Киир

Киир

Саха бастакы тыл үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ Г.В. Баишев-Алтан Сарын 1928 с. «Кыым» хаһыакка «дьиҥ иһигэр киирдэххэ аат даҕаны син улахан төлкөлөөх, туох-ханнык барыта бастатан тутта сылдьар ньуура – сирэйин кэнниттэн аата буолар. Онуоха мин маннык оҥкулу (проект) киллэрэбин: биһиги бэйэбит тылбытыгар да сатаныытынан, атын даҕаны илиҥҥи омуктар хололорунан (пример) аҕабыт аатын бастатан киллэриэхтээхпит. Холобур, мин аатым Баһылай уола Алтан Сарын диэн буолуохтаах» диэн суруйбута. Үйэ кэриҥэ кэм ааспытын кэннэ 2012 с. «кыыһа, уола» диэн халыыбынан сахалыы ааттанары көҥүллүүр сокуон тахсыбыта (Харатаала Харыстас Харысха уола киллэрбит этиитинэн). Ол барыта быйылгы Туймаада ыһыаҕын бастакы күнүгэр «Сахалыы куттаах мин аатым» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэскэ түмүллэн көрдөрүлүннэ.
 
 
Бу күрэскэ киирбит сайаапкалартан талыллан пааспарынан толору сахалыы ааттаах 14 киһи кытынна. Кыттааччы сахалыы таҥаһыттан ураты, дьүүллүүр сүбэ бэйэ аатын-суолун туһунан хайдах билиһиннэрбиттэрин уонна туох дьоҕурдаахтарын икки түһүмэхтээн ырытта, сыаналаата. Ол түмүгэр үс бастыҥы быһаардыбыт:
 
1 м – Баҕатаан Саргын Арыылаах уола (Сунтаар) (бирииһэ – Өлүөнэ туруук хайаларыгар устуу);
2 м – Уйгулаах Күбэйэ Саарын кыыһа (Сунтаар) (полиграфия өҥөтүгэр 25 тыһ. солк. туоһу сурук);
3 м – Алгыстаах Арылыйаана Хотун (Дьокуускай) (полиграфия өҥөтүгэр 25 тыһ. солк. туоһу сурук).
 
Биһирэм бириискэ (сыаналаах туоһу суруктар) бары тигистилэр:
 
  • «Сырдык сыдьаай» – Байдын Айархаана Харысхал кыыһа (Мэҥэ Хаҥалас);
  • «Өбүгэ үгэһин үйэтитээччи» – Балаҕаннаах Аархан Таҥара уола (Бүлүү);
  • «Хомоҕой тыллаах кыттааччы» – Кэрэ-Киинэ Кыталыына Баһыкаан кыыһа (Усуйаана);
  • «Талба талаан» – Моруот Майаана Хонооһой кыыһа (Горнай);
  • «Дьон кутун туппут кыттааччы» – Күн Дьөһөгөй Үрдүк Өрөгөй Көр уола уонна уола Күн Дьөһөгөй Тускул Үрдүк Өрөгөй (Горнай);
  • «Сахатын сайыннарар кыттааччы» – Куудук Уран Дьулуур уола (Горнай);
  • «Сахатын харыстыыр кыттааччы» – Үрүйэ Дьэҥкэрэ Ай (Үөһээ Бүлүү);
  • «Сүргэни көтөҕөр кыттааччы» – Алгыс Байдам Арылхан уола (Нам);
  • «Үрдүк таһымнаах кыттааччы» – Сайдыы кыыһа Дайыына Саарын (Нам);
  • «Көрөөччү биһирэбилэ» – Адаарыс Хоохоон Дыгдаҕар уола (Чурапчы);
  • «Удьуору утумнааччы» – Модун Албан Бөҕө Бэлэс уола (Нам).
 
Успуонсардар: Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата; “Сайдыы” кинигэ кыһатын, полиграфия киинэ; Ю.А. Гагарин аатынан типография; “Айар” НКК; “Хикари” турист ааҕыныстыбата уо.д.а.
Маннык күрэһи ыытыахха диэн толкуйдаан таһаарбыт, Хатас «Тускул» култуура киинин, норуот тыйаатырын режиссера, СӨ култууратын туйгуна Е.Е. Семеноваҕа уонна бу бырайыагы өйөөбүт Дьокуускай к. салалтатыгар махтанабыт.
 
Күрэс кыттыылааҕа Моруот Майаана Хонооһой кыыһа этэринэн:
 
«Саха аата туруулаһыы түмүгэр үөскүүр. Күннээҕи олох күчүмэҕэйдэрин туораан, сыта-тура толкуйдаан, төрүччүнү, өбүгэлэр ааттарын-суолларын үөрэтэн баран биирдэ... Тус бэйэм үс сылы быһа толкуйдаммытым. Ааттаммытым кэннэ аан барыта арылынна. Ситиһии, кыайыы бөҕөтө буолла. Доруобуйам да тубуста. Дьоҕурум араас өрүтэ билиннэ. “Кэнэҕэһин маннык күрэскэ тумус туттар, саха төрүт култууратын сырдатар дьон көхтөөхтүк кыттан, кэпсэтии түһүлгэтин тэрийсэн, сахалыы ааттанар суолу-ииһи кэҥэтэн, билии-көрүү өттүнэн дириҥэтэн биэрэллэрэ буоллар” диэн баҕа санаалаахпын».
 
Чахчы, ити оруннаах этии. Хас ыһыллар ыһыах аайы сахалыы таҥас, иһит-хомуос, тээбирин бастаан утаа эмиэ төрүт суолтан туорааһыннаах, ким хайдах  сатыырынан, туох кыалларынан саҕаламмыта баара. Ол билигин сыыйа-баайа көнөн, тупсан, кэмигэр анаан-минээн үөрэтэр дьон, идэлээх учуонайдар ыллыктаах сүбэлэринэн үүнэн-сайдан таҕыста, тыыллан-хабыллан тылынна. Ону бары да илэ-бааччы көрө-билэ сылдьабыт.
 
Онон, биир өттүнэн, Тэрис, Дабыл оҥорбут айыы ааттарыгар ыйынньыктара да, биирдиилээн дьон ааттарын сахатыталлара да, сокуон тахсыбыта да – барыта саха төрүт култуурата быстыбакка сайда, өбүгэлэрбит ааттара-суоллара бүгүҥҥү олохпутугар умнуллубакка ахтылла турарыгар төһүү күүс буолар. Атын өттүттэн, аат – эн уратыҥ, эн тус олоҕуҥ уһун суола. Ол суолгун бэйэҥ эрэ солонон оҥостоҕун.
 
Егор Николаев, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, ГЧИ саха тылын салаатын үлэһитэ.

Санааҕын суруй