Саха сиригэр баахта үлэтигэр саамай элбэх хамнаһы электрогазосварщиктар аахсаллар.
Саха сиригэр баахта үлэтигэр саамай элбэх хамнаһы туох идэлээх дьон аахсалларын, ордук ханнык идэлээх исписэлиистэр уонна оробуочайдар наадаларын бу күннэргэ “Авито Работа” эспиэрдэрэ быһаарбыттар.
Эспиэрдэр Саха сиригэр 2026 сыл бастакы кыбартаалын ырытан-анааран көрбүттэр. 2025 сыл тохсунньутун-кулун тутарын кытта тэҥнээтэххэ, 2026 сылга электрогазосварщик идэлээх үлэһиккэ наадыйыы 129%-нан элбээбит – икки төгүлтэн ордук. Ону сэргэ электромонтажниктарга (+24%) уонна силиэсэрдэргэ (+12%) ордук наадыйар буоллбуттар. Исписэлиистэр ону Саха сиригэр улахан бырайыактар олоххо киирэ туралларын кытта ситимнииллэр.
Саамай элбэх хамнаһы электрогазосварщиктар аахсаллар эбит. Холобур, оннук идэлээх үлэһиттэргэ наадыйар тэрилтэлэр ортотунан “ыйга 228 656 солкуобайы төлүүбүт” дииллэр. Ол былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 37%-нан улахан көрдөрүү. Электрогазосварщик тимири-турбаны сыбааркалыыр, мантаастыыр уонна араас оборудованиены өрөмүөннүүр.
Электромонтажниктарга ортотунан 184 778 солкуобайы төлүүбүт дииллэр (+32%). Кинилэр тутууга уонна оҥорон таһаарыыга уот ситимин тардаллар, көрөллөр-истэллэр.
Силиэсэрдэр ортотунан 156 913 солкуобайы аахсаллар (+33%). Силиэсэр идэлээх дьон бырамыысыланнай оборудованиены уонна мэхэньиичэскэй узеллы таҥаллар, өрөмүөннүүллэр уонна көрөллөр-истэллэр.
Уопсайынан, Уһук Илин федеральнай уокуругар баахта үлэтигэр саамай элбэх хамнаһы энэргиэтикэ эйгэтигэр үлэлээччилэр ылаллар – ортотунан 289 653 солкуобайы (кулун тутар туругунан). Ол кэннэ тыа хаһаайыстыбата кэлэр – 178 238 солкуобай, көстүүнэй биисинэһэ уонна туризм – 189 655 солкуобай.
