“Ситим” куукула тыйаатыра, уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар анаан сахалыы (нууччалыы тылбаастаах) тэттик испэктээкиллэри көрдөрөн, биир сыл иһигэр оҕолор, иитээччилэр, төрөппүттэр сэҥээриилэрин ылла. Бу айар бөлөх үлэтин билсээри салайааччы Зоя Яковлеваны кытта кэпсэттибит.
- Үтүө күнүнэн, Зоя Ивановна, эһиги айар бөлөххүт хайдах тэриллибитэй?
- Биһиги бары биир кэмҥэ уһуйааҥҥа араас хайысханан өр сыл үлэлээбит иитээччи идэлээх дьоммут. Сылы эргиччи куорат уһуйааннарыгар араас тыйаатырдар, аралдьытар анал программалаах тэрилтэлэр кэлэн ыалдьыттыылар. Үлэбит быыһыгар мэлдьи “тоҕо куукула тыйаатырыгар бэйэбит дойдубут, айылҕабыт туһунан испэктээктэр суохтарый?” диэн толкуйдар охсуллан ааһаллар этэ. Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттара, айылҕаттан тэйэн эрэллэрэ барыбытын долгутар улахан кыһалҕа буолар. Оннук хас да сыл иитимньи оҥостубут баҕа санаабытын 2023 сыл сэтинньи ыйыгар олоххо киллэрэн, төрдүө буолан үлэбитин саҕалаабыппыт.
Үлэбит сүрүн сыала – уһуйаан иитээччилэрин, алын кылаас учууталларын кытта ситимнээх үлэнэн кыра оҕолорго билиини иҥэрии буолар. Холобурун эттэххэ, алтынньы ыйга кыстыкка бэлэмнэнии туһунан уһуйааҥҥа, оскуолаҕа кэпсэтэллэр, ааҕаллар, ону тэҥэ бигэргэтии быһыытынан остуоруйаларбытын көрөллөр, ырыталлар, билиилэрин чиҥэтэллэр. Итинник ситимнээх үлэ барыан сөп диэн көрөбүт. Биһиги тыйаатырбыт уратыта – хас биирдии испэктээкил кэннэ оҕолору кытта кэпсэтэбит, тыллары быһаарабыт, ыйытыыларга хоруйдуубут, таабырын таайсабыт, оонньуубут. Түмүккэ болҕомтолоох көрөөччүгэ, таабырын таайбыт, оонньууга кыайбыт оҕолорго мэтээл туттарабыт.
- Тыйаатыргыт репертуара хайдах оҥоһулларый?
- Иитээччилэр олус элбэх араас хайысханы баһылаабыт дьон, онон сценарий суруйуута, музыканы талыы, уруһуй, куукула оҥоруута улахан ыарахаттары үөскэппэт. Туруорар остуоруйаларбытын сахалыы ыйдарга сөп түбэһиннэрэн, икки тылынан тылбаастаан суруйабыт. Бастаан утаа бэлэм матырыйаалы туһанан туруоруохпутун баҕарбыппыт, ол эрэн бырайыакпытыгар сөптөөх остуоруйаны, айымньыны булбатахпыт. Төрүт дьарыкпыт, Сахабыт сирин кыылларын, айылҕабыт туһунан программаҕа эппиэттиир остуоруйа суоҕун кэриэтэ. Кыра оҕо элбэх кэпсэтиилээх (диалогтаах) остуоруйаны өйдүүр.
Аан бастакы туруоруубут – “Баай Байанай». Манна ини-бии уолаттар, үтүө-мөкү майгы туһунан, сиэр-туом көстөр. “Саха сиригэр олорор дьон саамай тулуурдаах, күүстээх, кыахтаах...” диэн киирии тылынан саҕалыыбын. Онуоха оҕолор ураты турукка киирэллэр, оттомура түһэллэр.
Кырачааннарга “Муммут куобахчаан” диэн иитэр сыаллаах суруллубут остуоруйаны оҕолор бэрт сэргэхтик көрөллөр.
- Эһиги остуоруйаларгытын ханна көрүөххэ сөбүй?
- Ааспыт үөрэх дьылыгар Бүлүү бөлөх, Нам, Горнай, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай куорат уһуйааннарыгар, оскуолаларга сылдьыбыппыт. Элбэх сэҥээриини ылан, санаабыт көтөҕүллэн, быйыл Ил Дархан гранын кыайан, бастакы көмө үбүлээһиммитин ылан, үөрүүбүт улахан. Көмө харчыбытынан иистэнэр массыына, ноутбук, буруо уонна мыыла хабаҕын көтүтэр генератор атыылаһан олоробут, ону таһынан декорациябыт матырыйаалын ыллыбыт. Грант үллэриитэ диэн олус туһалаах уонна наадалаах бырайыак буоларын бэлиэтиибит, Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Ыччат министиэристибэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Быйылгы үөрэх дьылыгар “Кыстыкка бэлэмнэнии” диэн кыыллар кыстыкка хайдах бэлэмнэнэллэрин, ханна кыстыылларын туһунан остуоруйа турда.
- Зоя Ивановна, бырайыаккыт олус суолталаах, кэскиллээх эбит, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
- Улахан кыһылҕабыт – кыра саастаах оҕоҕо төрүт дьарыгы, сэри-туому көрдөрөр сахалыы остуоруйа суоҕун кэриэтэ, ону таһынан дьоруойдар саҥаларын устар олус уустук. Дьиҥэр, суруйар оҕолор, идэлээх дьон бааллар, кинилэр остуоруйаларын көрдөрөргө, туруорарга бэлэммит.
Саха буоларбытынан, Саха сиригэр олорорбутунан киэн туттуоҕуҥ, сахалыы эйгэлээх ыччаты иитиэҕиҥ!
Кэпсэттэ Мария Кириллина, тыл билимин хандьыдаата. «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү.