Эһэ уонна бөрө сыл аайы тыһыынчанан дьиэ сүөһүтүн тардарын, ол хоромньута сүүһүнэн мөлүйүөн буоларын биһиги, сыһыана суох дьон, истэн соһуйабыт да, бэркиһиибит да. Аҕыйах сыллаахха диэри ону соччо итэҕэйбэт бэйэбит, кэлин интэриниэт өрөспүүбүлүкэ бары муннугар тиийэн, социальнай ситимэн илэ көрөн, дьэ “һуу-һаа”, “тыый!” дэһэр буоллубут.
2023 сыллааҕы кыһыҥҥы айан суолунан ааҕыы чахчылара көрдөрөллөрүнэн, Саха сиригэр барыта 11 966 бөрө баар. Оттон эһэбит ахсаана – 19 885. Адьырҕа кыыл элбээбитин төрүөтэ олус элбэх. Ол иһигэр булт сокуонугар итэҕэс-быһаҕас баара, бөртөлүөтү көтүтүүгэ үп-ас тиийбэтэ, төрүт үгэстэн, булт үөрүйэхтэриттэн тэйии, киһи үктэммэтэх сирдэригэр бырамыысыланнас тиийэн, ардай аһыылаах халыҥ тайҕаҕа саһа сытыан оннугар киһи хараҕар көстөр буолбута, о.д.а. дьайар.
Онно тохтообокко, СӨ Булка уонна булт ресурсатын харыстабылыгар департаменын чахчыларыгар олоҕуран билиһиннэрдэххэ, эһэ-бөрө сылга бачча кыылы тардар эбит. Табылыыссалаан көрдөрөбүт.
СӨ Бэтэринээр департаменын дааннайдарынан, 2021 сыллаахха бөрөлөр 5 935 дьиэ табатын, 127 – сылгыны, 3 ынах сүөһүнү тардыбыттар. 2022 сыллаахха 6 413 – дьиэ табатын, 199 – сылгыны, 20 – ынах сүөһүнү туппуттар. Ол хоромньута 180 мөлүйүөн солкуобай буолбут.
Тугу тардыбыта |
2018 |
2019 |
2020 |
2021 |
2022 |
1. Эһэ уонна бөрө тардыбыт сүөһүтэ, ол иһигэр: |
|||||
– дьиэ табата |
11 951 |
10 336 |
6189 |
6843 |
6413 |
– сылгы |
289 |
244 |
198 |
182 |
199 |
– ынах сүөһү |
22 |
23 |
14 |
10 |
20 |
2. Судаарыстыба бултанар кыылы ааҕыытын түмүгүнэн бөрө ахсаана |
12 000 |
12 100 |
9 100 |
7 700 |
9 000 |
3. Өлөрүллүбүт бөрө |
718 |
702 |
503 |
553 |
609 |
2023/2024 сс. булт көҥүлүн кэмигэр эһэ-бөрө хас дьиэ сүөһүтүн тардыбытын туһунан чахчы бу табылыыссаҕа киирбэтэх. Онон, быйыл саас СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Хотугу үгэс буолбут төрүт салаалар отделларын салайааччыта Иннокентий Балановтыын кэпсэппиппитин билиһиннэрэбит. Кини, быһаччы дьарыктана сылдьар киһи, ити суолу бэркэ билэр.
– 2023 – 2024 сс. кыстыкка эһэ-бөрө төһө хоромньуну таһаарда?
– Сыл аайы, ортотунан, 12 – 14 тыһыынча дьиэ сүөһүтүн тардаллар. Ол, сүрүннээн, бөрө буолар. Эһэ хоромньута саас, арҕахтан тахсарын саҕана, элбиир.
– Хоромньу тоҕо элбээтэ?
– Урут кыыл таба баарына бөрө онно аралдьыйара уонна оччотооҕу сопхуостар баай буоланнар, туундараҕа, таастаах сиргэ бөртөлүөт көтүтэллэрэ. Билигин оннук бултуур кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, бөртөлүөт биир чаас көтөрө 280 000 солк. буолар. Оттон бултуур буоллахха, 5 чаастан итэҕэс көппөккүн. Аны туран, дойдубут норуоттар икки ардыларынааҕы айылҕа харыстабылын сөбүлэҥэр илии баттыаҕыттан, айылҕаҕа хоромньуну таһаарар, “гуманнайа суох” дэнэр фторацитат бария курдук дьааты туттар бобуллубута. Кырдьык, ол дьааты сиэбит эбэтэр оннук дьааты сиэн өлбүт кыыл сэмнэҕин сиэбит харамай барыта өлөр. Онон, хоромньу ити түмүгэр улаатта.
Билигин булчуттар сиринэн сылдьан хапкаан, туһах иитэн бултууллар.
– Сэминээргэ “быйыл 12 тыһыынча дьиэ сүөһүтүн эһэ-бөрө тарта” диэтилэр. Онтон сылгыта-табата хаһый?
– Сылгыта 3 – 4 тыһыынча курдук. Оттон эһэтин-бөрөтүн араардахха, эһэ 1000 курдугу тарта, уоннааҕытын – бөрө.
– Ол ороскуота төһө буолла?
– Ону барыта харчыга таһаардахха, олус элбэх, 250 – 300 мөлүйүөҥҥэ тиийэр.
– Сылга хас бөрө бултанарый?
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл иһигэр сиринэн 600 – 800 бөрө бултанар.
– Сылгыбын-табабын бөрө тартаҕына, ону миэхэ ким да толуйбат буоллаҕа?
– Суох, ону бүддьүөт толуйбат. Аны, биһиги дьиэбит сүөһүтэ хотоҥҥо бааллан турбат, көҥүл мэччийэр буолан, страховой хампаанньалар оннукка ылсыбаттар. Онон, ким да, туох да толуйбат. Ол оннугар бөрөнү бултаан тириитин туттардахха бириэмийэ бэриллэр. Улахан бөрөҕө 30 000, оҕотугар – 10 000 солк. Итини таһынан улуустар, хаһаайыстыбалар туспа бириэмийэлиэхтэрин сөп. Харчынан даҕаны, тугутунан-убаһанан даҕаны.
Альберт КАПРЫНОВ.
Хаартыска: Ласси Раутиайнен, travelask.ru саайтан