(Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор дьиэлэриттэн хаартысканан репортаж)
Соторутааҕыта “ВЕРОНА” миэбэл оҥорон таһаарар хампаанньа генеральнай дириэктэрэ С.Е. Фролову кытта Нам улууһугар кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор пансионаттарыгар тиийэ сырыттыбыт.
Бары истэн билэрбит курдук, Намҥа кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэлэрэ ааспыт сыл сэтинньитигэр 65 миэстэлээх икки этээстээх 4785 м2 иэннээх тутуу “Демография” национальнай бырайыак “Аҕа көлүөнэ” федеральнай бырагырааматын чэрчитинэн тутуллан киирбитэ.
“ВЕРОНА” миэбэл солуона өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка социальнай хайысхалаах бырайыактарга ылсан үлэлиир биир бөдөҥ хампаанньаттан биирдэстэрэ буолар. Куорат, улуус, нэһилиэк тэрилтэлэрэ – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, балыыһалар, араас хайысхалаах социальнай эбийиэктэр – билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир “креативнай” ис тутуллаах миэбэллэри “Веронаттан” сакаастыыр эбиттэрин илэ көрөн итэҕэйдибит.
Пансионат устун экскурсия...
Семен Фролов:
– Бибилэтиэкэ хоһугар баар остуоллары, стеллажтары оҥордубут. Миэбэл куорпустара ДСП матырыйаалынан оҥоһуллан, икки хос эмаль кыраасканан сотуллубута. Остуоллар бэһинэн, ааннар МДФ матырыйаалынан оҥоһуллубуттара. Пансионат иһинээҕи миэбэл барыта “Ксения Ник” дизайн бюро бырайыагынан оҥоһуллубута. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ тутуллар социальнай эбийиэктэргэ барытыгар миэбэлинэн хааччыйыыга мэлдьи кыттабыт. Бүгүн бу Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор пансионаттарыгар кэлэн турабыт.
Дириэктэри солбуйааччы Анастасия Заболоцкаяны кытта кэпсэтэбин.
– Саҥа интэринээппитигэр бырайыак миэбэлин үксүн кэриэтэ олохтоох үлэһиттэр оҥордулар. “Бэс Мас” тэрилтэ батарыайаларбыт сабыытын үргүлдьү долбуур курдук, аныгылыы көрүҥнээн оҥорон биэрдилэр.
Оттон “Верона” миэбэл хампаанньата миэбэли барытын оҥорон, туруоран биэрдэ. Бибилэтиэкэҕэ сүрдээх үчүгэй стеллажтары оҥорон туруордулар. Манна быыстапка курдук саҥа тахсыбыт кинигэлэрбитин сааһылаан уурабыт. Өҥө-дьүһүнэ барыта бэйэбит “бренд” өҥмүтүттэн таҕыста. Дьиэбит ис-тас өҥө барыта – маҥан уонна от күөх (махаон). Бу өҥнөрү туһанан, остуолларбыт барыта, көрөрүҥ курдук, муус маҥаннар уонна олохтоох бэйэбит айылҕабыт маһынан оҥоһуллубуттар.
Бибилэтиэкэбит дизайна олус табыллыбыт. Көрбүт-истибит дьон бары ыскааптарбытыгар ымсыыраллар, сөҕөллөр. Бибилэтиэкэ иһигэр кинигэни харайар анал хос баар (книгохранилище). Бу хоско наһаа үчүгэй хаачыстыбалаах долбуурдар оҥоһулуннулар. Көрө-көрө астынабыт. Онно тахсарга-түһэргэ анал дьоҕус кирилиэс (стремянка) оҥорон биэрбиттэрэ.
– Ол аата, тэрилтэ миэбэлин үксүн оҥорон биэрдэхтэрэ.
– Пансионаппыт 33 хоһун миэбэлин – остуолуттан саҕалаан оронугар, ыскаабыгар тиийэ барытын – оҥорон биэрдилэр. Ол курдук, хас биирдии хоско утуйар орон, остуол, туумба, ыскаап туруордулар. Хампаанньа үлэһиттэрэ ыйы-ыйдаан сытан, барытын оҥорон, таҥан биэрбиттэрэ. Хас биирдии тэрили гаайкатын, буолтатын таҥар диэн манан үлэ буолбатаҕа биллэр. Миэбэл оҥоһуутугар биһиги баҕа санаабыт учуоттанан, бэркэ оҥоһулунна. Кэлии миэбэли туһаммыппыт эбитэ буоллар, санаабыт хоту буолбакка, ханан эрэ кыра, ханан эрэ кээмэйэ улахан буолуон сөп этэ.
– Оҥорторбут миэбэлгитин астынан олороҕут дуу?
– Оннук бөҕө буоллаҕа. Саамай астынарбыт – олохтоох оҥорон таһаарар хампаанньаны өйөөһүн. Кинилэр хаачыстыбалаах үлэлэрин сыаналаан, инникитин сакаастара элбиэ турдаҕа. Холобур, ити “Бэс Мас” хампаанньалар тас ырыынакка Данияҕа тахсыбыттарын истэн билэбит. Онон “Вероналар” эмиэ тас дойдуга тахсан, ааттара-суоллара сураҕырарыгар баҕарабыт. Кинилэр оҥорон биэрбит миэбэллэрин наһаа астынныбыт, хайа да омук миэбэлиттэн итэҕэһэ суох тупсаҕай көстүүлээхтэр, хаачыстыбалаахтар. Көрбүт эрэ барыта “кэлии, омук миэбэлэ дуо?” диэн сэҥээрэн ыйыталаһар. Ону “бэйэбит дьоммут, саха уолаттара оҥорор миэбэллэрэ” диэтэхпитинэ, соһуйаллар.
– Саха былыр-былыргыттан мындыр уус буоллаҕа.
– Оннук. Бэйэбит уолаттарбыт ылсан үлэлии сылдьаллара, таһымнара үрдүгэ сөҕүмэр.
“ВЕРОНАЛЫЫН” бииргэ буолуҥ!
Дьэ, ити курдук “Верона” миэбэл хампаанньатын идэтийбит үлэһиттэрэ хайа да уустук бырайыагы хаачыстыбалаахтык үрдүк таһымҥа оҥороллорун илэ көрөн итэҕэйдибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Ол курдук, дьиэтээҕи куукуна, ыскаап миэбэлигэр эрэ буолбакка, үгүс тэрилтэ офистарыгар, атыы-эргиэн кииннэригэр дизайнердыы тус көрүүлэрин олоххо киллэрэллэр эбит. Социальнай эбийиэктэри: оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, офистары, балыыһалары, о.д.а. тэрилтэлэри 100% хаачыстыбалаах миэбэлинэн хааччыйар биир тутаах хампаанньа эбитин биллибит.
Онон “ВЕРОНАЛЫЫН” бииргэ буолуҥ!