Киир

Киир

2024 с. ийэ хапытаалын бастакы төлөбүр быһыытынан туһанан, ипотеканан дьиэни-уоту, кыбартыыраны атыылаһар дьон ахсаана биллэ аҕыйаабыт. Тоҕо диэтэххэ, хапытаал суумата бастакы төлөбүргэ (первоначальный взнос) тиийбэт буолбут. Балаһыанньаны чэпчэтиилээх ипотека тохтообута, Киин баан тутаах ыстаапката үрдээбитэ, баан ирдэбилэ уларыйбыта уустугурдубут. Ол туһунан Риэлтордар Арассыыйатааҕы гильдияларын бэрэсидьиэнэ Артемий Шурыгин кэпсиир.
 
 
“2007 с., ийэ хапытаала бастаан киирэрин саҕана, хапытааллаах дьон 95 бырыһыаннара харчыларын дьиэ атыылаһарга туһаналлара. Ол эрээри, кэлин көрдөрүү сыл аайы түһэ турар. Холобур, 2023 с. 50% буолбута. 2024 с. чахчы сыл бүтүүтэ биллиэҕэ”, – диир Шурыгин.
 
Эспиэр этэринэн, ийэ хапытаалын индексацията дьиэ сыанатын үрдээһиниттэн 40%-нан хаалан иһэр. Онон, бааннар билиҥҥи усулуобуйаларын учуоттаатахха, хапытаалы ипотека бастакы төлөбүрүн быһыытынан эбии харчы угуута суох (ыал бэйэтэ эбии мунньубатах буоллаҕына) киһи туһанар кыаҕа суох буолбут.
 
Бүгүҥҥү туругунан, дойду бааннара ипотека бастакы төлөбүрүгэр кирэдьиит уопсай сууматын 20 – 50%-нын көрдүүллэр. Оттон билигин бастакы оҕо хапытаала 630,4 тыс. солк. Ити харчы кыбартыыра орто сыанатын 13%-нын эрэ толуйар кыахтаах.
 
Арассыыйа элбэх куоратыгар, ол иһигэр Дьокуускайга, үлэлиир “Этажи” хамсаабат баай ааҕыныстыбатын чахчыларынан, ийэ хапытаалынан саамай элбэх “кыбадырааты” Волгоградка атыылаһыахха сөп – 6,1 кв. м. Челябинскайга хапытаал харчыта 5,4, оттон Воронежка – 5,2 кв. м. атыылаһарга тиийэр. Ити кэннэ маннык куораттар кэлэллэр: Самара (5 кв. м.), Доннааҕы Ростов (4,9 кв. м.), Омскай уонна Тюмень (4,7 кв. м.), Красноярскай (4,6 кв. м.), Пермь (4,5 кв. м.), Екатеринбург уонна Новосибирскай (4,4 кв. м.), Краснодар (4 кв. м.), Уфа (3,8 кв. м.), Казань (3,4 кв. м.), Аллараа Новгород (3,3 кв. м.). Оттон Санкт-Петербурга баара-суоҕа 3, Москубаҕа олох даҕаны 2,2 кв. м. атыылаһыахха сөп.
 
“Чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын усулуобуйата инфляция түстэҕинэ, бааннар лимииттэрэ улааттаҕына уларыйыа. Мин сылыктыырбытынан, ол кэлэр сыл ортотугар буолуон сөп. Ийэ хапытаалынан дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарар оччоҕуна эрэ көдьүүстээх буолуо”, – диэн Бэлиитикэ технологияларын киинин эспиэрэ Никита Масленников кэпсиир.
 
Кини этэринэн, кэлэр сыл саҕаланыытыгар дойду бааннара судаарыстыба бүддьүөтүттэн барыта 1 триллион солкуобай субсидия ылыахтаахтар уонна ол харчы көмөтүнэн чэпчэтиилээх ипотека бырыһыанын кыччата сатыахтаахтар.
 
ХАПЫТААЛЫ – ОҔО ҮӨРЭҔЭР
 
Ийэ хапытаалын суумата ипотека бастакы төлөбүрүгэр тиийбэтиттэн да буолуо, кэлиҥҥи икки сылга дьон хапытаалын оҕо үөрэҕин төлүүргэ туһанар буолбут. Холобур, 2011 с. оҕо үөрэҕэр хапытааллаах дьон 2,5 бырыһыана харчытын туһаммыт буоллаҕына, 2023 с. ити көрдөрүү 25,3 бырыһыан буолбут. Биллэн турар, онно үрдүк үөрэх төлөбүрүн ыарахан сыаната эмиэ дьайар. 2024 с. туругунан, Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнии сыллааҕы орто төлөбүрэ 189 393 солк. буолбута. Онон, бастакы оҕоҕо бэриллэр 630 тыһ. суумалаах ийэ хапытаалын көмөтүнэн оҕо үөрэҕин 3,5 сыл устата төлүөххэ сөп. Иккис оҕоҕо көрүллэр хапытаалынан – 4,5 сыл.
 
Санаттахха, ийэ хапытаалын бырагыраамата 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиир. Ол гынан баран, быйыл дойду бэрэсидьиэнэ Федеральнай мунньахха анал этиитигэр бырагырааманы 2030 сылга диэри уһатары соруйбута. Сорудах 2024 сыл ахсынньы 20 күнүгэр диэри туолуохтаах.     
   
Бэй.кэр.
Хаартыска: kp.ru

Бүтэһик сонуннар