Киир

Киир

Бүгүн кэпсиир дьоруойум – Николай Афанасьевич Николаев – айан-тутан таһаарар сахалыы туой оҥоһуктарын аан бастаан быйыл “Куруһаалаҕа” буолбут быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көрбүтүм. Кини туой иһиттэрин өҥө-дьүһүнэ дьиҥ маһы санатара, моһуоннара да уратылаахтара.

Чуолаан иһиттэрин эркинэ ончу хатыыта суоҕун, олус кылааккайын сөбүлээбитим. Киһи санаатын иһинэн ис киирбэх сахалыы ойуулаах-мандардаах, уурбут-туппут курдук чочуонай, сороҕо култаҕар, сороҕо нэлэгэр сахалыы иһит хас да көрүҥүн – араас быһыылаах чааскыны, кыра-улахан кытыйаны, кувшины, билигин “муода буолбут” дьиэни буруолатарга туттуллар “ураһаны”, үүт маҥан чуораанчыгы, алгыс нобуорун көрдөрүүгэ, атыыга туруорбут этэ. Үтүмэн үлэ түмүгүнэн ситиһиллэр оҥоһук диэтэххэ, сыаналара да удамыра.

Саамай дьиктитэ – кини иһиттэрэ бары да ийэ киһи кыһамньылаах илиитэ сэрэнэ-сэрбэнэ бигии, имэрийэ туппутун курдук, киһини бэйэтигэр тардар, ураты сырдык тыыннаахтар. Бэйэм да билбэппинэн, илиибэр эр-биир ылан, тутан-хабан, бигээн көрүөхпүн баҕарбытым. Иһит-хомуос эрэ атыылаһар санаата суох, баара эрэ быыстапка көрө тиийбит киһи, биирдэ өйдөөбүтүм: күөччэхтиир кытыйа ылан, үөрэн-дьоллонон аҕай тахсан иһэр этим...

Устунан бу ураты дьикти тыыннаах оҥоһуктары бэлэмниир туойдьуттуун анаан-минээн көрсөн кэпсэтиэхпин, хайдах бэлэмниирин илэ харахпынан көрүөхпүн, ааһа баран, инчэҕэй туойу тоҕо эрэ тутан көрүөхпүн олус баҕарбытым. 

Хата, Николай Афанасьевич сөбүлэһэн, соторутааҕыта киниэхэ тиийэ сырыттым. Мастарыскыайа суох буолан, оҥоһуктарын таас дьиэ кыбартыыратыгар оҥорор эбит. Аҕыйах арассааданы олордоору бүтүннүү буор-сыыс буолар киһи: “Оо, быыла-тойо, кирэ, эрэйэ бэрт буолуо”, – диэн сөп. Ону баара, ыраас туттунуулаах, чэбэр  киһи киэнэ туттуута-хаптыыта олох атын буолар эбит: ханан да үргэҥнии турар быыл суох. Оттон  оҥоһуктарын буһарар оһоҕун гарааһыгар туруорар.

Киһи дьиҥ баҕалаах эбэтэр Үөһэттэн “этитиилээх” курдук буоллаҕына, “онтум суох, мантым суох” диэн иҥнэн олорботун, хайа эрэ өттүнэн, ардыгар “күһэйии да” күүһүнэн аналын булан, араас суолу тобулан, иннин диэки баран иһэрин кини холобуругар эмиэ көрдүм.

2 Араас дьүһүннээх туой оҥоһуктар

Олохтоох туойунан оҥорор

Быһаарсыбат киһи көрдөхпүнэ, арай, остуолга араас дьүһүннээх (маҥан, персиктиҥи, кугас уонна сиэрэйдиҥи) 4 туой оҥоһук турар. Тута тоҕо итинник араастаһарын ыйыттым. Онуоха:

– Икки араас туойунан үлэлиибин. Маҥан туой – маннааҕы, Намцыыр тыраагынан бардахха, ыраах тыаҕа баар. Ол туойтан оҥорбут чуорааным – бу. Бустаҕына, дьүһүнэ өссө сырдаан, маннык “бежеватай” буолар. Маҥан туой чуораан тыаһа быдан хатан. (Кырдьык, бэйэбэр баар кугас кыыс-чуорааным олох бүтэҥи тыастаах – Л.) Оттону бу хараҥата – Амма Болугурун туойа.

Оҥоһуктарбын бу икки туойу 50/50 былаан, оҥоробун. Онтум 1000О С тахса кыраадыстаах оһоххо бастакы буһуутун (обжиг) кэнниттэн маннык “персиктиҥи” өҥнөөх буолан тахсар. Ону үүккэ уган ылан баран, куура түспүтүн кэннэ, аны, 300О С кыраадыска уган, буһардахха, маннык кугас, мас өҥүн курдук буолар. Ити – “молочение” диэн ааттанар. Туой быыкаа хайаҕастарын“пораларын” бүөлүүр ньыма. Үүт көмөтүнэн туой иһит убаҕаһы оборбот, аска туттуллар дьиҥ натуральнай, экологичнай иһит буолан тахсар. Глазурьдааҕар ордоробун.

Оттон бу “сиэрэйдиҥи” – оҥоһуллан баран, сараҕыйа, куура сатыы турар, өссө да ситэ илик иһит дьүһүнэ. Ойуулаан баран, салгыы куурда турабын. Көрдөрөөрү таһаардым. Бу курдук көннөрү ыскаапка уган баран, салапаанынан бүрүйэн, куурдабын. Оччоҕо эрэ оҥоһук биир тэҥник сараҕыйан, куурар.

Николай бастаан саҕа-лыырыгар оҥоһуктарын глазурьдуу, ол таһынан анал кыраасканан уруһуйдуурга холоно сылдьыбыт. Ол иһиттэрин быыһыгар киһи хараҕар көстөр-көстүбэт быһа барыыларынан, таһынааҕы кырааска иһит ис өттүнэн өтөн киирбитин көрдөрдө. “Онон сэрэхтээх, ас иһитигэр барсыбат, үөрүйэхтэнии наада,” диэн, билиҥҥитэ аккаастаммытын быһаарда. Бэйэтин кэмигэр “илиитин үөрэтэ таарыйа”  араас оҥоһугу чүмэчи “дьиэтиттэн”, глазурьдаах, анал кырааскалаах, бэлэм оҥоһукка дьүөрэлиир вазаттан саҕалаан, “Күбэйэҕэ” тиийэ оҥоро сылдьыбытын көрдөрдө.

5 Күбэйэ

– Амма туойа хараҥа буолар эбит ээ? Эн олохтоох туойтан оҥорор эбиккин, хантан булаҕыный?

– Амма да туойун арааһа элбэх буолуохтаах. Сир-сир туойун састааба, дьүһүнэ да уратылаһар. Мин туһанарым маннык хараҥа. Сөптөөх туойу көрдөөн, куорат эргин элбэх сири кэрийбитим. Араас булкадыһыктаах, былыргы үйэтинээҕи от-мас силиһэ эбииликтээх, “кирдээх” буолан, “гончаркаҕа” олох табыллыбат, хайыта бара турар этэ. Хата, манна биир идэтийбит, кэлии керамист-гончар баарын истэн, киниэхэ тиийэн сүбэлэттэрбитим, туой туһунан киниттэн элбэҕи билбитим. Иһиккэ сөптөөх туой ханна баарыгар тиийэ көрдөрөн, быһааран биэрбитэ. Киэҥ билиилээх киһи. “Мин, сүрүнэ, мас үрдүгэр ыттыахпын эрэ наада, ханан туой баар буолуон сөбүн тута билэр кыахтаахпын” – диэн, күлэр этэ.

Үчүгэй туойу төһө дириҥтэн булуохха сөбүй? Аны, онтубун сүгэн-көтөҕөн аҕалбытым таһынан, харайыытын эмиэ кыайа тутуохпун наада?

– Үрүт араҥа киэнэ булкааһа, ол-бу маһа, силиһэ олус элбэх буолар. Балтаара миэтэрэ курдугу хаһан киирдэххэ, үчүгэй, бэлэм кэриэтэ туой хаттыгаһыгар тиийэҕин. Ардаҕа суох, ылааҥы күн хостуур ордук. Уолбунуун сайыны быһа сылдьабыт. Сүрүнэ, ардах эрэ түһүмүөн наада. Аҕалан, куурдан баран, кыра-кыра куһуоктарга араарабын. Интэриэһиргиир буоллаххына, көр: “кирдээх үлэтэ” бу баар.

икки көрүҥ туой

Бөтүөҥҥэ туойу уган баран, үрдүгэр уу куппутун көрдөрдө.  Онтон хойуутун ороон ылан, перфораторынан мииксэрдиир, сиидэлиир эбит. Оччоҕо ньылҕаархай, хайдах эрэ арыылаах курдук, сымнаҕас маасса тахсар. Онтуттан ылан, гиипсэ төгүрүк үрдүгэр туойун лэппиэскэ курдук хаптаччы быһыылаан, сараҕыта уурар эбит. Онтун үрдүнэн эмиэ салапаанынан бүрүйэр. Куура хатарыгар тиэрдибэккэ, онтуттан ылан, атын салапааҥҥа мөкөчөктүү тутан, салгын киирбэт гына, ыбылы суулаан ууран иһэр эбит. Дьэ, ол кэнниттэн онтуттан наадалаах кээмэйин ылан, остуолга ууруллубут бириһиэннээх дуоска үрдүгэр ууран, тиэстэни хатайдыыр курдук, араастаан мэһийэр-мускуйар.

– Туой мээккэ ханан эрэ кытаанахтаах, сымнаҕастаах буолар. Онон барытын бу курдук биир күдьүс буолан, эргийэр кэмигэр ханньараҥнаабатын, биир тэҥ буоларын курдук үчүгэйдик мэһийиэххин наада.

“Бэлэм буолла” диэбитигэр ылан көрбүтүм, быластылыыҥҥа дьүөрэлиир. Илиигэ олус сыстаҥныы сылдьыбат эбит. Киһи онтон быһыта тыытан ылан, быластылыын курдук, холбоон-илбээн оонньуу туруон баҕарар.

Ол икки ардыгар Николай ол мээккэттэн “кытыйаҕа сөп буолар кээмэй” диэн, быһан ылан, туойдьут эргитэр тэрилигэр (гончарный круг) ууран, педалын үктээн, кытыйа моһуонун таһаарбытынан барда.

ИККИС полосатыгар НА үлэлии олорор

– Бу тэрил кыамтатынан араастаһара буолуо?

– Миэнэ “базовай”дэнэр,  саҥа саҕалааччыларга аналлаах. Элбээбитэ 3 кг туойу эргитиэххэ сөп. Онтон ыйааһыннааҕы уурдуҥ да, центровката хамсаан-хайаан, сатаммат. Эргийэр тэтимин, киһи бэйэтэ үөрэннэҕинэ нэмин билэр буолар. Кэнэҕэһин идэтийэн дьарыктанааччыларга анаммыты ылыахпын баҕарабын. Уратыта – улахан, элбэх туойтан тахсар иһити оҥорор буолаҕын.

– Кээмэйинэн көрдөххө, муҥутуур улахан иһитиҥ манна кувшин эбит: хас киилэ туойтан тахсарый? Хайдах быһыылаах иһити оҥорор ордук эрэйдээҕий?

– Кувшиннарга, быһа холуйан, 2 кг. Улахан кээмэйдээхтэн чороону эмиэ оҥоробун. Лаппаҕар иһити оҥорор судургу.  Уһун, синньигэс, туруору оҥоһугу, холобур, бу сэргэлэри оҥоруу уһун бириэмэни ылар, сатабылы эрэйэр. Бэҕэһээ, куоракка ол-бу наадаҕа сылдьан баран, баара эрэ 9 сэргэни оҥорбутум (ылан көрдөрөр). Ити нобуор 7 биридимиэттээҕиттэн биэһин – туойтан оҥоһулларын – миэхэ сакаастыыллар. Дэйбиирин, тэлгэтии таҥаһын – атыттар оҥороллор.

8 кувшин

Баан үлэһититтэн – туойдьукка

– Бэйэҥ туох идэлээххиний?

– Туой иһити оҥорууну “оҕо эрдэҕиттэн ыралаабыт дьарыга буолуо” дии саныыллар. Оннук буолбатах. Баан үлэһитэ этим. 2018 сылга саҥа холонорум саҕана ким эрэ миэхэ “эн туой иһити оҥорорунан дьарыктаныаҥ” диэбитэ буоллар, туох да иһин итэҕэйиэм суох этэ. Миигиттэн олох ыраах эйгэ буоллаҕа.

– Тыый, оччотугар хайдах, туох санааттан эмискэ туой иһиттэри оҥорооччу буолан хааллыҥ?

(Николай күлэн мүчүйэр уонна үөһэ диэки көрөн ылар):

– Онтон тугу эрэ биэрдилэр, анаатылар быһыылаах. Оччолорго үлэбитигэр сарбыйыы саҕаламмыта. Ол кэмҥэ биэнсийэлэнэр саас уһаан, миэнэ олох да ыраатан биэрбитэ. Онон “тугунан эрэ дьарыктаныахпын наада” диэн, ютубу көрөр этим. Ол олорон гончардар арааһы оҥороллорун сэргээн, таттаран көрөр идэлэммитим. Арай сыллааҕы бириэмийэ биэрдилэр. Ону эрэ күүтэ сылдьыбыт курдук, Москубаттан  бу “гончарнай кругпун” сакаастаан ылбытым, ону кытта 10 кг бастакы туойум кэлбитэ. Ол иннинэ мин туой диэннэрин илиибэр да туппатах киһибин. 2019 сылга үлүбээй, кэлэ-бара, “илиини үөрэтии” буолбута. Быһата,  хобби быһыытынан саҕалаабытым. Сүрүн дьарык оҥостуом диэн толкуй ол тухары суоҕа. 2020  сылга сарбыйыыга түбэһэбин. Ол кэнниттэн биир сыл “Камелёкка” үлэлээбитим. Биир күн туһунан барыахпын наада диэн санаа киирдэ. Ол түүнүгэр оруобуна ийэбин түһээн көрдүм. Үйэтигэр кэппэтэх уһун түүлээх, нуорка саҕынньахтаах, туруору бэргэһэлээх (илиитинэн сахалыы бэргэһэ моһуонугар дьүөрэлиири оҥорон көрдөрөр), аргыый аҕай, бэрт холкутук туттан иннибинэн аҕай ааһа турда. Түүлбэр ийэм өлбүтүн билбэт эбиппин, ыҥыра сатыыбын. Саҥа суох. Ийэм барахсан, биэс оҕолоох киһи, дьиҥ олоххо оннук маанытык таҥныбатаҕа. “Тоҕо итинник көһүннэ? Арааһа, алҕаан ааста” диэн өйдөөбүтүм.

– Бу олоххо киһи кыайан быһаарбата элбэх. Мааҕын “нууччалыы кэпсээбэппин дуо?” диэн ыйытан эрэриҥ. Туойга ылсан баран, сахатыйдыҥ?

– Олус оннук буолбатах үлэр). Кэргэним – таатта ээ. Сахалыы олус үчүгэйдик, ыраастык саҥарар дьон. Киһи кулгааҕар бэрт сымнаҕастык, чугастык иһиллэр. Биһиги курдук уһатан-кэҥэтэн, ыллаан саҥарбаттар. Бэйэм нуучча тыллаах оскуолаҕа үөрэммит, оннук эйгэҕэ үлэлээбит буолан, тылым көлөттүгэс. Кэргэмминиин СГУ матымаатыка салаатыгар туттарса сылдьан, билсэн, аармыйа кэнниттэн ыал буолбуппут. Икки уоллаахпыт. Үөрэхпит кэнниттэн мин төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, Абыйга, анааһынынан тиийэн, иэспитин толорон, үс сыл ылбыт идэбитинэн үлэлээбиппит. Туойга сыстыахпар диэри, ол аата, 2020 сылга диэри “Сбербааҥҥа” үлэлээбитим. Кэргэним үйэтин тухары – буҕаалтыр. Аҕам – ньурба. Эһэм уһанара үһү. Маһынан быһыылаах.

– Ол да бэрилиннэҕэ. Уолаттарыҥ бу дьарыккын төһө сэргииллэрий?

– Туойбун хостуурга эҥин көмөлөһөллөр. Ол эрээри билиҥҥитэ ыраах курдуктар. Улахан, туһунан ыал дьон. Мааҕыын ыйыппыт чааскыгын 5 саастаах сиэним оҥорбута. Бэйэм да, эппитим курдук, туойтан олох ыраах киһи, бу эйгэҕэ эмискэ кэллэҕим. Онон,  баҕар, кэлин тардыһан да туруохтара. Хас биирдии киһиэхэ туох эрэ талаан баар. Ону туох эрэ тоҕоостоох түгэҥҥэ түбэһиннэрэн сөпкө таба тайанан, олоххо киллэриэххэ наада быһыылаах. Миигин ити биэнсийэ реформата “сирдээтэ” диэхпин сөп. Билигин да тахса илик сылдьабын. Куоракка да туойунан дьарыктанааччы элбэх эбит. Кулаковскай аатынан ДК үлэлиир, худуоһунньук Дмитрий Колодезниковы билэҕит дуу? Үчүгэй маастар.

(Кэпсэтэ-кэпсэтэ, кытыйатын оҥорбутунан барар).

11Сиэнчээн оҥоһугаСиэнчээн оҥоһуга

– Наар туойу тутартан киһи илиитэ куурар-хатар дуу эбэтэр төттөрүтүн эмтээх буолан, туһалыыра дуу?

– Наар туойунан үлэлиир сорох дьон тириилэрэ хатар, аллергиялыыр эбит этэ. Тирииҥ – туойуҥ хайдаҕыттан тутулуктанан эрдэҕэ.

Саха мындыр киһитин сиэринэн, Николай иһити оҥорорго, нарылыырга туттар тэриллэрин күннээҕи олоххо туттуллар биридимиэттэринэн, мас лаппаакынан солбуйар эбит. Холобур, эргитэр тэрилгэ хаалбыт туой мээккэтин туттуллубат буолбут баан хаартатынан, бэрт кэбэҕэстик сотон ыларын көрөн, күлсэбит.

Ол диэн,  туой оҥоһугун буһарар оһоҕун кытта бэйэтэ ютубтан көрөн, соҕуруу олохтоох, туойунан дьарыктанар блогер дьонтон ыйыталаһан, сахалыы эт мэйиитинэн толкуйдаан, эбэн-сабан оҥостор эбит:

– Бэлэм оһох – сыаналаах. Олох судургута, муҥутаан чэпчээбитэ 200 тыһ. солк. саҕаланар. Германия оҥоһуга оһохтор 500–700 тыһ. солк. тиийэ бааллар. Туой иһит оһоҕор барсар, анал чэпчэки ыйааһыннаах(“легковеснай” дэнэр) кирпииччэни Москубаттан сакаастаан ылбытым. Оннук кирпииччэ 1300О С кыраадыска диэри туох да буолбат, тулуйар. Ыйааһына чахчы олох чэпчэки. Биһиги дьиэ оһоҕор туттар кирпииччэбит барсыбат. Бастакы оһоҕум бэйэҕэ турар сыаната 70 тыһ. солк. кэриҥэ буолбута. Онтум эргэрэн, билигин иккис оһохпун оҥоро сылдьабын. Ороскуота 100 тыһ. солк. тиийэн эрэр. Бастакыга баар алҕастарбын өйдөөн, тупсаран биэрдим. Гончардар ханаалларыгар сурутан, хайдах оҥордугут диэн ыйыталастахха, быһааран, сүбэлээн биэрэллэр. Ыраах Саха сириттэн ыйыталаһар диэн, өйүүллэр. Сааҥсыйа буолан, Арассыыйаҕа тастан киирии оһох аҕыйаан, көрдөххө соҕуруулар да оһохторун бэйэлэрэ оҥостор буолан эрэллэр. Глазурь эмиэ сүрүннээн тас дойду киэнэ буолар эбит буоллаҕына, аргыый аҕайдык бэйэлэрэ оҥорон эрэллэр. 

10чорооннор

– Куһаҕан да үчүгэйдээх буоллаҕа.  Эн иһиттэриҥ ураты кылааккайдар. Тоҕо? Хатыылаах курдук туой иһити тоҕо эрэ “ылыммат” эбиппин.

– Оҥоһук олус куура-хата илигинэ салапаанынан аалан кылааккайдаан, килэбэчитэн биэрдэххэ итинник буолар. Ити – олох судургу килбэчитиини (лощение) эттим. Дириҥ килэбэчитиини ситэ куурбутун кэннэ хаттаан сиигирдэ түһэн баран, мултугур тааһынан эбэтэр өстүөкүлэнэн таҕайан, кылааккайдаан биэрэҕин. Полировкалаан, ойуулаан-мандардаан баран анал оһоххо уган куурдаҕын. “Хатыылаах” диэн, килбэчитиллибэтэх, полировкаламматах туойу этэҕин. Холобур, глазурунан бүрүйэргин оннук полировкалыы сатаабаккын.

– Кылааккай оҥоруу туһугар үлэлээх эбит. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Туойдьуттар бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргит кэрэхсэбиллээх. “Чороон 21-дэр” маастар-кылаастары ыыталларын истэн үөрэбин. Эн телеграм-ханаалгар үөрэниэхпитин баҕарабыт диир дьон баар буолар дуу?

– Биирдэ эмэ “маастар кылаас ыыппаккын дуо?”, – диэччилэр. Хомойуох иһин, оннук усулуобуйа миэхэ, көрөрүҥ курдук суох. Малларбын оҥортоон баран, гарааспар илдьиэхпин наада. Буһаран баран, төттөрү аҕалаҕын, илдьэҕин. Быыһыгар уот мөлтүүр-хайыыр. Быйыл балачча эрэйдэнним. Ол иһин, элбэх сакааһы ыла сатаабатаҕым. Анаан “Маастар-кылаастары” ыытарынан дьарыктанааччылар бааллар.

– Эн бэйэ дьарыктаах быһыытынан үлэлиир эбиккин. Сайдыаххын, кэҥиэххин наада эбит. Социальнай хантараак диэн бэртээхэй көмө баар дии, боруобаламматаҕыҥ дуу?

– Социальнай хантараагы тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр хапсыбат, үлэтэ-дьарыга суох, саҥа саҕалааччыларга биэрэллэр эбит. Онон хапсыбаппын.

– Ону таһынан олохтоох туризмы, урбааны сайыннарыы хайысхатынан Урбааны өйүүр пуондаттан дьон туһанар аҕай эбит ээ. 

–  Эрдэ ыйыталаһа сылдьыбыппар ИП-ларга көмөлөһөбүт диэбиттэрэ.

– Бэйэ дьарыктаахха эмиэ туох эрэ өйөбүл баар буолуохтаах. Олох биир таһымҥа турбат. Ыйыталаһа сылдьыахха наада. Туой иһиккэ ордук кимнээх наадыйар быһыылаахтарый?

– Бастатан туран, аҕа көлүөнэ дьон. Эдэрдэр да сэргиир буолан эрэллэр. Экологическай өттүнэн ыраас, өбүгэлэрбит хаһааҥҥыта эрэ туттан олорбут иһиттэрэ буоллаҕа. Туой иһиккэ, холобур, килиэп түүнүгүрбэт. Духуопкаҕа сахалыы лэппиэскэ, хаппахтааҕы – ыһаары  буһараары эмиэ атыылаһаллар. Маннааҕы туой ууну ыраастыыр (иитэр) диэн, кувшины эмиэ олус сэргииллэр. Олохтоох учуонай Василий Тагров анаан-минээн итини үөрэтэ-чинчийэ сылдьарын иһиттэххит буолуо.

6 иһиттэр

– Арба да, баара-баара. Сакаасчыт ойуутун-дьарҕаатын, быһыытын-таһаатын бэйэтэ ыйан туран, баҕарбыт иһитин эйиэхэ сакаастыан сөп эбит. Туой иһиккэ сөптөөх ойууну хантан булаҕыный?

– Ытык киһибит Мандар Уус олус үчүгэй кинигэлээх, онтон көрөбүн.  Ойуу ис хоһоонун, суолтатын көрөн, талабын. Ити ыйыппыт ойууҥ “биэ эмиийэ” диэн ааттаах. Кырдьык, туой иһит  мас, тимир иһит курдук, бүтүн бэйэтинэн биһиги үйэбитигэр диэри кэлбитэ эриэккэскэ көстөр быһыылаах. Алдьаммыт үлтүркэйдэриттэн эрэ сирдэтиэххэ сөп. Биир археолог уоллуун билсэ сылдьыбытым. Кини этэринэн, Саха сиригэр керамика иһит 14-с үйэҕэ олус күүскэ сайда сылдьыбыт. Хомойуох иһин, үлтүркэйдэрин эрэ булаллар эбит. Ойуутун-дьарҕаатын көрөөрү араастаан самыы тутан көрө сатаабыттар да...

Сахалар сурукпутун эрэ сүтэрэ сылдьыбатахпыт. Туой оҥоһукпутун эмиэ дьыл-хонук аастаҕын аайы – бастаан тимир, онтон кэлин таас иһиттэргэ үтүрүйтэрэн, букатын да “умнуллан” хаалбыта – баар суол. Ол сүтүкпүтүгэр эргиллэн эрэрбит, саха иһитин оҥорор олохтоох хампаанньалар ыллыктаахтык ылсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Ону ааһан, улуустарга эмиэ боруобаланыахтарын наада этэ.

Туой иһити оҥоруу уустуга-мачайа элбэх эбит. Ардыгар оһоххо буһуутугар ханан эрэ хайдан, суолланан хаалыан эмиэ сөп. Оннугу урут быраҕара үһү. Киэргэтиигэ, декорга анаан ылалларын иһин, мунньар буолбут. Кырдьык, сип-синньигэс, сап саҕа быыкаа быһа барыы киэргэлгэ баҕас тугу мэһэйдиэй?

Николай Афанасьевичтан тахсан иһэн эмискэ ахтар-саныыр Элгээйим турар сирэ былыр “Туойдаах Алаас” диэн ааттанарын, дьэ эрэ, саныы түһэн,  туой туһунан тугу да билбэппиттэн кыбыста санаатым. Саатар, туойга иһити үүтүнэн биһии ньымата баарын да саҥа истэр эбиппин!

Омуммар абыраллаах интэриниэппин арыйа баттаан “молочение” диэн тугун булан аахтым. Онтум: үүт эрэ буолбакка үрүҥ ас эмиэ тутуллуон сөп эбит: кэпиир, сүөгэй, иэдьэгэй, сыыр оҥоһуллубутун кэннэ тахсар үрүҥ убаҕаһа (сыворотка). Туой оҥоһугу олорго уган ылаат эбэтэр гуубкаҕа оботторон ылан үрдүнэн сотон баран, оһоххо биитэр духуопкаҕа уган, 300О С кыраадыска итиигэ туруораллар эбит. Төһө хараҥа, сырдык буолара (көмүстүҥүттэн саҕалаан, хараҥа кугаска тиийэ)  төһө өр туруораргыттан тутулуктаах эбит. Ону сэргэ, төһө сыалаах үүтү, үрүҥ аһы туһанаргыттан эмиэ дьүһүнэ уратылаһыан сөбө этиллэр.

Оттон “глазурь” диэн – керамика таһынан сотуллар өстүөкүлэтиҥи (стекловидное покрытие) бүрүөһүн, 0,15—0,3 мм халыҥнаах буолар, ону сотон баран, барбатын наадатыгар оһоххо уган, иҥэрэллэр эбит.

3глазурьдаах ваза

Түмүктээн эттэххэ, туой иһиппит араас кистэлэҥэ, иирбэтэ-таарбата, эмтиир күүһэ да олус элбэх эбит. Ону толору арыйыы, билии, туһаҕа таһаарыы – өссө да иннибитигэр.

Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.