Киир

Киир

“Васса” маҕаһыын аһыллыаҕыттан кэрэ аҥаардар сонно олус сөбүлээбиттэрэ. Дьокуускай куорат эрэ буолбакка, бэл, тыа сирдэриттэн кытта кэлэн таҥнан-саптан, киэргэнэн-симэнэн барар буолбуттара. Биирдэ билэр кыыспын уулуссаҕа көрсө түһэн, тупсаҕай быһыылаах халтаҥ сону кэтэ сылдьарын бэлиэтии көрөн, хантан атыыласпытын ыйыталаспыппар: ““Васса” маҕаһыынтан таҥнар буолбутум ыраатта. Хаачыстыбата сыанатыгар эппиэттиир. Таҥас арааһа баар”, – диэбитэ. Маҕаһыыны хайаан да баран көрөрүм, бэйэбэр сөптөөҕү чахчы буларым туһунан эппитэ.

“Васса” маҕаһыын дириэктэрэ, атыы-тутуу эйгэтигэр уопуттаах урбаанньыт Василиса Рубцова “Кыымҥа” ыалдьыттыыр.

WhatsApp Image 2024 03 20 at 14.38.15

– “Васса” – атыттартан ураты тыыннаах, нууччалыы эттэххэ, “изюминкалаах” маҕаһыын. Тугунан дьону тардарый?

– Сүрэҕиҥ сытар, ис дууһаҕыттан сөбүлүүр-ылынар үлэҥ, дьыалаҥ ордук табыллар. Урбааҥҥа эмиэ оннук. Муода эйгэтигэр ийэбит кыра эрдэхпититтэн сыһыарбыта. Учуутал идэлээх эрээри, иистэнэрин сөбүлүүрэ. Араас таҥаһы тигэн кыргыттарын таҥыннарара. Маҥнай саҕалыырбытыгар, оччолорго эдэр буоллахпыт, ыччакка аналлаах таҥаһы атыылыырбыт. Олох сиэринэн сааһыран истэхпит, кэлин орто саастаах кэрэ аҥаардарга сөптөөҕү атыылыыр буолбуппут. Маҕаһыыммыт хас биирдии таҥаһын, киэргэлин бэйэбитигэр талар курдук көрөн, элбэхтэн сүүмэрдиибит. Айаҥҥа сылдьан табаары атыылаһыы, дьиҥэ, олус тиэтэллээх, ыксаллаах. “Чэ, бу да барсыаҕа” диэн көтүмэхтик сыһыаннаспакка эбэтэр чэпчэкигэ атыылаһан баран, ыарахаҥҥа батара сатаабакка, чахчы, үчүгэй диэбиппитин эрэ талан атыыга таһаарабыт. Ону килийиэн билэр эбит. Маҕаһыыммыт таҥаһын бэйэбит эмиэ таҥнабыт: ис таҥастан саҕалаан халтаҥ сонугар тиийэ. Оччоҕо килийиэн эйиэхэ ордук итэҕэйэр, эрэнэр уонна аһыллар. Бу дьыалабытын олус сөбүлүүбүт, ийэ оҕотун бүөбэйдиирин курдук, ис сүрэхпититтэн кыһаллабыт.

– Аны туран, табыгастааҕа диэн, эһиги маҕаһыыҥ­ҥытыгар киирэн баран, киһи ис таҥаһыттан тас таҥаһыгар диэри талбытын таҥнан тахсыан сөп.

– Оннук. Ис таҥаһы Кытай фабрикатыгар тигиллибиттэртэн саамай хаачыстыбалаахтарын талан аҕалабыт. Термобельё эмиэ баар. Бырааһынньыкка кэтиллэр былаачыйаттан саҕалаан күннээҕигэ кэтэргэ, кууркаҕа, соҥҥо тиийэ атыылыыбыт. Киэргэллэр, атах таҥастара эмиэ бааллар. Килийиэннэрбитигэр табыгастаах буоларын, барытын биир сиртэн атыылаһар кыахтаналларын туһугар.

– “Таҥаскыт саха дьахтарын быһыытыгар-таһаатыгар сөрүөп олороллор” диэн астыналлар. Арааһа, кэпсээбитиҥ курдук, бэйэҕитигэр талан ылар буолаҥҥыт буолуо. Саҥа табаар төһө өр буола-буола кэлэрий?

– Саха дьахталларын быһыыта-таһаата ураты: сиспит кылгас, уҥуохпут да уһуна суох. Ону таҥас көмөтүнэн көннөрөн, кэрэни бэлиэтээн биэриэххэ сөп. Килийиэннэрбитигэр сөрү-сөп олорор буоланнар, харчы төлүү-төлүү ательеҕа баран кыччаттара сатаабаттар, эбии түбүгүрбэттэр. Маҕаһыыммытыгар саҥа табаар тохтоло суох кэлэ турар. Атыыламмакка өр турар таҥас диэн суоҕун тэҥэ. Кэрэ аҥаар киэргэнэр-симэнэр кэмнэрдээх. Ол кэмнэргэ күн аайы кэриэтэ саҥаны-сонуну атыыга таһаарабыт.

WhatsApp Image 2024 03 20 at 14.38.33

– Сыанаҕыт хайдаҕый? Аахсыйа, чэпчэтии баар дуу?

– Маҕаһыыммыт биир уратыта – сыанатыгар. Билиҥҥи уустук кэми учуоттаан, хаачыстыбалаах табаары сөбүгэр сыанаҕа атыылыыбыт. Мэлдьи атыылаһар килийиэннэрдээхпит. Кинилэри өйөөн, 25 %-наах чэпчэтиилээх каартаны биэрэбит. Атыылаһааччылар бары 5–25 %-ҥа диэри чэпчэтиилээх каартанан туһаныахтарын сөп. Өссө “ЮДС” чэпчэтии систиэмэтин киллэрээри сылдьабыт.

– Маҕаһыыҥҥыт социальнай ситимигэр муусука доҕуһуоллаах үҥкүүлүү-үҥкүүлүү, ардыгар дьээбэлээх “рилстэри” устан таҥастары көрдөрөр кэрэ аҥаардар эдьиийдии-балыстыыгыт дуо? Бары кырасыабайгыт, маарыннаһаргыт да бэрт.

– Үс кыыс – Вера, мин, Валя – бииргэ төрөөбүттэрбит. Тастыҥ эдьиийбит Ольга тулаайах хаалбытыгар дьонум иитэ ылбыттара. Бииргэ төрөөбүт кэриэтэбит. Кыргыттар бииргэ тутуспутунан сылдьабыт, биир дьыаланан дьарыгырабыт. Аны туран, олус күлүүктэрбит, көр-нар аргыстаах сылдьабыт, идиэйэ бөҕөбүт. Устууларбытын бэйэбит толкуйдаан, устан, таҥан таһаарабыт. Сэҥээрэн, кэтэһэн көрөр дьон баарыттан үөрэбит.

– “Васса” маҕаһыын улаатта-кэҥээтэ. Өссө туох былааннааххытый?

– Маҕаһыыммыт куорат киинигэр, көстүүлээх сиргэ көстө. Атыылаһааччыларбыт үгүстэрэ массыыналаахтар, онон парковканы улаатыннардыбыт. Оптуобус тохтобула эмиэ чугаһаан биэрдэ. Килийиэннэрбит баҕаларын толорорго кыһаллабыт.

Маҕаһыыммыт миэстэтин куортамныыбыт. Инникитин миэстэ атыылаһан, маҕаһыыммыт үлэлиир истиилин уларытар баҕалаахпыт. Дьокуускайга киэҥ-куоҥ, табыгастаах, кэрэ аҥаардар кэлэн чэй иһэ-иһэ, кэпсэтэ-кэпсэтэ таҥас талар, сэргэхсийэр шоурум-маҕаһыыннара суоҕун тэҥэ. Биһиги итинник маҕаһыыны үлэлэтиэхпитин баҕарабыт. Барыта кэрэ аҥаардарбыт туһугар!

“Васса” маҕаһыыны аргыс оҥостуоҥ – мэлдьи кэрэ буолуоҥ!

логотип

Аадырыһа: Дьокуускай, Курашова уул. 27/1 Билсэр төл.: 8(999)-174-75-33

WhatsApp Image 2024 03 20 at 14.38.48

*Төлөбүрдээх матырыйаал

 

 Диана КЛЕПАНДИНА.

 

Санааҕын суруй