Хамсаабат баайы-дуолу бэлэхтээбити туоһулуур дуогабары мантан антах булгуччу нотариуска бигэргэттэрэр буолабыт.
2024 с. ахсынньы 13 күнүнээҕи 459 №-дээх ФС сокуон быһыытынан, РФ Гражданскай кодексын 574 ыстатыйатыгар уларыйыы киирдэ. Судургутук быһаардахха, биирдиилээн дьон бэйэ-бэйэлэригэр хамсаабат баайы-дуолу бэлэхтэһэр түгэннэригэр, дуогабардарын нотариуска бигэргэттэрэр буоллулар. Ити саҥа уларыйыы 2025 сыл тохунньу 13 күнүттэн олоххо киирдэ.
Санатар эбит буоллахха, бэҕэһээҥҥэ диэри бэлэхтэһии туһунан дуогабары нотариус бигэргэтэрэ наадата суоҕа. Дьон дуогабар түһэрсэн баран, докумуоннарын элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ туттараллара.
Бэй.кэр.
Хаартыска: fizkes/shutterstock