Соторутааҕыта Нам улууһугар хомондьуруопкаҕа тахса сылдьан, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчут Евдокия Гаврильеваҕа, норуокка биллэринэн, Сибэкки Дуунньаҕа сылдьан, тэлгэһэтин, тэпилииссэлэрин, сибэккилэрин, оҕуруотун аһын уонна, биллэн турар, аатырар Виноградтара үүнэн, силигилээн турарын илэ көрдүм-иһиттим.
– Виноградыҥ үүнэн турарын илэ көрүөхпүн баҕарбытым ыраатта.
– Винограды олордубутум 26 сыл буолла. Бастаан ыларбытыгар 2 эрэ угу ылбыппыт уонна дьааһыктарга олордубуппут. Сайынын тэпилииссэҕэ олордорбут. Кыһынын гарааска, боппуолдьаҕа кыстатарбыт. 6 сыл устата оннук үүннэрбиппит. Олордубуппут 5-с сылыгар бастакы аһын биэрбитэ. Ону “аһын биэрэр эбит” диэн наһаа үөрбүтүм, астыммытым. Онтон санаам көтөҕүллэн, өссө эбии сакаастаабытым. Бастаан олордорбор улахан уопутум суоҕа, кимтэн да сүбэ-ама ылбатым. Үйэбэр тыыннаах виноград үүнэн турарын харахтаан көрбөтөх киһи этим буоллаҕа.
6-с сылбар кэргэним бу көрөр тэпилииссэҕитин тутан биэрбитэ. Инньэ гынан манна 26 винограды олордубуппут. Виноград араас суорда баара – саһархай, кыһыл, араҕас, хара, халлаан күөх өҥнөөхтөр.
Бу көрөр виноградкыт – 26 саастаах кишмиш суорда, уҥуоҕа суох, минньигэс амтаннаах. Тэпилииссэ сырдаата да, олунньуга номнуо уһуктар. Уһугунна да – аһын биэрэн киирэн барар. Аһын биэрээри гыннаҕына, бастаан быыкаайык “икринкалар” көстөллөр. Ол көһүннэ да, үчүгэйдик аһатыахха уонна уулатыахха наада. Буора дэлби бадараан буолуор диэри уу кутуллар. Онтон “икринката” горуох саҕа буолуор диэри кыраам да уу аны кутуллубат. Ону тулуйбакка, уу кутан кэбистэххэ, сүүмэхтэрэ астарын түһэрэн кэбиһэр, оччоҕуна кураанах уктарын эрэ тутан хаалыахха сөп. Оннук буолбатын диэн, ууну сөпкө кутуохха наада. Манна саамай кылаабынайа – аһатыыта. Бастаан кыстыктан тахсан, сааска үктэммитин кэннэ аһатаҕын.
Тэпилииссэтэ да суох киһи винограды үүннэриэн сөп – боппуолдьаҕа, гарааска, о.д.а. Күһүн бастакы эдэр икки эрэ угун ыытаҕын, атыттары кырыйаҕын уонна кыстатаҕын. Иккис аһатыыта – ас кутан эрдэҕинэ. Һсүһүн астарын хомуйан баран, эмиэ үчүгэйдик аһатаҕын. Виноград оннук көрүллэр-истиллэр.
– Виноградыҥ аҕыйаабыт курдук дии.
– Кэргэним ыалдьан, 3 сыллааҕыта барбыта. Ол кэнниттэн “көрүүтүн-истиитин кыайыам суоҕа, бу тэпилииссэбин тохтотор эбиппин” диэммин, виноградтарбын бүтүннүү түөрэммин, дьоҥҥо биэртэлээбитим. Ону дьон: “Хайдах буоллуҥ? Саамай “фишкаҕын” суох гынаҕын дуо? Хааллар”, – диэбиттэрэ. “Кырдьык даҕаны, бачча үлүгэр олордон кэлэн баран, чэ, ситэри олордор эбиппин”, – диэммин, салгыы олордон барбытым.
Билигин 26 саастаах икки кырдьаҕас виноград, биир эдэр ук баар. Онон барыта холбоон 3 виноград уктаахпын. Билигин бакаа “кишмиш” суорда эрэ баар. Салгыы, саатар, 10-ча угу олордубут киһи диэн баҕа санаалаахпын. "Столовая“ суортары олордуом – от күөх, араҕас, маҥан. Бу суортар наһаа минньигэстэр.
– Бу олордулла илик саҥа виноградтар тураллар дуо?
– Саҥа 3 саастаах уктар атыыга тураллар. Бастаан кэлэллэригэр номнуо астаах этилэр. Ону барытын быһыталаан кэбиспитим. Эһиилигэр астанаары гыннахтарына, бастаан аһын ылан кэбиһиллиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, виноград силиһин үчүгэйдик сайыннаран эрэ баран, аһын кутуохтаах. Силиһэ сайда илигинэ винограды аһыгар ымсыыран ыллахха, хачаайы буолар, үчүгэйдик үүммэт. Онон улахан иһиккэ олордон, силиһин үчүгэйдик сайыннарыахха наада.
– Евдокия Степановна, винограды хайдах олордобунуй?
– Эн кыһыҥҥы тэпилииссэҥ суох буоллаҕына – гарааска, боппуолдьаҕа эбэтэр хотоҥҥо туруораҕын. Онно, биллэн турар, сиргэ олордубаккын. Ол иһин эдэр винограды 25 лиитирэлээх иһиккэ олордуоххун сөп – биэдэрэҕэ, мас хоппоҕо уонна гарааска киллэрэн ууран кэбиһэҕин. Ол эрээри аан аһыллар-сабыллар, үлүйэр сиргэ буолбакка, аантан тэйиччи түгэх соҕус сиргэ ууруохха наада.
– Оччотугар таһырдьа буолбакка, тэпилииссэ иһигэр эрэ олордуллар буоллаҕа.
– Салгыҥҥа үүнүөн сөп. Тиэргэҥҥэ үүнэн турдаҕына, оҕо-уруу кэлэн, сии сылдьыа дии. Ол эрэ инниттэн тэпилииссэ иһигэр үүннэриллэр. Ол эрээри таһырдьа кыайан кыстаабат. Оттон бу билигин тэпилииссэ иһигэр үүннэриллибит винограды көрөҕүн. Бу манна кыстыыр.
– Помудуоруҥ арааһа элбэҕин...
– Арассыыйа кэллиэксийэһиттэрин кытары билсэн, өлгөм астаах, минньигэс амтаннаах, эттээх помудуордары олордобун. Сырыы аайы бэйэлэриттэн сиэмэлэрин ылабын. Олордобун, арассаадалыыбын, дьоҥҥо тарҕатабын. Улуустартан эрэ буолбакка, атын эрэгийиэннэр эмиэ сакаастыыллар. Быйыл помудуорум тэпилииссэтигэр Испирдиэн Шамаев, “капельный полив” оҥорон биэрэн, сүрдээҕин абыранным. Онуоха диэри илиибинэн кутар этим.
Бу тэпилииссэҕэ 40-ча помудуор араас суорда олордуллубута. Урукку сылларга наар биир суорду сөбүлээн олордорум. Билигин черрилэр, орто, бөдөҥ астаахтар бааллар. Бары амтаннара наһаа минньигэс, оннооҕор фрукта амтаннаах помудуордар эмиэ бааллар. Холобура, бу “саммерсан” диэн абрикос амтаннаах помудуору көрөҕүт. Уга үөһээҥҥэ диэри тохтообокко үүнэн бара турар. Тэпилииссэҕэ күһүн кэллэххитинэ, барыта кып-кыһыл помудуор буолаллар. Тэпилииссэ – 7х9 иэннээх. Оттон виноград үүнэр тэпилииссэтэ – 16х5, оҕурсум тэпилииссэтэ – 28х8 иэннээх. Тэпилииссэбэр, үүнээйилэрбэр сыл устата өрөөбөккө кэриэтэ үлэлиибин диэххэ сөп. Ылбыт оҕуруотум астарын сиэмэлэрин сакаастаабыт дьоммор тарҕатабын.
Бэйэм нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталабын. 10 сыл учууталлаан баран, доруобуйам туругунан үлэбиттэн тохтообутум. Дьиэҕэ олорбутум. Онтон кэлин дьарыкпын сибэккиттэн саҕалаабытым. 16 сыл кэриҥэ дьарыктаммытым. Быйыл 10 сыл буолла кыра кыыспар биэрбитим. Грант ыламмын, оҕурсу олордуутугар дьарыктанабын.
– Грант туһунан кэпсиэҥ дуу...
– 2 мөлүйүөн 700 тыһыынчалаах грант ылбытым. Оҕурсу 300 угун олордон дьарыктаммытым быйыл 5-с сыла. “НЕВА” диэн өлгөм астаах, аһыыта суох суорт. Бу оҕурсу 15 миэтэрэ уһуур. Ону 4 хоно-хоно аллара түһэр да түһэр, таһаар да таһаар буолабын. Ол аата, 300 угу 300 төгүл үөһэ таһаарыаххын, 300 төгүл аллара түһэриэххин наада.
“Сибэкки сиккиэрэ” диэн бэйэм сүбэлэрбинэн бастакы кинигэбин таһааран турабын. “Кыыс куо, Далбар хотун энциклопедия” кинигэҕэ хос ааптар быһыытынан кыттыбытым. Онно мин элбэх сүбэлэрим киирэн тураллар.
Сибэкки оранжереятыгар...
“Ленские столбы” матыыбынан остуолбалаан оҥорбут оранжереятын иһигэр киирэбит. Манна үксэ декоративнай, элбэх сыллаах үүнээйилэр олордуллубуттар. Аттыларыгар араас кыыл-сүөл фигуралара тураллара, остуоруйа эйгэтин санатар.
“Быйыл күтүөтүм табаарыһынаан наһаа үчүгэй “Домик для цветов” диэн сибэкки бэсиэккэтин тутан биэрбитэ. Сайын күн уота наһаа күүстээх буолан, сибэккилэри олох быһыта сиэн кэбиһээччи. Оруосалары, гортензиялары, жасминнары, о.д.а. Сэбирдэхтэрэ дэлби саһаран хаалааччылар. Ол иһин күн сыралҕаныттан бу беседкам үүнээйилэрбин харыстыыр. Быйыл дьиэ иһигэр үүнэр декоративнай үүнээйилэри туруортаатым.
Күһүн сорох үүнээйилэрбин быһаттаан баран, виноградым үүнэр тэпилииссэтигэр угааччыбын.
Бу көрөр сибэккиҥ кыра оруосабай уонна араҕас өҥнөрдөөх сэбирдэхтээх “Радуга Вьетнама” диэн киэҥник биллэр колеус ампельнай суорда. Кини декоративнай сэбирдэхтээх үүнээйилэр ахсааннарыгар киирсэр кашпоҕа үүннэриллэр үүнээйи. Бастаан кыра отуруостак эрэ этэ. Тохсунньу бүтүүтэ олордубутум. Билигин бу сүүнэ улахан буола улаатта. Көрөргө наһаа кырасыабай. Биир миэтэрэ үрдүктээх, биир миэтэрэ кэтиттээх буола лаглайа улаатта. Ону сороҕун өссө быһан халыып гына үүннэрдим.
Гортензиялар, жасминнар сибэккилээн бүппүттэрэ, сибэкки бөҕөтүн биэрбиттэрэ. Күһүөрү өссө саӨа сибэккилэр тахсыахтаахтар. Хоста диэн элбэх сыллаах үүнээйи, улахан кырасыабай сэбирдэхтээх, хаппырыыһа суох күлүк сиргэ да үүнэр үүнээйи. Будра араас көрүҥэ баар, элбэх сыллаах эмтээх үүнээйи. Ипомея лобата элбэх көрүҥэ баар уонна кылгас кэмӨэ хойуутук үүнэр сэбирдэхтээх үүнээйи”, – диэн оранжереятын кэритэ сылдьан Евдокия Степановна хас биирдии үүнээйитин көрдөрөр, кэпсиир.
Быыһыгар аккумуляторынан ыстарар тэрили ылбытын үлэлэтэн көрдөрөр. Хата сүрдээх туһалаах, интэриэһинэй тэрил эбитин сэҥээрэ көрөбүн. “Маны хачайдаан эрэйдэммэккин. Хас даҕаны ыстарар позициялаах. Ону уларыта сылдьаҥҥын үөһэттэн, аллараттан, ойоҕоһуттан бары ыстараҕын. Тэлгэһэҕэр үүнэр хатыҥнары, моонньоҕону, дьиэ сибэккилэрин барытын ыстараҕын. 10 лиитирэ уу киирэр. Маннык ыстараҥҥын эмтиэххин да сөп, аһатаҕын даҕаны. Аккумуляторынан иитиллэр, сүгэ сылдьаҕын онон киһи сылайбат. Билэрбит курдук, үүнээйи бары сэбирдэҕинэн аһыыр.
“Эйигин утумнаан сибэкки, виноград үүннэриэн баҕалаах дьоннооххун дуу?” – диэн ыйытыкпар, Евдокия Степановна “Сиэним Никита сибэкки, дьэдьэн олордон, сэҥээрэр этэ. Билигин улаатан, интэриэһэ кэҥээн, чугаһаабат”.
Араас улуустары кэрийэ сылдьаммын, маастар-кылаас ыытабын. 2019 сыллаахха диэри Ньурбанан, Сунтаарынан, Бүлүүнэн, Үөһээ Бүлүүнэн, Горнайынан сылдьыталаабытым. Онтон билигин чугас сытар улуустарга мэлдьи барабын – Аммаҕа, Тааттаҕа, Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка.
Модукка олорор оҕуруотчут Испирдиэн Шамаевтыын былырыыҥҥыттан ыкса билсэбит. Кини миэхэ сүбэлиир, мин киниэхэ сүбэлиибин. Бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, толорсон биэрэбит.
Сарбыллыбыт помудуордар
Помудуору суордуттан уонна ханна олордуллубутуттан тутулуга суох (тэпилииссэҕэ, таһырдьа аһаҕас буорга буоллун) хос салаа лабааланна (пасынок) даҕаны бу күннэргэ от ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйын бастакы чыыһылатыгар сарбыйар ордук. Инньэ гымматахха, сибэккитин таһаара-таһаара, үөһэ диэки үүнэ-үүнэ туруоҕа. Аһын кутарыгар помудуорга элбэх кыах, сэниэ наада. Кини эниэргийэтэ ити хаалбыт сибэккилэрэ ас буолан тахсалларыгар эрэ туһаныллыахтаах. Дьэ, ити иһин мин помудуор саамай уһук, үөһээ төбөтүн быһабын, онон салгыы үүнэрин тохтотобун.
Билигин саҥа тахсар сибэккилэр этэҥҥэ турдахтарына, суортарыттан тутулуктанан, 30–45 хонугунан ас буолуохтара. Манна биири чопчу өйдүүр наада: күһүөрү, балаҕан ыйын бастакы нэдиэлэтигэр, сорох сылларга хаһыҥ эрдэ түһээччи, онтон салгыы ый устата халлаан сылаас турааччы. Дьэ, ол хаһыӨы биһиги мүччү көтөн, бу саҥа тахсыбыт сибэккилэрбит ас буолалларын хааччыйыахтаахпыт. Хаһыҥ, сүрүннээн, таһырдьа үүнэн турар помудуордарга кутталы оҥоруоҕа. Мин урут түүн 3–5 чааска туран түптэлиир, онон-манан бүрүйтэлиир этим. Таһырдьа үүнэр помудуордар үрдүк буолбаттар, ол иһин сабарга табыгастаахтар. Билигин бүрүйэргэ араас сабыы элбэх. Онон аҕыйах хонуктаах хаһыҥы хайдах эмэ гынан мүччү көтүөххэ сөп.
Сыгынньах помудуордар
Күһүөрү барыларын сыгынньахтаан кэбиһэбин. Ол аата, тугуй? Күһүөрү сэбирдэхтэрэ саас-сайын курдук помудуору аһаппаттар итиэннэ баччааҥҥа диэри аһатан ахан кэлбит сэбирдэхтэр, саһаран, кубарыйа хатан биэрэллэрэ туох да суох буолар. Дьэ, ол иһин туох баар сэбирдэҕин быһыталаан ылабын, оччоҕо буортан ылар иҥэмтэлээх эттиктэринэн толору хааччылланнар, помудуордарым өлгөм үүнүүнү биэрэллэр. Угар кытараллар.
Ньурба Антоновкатын биллэр оҕуруотчута Агафья Тарасова сүбэтинэн, помудуордары умнаһыттан ылан, силиһиттэн бэрт кыратык арахсарын курдук, сэрэнэн тардыллар. Оччоҕуна эмиэ угар туран кытарар эбит. Кып-кыһыл уонна бөп-бөдөҥ помудуору хомуйабын. Эһиги эмиэ боруобалаан көрүҥ, бэйэҕит илэ көрөн итэҕэйиҥ. Өйдөөҥ: угар туран сиппит, буспут помудуор амтана ураты минньигэс буолар.
Помудуор өлгөм аһы биэрэр кистэлэҥэ
Оҕуруотчуттарга эһиилгигэ учуоттуулларыгар анаан, помудуор аһын эрдэ уонна өлгөмнүк биэрэр кистэлэҥин эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбар, билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Мин эрдэ сииргэ анаан арассаадалаабыт помудуорум бэс ыйын бастакы дэкээдэтэ бүтүүтэ аһын биэрэр. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Бу ньыманы миэхэ бастаан оҕуруотчут дьүөгэм Дария Нелунова көрдөрбүтэ. Тэпилииссэбэр анааммын, обургу иһиккэ уонча атаҕы туспа кулун тутар саӨатыгар арассаадалыыбын. Улаата түспүттэрин кэннэ, үс хонукка ууну куппакка, аччыктатан баран, арыый улахан иһиккэ көһөрөбүн, төрдүнэн эрийэн, буортан төбөтө эрэ быгыар диэри олордобун. Төбөлөрүттэн хаһан даҕаны быспаппын. Ол кэриэтин төһө даҕаны уһаатыннар, улааттаҕын аайы төрдүлэринэн эрийэбин. Аччыктаттахха, помудуор умнаһа сымнаан хаалар, киһи хайа талбыт эргитэр, оттон тот умнас кыайан эриллибэт, тостон хаалар. Көһөрөн баран арассаадаларбын 2–3 хонукка күлүк сиргэ туруорабын. Ити курдук тэпилииссэҕэ таһаарыахпар диэри үстэ улахантан улахан иһиккэ көһөрөбүн. Олохтоох сиригэр эмиэ төбөтө эрэ быгарын курдук эрийэн олордобун.
Бу арассаадаларым модьу-таҕа уктаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх буола үүнэллэр, астарын атыттардааҕар быдан эрдэ биэрэллэр. Манна кистэлэҥэ судургу: көнөтүк олордуллубут помудуор буортан утаҕы уонна араас иҥэмтэлээх эттиги биир эрэ туочуканан ылар, оттон эрийэ олорбут үүнээйи сиргэ хас эмэ уонунан сэнтимиэтиринэн сыстан сытар буолан, күүһү-уоҕу соччо төгүл элбэҕи иҥэринэр. Күһүн хостоон көрдөхпүнэ, бүтүннүү суон силис буолан тоһуйар. Онон помудуору буорга эрийэн олордор быдан ордук.
Өссө түргэнник ас кутар ньыма: сарсыарда тэпилииссэҕэ киирэ-тахса үнүгэстэри кыратык сахсыйан биэрэ сылдьыы буолар. Ити куоппаһырдарга көмөлөһөр, тэпилииссэҕэ куоппаһырдар үөн-көйүүр таһырдьа курдук элбэх буолбатах.
Оҕурсу
Бары бэркэ сөбүлүүр оҕурсубут сайын хайдах үүнэрэ, төһө аһы биэрэрэ бастакыттан хайдах дьаһайан олордортон тутулуктаах. Холобур, тымныы, ситэ ирэ илик буорга олортоххо, хайа да бэйэлээх сиэмэ, арассаада тоҥоннор, хачаайы баҕайы буолаллар. Араас ыарыыга бэринимтиэ буолуу эмиэ итинтэн саҕаланар. Онон тэпилииссэни үчүгэйдик сылытан, буорун ириэрэн эрэ баран оҕурсуну олордуллар.
Былырыыҥҥы буорга хаһан да үүннэриллибэт, буору эбэн, саҥардан иһиэххэ наада. Манна саха уолаттара оҥорбут биоорганическай уоҕурдуулара олус туһалаах. Алдан уола Альберт Ефремов почваны үүнүүлээх, быйаҥнаах оҥорор, иҥэмтэлээх, элбэх туһалаах микроорганизмнарынан байытар “Күн күүһэ” диэн убаҕас уоҕурдуу оҥорбута. Константин Кривошапкин «Сигорост» диэн элбэх фосфордаах, калийдаах, кальцийдаах, магнийдаах майаҕастыҥы балыктартан эмиэ уоҕурдуу оҥорбута. Бу икки уоҕурдууну саас буорга булкуйан, почваны тупсаран биэриэххэ наада.
“Былырыын ас бөҕөтүн куппута, быйыл да олордуом” диир төрүт сыыһа
Дьиҥинэн, оҕуруоту сыллата атастаһыннара сылдьан олордуллуохтаах эрээри, биһиэхэ тала сылдьар элбэх тэпилииссэбит суоҕа өйдөнөр. Инньэ гынан буорбутун тупсаран, эбэн биэрэбит. Оҕурсу арассаадата наһаа уһун, улахан баҕайы буолуо суохтаах, төһөнөн кыракый эбэтэр эдэр, кини тэпилииссэҕэ дөбөҥнүк ылсан үүнэр. Уһатан баран олордуллубут арассаада ыарыыланар. Оҕурсуну хас нэдиэлэ ахсын эбии аһатыллар, аһатыах иннинэ хайаан да ууну дэлэччи кутуллар. Бастаан ото элбииригэр азоттааҕы аһатабыт. Азот ноһуомҥа, ынах иигэр-сааҕар дэлэй.
Сайын ортотуттан атын эбиилигинэн аһатыллар, тоҕо диэтэххэ, күүһэ аһыгар буолбакка, сэбирдэҕэр баран хаалыа. Тойон ыҥырыанан куоппаһырар суорду партенокарпиктары кытары бииргэ олордуллубат, үүнүүлэрэ мөлтүүр. Аһын наһаа улаатыннарбакка быһан иһиллэр, улааппыт оҕурсу саҥа үүнээччилэр астарын былдьаан сиир.
Оҕурсуну саамай чаастатык, нэдиэлэ аайы биирдэ аһатыллар. Уоҕурдуу суох түбэлтэтигэр биэдэрэлээх ууга 30 хааппыла дьуоту, 1 лиитирэ үүтү уонна кыһыллыбыт 72 %-наах хаһаайыстыбаннай мыыланы булкуйан, суурадаһын оҥорон кутуллар. Мыылалаах буоллаҕына, ыстарар араас көөнньөһүк сэбирдэххэ үчүгэйдик сыстар, иҥэринэр.
Биир лиитирэ ууга бухааҥка килиэби илдьиритэн, 2–3 хааппыла 5% дьуоту кутан хонноруллар. Сарсыныгар биир биэдэрэ ууга суурайан, ыйга икки төгүл силиһигэр куттахха, оҕурсу да, биэрэс да күһүҥҥэ диэри күп-күөх чэлгийэн туруохтара.
Сорох ук астаммакка сибэккинэн көрөн турар идэлээх. Оччотугар үүттээх, саахардаах уоҕурдуунан аһатыллар: биэдэрэлээх ууга 2 лиитирэ сүүрдүллүбүт “күөх үүт” абырааты, 1,5 ыстакаан саахары суурайан кутуллар. Аҕыйах хонугунан ас бөҕөтө бытыгырыа. Аһын кутарыгар биэстии хоно-хоно, 0,5 лиитирэ бурданы кутар көмөлөөх.
Быһан, соһутан...
Сиппэтэх сиэмэ үксүгэр кураанах сибэккилэнэр. Ону түөрэн ылан, саҥа угу олордорго бириэмэ күүппэт. Боппуруоһу икки ньыманан быһаарыллар.
Бастакытынан, биэс-алта сэбирдэх кэнниттэн угун төбөтүн быһан кэбиһиллэр. Оччотугар ойоҕос сэбирдэхтэр үүнэллэр, олорго тыһы сибэккилэр тахсан ас куталлар. Иккиһинэн, куурда-хатара түһэн баран, ууну дэлэччи соҕус кутан, лиитирэ кэриҥэ борнай кислота суурадаһынынан (10 лиитирэ ууга 1 кыра нь. булкуйан) аһатан биэрдэххэ, истириэс ылан, айылгытын быһыытынан төрүү охсоору ас кутар сибэккилэр тахсаллар.
Сэбирдэх саһарда. Ол аата....
Ити сырдык тиийбэтин кэпсиир. Оҕурсу тэпилииссэ иһигэр наһаа хойуу гына олордуллан, күлүктэһэн күн уота ситэ көрбөт буоллаҕына саһарар. Оччотугар сэбирдэхтэриттэн көҕүрэтиллэр. Ити эрээри алларааҥҥы сэбирдэх саһарара куттала суох, кырдьан саһарар. Уута олус кутуллубут, төттөрүтүн, тиийбэт буоллаҕына, эмиэ саһарар. Оҕурсуга ууну итиигэ күн аайы сарсыарда кутар ордук эрээри, дьон барыта киэһэ тэпилииссэҕэ туран сылыйбыт ууну куталлар. Сөрүүн кэмҥэ ууну күн өрүү-өрүү кутуохха сөп. Онуоха сэрэниллэр: бүтүн биэдэрэнэн халыс гына ыстахха, үөһээҥҥи силистэрэ тахсан кэлиэхтэрэ, онтон сылтаан сэбирдэхтэрэ уонна ситэн эрэр астара хатыахтара, токуруһуохтара. Силиһэ үөһэнэн буолан, сөрүүн сайыҥҥа силистэрэ сытыйан, тоӨон эмиэ саһарааччы. Ол иһин сөрүүн уонна ардахтаах кэмҥэ ууну кэмчилээн кутар ордук. Тэллэй ыарыыта буллаҕына, эмиэ саһарар, тирээпкэ курдук ньалбайан хаалар.
“Хара атах”
Оҕурсу адьас төрдүгэр ууну кутумаҥ, арыый тэйэ түһэн кутар ордук. Оччоҕо “хара атах” ыарыыга ылларбат. Ууну үүнээйилэр икки ардыларынан кутар ордук. Аһара элбэҕи кутартан эбэтэр халлаан наһаа тымныйан баран эмискэ итийдэҕинэ, оҕурсу хортуоппуй курдук маннык ыарыыга ылларар. Саһаран эрэр сэбирдэхтэр сүрүн тымырдарын уһаты холбоччу тардаллар, умнас ньалбайар, ук төрдө хараарар. Оччоҕо оҕурсу умнаһыгар, атаҕар уонна буоругар испиэскэни, мас күлүн таммалатыллар. Сииктээх буору хастаан ылан, кураанах буору эбиллэр. Буору куруук көбүтэ, салгыны киллэрэн биэрэ сылдьар ордук.
Бэйэ аһыыр аһыгар экология өттүнэн куттала суох ньыманы туттар ордук: 2 ыстакаан күлү оргуйбут итии ууга 6 чаас көөнньөрөн, биэдэрэлээх ууга кутан, суурадаһын оҥорон үүнээйигэ да ыстарыллар, буоругар да кутуллар. Эмиэ помудуор курдук, уу кутаат, буорун отунан саптахха, сиигэ көппөт, сыыс от тахсыбат, ыарыы буулаабат, сабыы ото сытыйан, бэртээхэй уоҕурдуу буолар.
Киһи сыл аайы бэйэтин алҕаһыгар олоҕуран, бэйэ-бэйэттэн үөрэнэн, тупсан, сайдан, билэрэ-көрөрө кэҥээн иһэр. Ол курдук мин эмиэ кыра-кыралаан үүнээйини көрөр-истэр ньымам бириэмэ аастаҕын аайы уларыйан иһэр.
Саргылаана БАГЫНАНОВА,
Дьокуускай – Нам – Дьокуускай.
Хаартыска: Е. Гаврильева архыыбыттан.





