Киир

Киир

Сэтинньи 9 күнүгэр Дьокуускай 203-с түөлбэтин аннынааҕы өрүс тардыытыгар өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын икки ардыларыгар “Ил Түмэн” хаһыат тэриллибитэ 25 сылыгар анаммыт муус аннынан балыктааһын күрэҕэ буолла. Онно барыта 7 хамаанда кытынна. Ол иһигэр “Кыым” хаһыат икки хамаанданы тэрийэн кииристэ.

Бу үтүө уонна урукку өттүгэр ыытылла илик сонун күрэҕи дьоро күн “буруйдаахтара” “Ил Түмэн” бэчээт дьиэтин үлэһиттэрэ уонна Суруналыыстар сойуустарын Саха сиринээҕи салаата кыттыһан тэрийдилэр. Үгэс курдук, тэрээһин иннинэ анал сиэр-туом толорулунна. Ол курдук, саха сураналыыстыкатын бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Уйбаан Ксенофонтов аал уоту оттон сир-дойду, ытык эбэ иччилэригэр сүгүрүйдэ, алгыс түһэрдэ.

whatsapp image 2024 11 09 at 13.58.56


Күрэх саҕаланыан иннинэ хамаандалары уонна мустубут дьону Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков эҕэрдэлээтэ уонна маннык сонун тэрээһин бастакытын ыытылларын санатан туран, кыттааччыларга ситиһиини баҕарда. Кини солбуйааччыта, “Ил Түмэн” хаһыат шеф-эрэдээктэрэ Галина Бочкарева ыалдьыттары эҕэрэдэлээн туран, “маннык тэрээһин сыллата ыытыллара буоллар үчүгэй буолуо этэ” диэн баҕа санаатын эттэ.  

333333 1

Быраабылаҕа суруллубутунан, күрэх үс чаас устата буолуохтаах. Онон, “Ил Түмэн” эрэдээксийэтэ кэлбит ыалдьыттары тоҥмотуннар диэн, саха төрүт аһынан күндүлээтэ.

Күрэх балаһыанньата өрөспүүбүлүкэ эрэдээксийэлэригэр эрдэттэн ыытыллыбыта. Ол быһыытынан, “Бастакы балык”, “Саамай улахан балык”, о.д.а. диэн кыайыылаахтарга иҥэриллэр анал ааттар бааллара.

52895b45 12e1 4d01 86b1 1d6852052d03

Түмүгэр, “Саамай түргэн балыксыт” аатын “Кыым” үлэһитэ Анатолий Стручков ылла. “Щукарь” диэн ааты төһө да сордоҥу хаптарбатар (ити күн сордоҥ букатын тахсыбата), сүбэ быһаарыытынан, саамай улахан кыһыл хараҕы хаптарбыт “Саха сирэ” хаһыат сураналыыһа Сайаана Львоваҕа иҥэрдилэр. “Дьоллоох балыксыт” (“Удачливый рыболов”) ааты саамай улахан балыгы туппут “Кыым” көмпүүтэргэ таҥааччыта Мария Петухова ылла.

“Балыксыттар балыксыттара” аат суруналыыс Михаил Ноговицыҥҥа иҥэрилиннэ. “Малек-2024” ааты саамай эдэр балыксыт аакка Далан Новиков тигистэ. “Балыксыт дьахтар” – Варвара Дьяконова, “Саамай кыра балык” – Виктор Эверстов.

Итини таһынан, “Балыксыт кыһыҥҥы сүүрүүтэ” диэн 100 миэтэрэҕэ балыксыт толору сэбилэниитин сүгэн баран сүүрүүгэ “Сахабэчээт” үлэһитэ Ариан Григорьев бастаата.

3f0af2f3 37ed 4998 bdbc 9b8a32c0fa58

Оттон хамаандалар бары балыктарын көрөн-истэн, ыйаан көрөн баран, уопсай түмүгү маннык таһаардылар: бастакы миэстэ – “Кыым” хаһыат 2-с №-дээх хамаандата, иккис миэстэ – “Саха сирэ” хаһыат, үһүс миэстэ – “Кыым” 1-кы №-дээх хамаандата. Кинилэр “Рыболов” маҕаһыын туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Бэй.кэр.  
Хаартыска: “Саха сирэ”, “Ил Түмэн”, “Кыым”.     
   

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар