Уйулҕаһыт, норуот эмчитэ Саргылана Егорова-Кынаттаах айылҕа биэрбит күүһүн туһанан, дьону-сэргэни эмтиир, сүбэ-ама биэрэр буолбута ыраатта. Маны тэҥэ социальнай ситимнэргэ доруобуйаҕа аналлаах араас сэминээри, онлайн маастар-кылааһы ыытар дьарыктаах. Саргылана Семёновна: “Төһөнөн элбэх киһини эмтиигин да, соччонон уопутураҕын уонна онно Үрдүк Айыылар көмөлөһөр буолар эбиттэр”, – диэн санаатын үллэстэр. Кини тэттик сүбэлэрин таһаарабыт.
Ис туругу истэ үөрэниэххэ
Ону өйдүүр эрэ наада. Ол эрээри, билбэттэрэ бэрдиттэн, бэйэни эмтииргэ таласпаттар. Аныгы киһи үксэ сиһэ, сүһүөҕэ ыалдьар. Оҕолуун- кырдьаҕастыын бары кэриэтэ. Эмтии сылдьан көрдөххө, дьон ыарыытын төрдө араас буолар. Ол барыта – оһоллонуу хайдаҕыттан. Ким эрэ ийэ иһиттэн тахсарыгар оһоллонор, ким эрэ араас моһолго түбэһэр.
Миэхэ араас эчэйиилээх дьон кэлэллэр. Дьэ, ону эрдэ билбэттэн илбиммэккэ, көрдөрүммэккэ, көннөртөрбөккө, ыарыйдахтарына эрэ көрдөрө, эмтэтэ сүүрэллэр. Дьиҥэр, тутатына илбийэн, көннөрөн кэбиһиэхтээх эбиппит. Онтубут кырдьар сааска дьарҕа буолар. Киһини сытыарбат, олордубат гына хам ылан ыарытыннарар.
Тыынарга болҕомтоҕун уур
Эмтиирбэр, бастатан туран, киһи хайдах тыынарыгар болҕомтобун уурабын. Тыын ыһыллыбыт буоллаҕына – бу киһи барыта-бары ыһыллыбыт. Миэхэ эмтэнэ кэлээччилэр бары кэриэтэ – тыыннара ыһыллыбыт дьон.
Ол аата, тыын ыһылынна да, киһи ыалдьан барар. Туохпут барыта тыынар. Ону көннөрүөххэ наада.
Таас уҥуоҕа – сүрүн уорган
Иккиһинэн, киһи тааһын уҥуоҕун сыныйан көрөбүн. Ол ханньары, эриллэҕэс буоллаҕына, эмиэ – күүстээх ыһыллыы. Тааспыт уҥуоҕа – биһиги тирэхпит, тоноҕос тирэнэр сирэ. Тоноҕоспутунан туох баар ньиэрбэ барыта ааһар. Ол иһин биир тоноҕос сыыһа сылдьар буоллаҕына, хайа эрэ ньиэрбэҕин баттаан, уорганнар ыалдьыахтарын сөп. Ол курдук, илии-атах, сүһүөх ыарыыта буолуон сөп.
Ол иһин, тоноҕос көнөрүн туһугар, таас көнүөн наада.
Сүһүөх тоҕо ыалдьарый?
Үсүһүнэн, сүһүөххэ болҕомтобун уурабын. Сүһүөҕү иэччэх диэххэ сөп. Киһи бэйэтэ ханньары барда да, сүһүөҕэ ыалдьар. Бастаан – биирэ, онтон – иккиһэ. Ол курдук сүһүөхтэр ыалдьаллар. Ол иһин киһи көнө, дьылыгыр буолуохтаах, оччоҕуна сүһүөхтэрэ ыалдьыбат. Хас биирдии уҥуохпут сүһүөхтээх, тобук эрэ буолбатах. Дьон тоҕо эрэ тобуктара ыарыйдаҕына ыксыыллар, көрдөрүнэ сатыыллар. Илиилэрин сүһүөҕэ хам хатан сылдьар буолар, онно олох кыһаллыбаттар. Ол атын сүһүөхтэргэ эмиэ охсорун умнумаҥ. Ол курдук, хаҥас илии уҥа атаҕы кытта сибээстээх.
Дьоҥҥо үчүгэйдик быһааран, өйдөтөн биэрдэххэ, бэйэлэрин көрүнэр буолаллар.
Ис-үөс ыйаныыта
Аны испит-үөспүт ыйанара сүһүөххэ эмиэ охсор. Мээнэ аһаан, уойан баран “тобукпут тоҕо ыалдьарый?” диибит. 60 киилэлээх киһи 90 киилэ буоллаҕына, кини күн ахсын нуорманы таһынан 30 киилэни уйар, соһор. 30 киилэлээх киирэни туттаран баран ыыт эрэ, бу киһи төһө өр барар эбитий? Охторо биллэр.
Хаан баттааһынын, саахар диабетын, тромбоз, инсульт, инфаркт туһунан этиэхпин да куттанабын. Билигин оскуола оҕото үксэ кэриэтэ эмис. Урут биир эмэ оннук оҕо баар буолара. Ону ыыстыыр этилэр. Соторутааҕыта биир оннук оҕо кэлбитигэр, “оҕолор күлүү гымматтар дуо?” диэбитим. Онуоха: “Суох. Бары манныкпыт ээ”, – диэн сонньуппута.
Сиэркилэҕэ туруккун көрүн
Киһи сиэркилэҕэ көрүнэрэ – сирэйэ уонна кэтэ сылдьар таҥаһа. Онтон атынын хаһан да көрүммэт, биир эмэ киһи көрүнэр. Дьэ, онтон ханньары барыыларын, эриллиилэрин көрдөрдөххө, олус соһуйаллар. Көннөрү ханньары барбыт киһи өссө кыра соҕус ыарыылаах буолар. Оттон эриллибит киһи барыта ыалдьар. Ол иһин сиэркилэҕэ көрүнэ үөрэниэххэ наада. Өссө саннылара үөһэ, аллара буоллаҕына, ону бэлиэтии көрөллөр, ону даҕаны таҥас хайдах эрэ олорор буоллаҕына. Эбэтэр арҕастарын (холка) мэһэйдэтэллэр.
Үксүгэр олох да кыһаллыбаттар.
Кэмигэр уһуннук утуйуу – доруобай буолуу мэктиэтэ
Аны, түүн хойут утуйабыт. Мин 80–90 саастаах кырдьаҕастар кэллэхтэринэ, “хаска утуйаҕыт?” диэн мэлдьи ыйытабын. Онуоха “8 чаастан утуйабыт” дииллэр. Ол аата, күн киириэҕиттэн күн тахсыар диэри утуйар дьон уһун үйэлэнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа биэрэр күүһүн туһаналлар. Онон айылҕа оҕолорун – дьону – бэйэтэ эмиэ эмтиирин умнумуоҕуҥ. Айылҕа төлөпүөммүтүн, тэлэбиисэрбитин айбатаҕа, онон өйдөөбөт. Биһиги айылҕа сокуонунан сылдьар буоллахпытына, чахчы, көмөлөһөр. Араас уоргаммытын: сүрэхпитин, быарбытын, быччыҥмытын, сүһүөхпүтүн – барытын эмтиир.
Бэйэни сааһыланыы
Маны сэргэ санаабытын эмиэ ыраастаныахтаахпыт. Ол иһин аныгы дьон барыта санаата тууйуллар, истириэстиир. Ол – ис турукка күүрүүнү үөскэтэр. Эккэр-сииҥҥэр күүрүү баар буоллаҕына, араас ыарыы үөскүүр. Үөннэр эмиэ ону сөбүлүүллэр, кыймаҥнаһан киирэн бараллар. Араас куһаҕан ыарыы онтон үөскүүр. Ыарыы барыта “психосоматикалаах” диэн итини этэллэр. Холобура, искэн наһаа элбэх хоргутуулаах, хомойуулаах дьоҥҥо тахсар. Хоргутуу, хомойуу, куттал ибигирээһини (вибрация) үөскэтэр. Маннык киһини тутан көрдөххө, ибигирии сылдьар буолар, ону бэйэтэ да билбэт. Билигин айылҕабытыгар уларыйыы бөҕөтө буола турар. Вибрация күүһүрэр. Киһи вибрацията онно тэҥ буолан иһиэхтээх. Хаалан хааллахха, ыалдьыаххын эбэтэр куһаҕан дьаллыкка ылларыаххын сөп. Ол иһин киһи санаатын сааһыланыахтаах. Куһаҕаны киэр кыйдаан, үчүгэйгэ тардыһан иһиэхтээх.
Киһи килиэккэлэртэн турарын бары билэбит. Син биир атын эттиктэр курдук. Онтубут билиҥҥи кэмҥэ эмиэ уларыйа турар. Ол иһин урут оҥоһуллубут эмтэр састааптара киһиэхэ атыннык дьайыан, туһалыа суоҕун сөп. Ол иһин айылҕабыт биэрэр араас үүнээйилэринэн эмтэнэрбит ордук дии саныыбын.
“Дьыбаан киэргэлэ” буолума
Оҕону кыра эрдэҕиттэн доруобуйатын көрүнэригэр үөрэтиэххэ наада. Хамсык саҕана күүстээх хааччах буолан, оҕолорбут дьиэттэн тахсыбат буоллулар. Улаханныын-кыралыын төлөпүөн тутан баран олоробут, сытабыт. Күнү быһа сытар буоллаххына, мэйииҥ эйигин “ыалдьыбыт” диэн ылынар. Урут киһи түүн утуйарыгар эрэ оронугар сытар этэ. Киһи күҥҥэ “сынньана” диэн, 15 мүнүүтэттэн ордук сытыа суохтаах. Оттон биһиги бассааппытын тутан баран, хастыы эмэ чаас сытабыт. Эбиитин сымнаҕас дьыбааҥҥа араастаан эриллэн, кумуллан сытабыт, олоробут. Бу кэннэ сиспит ыалдьыа суоҕа дуо?! Күнү быһа кириэһилэҕэ, дьыбааҥҥа сытары, бүк түһэн олорору хайдахтаах да таас уҥуоҕа, сис быччыҥа тулуйбат. Тааспыт ханньайда да, тобуктарбыт ыалдьан бараллар. Көп сирбит быччыҥа үлэлээбэт буолла да, бууппутунан хааман барабыт. Онтон бууппут быччыҥа күүрэн, тобукпутун быһа тардан ылар. Ол түмүгэр кырдьарбыт саҕана бары хайыһардыы сылдьар курдук, хаанньаҥнаһан хаамар буолабыт.
Тэттик сүбэлэр
Сүһүөх ыарыыта аһара элбээтэ. Дьэ, манна туох санаалаахпыный?
- Бастатан туран, билиҥҥи үйэҕэ оһоллонуу үгүс. Саллабын да саллабын. Араас оһол, тоҥуу-хатыы, буһуу, ыт ытырыыта, массыына саахала, о.д.а. Киһи ааҕан сиппэт. Ордук массыынанан сылдьан арааска түбэһэбит. Ол аайы туох охсуу буолбутун билбэппит, сэрэйбэппит. Онтубут 7 сылынан сүһүөх эрэ ыарыытыгар буолбакка, атын уорган ыарыытыгар кубулуйуон сөп.
- Ыарыыны уҕарытар эмп иһэн, үчүгэй буолбут курдук сананабыт. Онтубут сылтан сыл ханньары, эрийэ тардар. Таас уҥуоҕа хамсаатаҕына, барыбыт бары ыалдьан барар. Бастатан туран, сүһүөхтэрбит. Иҥнэри-кыҥнары бардыҥ да, сүһүөх ыалдьара биллэр буоллаҕа.
- Ханньары барыы, эриллии баар сиригэр сүүрээн тохтуур. Ньиэрбэ кыбыллар, баттанар, уунар. Тымыр эмиэ. Оччоҕо сүүрээн суох сиригэр хайаан да импиэксийэ, бактыарыйа, араас үөн-көйүүр мунньустар. Балар муһуннулар да, туоххун барытын сиэхтэрин сөп. Холобура, хламидия сүһүөҕүҥ уутун истэҕинэ, оҕунуох суох буолла да, аалсыы барар.
- Бары сөбүлээн аһыырбыт – минньигэс ас. Ол минньигэһи үөн барыта аһыыр. Аһатан өссө эбии элбэтэҕин. Тобуктара киһи төбөтүн саҕа саллаччы испит буолар. Ол барыта – импиэксийэ ыарыыта. Иһии, сыыстарыы баар буоллаҕына, бу үөннэри утары охсуһуох тустаахпыт.
- Киһи организма улахан атомнай ыстаансыйа курдук үлэлиир. Аҥаардас тобук сүһүөҕэ эрэ ыалдьыбат. Ону өйдүөххэ наада. Биричиинэтэ олох атыҥҥа сытар. Ыалдьар сиргин, дьиҥэр, илбийэр сатаммат, эбии сүһүрдүөххүн сөп. Онон, маастыыр ордук.
- Билиҥҥи дьон бары кэриэтэ ордук ыйааһыннаахпыт. Ону суох оҥоро сатыахха. Төһөнөн ордук ыйааһыннааххын да, соччонон сүһүөх 2–3 төгүл ноҕуруускаланар. ГМОлаах астары буолбакка, сибиэһэйи аһыы сатыахха.
- “Илиибит ыалдьар” диир дьон кэлэллэр. Дьиҥэр, олох да илиилэрэ ыалдьыбат, истэригэр баар “связкалары” көннөрөн биэрдэххэ, илиилэрин ыарыыта ааһыан сөп.
- Тоноҕос ханньары тардылынна да, “грыжа, протрузия” үөскүүр. Маны, дьиҥэр, начаас көннөрүллэр. Тоноҕос сыыһа сылдьарыттан уорганнар ыалдьыылара саҕаланар.
- Хас биирдии тарбах сүһүөхтэрдээх. Ол сүһүөхтэр эрийэ-буруйа бардылар да, эмиэ уларыйыы тахсар. Туох барыта кыраттан саҕаланарын өйдүөххэ.
Бэйэҕин көрүнүөҥ – уһун үйэлэниэҥ!
Киһи бэйэтин көрүнэр эрэ буоллаҕына, этэҥҥэ сылдьан, уһун үйэлэнэр кэмэ кэллэ. Маны өйдөөн дьон көрүнэр буоллулар. Дэҥ-оһол кэнниттэн ис-тас туругу, уорганы дьарыктанан чөлбүтүгэр түһүөхтээхпит. Экология күн-түүн мөлтүү турар. Сиргэ, дойдуга сыһыаммытын уларытыахха, харыстыахха. Ол хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдүүр кэм кэллэ.
Доруобуйабытын ыарыйдахпытына эрэ көрүнэрбит сыыһа. Инсульт, инфаркт буоллахпытына, биирдэ көрдөрө сатыыбыт. Ону даҕаны чэпчэкитик аһарыннахха. Сорохтор олох да оронтон турбат ыарыһах эбэтэр суох буолаллар. Киһи – олус дьикти харамай. Бачча үчүгэй үйэҕэ, мэдиссиинэ кыаҕырбытын, күүһүрбүтүн кэннэ ыалдьар киһи олус элбээтэ. Ол барыта, дьиҥэр, эрдэ көрдөрүммэппититтэн, сыыһа аһыырбытыттан, сөпкө утуйбаппытыттан, сатаан олорбоппутуттан, сатаан хаампаппытыттан, тыыммытын кэһэрбититтэн. Киһи ыалдьыбакка сылдьан сылааргыыр, кыраттан кыыһырар буолла да – көрдөрүнүөхтээх. Мантан сылтаан эн тас сарыыҥ, ол эбэтэр аураҥ кэбириир.
Миэхэ көрдөрө кэлэр кырачаан оҕолор бүтүннүү күүрэн хаалбыт буолаллар. Олохпут оҥкулун уларытыахха наада. Оччоҕо эрэ барыта тупсар, чөл доруобуйалаах буолабыт. Күнү быһа сымнаҕас кириэһилэҕэ, дьыбааҥҥа ырҕайан сытан тэлэбиисэр, төлөпүөн көрөрбүтүттэн харахпыт, сиспит, өттүкпүт ыалдьар, хондуруоспут бэргиир. Маны барытын бэйэбит оҥостобут эбээт. Миэхэ эмтэнэр дьон 100% тыыналлара кэһиллибит буолар. “Тыыналлара кэһиллибит дьон күүскэ ыалдьаллар” диэн түмүккэ кэлбитим хас да сыл буолла. Киһи туга барыта тыыныытын кытта сибээстээх. Сөпкө тыынар буоллаххына, барыта орун-оннугар түһэр. Систиэмэ үлэтэ тыыныыттан эмиэ тутулуктааҕын умнумаҥ.
Онон кытаатыҥ, доруобуйаҕытын эрдэттэн көрүнэ, көрдөрүнэ сылдьыҥ, бары чөл олохтоох буолуҥ!
Балаһаны бэлэмнээтэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.