Киир

Киир

Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр "Алаас Хотуна" эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Адамова А.С ) нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун сүрүн хамсатааччылара эрэ буолбакка, дьиэ кэргэннэрин олоҕун уйгутун, экэниэмикэтин тупсарыыга, сиэн көрүүтүгэр-истиитигэр  биир тутаах көмө дьон буолаллар.

Сайын кэлиитэ кинилэргэ дьиэ иһэ сиэннэринэн туолуутунан, оҕо аймах оонньуутунан, эбээ барахсан куукунатын остуола, холодильнига аһынан-үөлүнэн хааччыллыытынан саҕаланар. Онно сайынын эбээлэргэ оҕуруот, үүнээйи көрүүтэ-истиитэ биир улахан эбиилик буолар.

Эбээлэртэн бастыҥ оҕуруоччутунан, хоһуун үлэһитинэн эбээ Сусанна Анисимовна Семенова буолар. Адьас эдэр сааһыттан үлэни өрө тутан кэлбит, сүрдээх хаһаайыстыбаннай, мындыр толкуйдаах Эбээ Сусаннабыт, кыһынын куоракка кыстаан сиэннэрин көрсөн баран, саас эрдэ ыспыт үнүгэстэрин дойдутугар илдьэ кэлэн, уу хаар мунньан оҕуруотун бэлэмнээбитинэн барар. Кини тэлгэһэтигэр икки улахан бааһынаҕа хортуоска, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп киэҥ сиринэн тайаан үүнэр. Ону таһынан 3 тэпилииссэҕэ, 4 парникка оҕурсу, помидор, арбуз, клубника, биэрэс о.д.а. үүнээйилэри олордор. Быйыл оҕурсу 4 көрүҥүттэн 30 угу, помидор 6 көрүҥүттэн 120 угу, физалис 65 угун, кабачок 4 көрүҥүн 35 угун олорто.

WhatsApp Image 2025 07 23 at 14.25.41

Киһи сөҕөрө диэн, бу айылаах өлгөм үүнээйини Сусанна Анисимовна суос- соҕотоҕун ким да көмөтө суох үүннэрэр. Кыһын сайыҥҥы үлэтигэр бэлэмнэнэн доруобуйатын көрүнэн чэбдигирэр, ол быыһыгар куруорка тийэн сынньанан кэлэр.

Эбээ Сусанна, дойдутугар эрдэ кэлэн оҕуруотун үүннэрэр киһи, сыллата бэс ыйын саҥатыгар бастакы үүнүүтүн хомуйан, куораттан кэлбит сиэннэрин үөрэ көрсөр. Сиэннэр сайын устата эбээ сатабыллаах илиитинэн үүннэрбит арбуз, физалис, дьэдьэн, клубника курдук соҕуруу дойду астарын дуоһуйа амсайаллар. Бу күннэргэ сайыны көрсө сууйан-сотон, кырааскалаан бэлэмнээбит икки дьиэтин, үүнээйинэн толору тэлгэһэтигэр сөҕө махтайа көрөн, астыммыппын биллэрбиппэр Сусанна Анисимовна  тус санаатын маннык үллэстэр:

WhatsApp Image 2025 07 23 at 14.25.39

- Быйыл саас тымныы күннэр турдаллар да, оҕуруотум үүнүүтэ куһаҕана суох. Бастакы оҕурсуларбын бэс ыйын 18 күнүттэн амсайан барбыппыт. Ол курдук, бастакы үүнүүбүттэн ыалларбар, дьүөгэлэрбэр бэрсэн үөрдэрбин сөбүлүүбүн. Үлэм күнэ сарсыарда 5 чаастан саҕаланар, нэһилиэкпитигэр сайынын уу ситимэ тохтоло суох үлэлээн абыраата, киһи тугу баҕарар үөрэ-көтө олордуон сөп.

Былырыын сад дьэдьэнин элбэх сыллааҕы көрүҥүн ыһан, быйыл эбии олордон, от ыйыттан сиэннэрим сии сылдьаллар. Хаптаҕас, моонньоҕон буһан ситэн эрэллэр. Сиэннэрим улаатан көмө дьон буоллулар. Үүнээйи арааһын, көрүүтүн-истиитин билэн улаатан иһэллэриттэн үөрэбин, урут олордубут сэппэрээктэрин силигилээн үүнэн эрэллэрин  астына-дуоһуйа көрөбүн. Туох барыта үлэттэн тахсар. Бэйэ үүннэрбит оҕуруотун аһа ордук иҥэмтэлээх, доруобуйаҕа да туһата элбэх буоллаҕа. Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ сыһыара, үлэни таптыы иитэртэн ордук суох, кэлин бэйэлэрэ абыраныахтара. Бу бааһынабар үүнэр хортуоска, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ  кыһын   оҕолорбун  кытта саас ыам ыйыгар дылы харайан сиир бородууксуйабыт. Онон ахтылҕаннаах Хаҥаласпар кэлэн сайылаан, күөх быйаҥ үтүөтүн билэн, сиэннэрбинээн дуоһуйа сынньанарбыттан, үлэм түмүгүн астына көрөрбүттэн дьоллонобун, – диэн кини истиҥник сэһэргээтэ. 

Дьэ, итинник, “эбээ курдук түбүктээх, эбээ курдук үлэлээх ким да баарын билбэппин, кими сатаан эппэппин...” диэн ырыаҕа ылланарыныы дойдубут кылгас сайыныттан хас биирдии эбээ сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтик хардыылаһан олох уйгутун уһанса сылдьар.

WhatsApp Image 2025 07 23 at 14.25.43

Аҕам саастаах дьүөгэбит, олорон турбат хоһуун үлэлээх күндү Эбээ Сусанна, олоххо, үлэҕэ таптала,  хас биирдии күнү дьылҕа бэлэҕин курдук ылынан үлэлии-хамсыы сылдьара барыбытын үөрдэр, эдэр дьоҥҥо үтүө холобур буолар.

Мария Николаева. Ньурба, Хаҥалас.

Сэҥээриилэр

Аа5ааччы киьи
+2 Аа5ааччы киьи 24.07.2025 06:29
Итинник эбээлэр баалларын тухары сайын аайы дэриэбинэлэр о5о санатынан туола тураллара кунду. Эбээ5э доруобуйаны, уьу дьоллоох оло5у.
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар