Киир

Киир

«Оо, хаарыаны, түмүктүүр круизка өссө барбыт киһии-и» диэн санаалар миэхэ быйыл эмиэ киирдилэр. Ити былырыын күһүн бүтүн тэрилтэнэн «Ленатурфлот» хампаанньа сезону сабар круиһыгар сылдьан ылбыт астыныым-дуоһуйуум эргиллиэн баҕарар. Ол эрээри төрүт бэйэмсэҕэ суох киһибин. Онон, хайдах сылдьыбыппытын кэпсээн баран, эһигини ыытарга кыһаллыым. Хайаан да барыаххыт диэн эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, маннык сиэдэрэй, чаҕылхай, истиҥ круиз ханна да суох!

Бириистэнтэн саҕалаан кэлбит дьону үөрдүү

Ааспыт сылга «Ленатурфлот» сезону сабар икки круиһы оҥорбута. Бастакыта – «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарка, иккиһэ – сайыҥҥы сезону үөрүүлээхтик сабыыга анаммыта. Биһиги тэрилтэбит иккис круизка сылдьар дьолго тиксибитэ.

Айанныыр күммүтүгэр бириистэҥҥэ пассажирдары хайдах көрсүбүттэрин көрүө этигит! Талба астаах остуоллары тардан, сүүнэ сылабаартан сылаас утаҕынан күндү­лээн, чуор куоластаах ыытааччы эҕэрдэтинэн маанылаан, тыыннаах искириипкэнэн кулгаахпытын манньытан көрсүбүттэрэ эбээт.

на причале

Сүргэбит тута өрө көтөҕүллэн үөрэн-көтөн, фотозонаҕа хаартыскаҕа түспүппүт уонна «Михаил Светлов» теплоходпут каюталарыгар ааспыппыт. Маннык көрсөллөрүн билбэтэх буоламмыт, сүрдээҕин сөхпүппүт-махтайбыппыт.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын «Ленатурфлот» хампаанньа уонна биһиги «Cитим» медиа-бөлөхпүт тэриллибиттэрэ 20 сылын туолбуттара. Онон, хайабытыгар даҕаны ураты суолталаах круиз этэ.

Быйылгы круизка Буотамаҕа сылдьыы эбилиннэ

Ити курдук айаммыт олус сэргэхтик саҕаламмыта. «Демьян Бедный» теплоходу кытта аргыстаһан барарбытын онно билбиппит. Өлүөнэ туруук хайаларыгар тиийэн икки устар аал бэрт сатабыллаахтык сэргэстэһэ турбуттара туһунан кэрэ көстүү этэ.

Главное

«Ленатурфлот» үлэһитэ иһитиннэрбитинэн, быйылгы түмүктүүр круиз балаҕан ыйын 27–29 күннэригэр эмиэ икки теплоходунан «Дьокуускай – Өлүөнэ очуостара – Буотама» маршрутунан буолуохтаах. «Оо, аны Буотама эбиллибит...» диэн эмиэ ымсыырыах санаалар киирдилэр. Кырдьыга да, былырыын Буотамаҕа сылдьыы суоҕа ээ. Ол эбэтэр, круиз иккис күнүгэр теплоходтар Буотама төрдүгэр тохтоон айанньыттары бизонарийга илдьэн сырытыннарыахтара. Итини быйыл, пассажирдарга бэлэх оҥорон, эбэн биэрбиттэр эбит.

Дьиҥэр, пассажир диэн тыл «Ленатурфлот» круизтарыгар олох барсыбат. Тоҕо диэтэххэ, манна бэйэҕин кэтэһиилээх күндү ыалдьыт эрэ курдук сананаҕын. Ааҥҥа көрсөр үлэһиттэртэн саҕалаан официаннарга, аралдьытааччыларга тиийэ бары оннук аламаҕайдык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар.

экипаж

Ол курдук, үлэһиттэр круизка кырата биир ый инниттэн бэлэмнэнэллэр. Икки теплоходка анаан бастыҥ артыыстары, оонньууларга бириистэри булаллар, дьону күндүлүүргэ икки улахан туорду астаталлар, улахан салюту, лазерынан шоуну уонна да атыны толкуйдууллар. «Ленатурфлот» үлэһиттэрэ АВЕ хампаанньаны кытта шоу хас биирдии элэмиэнин бииргэ толкуйдууллар. Быйыл эмиэ туох эрэ уратыны көрдөрөллөрө саарбахтаммат.

Өлүөнэбит туруук хайаларын үрдүгэр салюту көрүү олус ураты буолар эбит диэн бэлиэтиэхпин баҕа­рабын. Модун бэйэлээх турууктарга Саха сирин туһунан кэпсиир үтүөкэн ис хоһоонноох лазерынан шоуларын бары даҕаны сөҕө-махтайа, долгуйа, киэн тутта көрбүппүт.

Күҥҥэ үстэ бастыҥ эрэстэрээн аһылыга

«Ленатурфлот» круиһыгар бастакытын сылдьар киһи туохтааҕар да эрэстэрээн аһылыгын сөҕөр. Киин куоракка биирдэ-иккитэ аһаан тахсар харчыгар манна «шведтии ньыманан» хас да күн аһыыгын эбээт. Ол курдук, киһи хараҕа халтарыйар баай аһа-үөлэ тэлгэнэр. Менюта уларыйа сылдьар буолан, урут амсайбатах аскын амсайан барыаххын сөп. Өссө повардар Өлүөнэ очуостарын аттыгар турар кэмҥэ шашлык астаан, балык миинэ буһаран аһаҕас салгыҥҥа аһаталлар. Бу куукуна биир ураты бэлэҕэ.

WhatsApp Image 2024 08 13 at 20.30.27

Круиз баай менютуттан аҕыйаҕы холобурдаатахха, эт, балык платолар, оҕуруот аһын, фрукта бары көрүҥэ, араас ингредиеннээх сибиэһэй салаат арааһа, борщтан саҕалаан үрүҥ тэллэйдээх, Том-Ям мииҥҥэ тиийэ, ынах тылынан, таба, кус этинэн араас тумалаах, соустаах бүлүүдэлэр, гриль хас да көрүҥэ, тууһаммыт балык, кальмар, аджапсандал, сациви, хортуоппуй гарнирдар, отон, клюква, облепиха уонна да атын утахтар, минньигэс бурдук ас элбэх көрүҥэ, имбирь, курага, чернослив, изюм курдук хатарыллыбыт фрукталар уонна да атын киһи күн ахсын ылан сиэбэт астара бааллар.

ресторан

Маны барытын “Михаил Светлов” теплоход эрэстэрээнин дириэктэрэ Таисия Мальцева уонна “Демьян Бедный” теплоход эрэстэрээнин дириэктэрэ Александр Дрыгин салайыытынан улахан хамаанда теплоход куукунатыгар астаан сибиэһэйдии, тупсаҕайдык киэргэтэн уурар. Маннык үрдүк таһым, эрэстэрээн үлэһиттэрэ бары талыллан киирбит уонна хаһыс да сылларын үлэлиир буоланнар, ситиһиллэр. Холобура, Белоруссияттан төрүттээх Наталья Анисько Саха сиригэр бэһис сайынын үлэлиир, оттон уопсай ыстааһа – 25 сыл!

Көр-күлүү, ырыа-үҥкүү аргыстаах!

Бастакы түүн аралдьытыы ыытааччылары кытта иһирдьэ буолар. Сынньана кэлбит дьон күннээҕи кыһалҕаны умнан уоттаах-күөстээх ырыа-үҥкүү, бириистээх оонньуу, көр-күлүү долгунугар киирэллэр. Былырыын, бэл диэтэр, Уһук Хотуттан кэргэннии урбаанньыттар кэлэн сынньана сылдьаллара.

Уралтан кэлэ сылдьар талааннаах ыытааччы Наталья Щербакова олус да бэркэ аралдьыппыта. Тэрээһин быыһыгар алҕас кэпсэтэн манна хаһыс да сайынын үлэлии сылдьарын, кэргэнин кытта манна билсибитин, оҕолорун кута манна үөскээбитин билбиппит. Оонньууларын No Name диэн ырыа бөлөҕүн нүөмэрдэрин кытта бэркэ аттаран сэргэх киэһэлэри ыыппыта.

Ведущие

Быйыл Натальяны кытта “Демьян Бедный” теплоходка Анастасия Проломова диэн аниматор уонна эмиэ No Name бөлөх үлэлиэхтэрэ. Манна даҕатан, оҕолору күнүс уонна киэһэ туспа аниматордар аралдьыталларын бэлиэтиибит. Оттон “Михаил Светлов” ыалдьыттарын быйыл Ксения Праздник диэн ыытааччы бэйэтин аниматорын уонна артыыстарын кытта үлэлиэҕэ.

Күннээх палубаҕа хапытааннары кытта алтыһыы

Круиз биир умнуллубат түгэнинэн палубаҕа хапытаан туордун амсайыы буолар. Маннык круизка сылдьыбатах дьон теплоход хапытаанын хаһан да чугастан көрбөтөх буолуохтааххыт. Оттон биһиги кини быспыт туордун илиититтэн ылан амсайбыппыт. Сытыы киһи өссө хапытааны кытта хаартыскаҕа түһэн хаалбытым.

Ити курдук быйыл эмиэ «Михаил Светлов» хапытаана Николай Баньков уонна «Демьян Бедный» хапытаана Денис Суранов параднай пуормаларын кэтэн тахсан ыалдьыттарын эҕэрдэлииллэр уонна олус минньигэс бырааһынньык туордунан күндүлүүллэр. Олус ураты уонна умнуллубат түгэн буолбат дуо?

Күһүҥҥү көй салгыҥҥа уйдаран

Кырдьыгынан эттэххэ, былырыыҥҥа диэри маннык түмүктүүр уһун круизтар баалларын билбэт этим. Мин курдук билбэт “киһи элбэх буолуоҕун сабаҕалыыбын. Киһи бэйэлээх бэйэтин дойдутугар олорон маннык үчүгэйтэн матыа суохтаах” дии саныыбын. Бэл, атын куораттартан кэлэн сынньаналлар эбээт. Уонна күһүҥҥү көй салгыҥҥа Өлүөнэ очуостарыгар тахсыы быдан чэпчэкитик кыаллар эбит. Айылҕа ураты күүстэнэр-уохтанар курдук. Онон, түгэни мүлчү туппаккытыгар сүбэлиибин. Бу айан эһиги сүрэххитин сылааһынан угуттуо, дьэрэкээн хаартыскаларынан манньытыа.

5330570944739139799


Билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 42-43-24

Сүбэлээтэ КҮНДЭЛИ.