Быйыл араас сиртэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи тоҕуоруста. “Азия оҕолоругар”, “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа, Улуу Туймаада, Олоҥхо ыһыахтарыгар... Ыалдьыттар Саха сирин ураты, кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин көрдүлэр, култуурабытын, үгэспитин кытары билистилэр.
Саха сирэ туристары көрсөргө төһө бэлэмий? Саха сиригэр туризм сайынна дуо?
Туристары угуйааччылар
Туризм салаатыгар хас да өйдөбүл ситимнэһэр: батарыы, оҥорон таһаарыы, инфраструктура уонна турист көрөн сөҕөр-махтайар элэмиэннэрэ. Батарыынан турист ааҕыныстыбалара дьарыктаналлар, ол эбэтэр биһиги өйдөбүлбүтүнэн, ханнык баҕарар хайысхаҕа сынньалаҥ путевкаларын атыылыыр турфирмалар. Саха сирин Нолуок сулууспатын дааннайдарынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 120-чэ тур-хампаанньа баар. Былырыын ити үлүгэр хампаанньаттан үһэ эрэ Саха сиригэр туурдары атыылаабыт. Тоҕо оччо аҕыйаҕый? Тур-ааҕыныстыбалар этэллэринэн, Саха сирин туроператордара чопчу дааталара суох буолан, туристары эрдэттэн угуйан атыылыыр кыаллыбат эбит. Оттон оҥорон таһаарыынан биһиэхэ туроператордар дьарыктаналлар. Дьэ, бу туроператордар туристыыр морсурууттары оҥороллор. Холобур, турбазалар, түмэллэр, пааматынньыктар, эрэстэрээннэр туризмҥа киирсибэттэр, туризм элэмиэннэрэ эрэ.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр “турорператорская деятельность” диэн ОКВЭД-таах 90-ча араас юридическай сирэй баар. Олортон 35 эрэ тэрилтэ биир кэлим федеральнай туроператордар реестрдэригэр киирбит. Бу реестргэ киирбит эрэ турагеннар бородуукталарын атыылыыр бырааптаахтар. Кинилэр турист иннигэр сокуон бары ирдэбилигэр эппиэттиир буолуохтаахтар. Реестргэ киирбит туроператордар анал пааспардаах, морсурууттаах уонна кыраапыктаах буолаллар.
Үгүс туроператор Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга ааҕын тиһиктээх буолаллар. Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри аэропортарыттан дойду 28 эрэгийиэнигэр көтүөххэ сөп (40 куорат). Оччотугар “тоҕо атын эрэгийиэннэргэ Саха сиригэр туурдары атыылаабаттарый?” диэн ыйытыы үөскүүр.
Төһө турист кэлэрий?
Саха сиринээҕи туризм ааҕыныстыбатыгар иһитиннэрбиттэринэн, былырыын Арассыыйа 38 эрэгийиэнигэр 400-тэн тахса дуогабары түһэрсибиттэр. Ол түмүгэр ааҕыннар бырыһыаҥҥа манна туристары ыыталыыр буолбуттар. Инньэ гынан былырыын Росстат Саха сиригэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх турист кэлэн барбытын бэлиэтээбит – 237 тыһ. киһи!
Ол эрээри ити сыыппараҕа киһи мунаарара элбэх. Оччо турист тоҕуоруспатах буолуохтаах. Росстат туристары ааҕар ньымата – хайа баҕарар гостиницаҕа, турбазаҕа, хостелга, хонуктаах сиргэ харчы төлөөн хонон турбут хас биирдии киһини ааҕаллар. Холобур, аатырбыт Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө – баран иһэр турист Дьокуускайга, Тааттаҕа, Хаандыгаҕа аараан аастын – ыстатыыстыкаҕа үс киһи курдук киирэр.
Сахастат дааннайдара этэллэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ күн бүгүн дьону хоннорор, түһэрэр 249 эбийиэк баар (6100 куойка-миэстэ). Ол эбэтэр, биир түүн иһигэр Саха сиригэр 6100 киһини хоннорор кыахтаахпыт. Ол эрээри ити 249 эбийиэктэн баара эрэ 79 эбийиэк анал классификациялаах, инньэ гынан, кинилэр эрэ ити 237 тыһ. турист диэн ыстатыыстыкаҕа отчуоттаабыттар. Ол эбэтэр, өссө элбэх киһи тоҕуоруспут буолан тахсар. Аны өссө биир ыстатыыстыка баар – суотабай эпэрээтэрдэр уонна бааннар атын эрэгийиэҥҥэ бэлиэтэммит симкарта эбэтэр баан каартата Саха сиригэр туһаныллыбытын ааҕар. Ол көрдөрүүтэ, Саха сиригэр атын эрэгийиэннэртэн 400 тыһ. кэриҥэ киһи кэлэн барбыт диэн. Ити икки сыыппараны холбоотоххо, биһиэхэ сыл устата 600–700 тыһ. киһи кэлэн барарын курдук хартыына тахсан кэлэр. Биллэн турар, ити барыта турист буолбатах, кинилэр истэригэр хомондьуруопкалаахтар, баахтаһыттар эҥин халыҥ аармыйалара киирсэллэр.
Тас дойду туристара
Билигин Арассыыйаҕа, аан дойду балаһыанньатын учуоттаан, тас дойдуттан кэлэр туристар ахсааннара лаппа аччаан турар. Саха сиригэр урукку өттүгэр экстремальнай туризмы сэҥээрэн, омук дьоно балай эмэ кэлэр этилэр. Оттон билигин дуона суох, биирдиилээн омуктар кэлэн бараллар. Хоруона хамсыгын иннинэ Европа дьоно “паачыканан” кэлэр этилэр. Ордук ньиэмэс тыллаах, саастаах дьон. Кинилэр ГУЛАГ устуоруйатын, ол суолларынан сылдьыахтарын баҕараллар эбит (арааһа, уруулара-аймахтара бу дойду хаайыыларыгар сылдьыбыт буолуохтара). ГУЛАГ суолларынан ханнык да бэлэм турмаршрут суох буолан, кинилэр Тиксиигэ диэри теплоходунан устууну талаллар. Өймөкөөҥҥө эмиэ сыл ахсын омук туристара кэлэр эбит буоллахтарына, ол билигин тохтоон турар.
Тас дойду туристарын Арассыыйа киин эрэгийиэннэрин туристара солбуйбуттар. Урукку сылларга саастаах дьон кэлэр эбит буоллахтарына, билигин турист лаппа эдэрсийбит. Аны туран, дьахталлар урут сылдьыбат эбит буоллахтарына, билигин элбээбиттэр. Ол аата, усулуобуйа тупсан эрэрин туоһулуур (дьахтар эрэ барыта балааккаҕа утуйан турарын ордорбот, хаппырыыс соҕус буолаллар, ол иһин сынньанарга табыгастаах, толору хааччыллыылаах сиргэ талаһаллар). Кэнники икки сылга ыалларбыт Уһук Илинтэн уонна Сибииртэн кэлэллэрэ элбээбит.
Инфраструктура
Туристарга сөптөөх инфраструктура түөрт сүрүн кыһалҕаны быһаарар буолуохтаах: ханна хонобут, тугу аһыыбыт, тугу көрөбүт, тугу гынабыт? “Дьону хоннорор 249 эбийиэк баар” диэтибит. Оттон дьону аһатар 190 эбийиэк баар эбит, маны таһынан 300-чэ суол кытыытынааҕы чайнойдар бааллар.
Былырыын Саха сиригэр биир кэлим кэрэхсэбиллээх сирдэр реестрдэрэ баар буолбут. Билиҥҥитэ онно 370 эбийиэк киирэн турар. Онно үксүн түмэллэр, айылҕа дьикти көстүүлэрэ киирбиттэр. Биһиги курдук мөлтөх суоллаах-иистээх сиргэ ити эбийиэктэри тиийэн көрөр, онно сынньанар, биллэн турар, уустук. Хомойуох иһин, ити реестри Саха сирин туризмын ааҕыныстабытын (реестри кинилэр оҥорбуттар) саайтыттан да булан ылбаккын, бэйэлэригэр эрийэн көрдөөтөххө эрэ ыыталлар. Дьиҥэ, ити испииһэги саайтка киллэрэр туох да уустуга суох ээ.
Тугу гынабыт?
Билигин сынньалаҥ араас көрүҥэ баар. Биһиэхэ ордук экстремальнай туризм көрүҥэ тэнийбит. Ол иһигэр сатыы хаамыы, хайаҕа, мырааҥҥа тахсыы, өрүһүнэн, үрэҕинэн устуу (сплав), балыктааһын, булт. Киһи эрэ барыта санаммат сынньалаҥнара. Билигин туризм маассабай буолан иһэр, араас этии баар, онон бэлэмэ да суох киһи судургутук сынньанар кыахтаах буолла. Ретрит-тур диэн кэнники сылларга элбээтэ. Ол эбэтэр, биир интэриэстээхтэр мустан, айылҕаҕа тахсан сынньаналлар. Холобур, Табаҕа мырааныгар тахсан йогалыыллар, уруһуйдууллар, чэбдигирэллэр, Муома хайатыгар кытары тиийэллэр. Саамай аатырбыт уонна оннун булбут морсурууттары “Ленатурфлот” хампаанньа оҥорор.
Навигация устатыгар Өлүөнэ туруук хайаларыгар теплоходунан 2–3 күннээх круизтары оҥороллор. Маны таһынан теплоходунан Тиксиигэ, Уус Кукка диэри усталлар. Холобур, Дьокуускай—Тиксии–Дьокуускай хайысханан “Арктический круиз” диэн “Михаил Светлов” теплоходунан икки нэдиэлэлээх устуу биир киһиэхэ 147 тыһ. солк. саҕаланар, оттон люкс каюта сыаната – 728 тыһ. солк!
Хаҥалас суоллаах-иистээх буолан, Күрүлүүр, Булуус, Туруук Хайа, Самыс Кумаҕа, Кыһыл Элэһин тукулааннар, “Уус Буотама” бизонарий, Сиинэ турууктара, “Орто Дойду” зоопарка ордук биллэллэр. Быйыл “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа турууктарга тахсыыга саҥа үктэли тэлгээн эрэллэр. Хомойуох иһин, “Азия оҕолорун” баттаһа түмүктээбэтэхтэр, саҥа саҕалаан эрэллэр.
Гид, сирдьит тиийбэт
Туристарга саамай сөҥөн хаалар үтүө өйдөбүлү гидтэр, арыаллааччылар, сирдьиттэр, инструктордар хааллараллар. Арассыыйаҕа экскурсоводтары аттестациялыыр тиһик билиҥҥэ диэри оҥоһулла илик. Кинилэри аттестациялыыр лиссиэнсийэлээх биир да институт суох үһү. Госдумаҕа туһааннаах сокуону көрүөх буолбуттара да, билиҥҥитэ хамсааһын суох курдук. Лиссиэнсийэлээх экскурсоводтары бэлэмнииргэ анал үөрэҕи ааһыахха наада. Федеральнай таһымҥа гидтэри аттестациялыыр ирдэбил билиҥҥитэ суох буолан, Саха сиригэр ити боппуруос эмиэ ыйанан турар. Федеральнай ирдэбили таһынан, маннааҕы экскурсоводтар таһымнара таһыччы буолуон наада – устуоруйаны, Саха сирин култууратын, итэҕэли, үгэстэри эҥин эндэппэккэ билиэх тустаахтар. Кэрэхсэбиллээх сирдэр испииһэктэригэр киирбит 370 эбийиэккэ барытыгар кыччаабыта биирдии экскуросовод баар буолуохтаах.
Ис туризм
Саха сириттэн киин сиргэ баран, муораҕа тиийэн сынньанар киһиэхэ барытыгар кыаллыбат. Сайынын айан сыаната бас баттах барар. Дьиҥэ, өрөспүүбүлүкэбит иһигэр киһи сынньанар сирэ, сөҕө көрөрө да элбэх. Билигин тыа сиригэр туризм эмиэ тэтимнээхтик сайдар. Холобур, Аллараа Бэстээххэ дьэҥкир уулаах, ыраас кумахтаах “Хотун Мааччыйа” сөтүөлүүр сиргэ аныгылыы бунгалолар, толору хааччыллыылаах дьиэлэр баар буоллулар. Ол дьиэни биир күҥҥэ уларсыы сыаната 15 тыһ. солк. саҕаланар.
“Уус Буотама” ойуур бизоннарын питомнигар уонна тукулааннарга (Хаҥалас Булгунньахтааҕар) биир күннээх туур сыаната киһиттэн 6 тыһ. солк. Улахан Аантан турунар биир күннээх 20–22 км Өлүөнэнэн устуу (сплав, Суруктаах Аартык – Күрүлгэн – Булгунньахтаах) киһиттэн – 7 тыһ. солк. Таатта улууһугар улуу суруйааччылар түөлбэлэринэн биир күннээх туур сыаната – 6 тыһ. солк. Бэрдьигэстээххэ биир күннээҕи туур сыаната – 6 тыһ. (онно Августина Филиппова мастарыскыайыгар, мини-зоопаркаҕа, силиһинэн дьикти оҥоһуктары оҥорор Валерий Дьячковскай түмэлигэр сырытыннараллар). Дьокуускай аннынан байдаарканан устар 4–5 чаастаах айан сыаната – 2 тыһ. солк.
Илиҥҥи Хаандыгаҕа 3–4 күннээх турдар бааллар, кондиционердаах “Хайс” массыынанан илдьэллэр. Туур бырагыраамата маннык: Ойуун үрүйэтэ, “Рапунцель” күрүлгэн, “Черный прижим”, Ньүкүнньэ үрэх күрүлгэнэ, “Орлиная” былаһаакка, тарыҥ, тайҕанан күрүлгэҥҥэ диэри сатыы хаамыы, гитаралаах, оонньуулаах кутаа тула олорон доҕордоһуу киэһэлэрэ. “ОДО” турбаза территориятыгар балаакка куоратыгар олохтууллар. Бу туур сыаната – 23 тыһ. солк.
Буотамаҕа балыктатар 4 күннээх туур баар, сыаната – 35 тыһ. солк. Сиинэ очуостарыгар диэри устарга 3 күннээх туур сыаната – 30 тыһ. солк. Амма өрүскэ 2 күннээх устуу сыаната – 13 тыһ. солк. Индигиир өрүс үөһээ тардыытыгар 6 күннээх балыктыыр туур сыаната – 35 тыһ. солк. Өймөкөөҥҥө Таас Кыстаабыт ураты хайаҕа тахсарга нэдиэлэлээх туур – 42 тыһ. солк. Өймөкөөҥҥө Кыыс Күөлэ диэн уу сардааната үүнэр ураты күөлгэ 6 күннээх туур – 32 тыһ. солк. Бүлүү тукулааннарыгар (Махатта күөл) 6 күннээх туур – 67 тыһ. 500 солк.
Уопсайынан, Сахабыт сирин кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин көрдөрөр туур элбээбит, ол эрээри сыаналара ботуччу. Аны туран, киһи барыта итинник экстремальнай усулуобуйаҕа сынньанар кыаҕа суох.
***
Сахабыт сирэ барахсаҥҥа ураты айылҕата, кэрэ-бэлиэ, ытык сирэ элбэх. Ону туристарга “сөпкө суулаан”, дьон интэриэһин тардан, турист бөҕөтүн тоҕуорутар олус уустук. Биһиэхэ “событийный туризм” диэн (бэлиэ түгэҥҥэ ыалдьыттатыы) сайынна – Улуу Туймаада ыһыаҕа, “Тымныы полюһа”, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээллэр. Ол да буоллар, ону ситэ кыайан туһаммакка, биир бренд оҥорбокко сылдьар курдукпут. Ону тобуларбыт буоллар, Саха сирэ туризм Мекката буолар толору кыахтаах.
Дмитрий ИВАНОВ.