын оҥорор технологияны айбыт.Ити табаарга Патены 1899 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр биэрбиттэр. Бородууксуйаны “Аспирин” диэн ааттаабыттар (Aspirin). Ити тыл икки тылы холбообуттан үөскээбит: “а” – ацетил уонна “спир” – “spiraea” (үөт латыынныы аата).
Ити сыл аспирины бастаан бороһуок быһыытынан киэҥ маассаҕа дьэ атыыга таһаабыттар. Кэлин, 1904 сылтан, таблетка быһыылаах буолбут. Бастаан аспирин кыраадыһы түһэрэр эмп быһыытынан туттуллубут эбит буоллаҕына, кэлин ыарыыны мүлүрүтэрэ уонна кытарыыны-иһиини эмиэ хаптатара биллибит.
АСПИРИН ТУҺУНАН ЧАХЧЫЛАР
1. Аан дойдуга ырысыаба суох саамай элбэхтик атыыланар эмп. Бэл, атыыламмыт ахсаанынан Гиннесс рекордун кинигэтигэр киирбитэ. Күн аайы аан дойду үрдүнэн дьон-сэргэ барыта холбоон 80 000 000 000 кэриҥэ таблетканы иһэр.
2. Аспирин кыаҕа өссө да ситэ чинчиллэ илик. Холобур, суруйалларынан, кини искэн буолбут дьоҥҥо көмөлөһүөн, метастаз үөкүүр кыаҕын намтатыан сөп. Ол гынан баран, сууккаҕа иһиллиэхтээх дозаны улаатыннаран бардахха, кини киһи ис уорганын “сиир” дииллэр.
3. Аспирин эр киһиэхэ дьахтардааҕар күүскэ дьайар. Оҕо обургу сааһыгар диэри “ыраас” аспирины иһэрэ сэрэхтээх. Мэйиигэ дьайыан сөп (отек мозга).
4. Салицил кислотата радикулиты эмтиир. Үөт субата уонн мирт сэбирдэҕэ эмтиир күүстээхтэрэ өссө Гиппократ саҕаттан биллэр. Дьон ити үүнээйилэр көөнньөрүүлэринэн арамачыыһы, радикулиты эмтииллэрэ.
5. Аспирины аан бастаан 1969 сыллаахха космонавтар куосумаска илдьэ сылдьыбыттара.
Бэй.кэр.
Хаартыскалар аһаҕас источниктан.