Майя Мордовская кэллиэксийэтэ дьахтар 19-c үйэтээҕи үрүҥ көмүс курунан байда. Атын курдартан уратыта диэн ураһалаах киһи уонна саахымат көбүөр ойуулаах. Уопсайынан, үрүҥ көмүс курдар билигин дэҥҥэ көстөллөр, үксүн түмэллэргэ баар буолаллар. Сыаналаах малы Санкт-Петербург куораттан буллулар.
Атыыһыт бу 18-c үйэтээҕи эбэҥки дьахтарын кура диэбит. Кини маны нэһилиэстибэнэн ылбыт эбит. Ол эрээри кэллиэксийэһит Майя Мордовская атыыһыт алҕаһыырын бэлиэтиир. Кини кур 19-с үйэ уонна саха киэнэ буоларын чопчулуур.
Кэллиэксийэһит кэргэнинээн бу куру салгыы үөрэтэр санаалаахтар. Ол кэннэ бар дьон көрүүтүгэр туруоруохтара.
Сонун төрдө: https://yakutia24.ru