Киир

Киир

“Сис тоноҕоһун эмтиир киин баар үһү” диэни истэммин, Ленин бэрэспиэгин 58-с дьиэтигэр анаан тиийэ сырыттым. Бу Киин үлэһиттэрэ хайдах эмтииллэрин, көрөллөрүн билээри эрдэттэн суруйтарбытым. Киин салайааччыта Сайдам Григорьевич Михайлов хоһугар миигин хайыы сахха күүтэн олорор эбит. Ааппын-суолбун ыйытаат, аҥкыата кумааҕытын биэрэн толортордо. Онно сааспын, дьарҕа ыарыым, доруобуйам туһунан ыйытыыларга хоруйдары суруйдум. Онтон хоско киллэрэн, кушеткаҕа умса сытыаран, эппин-сииммин тутан-хабан, туох кэһиллии баарын чопчу ыйда. Сүнньүм сыыһа олоро сылдьарын истэммин «хантан кэлбит кэһиллииний?” диибин. Киһим уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн барда...

Киһи мас кэриэтэ

Икки атахтааҕы бигэтик тутан туох хаамтарарый?Айылҕа анаабытынан, сис тоноҕоһо уонна сүнньүбүт тутар буолан, хаама-сиимэ, сүүрэ-көтө сылдьабыт. Оттон өйбүтүн-санаабытын тутарбытыгар төбөнү кытта сүнньүбүт уонна хоолдьукпут ситимниир. Хоолдьук чааскытыгар төбө хайдах олоро сылдьарыттан мэйиигэ хаан эргийиитэ, салгын хамсааһына барар. Киһи уҥуоҕун тутула конструктор курдук. Биир сиргэ харгыс таҕыста да, кэһиллии ситимнээхтик барар. Аны туран, киһи этигэр-сиинигэр сүнньүҥ – аһаҕас миэстэҥ. Оҕо сырыттахха, «саарпыккын баан, сүнньүгүн тоҥоруоҥ» диэн ийэлэрбит дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо! Кинини үрдэрдин, тымныттын, эчэттин даҕаны ыарыыга “аан аһылла түһэр”. Бастакы сис тоноҕоһо кэһиллиитигэр доруобуйабыт биллэрдик харгыстанар. Манна даҕатан эттэххэ, сүрүн оһолу биһиги Орто дойдуга күн сиригэр кэлэр кэммитигэр ылабыт. Ийэлэр барахсаттары сытыаран эрэ төрөтөр кэмнэригэр оҕо төбөтүн, сүнньүн эрийэ тутан таһаараллар. Былыр дьахтар тобуктаан туран эрэ төрүүрэ. Билэҕит дии, кыыл туран эрэ, чохчойон эбэтэр тобуктаан туран быыһанарын. Айылҕа оннук анаабытын утары баран, оһолу бастакы күнтэн ылабыт.

Судургутук мас олордуутун ылыахха: үүнээйини хайдах олордоҕун да, салгыы оннук үүнэр. Көнөтүк туппатаххына, эриллэн-буруллан, иҥнэри-хаҥнары тахсан үүнэр ээ. Киһи эмиэ ол кэриэтэ. Эйигин көрдөххө, хоолдьуккар кэһиллии баара көстөр, аҥаар атаҕыҥ кылгас, онон санныҥ олоруута көнөтө суох, сиһиҥ ыалдьан ылар буолуохтаах, быһатын эттэххэ, этиҥ-сииниҥ атыннык олоруохтааҕын курдук олорбот...

Эпэрээссийэ, эмп эрэ быыһыахтаах дуо?

“Грыжа”, “протрузия”, “остеохондроз”, “сколиоз” диэн ааттанар ыарыылар киһи аайы баар буоллулар диэххэ сөп. Ол туохтан саҕаланарый? Сыыһа олорууттан, атах ханньаччы-онньоччу үктэниититтэн үөскүүр. Сис тоноҕоһунан барар ньиэрбэ систиэмэтэ баттанан, илии, атах утуйан эрэйдиир. Киһи туох баар ньиэрбэтэ бүтүннүү сиһин тоноҕоһун иһинэн барар, ньиэрбэ систиэмэтэ онно кыбылыннаҕына, эт-сиин ыалдьан биллэрэр. Сис, ис, төбө, тоноҕос, оһоҕос үлэтэ үчүгэй буоллаҕына, мэйиибитигэр хаан эргиирэ, салгын киириитэ харгыһа суох барар. Мэйии үлэтэ мөлтөөтө да, уорганнары дьаһайара, салайара эмиэ сыппыыр. Онтон кыараҕас миэстэлэрбитигэр – сүнньүбүтүгэр, хоолдьукпутугар – хам тутуу, күүрүү баар буолла да, онно тымыр, ньиэрбэ кыбыллар. Ол иһин илбийэн, сымнаҕастык сүнньүнү көннөрүү – тоҕоостоох ньыма. Дьэ, оннук. Ити үөһэ ааттаммыт сис ыарыылара киирдэхтэринэ, киһи хайыырый? Балыыһаҕа, эпэрээссийэҕэ сүүрэр. Биирдэ быстарар, иккитэ быстарар...ыарыы тохтообот, тахса турар. Дьиҥэ, сис тоноҕоһун дьаарыстаан, ууннары тардан көмөлөһүөх кэриҥнээхпит. Эбэтэр эмп абырыа диэн, күүстээх эмтэри иһэр. Эмп биири эмтиэ – атыны эмсэҕэлэтиэ. Аан дойдуга Кытай, Индия нэһилиэнньэтэ илбийэн эмтэниини өрө туталлар. “Баҕар, ол иһин ыарыыга бэриммэккэ, кинилэр ахсааннара элбэх буолуо” диэн сэрэйиэххэ сөп. Илбийии диэн эти-сиини сымнатыы, хаан эргииригэр көмө буоларын өйдүөхтээхпит. Хаан син биир үрэх курдук тохтообокко сүүрүөхтээх.

PHOTO 2024 10 28 13 22 10 1

Кыһалҕа бэйэҕэр кэллэҕинэ...

Мин бу эйгэҕэ кэлбитим быйыл тохсус сыла. Устуоруйа учуутала идэлээхпин, үөрэнэрбиттэн салгыбат киһибин. Салгыы экэнэмиис, судаарыстыбаннай сулууспа үөрэхтэрин баһылаабытым. Билигин Жатайдааҕы мэдиссиинэ техникумугар “медбрат”, “массажист” идэлэрин баһылаары, түмүктүүр сылбар үөрэнэ сылдьабын. Хайдах саҕаламмытай? Бэйэбэр кэлбит кыһалҕаттан саҕаламмыта. Аҕам барахсан орто сааһыгар инсульт диэн билигин киэҥник тарҕаммыт, ыарахан ыарыыга ыалдьан барыбытын соһуппута. Киһи ньуосканан аһатар, бэйэтин кыаммат, сытар ыарыһах буолбута. Бу “«адьырҕа» ыарыы удьуордаан бэриллэр” диэни истэммин, сэрэнэ санаабытым. “Арай инсуллаан оҕуннахпына, оҕолорбун ким улаатыннарыай, ким иитиэй?” диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Онтон ыла доруобуйам иннигэр эппиэтинэс ылынан, бу ыарыыны үөрэтэн, билэн-көрөн барбытым. “Инсульт тымыр кыараан, киһи этэ-сиинэ ыгыллан, хаан сүүрүүтэ мөлтөөн, икки атахтааҕы охторор эбит” диэн түмүккэ кэлбитим. Болҕомтону хоолдьук, сис, тоноҕос олоруутугар ууруохтаахпытын өйдөөммүн, Санкт-Петербург куоракка көрдөрөммүн хоолдьукпун көннөртөрбүтүм. Туһалааҕын билэн, оҕобор эмиэ оҥорторбутум. Идэлээхтэри кытта чугастык билсэн, дириҥэтэн үөрэтэн, кинилэри кытта бииргэ сылдьан Саха сирин бары улуустарыгар үлэлээбиппит. Кэнники суол арыллан, анал үөрэхтэри ааһаммын, билигин тус бырагыраамабынан дьон доруобуйатын чэбдигирдэргэ мэктиэлээх үлэлии сылдьабын. Аҕам – күүстээх санаалаах, дьоллоох киһи. Ыарыыга утарылаһан, санаатын күүһүнэн кыайан билигин этэҥҥэ хаама сылдьар. Ыарыы аһыытын билбит киһи быһыытынан, дьоҥҥо туһалаах сүбэлэрдээх кинигэлэри таһаарар, киэҥ эйгэҕэ доруобуйа харыстабылыгар үлэни ыытар. Биһиэхэ холобур буолар киһибит.

Эми эрэ эрэнэр наадата суох

Хас биирдии киһи биири өйдүөхтээх: хаан эргиирэ эккэ-хааҥҥа иҥнибэккэ сүүрүөхтээх, мэйиигэ салгын киириитэ харгыстаныа суохтаах. Харах мөлтүүрэ, кулгаах куугунуура, мэйии эргийэрэ... ааттыы туруохха сөп. Ыарыы төрүөтэ саҕаланар сирэ онно сытар. Доруобуйа туохтан айгырыырый? Сөпкө көрүммэт буолууттан. Ас, хамсаныы, санаа диэн үс өйдөбүлтэн тутулуктаахпыт. Биһиэхэ билигин хамсанар үлэ суоҕун кэриэтэ. Ол оннугар хамсаабакка эрэ төлөпүөнү тутан олоруу элбээтэ. Онно эт-сиин хамсаабат, быччыҥ сайдыбат. Сөпкө тутта-хапта сылдьыы, физическэй эрчиллии суох буоллаҕына, киһи ыгылыйан, тымыра күүрэр, ньиэрбэтин систиэмэтэ кэһиллибитинэн барар. Ыарыйдыбыт да, тоҕо эрэ бары эмтиэкэҕэ сүүрэбит, эмп иһэр туһунан толкуйдуу түһэбит. Хиимийэнэн оҥоһуллубут эттик киирэн үтүөрдүөхтээх үһү дуо? Ити – омук сириттэн кэлбит өйдөбүл, биһиэхэ барсыбат. Саха киһитэ санаатынан күүстээх буолан, бэл, бу тыйыс тымныыны тулуйар. Онон бэйэни кытта үлэни сатыахтаахпыт. Ыарыыны утары охсуһарга санаа күүһүн туһаныахха.

Киһи бэйэтин билэ үөрэниэхтээх

Биһиэхэ кэлбит дьоҥҥо алта күн­нээх бэйэни хонтуруоллуур күннүк оҥорторобут. Онно күн устатыгар тугу хамсаммытын, хайдах аһаабытын, утуйбутун туһунан сиһилии толорор. Онно көстөн кэлэр: бу киһи төһө сөпкө олороро. Эт-сиин хамсаныытын, ууга харбыыры, баанньыкка сылдьыыны күннээҕи олоххо булгуччу киллэриэххэ. Киһи ыарыытын бэйэтэ булунар. Эн хайдах олороруҥ доруобуйаҥ эппиэтигэр көстөр. Эн ыарыыга ылларбыккар, этэргэ дылы, ким даҕаны буруйа суох. Сорох дьон этэллэр: «Ити быраас сатаан эмтээбэтэ, ол эмчит ыарыыбын кыайбата”, – диэн. Итинник санааны ылыммаппын. Бэйэҕин бэйэҥ кыайыахтааххын. Быраастар уонна биһиги курдук үлэһиттэр доруобуйаны чэбдигирдэн көмө буолабыт. Эн бэйэҥ өйгүнэн-санааҕынан турууласпатаххына, ыарыыны ким да кыайбат. Онон бэриммэккэ, санаа кулута буолартан туттунуохтаахпыт.

PHOTO 2024 10 28 13 22 10

Санаа баттыга ыарыыга тириэрдэр

Олох диэн охсуһуу... өлүү-сүтүү, арахсыы, оһол. Кыһалҕа киһиэхэ барытыгар баар. Дьон кыһалҕаларыгар оҕустаран, ким арыгы иһэр, ким ыарыы буолар... Онуоха буолбуту хайдах баарынан ылынан, салгыы олох олоруохтаахпыт. Бэҕэһээҥҥини былыт саппыта, сарсыҥҥы өссө буолара биллибэт, бүгүн бу бааргын. Онтон үөрүөх­тээххин, бу күнтэн үчүгэйи сомсуохтааххын... куһаҕаны бэйэҕэр тардар туһата суох. Хом санааҕа мөкү кэлэр. Киһи киртийдэҕинэ, ыалдьар. Хаһан баҕарар мэһэй, кыһалҕа баар буолуоҕа ону туоратарга дьулуһуохтаахпыт. Ис кыахпытын күүһүрдүөхтээхпит. Санаата сыппах киһи ыарыыга түргэнник бэринэр.

Доруобай буолуу култуурата

Киһиэхэ баайа – доруобуйата. Баҕа санааҕа этэллэрин курдук, доруобуйа баар буоллаҕына, барыта баар буолуо. Чахчы да оннук, биирдэ эрэ кэлэн ааһар олохпутун чэгиэнник олоруохтаахпыт. Ким эрэ байаары-тайаары атыылыыр арыгытыгар дуу, табаҕар дуу тоҕо убаныахтаахпытый? «Дьэ, сылаа таһаарабыт, ол иһин иһэбит” дииллэр. Сылаа успуордунан дьарыктаннахха, сүүс бырыһыан тахсар. Баанньыкка сылдьыҥ, онно эт-сиин сымныыр, куһаҕан токсин тахсар. Массааска сылдьыҥ, оччоҕуна күүрбүт быччыҥнаргыт сымныахтара, ньиэрбэҕит систиэмэтэ уоскуйуо. Сатыы хаамыҥ, ыраас салгыҥҥа дьаарбайыҥ. Киһиэхэ 700-чэкэ быччыҥ баар, ол күүрэн сырыттаҕына, хаан эргийбэт, эт-сиин тыыммат. Эти-сиини тыыннарарга үөрэниҥ.

Сүнньүнү көннөрүү кимиэхэ сэрэхтээҕий?

Биһиги доруобуйаны чэбдигирдэр өҥөбүт искэн ыарахан кэрдииһигэр сылдьааччыларга, инсульт, инфаркт ыарыыны соторутааҕыта ылбыт дьоҥҥо оҥоһуллубат. Ону тэҥэ чэбдигириини итэҕэйбэт, баҕатынан кэлбэтэх дьоҥҥо көмөлөһөр кыахпыт суох. Биһиги доруобуйалара уларыйыан, санаалара тупсуон баҕарар дьону күүтэбит. “Сүнньүнү тыыттарар сэрэхтээх” диэн санааччыларга этэбин: холустук туттар кутталлаах. Биһиги анал туочукалары булабыт, силгэлэргэ сирдэтэн, илбийэн көмөлөһөбүт. Оҕолор, кырдьаҕас дьон биһиги Кииммитигэр кэлэллэр, махтал тылларын суруйан хааллараллар. Кэлбит киһиэхэ эт-сиин туһунан толору өйдөтөр матырыйаал көрдөрөбүт, сиһилии кэпсиибит. Элбэх киһи кэлэн, сыыһа-халты туттууттан, тутта-хапта сылдьыыттан доруобуйа айгырыырын билэн, харахтара аһыллан барар. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит илбийиинэн эмтэниибитин өрө тутуохтаахпыт, толору туһаныахтаахпыт. 

Кэлиҥ, чэбдигириҥүйэҕитин уһатыҥ.

«Атлант-Саха» сис тоноҕоһун чэбдигирдэр киин

Дьокуускай куорат, Ленин бэрэспиэгин 58-c дьиэтэ

Б.т. 8 (924) 766-33-33

PHOTO 2024 10 29 10 15 48

Разрешение на занятие народной медициной от 9 октября 2023 г. №1-2023 в соответствии с Представлением Профессиональной Ассоциации медицинских работников «Национальная Ассоциация традиционной и комплементарной медицины» №111 от 28 сентября 2023 г. Действительно до «09» октября 2028 г.

*Төлөбүрдээх материал