Киир

Киир

«Кыым» бар дьон хаһыатын эрэдээксийэтэ ааҕааччыларын алтынньы 13 күнүгэр бэлиэтэнэр Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын уонна астыыр-таҥастыыр бырамыысыланнаһын күнүнэн эҕэрдэлиир!

 Эрэдээксийэ өрөспүүбүлүкэбит тыатын сиригэр туһуламмыт киэҥ өрүттээх үлэни ыытар.

Ол курдук, бу сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр эрэдээксийэ «Аныгы нэһилиэк олоҕун көстүүлэрэ» диэн саха тылынан суруллубут көрдөөх-оонньуулаах хоһоон, үгэ, эҕэ күрэҕин биллэрбитэ.

Күрэх тэриллибит сүрүн соруктара манныктар: тыа сирин олоҕор-дьаһаҕар болҕомтону күүһүрдүү; саха тылын уонна уран суругун сайыннарыы; айар куттаах дьону көҕүлээһин; тыа сиригэр анаммыт саҥа уус-уран айымньы суруллуутун ситиһии.

Үлэлэри тутуу алтынньы 6 күнүнэн түмүктэннэ.

Икки ый устатыгар Амма, Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус-Алдан, Үөһээ Бүлүү, Чурапчы, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан, Москубаттан барыта 67 үлэ киирдэ. Араас саастаах уонна идэлээх дьон кыттыбыт: устудьуон уонна билим дуоктара, суруйааччылар, суруналыыстар, учууталлар, иитээччилэр, эмчиттэр, тыа сирин үлэһит дьоно, биэнсийэлээхтэр. Кылгас кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан итиччэ үлэ киирбитэ ааҕааччыларбытыгар күүстээх айар-тутар дьулуур баарын уонна хаһыат дьон киэҥ араҥатыгар кэрэхсэнэрин көрдөрөр. Онон күрэххэ кыттыбыт ааҕааччыларбытыгар бука барыларыгар махтанабыт.

Дьүүллүүр сүбэ өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр дьонуттан (суруйааччылартан, учуонайдартан, артыыстартан) тэрилиннэ. Кинилэр ааптардара ыйыллыбатах нүөмэрдэммит үлэлэри көрөн бастыҥнары быһаарыахтара.

Кыайыылаахтар «Кыым» кэлиҥҥи сылларга үгэскэ киирбит Сомоҕолоһуу күнүгэр анаммыт кэнсиэригэр ааттаныахтара, бэлиэтэниэхтэрэ. Кэнсиэр сэтинньи 8 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр буолуоҕа.

Биһирэбил: I үктэл – 50 000 солкуобайдаах бириис; II үктэл – 30 000 солкуобайдаах бириис, III – 20 000 солкуобайдаах бириис. Ону таһынан анал эбии биһирэбиллэр олохтоноллор.

Күрэх түмүгэ «Кыым» хаһыакка бэчээттэниэҕэ. Ону сэргэ «Ситим» медиа бөлөх атын таһаарыыларыгар («Кыым.ру» саайтка уонна телеграм ханаалга, «Күрүлгэн» сурунаалга) туһааннаах матырыйааллар эмиэ тахсыахтара.

Тэрийэр бөлөх.