“Бу ыарыыга ылларбыт киһи бастаан истэн, “шок” ылар. Онтон муммут кус оҕотун курдук булумахтанар, ыар санааҕа баттатар”, – диир Майя Лазаревна Васильева, “Антирак” түмсүү актыбыыһа. Ыарахан ыарыыны кытта охсуһууну ааспыт киһи кэпсээнэ атыттарга көмө, үөрэх буоллун диэн, кинини кытта кэпсэтиини быһа тардан таһаарабыт.
– Ньурба Чаппандатыттан төрүттээхпин. Быыкаа эрдэхпиттэн эһэлээх эбэбэр мааныланан иитиллибитим. Бастакы үөрэҕим – оҕо иитээччитэ. Оҕо сааспыттан доҕордоспут уолбар, аармыйаттан кэлэрин күүтэн, кэргэн тахсыбытым. Оҕобут ыалдьар диэн, үчүгэйдик эмтэтээри, Мииринэйгэ көспүппүт. Кырдьык, эмтээн, дьарыктанан, уолбут үтүөрбүтэ. Өссө кыыстаммыппыт. Дьыссаакка үлэлээбитим, онтон буҕаалтырга үөрэнэн, Дьарыктаах буолуу киинигэр, онтон Биэнсийэ пуондатыгар көһөн үлэлээбитим. Кэтэхтэн үөрэнэн, Москуба университетын экэниэмикэҕэ факультетын бүтэрбитим, Пуондаҕа 13 сыл үлэлээн баран, Мииринэй тыйаатырыгар экэнэмииһинэн көспүтүм.
Ити кэмҥэ уолбут Красноярскайдааҕы орто анал үөрэҕи бүтэрбитэ. Кини мэлдьи “түргэнник идэ ылан, үлэһит буолан, эһиэхэ көмөлөһүөм” диэччи. Онон Мииринэйгэ кэлэн үлэлээбитэ, Санкт-Петербурдааҕы үрдүк үөрэх кыһатыгар кэтэхтэн үөрэнэн, быйыл бүтэриэхтээх. Кыыспыт ол сайын оскуолатын бүтэрэр сыла этэ. Тутуспутунан “Таилаҥҥа сынньана барыахпыт” диэн ыра санаалаах үлэлии-хамсыы сылдьыбыппыт...
Диспансеризация
– Онтон... Дьиктитэ, ити иннинэ 2017 с. Кытайга сырыттахпытына, кытай оҕонньоро пульспун тутан баран, “эн араак буолан сылдьар эбиккин” диэбитэ. Ону итэҕэйбэккэ, мин кыыһыран бөҕө! “Көр да маны, кытайдар киһиттэн харчы ыан ылаары ону-маны этэллэр!” диэн силбиэтэммитим. Соннук итэҕэйбэккэ, баран хаалбытым. Кырабыттан аһаах буолан, сылайарбын, сиһим ыалдьарын эҥин “ыалдьыахтааҕын ыалдьар” дии саныырым... 2018 с. диспансеризацияны ааһыахтааҕым. Үлэ хаһан да бүппэт, онон соло булбат этим. Бу сырыыга “кэл да, кэл” диэн арахпакка ыҥыран, “чэ, биирдэ баҕас ааһыахха” диэтим... Арай эрийэн: “Майя Лазаревна, түргэнник гинекологка кэлэ оҕус” диэтилэр. Цитологиям куһаҕан үһү. Аны Мииринэйгэ исписэлиис быраас суох, онон “биир ыйынан кэлээр” диэн буолла.
Ону күүппэккэ, уоппускабын эрдэ ылан, Новосибирскайга көрдөрөн ааһыам диэтим. Быраастар ити түбэлтэҕэ туох даҕаны направление биэрбэттэр, ороскуоккун барытын бэйэҥ уйунаҕын. Биопсияны Новосибирскайга уопсай наркозтаан, эпэрээссийэ оҥорон ылаллар этэ, онон нэдиэлэ курдук сыппытым. 40 тыһ. төлөөбүппүт, сытарга сууккаҕа 6 тыһ. этэ.
Этиҥ сааллыбытыныы...
Биопсия кэннэ быраас ыҥыран “куһаҕан сонуннаахпыт, араак буолбуккун (рак шейки матки)” диэтэ. Ол, чахчы, бастаан этиҥ сааллыбытыныы этэ. “Шок” буолан олордум. Быраас: “Как вам не стыдно, вы человек в возрасте, сперва должны были думать о здоровье”, – диэтэ. Ону тулуйбакка: “Если ваши коллеги меня не взяли, я не виновата!”, “...думаете, я умру?!” эҥин диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. “Тугу-тугу саҥара олоробунуй?” диэн ыллым. Быраас соһуйан, долгуйбуппун көрөн, уу биэрдэ. Манна эпэрээссийэлэнэр буоллаххына диэн, онкологтар испииһэктэрин уунна...
Онтон ийэбэр эрийэн, чугас киһим куолаһын истээт, оҕо курдук марылаччы ытаатым. Ийэм “киин сиргэ итиннэ эпэрээссийэлэнэр ордук” диэн сүбэлээтэ. Кыыһым килииньикэлэри эрийтээбитэ, барыта баһырхай сыана, саамай чэпчэкитэ 400 тыһ. солк. эбит... Ити – 2018 сыл сайына. Онтон “Иэс ылан баран, аны өлөн хааллахпына, дьоммун иэскэ баайабын дуо? Манна өлөн хааллахпына, тиэйэн илдьэр ыарахан буолуо” диэн санаалар киирдилэр...
Сурук
– Онон, “чэ кэбис, дойдубар төннөр эбиппин” диэн быһаарынан, тута Дьокуускайга кэлбиппит. Үчүгэйэ, манна барыта ОМС буолан, босхо, төлөбүрэ суох оҥоһуллар. Арай өр баҕайы күүтүүлээх-кэтэһиилээх – онто куһаҕан. Ол иһин да дьон куоттараллар эбит, Кэриэйэҕэ эҥин бараллар эбит. Анаалыска уочарат, МРТ-га уочарат, барытыгар уочарат... Арай миэхэ түүлбэр эмээхсин кэлэр уонна “тоойуом, хайдах эрэ гынан ыксатыаххын наада” диир. Аны икки оптуобус ыла кэлэр диибин, ону бииригэр олорсуо суохтаахпын, иккиһигэр олорсуохтаахпын диибин...
Онон ыксаан, Айсен Николаевка: “Онкология ыарыылаахтарга уочарат олус бытаан, манна тугу гыныахха сөбүй? Дьон Кэриэйэҕэ барар, онно туох эмэ көмө оҥоһуллуон сөп дуо?” – диэн, приёмнайыгар сурук суруйан ыыттым. Арай миэхэ тута эрийэн, “эһиэхэ онкодиспансер сэбиэдиссэйэ Феодосия Гаврильевна Иванова тахсыаҕа” диэтилэр. Кырдьык, кэпсэттэ, онтон тута балыыһаҕа киллэрдилэр. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр эпэрээссийэлэнним. “Араагыҥ 1-кы истиэпэннээх, онон куһаҕан түүл курдук умнуоҕуҥ”, ”сискэр ыарыыны уҕарытар укуол туруоруохпут уонна толору норкуос оҥоруохпут, улахан эпэрээссийэни ааһыаҕыҥ” диэтилэр. Хата, барыта этэҥҥэ ааһан, иккис күнүгэр реанимацияттан тахсыбытым. Миигин Пётр Владимирович Никифоров диэн сүрдээх үчүгэй онко-хирург эпэрээссийэлээбитэ, киниэхэ махталым муҥура суох. Билигин да кини миэхэ сүбэлии-амалыы сылдьар.
Дьонум өйөбүлэ
– Кэргэним үлэтигэр сарбыллыыга түбэспитэ. Онон уолбут эрэ үлэлиирэ, аҕатыгар: “Эн үлэ туһунан олох санаама, эн соругуҥ – ийэбитин атаҕар туруоруу. Мин үлэлиэм, хааччыйыам”, – диэбитэ. Эпэрээссийэ кэнниттэн ыарытыйарым, сороҕор олох сытынан кэбиһэрим, сэниэм ончу суоҕа. Ону кэргэним бэйэтэ ааҕан, үөрэнэн, күн аайы массаастаан, көрөн-истэн, бэттэх кэлэн барбытым. Эмтэнэргэ үчүгэй буолуо диэн, 2019 с. Дьокуускайга көһөн кэлбиппит, уолбут Саталга дьиэ ылан биэрбитэ, билигин онно олоробут, ийэм олорсор.
Маннык кэмҥэ чугас дьонуҥ көмөтө, өйөбүлэ саамай улахан оруоллаах. Онон, бастатан туран, күндү таас курдук тутан сылдьыбыт чугас дьоммор – ийэбэр, кэргэммэр, оҕолорбор, эдьиийбэр, бырааттарбар, балтыларбар – махтанабын. Ол эрээри ”миигин наһаа аһынымаҥ” диибин. Тоҕо диэтэххэ, киһи бэйэтин аһынан барыан, дэпириэссийэҕэ ылларыан сөп. Онон “аһынымаҥ, мин үөн курдук, син биир тиллэн кэлэ турабын, үөн өлбөт” диибин (күлэр – НГ.)
***
Лимфоузелбар метастаз тахсан, эпэрээссийэлэппитим. Онтон 2019 с. “мэйиигэр метастаз баар” диэн, Кэриэйэҕэ тахсан көрдөрбүтүм. Онно кылааһым оҕолоро барахсаттар “харчы хомуйабыт” диэбиттэрин “аньыы даҕаны” диэммин, буолбатаҕым. Ол эрээри кылааһым оҕолоро, чугас дьонум, доҕотторум син биир харчы хомуйан көмөлөспүттэрэ. Баран көрдөрбүппэр “сылдьыан сөп” диэбиттэрэ, онон бу сылдьабын. Онон доҕотторбор, баҕа өттүнэн көмөлөспүт дьоммор махталым муҥура суох!
Санаа күүһэ
– Улахан ыарыыга ылларбыт дьон билэллэр — манныкка киһи олоххо интэриэһэ, тардыһыыта сүтэр. Мин оҥостубат, көрүммэт да буолбутум, барыта син биир этэ. Арай өйдөөн көрбүтүм дьиэбит иһэ эмиэ өһөн хаалбыт, бары уку-суку сылдьаллар, ким да күлбэт-үөрбэт... Ордук кэргэммин аһыммытым. Баттаҕа маҥхайан хаалбыта. “Истириэстэн” диэбиттэрэ. Төһөлөөх ыар санаа баттыга буолуой?! Дьиэ кэргэни иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыахтаах, 45 эрэ саастаах киһи маннык буолбута иэдээн дии.
Ону “мин уларыппатахпына, ким да маны уларыппат” диэн, анал литэрэтиирэ булан ааҕан, психолог-коучтары көрөн, билсэн барбытым. Күн аайы бэйэбин “саҕабыттан ылан” туруорар этим. “Дьонум, оҕолорум туһугар тыыннаах хаалыахтаахпын” диэн санааны ылымматаҕым буоллар, мин, арааһа, бу охсуһууга хотторуом этэ. Саамай сүрүнэ – сыал-сорук туруорунуу. Билигин мин сыалым – сиэннэрбин көрдөрбүн, кинилэр минньигэс сыттарын ылларбын диэн. Кыыспыт үрдүк үөрэхтээх, ыал буолбута, Тулагы уола күтүөттээхпит. Бырааттарым, балтыларым сиэннэрин “миигин эбээ диэҥ” диэн “бырагыраамалыы” сатыыбын. Дьэ, хаһан туолара буолла? (күлэр – НГ.)
“Антирак”
– “Антирак” диэн түмсүү баарын истэр этим, онно киирэн, бэйэм курдук дьону көрсөн, алтыһар, араас тэрээһиҥҥэ сылдьар буолбутум. Уруһуйдуурга үөрэммитим, туойунан оҥорор дьарыкка сылдьыбытым, маһынан уһанарбын, иистэнэрбин, баайарбын, сибэкки олордорбун сөбүлээбитим. Хайдах эрэ айар-тутар дьоҕурум сыыйа уһуктан барбыта. Мииринэйгэ олордохпуна, Розалия Васильева хоһооннорбун көрөн, “Алмазное перо” диэн литэрэтиирэ түмсүүтүгэр киирбитим. Кэлин ыалдьан баран, өссө умсугуйан хоһоон суруйар буолбутум. Хоһооннорум хас да хомуурунньукка тахсыбыттара.
Ити курдук кыра-кыралаан сэргэхсийэн, олоххо эргиллэн барбытым. Бэйэм да кыра эрдэхпиттэн актыбыыспын, онон тууйулла сылдьыбыт киһи билигин барытыгар “мин!” диэн инники сылдьабын (күлэр –НГ.) Былааммыт элбэх. Бу ыарыы туһунан психологтар, эмчиттэр, ыарыыны ааспыт дьон бэйэлэрин уопуттарын кэпсиир ютуб-ханаал арыйыахпытын баҕарабыт. Биир бырайыак – психологка үөрэнэн, ыарыһахтары кытта олорон кэпсэтиилэри ыытыы. Анал куурустар бааллар, онно үөрэниэхпит.
Бырастыы гыныы
– Биһиги аҕабыт олох кырабытыгар араҕан барбыт этэ. Биирдэ “ити эн аҕаҥ” диэн көрдөрбүттэригэр буутум быстарынан дьиэбэр кэлэн, санаабар, үлтү киэргэнэн баран, сүүрэн тиийэн “эн мин паапам үһүгүн дии?” диэн ыйытааччы буолбутум. Кини онно үүт тута олороро, кыбыһыннаҕа буолуо, бөтүөҥҥэ төҥкөйөн баран, иһигэр киирэн хаалла. Мин, тура сатаан баран, дьиэбэр тиийэн дэлби ытаатым, онтон ыла дууһабар “паапам куһаҕан киһи” диэн хом санаа иҥэн хаалла. Арай, ыалдьыбытым кэннэ аҕам түүлбэр киирэр уонна “тоойуом, миигин бырастыы гын, мин сыыһа гыммыппын” диэн көрдөһөр. Оннук гынан мин аҕабын бырастыы гынным... Кэлин психологтар этэллэрин өйдөөтүм – киһи олоҕор баар хом санаатын барытын ыытыахтаах, ыһыктыахтаах, хомолтотун өһүлүөхтээх. Оччоҕо, ыар баттыктан босхолонор, чэпчиир, киһилии олоххо төннөр. Ол – чахчы. Мин, били, бобо тута сылдьыбыт хом санаам сүтэн, чэпчээбит курдук буолбутум. Үчүгэйкээн баҕайы бырааттардаах, балыстардаах эбиппин, олору кытта билсэн, “Лазаревичтар” диэн халыҥ аймах буола түстүбүт, бассаап бөлөхтөннүбүт, билигин билсэ турабыт.
Бэйэҕэр бүгүмэ
– Сахалар тыйыс майгылаахпыт, ыарыыбыт туһунан аһаҕастык кэпсииртэн туттунабыт. Мин эмиэ бастаан барытын бэйэбэр тута сылдьыбытым. Мииринэйгэ нууччалары кытта үлэлиир буоллаҕым, кинилэр ордук “эмоциялаахтар”, биир кэллиэгэм коуч-психологы сүбэлээбитэ. Психолог “тууйулла сылдьар санааҕын барытын таскар таһаар, кэпсээ, оччоҕуна чэпчиэ“ диэбитэ. Аҕыйах киһилээх инстаграмнаахпар (билигин РФ-га бобуллан турар – НГ.) таһааран, кырдьык, чэпчээбит курдук буолбутум. Ийэм “аһаҕас айах буолаҥҥын” диэн сөбүлээбэтэҕэ. Мин ону “суох, ити бэйэбэр үчүгэй буоллун диэн гынабын” диэбитим. Саамай сүрүнэ – киһи бэйэтэ бэйэтин кытта соҕотох хаалыа суохтаах. Билигин, бэл, тэлэбиидэнньэҕэ кэпсиир, хаһыакка тахсар кыахтанным.
Дьоҥҥо көмөлөһөн
– Ону “тыыннаах хаалбыт буоллахпына, ол аата, дьоҥҥо тугу эрэ тиэрдээри, туһалаары буолуо” диэн быһаарабын. Миигин “бэйэҥ эмтиэххин сөп” дииллэрин “оннук таһымҥа тиийэ иликпин” диибин. Арай, бэйэм тугу ааспыппын, эмтэммит уопуппун кэпсиэхпин, дьоҥҥо сүбэлиэхпин сөп. Дьон муммут кус оҕотун курдук булумахтана сылдьыбакка, атын дьон кэпсээнин, уопутун аахтаҕына-биллэҕинэ, кинилэргэ ол туһалыа, санааларыгар санаа, күүстэригэр күүс эбиллиэ диэн.
Үтүө тыл
– Дьокуускайга Дьарыктаах буолуу киинигэр үлэҕэ киирбитим. Иллээх-эйэлээх эдэр кэлэктиипкэ түбэспитим. Онтон соторутааҕыта ыарытыйан уурайбытым. Салайааччым атаарарыгар: “Үчүгэйдик эмтэн, хаһан баҕарар үтүөрдүм, төннөбүн диэтэххинэ, төттөрү ылыахпыт. Туох эмэ наада буолла да, көмөлөһүөхпүт”, – дии хаалбыта. Сороҕор итинник үтүө тыл киһиэхэ ханнык да эмтээҕэр көмөлөһөр. Бу биир эпэрээссийэни этэҥҥэ аастахпына, үлэбэр булгуччу тахсыам диибин.
Абыраллаах киин буолуо
– Дьон бөҕөтө Кэриэйэҕэ барар – тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, онно туох баар бороссодуураны ыарыыта суох, кэтэспэккэ түргэнник ааһар. Утуйан турбута – барыта оҥоһуллубут, биллибит буолар. Манна оннук эбитэ буоллар, киһи үлүгэрдээх харчыны төлүү-төлүү, барыа суох этэ. Онкология саҥа киинигэр, сүрүнэ, үчүгэй аппаратура баар буолуон наада. Мин метастаһы көрдөрө Петербурга, Хабаровскайга барарым. Кэлбитиҥ кэннэ ороскуотун төлүүллэрэ. ЯРОД-ка дьон: “Ээ, биһиги хантан онно тиийиэхпитий, харчыбыт суох, биэнсийэттэн биэнсийэҕэ диэри олоробут...” – диэн кэпсэтэллэрин истээччибин. Онон манна аныгылыы тэриллээх Онкология киинэ аһыллыбыта олус үчүгэй.
***
“Онон олохпор хараҥа кэрдиис кэмим ааһан, билигин сырдык кэрдиискэ үктэнним диибин. Бэйэм сайдар, дьоҥҥо үтүөнү аҕалар кэрдиис кэммэр”, – диэн мичээрдиир Майя Лазаревна. Ситиһиилэри, чэгиэн туругу эйиэхэ, саха күүстээх уонна кэрэ далбар хотунугар!
Нина ГЕРАСИМОВА.