“Уһук Илиҥҥи гектар” бырагыраама 2016 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр саҕаламмыта. Онтон ыла лоп курдук 10 сыл ааста. Бырагыраама хайдах үлэлиирий? Ол туһунан чунуобунньуктардыын буолбакка, гектар ылан, баһылыы сылдьар киһини кытта кэпсэтэбит. Билсиҥ – “Кэҥкэмэ” Агломерация көҕүлээччитэ, “НМ” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Олег Пермяков.
– Олег, эн хас сыллаахха гектаргын ылбыккыный?
– Мин бастаан бырагыраама саҕаланаатын кытта, 2016 сыллаахха хас да сиргэ гектар ыла сатаабытым. Орто Дойду зоопарка утары сир ылыахха сөп диэн этэ да – аккаастаабыттара. Хаҥаластар арааһа, “ханнык эрэ туора киһи ыла сатыыр” диэтэхтэрэ буолуо. Билигин онно кафе бөҕөтө тутуллан турар, баҕар, онно сир ылбытым буоллар, хаһаайын мин буолуом эбитэ буолуо (күлэр – НГ.) Ол да буоллар, санаабын түһэрбэккэ, ханнык төрүөтүнэн аккаастыылларын, ханнык сиргэ биэриэхтэрин сөбүн, ханнык сиргэ биэрбэттэрин үөрэтэн көрбүтүм.
Тохтуу түһэн баран, 2023 с. эмиэ сайабылыанньа биэрбитим. Ол мин уруккуттан билэр, сылдьар сирим этэ. Бүлүүлүүр аартыгынан баар, аҕыйах ахсааннаах норуоттар общиналарын бултуур сирдэрэ (охотугодья), онно лиссиэнсийэ ылан, бултуур этим, сороҕор дьоммун кытта сир астыы, сынньана, похуоттуу тахсарбыт. Ол сиргэ ылар эбиппин диэн, онно сайабылыанньа биэрбитим уонна бастакы гектарбын ону ылбытым. Ол онно дьиэ туттубутум, бас билиигэ ылбытым. Бастакыгын ылбыт, баһылаабыт буоллаххына – иккис гектаргын эмиэ ылар кыахтанаҕын. Инньэ гынан, иккистээн эмиэ ылбытым.
– “Гектардаахтар” уопсай түмсүүлээхтэр диэн истибитим...
– Бу бырагыраама 2016 с. киирбитэ, ол сыллар тухары элбэх киһи ылла. Дьокуускайтан чугас, Покровскайдыыр аартык өттүгэр, Намныыр суолга барыта сабыылаах, онно гектар биэрбэттэр. Бүлүүлүүр суолга 29 км диэри куорат сирэ буолан эмиэ барыта сабыылаах. Онтон 29 км салгыы, Горнай сиригэр диэри Дьокуускай сирэ-уота барыта гектарга бэриллэн турар. Биһиги Бүлүүлүүр суол диэки гектардаах 169 киһи социальнай ситимҥэ баарбыт. Учаастактарбыт килэмиэтирэнэн араас сиргэ сыталлар.
Ол эрээри бу саамай көхтөөх, актыыбынай, тугу да көрөн турбакка, ким эрэ көмөлөһүө диэн күүппэккэ, барытын олоххо киллэрэн иһэр дьон. Гектар дьону түмэр – биһиги билсэн, көмөлөөн туруорсарга, аахсарга, сүбэлэһэргэ, уопсай кыһалҕалары биир түмсүү аатыттан туруорсар хаһан баҕарар ордук диэн санааҕа кэлбиппит. Онон, уопсай мунньаҕынан “Кэҥкэмэ” диэн агломерацияны тэрийбиппит. Кэтээн көрөр сэбиэт (Наблюдательный совет) талбыппыт. “Арыый сыһыаннаах киһигин” диэн миигин уопсай мунньаҕынан, бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.
Бэйэм хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлээх буоламмын, дьоҥҥо бу наадалаах эбит диэн, гектар ылааччыларга докумуоннарын оҥорууга, сир булан биэриигэ, хайдах бас билиигэ ыларга дьоҥҥо көмөлөһөр өҥөнү оҥо-робун. Бэрэссэдээтэлинэн талбыттарын кэннэ, билии наада эбит диэн, Уһук Илиҥҥи федеральнай университекка гектары баһылыырга аналлаах үөрэххэ үөрэнэн, диплом ылбытым. Инньэ гынан, атын Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэри, “Арктика” диэн түмсүү нөҥүө Мурманскай, Карелия курдук эҥээрдэри кытта билсэ олоробут, ханна туох хайдах кыһалҕалаахтарын, туох уопуттаахтарын атастаһабыт. Саха сириттэн мин онно бэрэстэбиитэл курдукпун.
– Бастаан гектар ыларгар туох баҕа санаалаах этигиний?
– Холобур, мин дьон гектар ыларыгар өҥөнү оҥоробун диибин дии. Онно киниттэн булгуччу ыйытабын: “Эн бу сиргэ тугу гыныам диэн баҕа санаалааххын, тугу көрөҕүн, туох сыаллааххын-соруктааххын?” – диэн. Дьэ онтон: “Эйиэхэ бу маннык сир сөп түбэһиэн сөп эбит”, – диэн уопсай быраабыла хайдаҕын, бас билиигэ ылар наада дуу, арендаҕа дуу диэн, хайдах сиргэ ылар үчүгэйин, ханна табыллыа суоҕун, гектары баһылааччылар туох кыһалҕалары көрсөллөрүн быһааран биэрэбин.
Мин уруккуттан сылдьар, билэр сирбэр ыллаҕым дии. Ол сиргэ элбэх киһи ылбыт этэ. Хата, мин учаастагым кэтэһэн турбут курдук, аһаҕас буолан биэрбитэ. Ону үөрэ-көтө ыллаҕым дии. Бастаан мин турбаза курдук тэриниэххэ сөбө дуу дии саныыр этим. Онтон “бэйэм сынньана тахсарым ордук эбит” дии санааҕа кэлбитим. Мин эрдэттэн даҕаны ылыахтаах учаастакпын кимиэхэ эрэ харчыга кэлэн түһэ сытан арыгылыыр, аһыыр-сиир миэстэ курдук атыылыыр сыалым-соругум суоҕа.
– Оттон аттынааҕы гектардаах дьон тугу гынан эрэрий?
– Эппитим курдук, Дьокуускайтан чугас ити Бүлүүлүүр эрэ аартык тула баар сирдэргэ гектарынан сирдэр бэриллибиттэрэ. Кэҥкэмэ үрэххэ, 46 км чаас аҥаарынан тиийиэххэ сөп. Суола аспаал, онон тыргыллан сытар. Айылҕата олус үчүгэй, салгынныын баҕастыын ыраас, киһи эрэ астынар. өлүөнэ өрүһү таһынан чугастыы үрэх Кэҥкэмэ эрэ баар. Экология өттүнэн, билиҥҥи туругунан, олох ыраас сытар. Ол тула ылбыт сорох дьон “Турбаза арыйыахпыт” эҥин дииллэр. Ону сорох дьон: “Бачча үчүгэй айылҕаны тэпсилгэн оҥотторор, күүлэй дьоно кэлэ-кэлэ бырааһынньыктыыр, арыгылыыр сирэ оҥосторо наадата суох”, – дииллэр. Онон, гектары баһылааччыларга араас санаалаах дьон баар. Гектардарыгар эмиэ араас хайысханы олоххо киллэрэ сылдьар дьон баар.
– Гектары ылбыт дьон саамай кыһалҕалара тугуй?
– Мин санаабар, туох даҕаны улахан кыһалҕа суох. Төттөрүтүн, барыта судургутутуллан турар. Холобур, куорат таһыгар чааһынай дьиэ туттаары гыннаххына, эн сиргин баҕар, көҥүллүөхтэрэ суоҕа, баҕар, туох эрэ арааһынай моһуоктар баар буолуохтара. Уоккун тардыахтара суоҕа, киирэр суола суох буолуо, о.д.а. Куорат иһигэр сири ыларга, онно тугу эрэ туттарарга харгыһа быдан элбэх буолар. Оттон Уһук Илиҥҥи гектары сайабылыанньа биэрдиҥ да ылаҕын, оннооҕор ИЖС даҕаны оҥорон биэрэллэр. Куорат иһигэр уонча суотайдаах буоллаххына, улахан сирдээхпин дэнэҕин. Оттон гектар диэн, сүүсчэкэ суотай буоллаҕа. Ону судаарыстыба эһиэхэ босхо биэрэр.
Өскөтүн дьиэ туттуоххун баҕарар буоллаххына, уһук илиҥҥи ипотека биэриэхтэрин сөп. Холобур, куорат кытыытыгар биэрэллэригэр эдэр учуутал дуу, быраас дуу, эдэр ыал дуу буолуохтааххын. Оттон гектар ылбыт дьоҥҥо, онтон тутулуга суох. Гектардаах буоллуҥ да, эйиэхэ Уһук Илиҥҥи ипотеканы биэрэллэр. Уһук Илиҥҥи гектар ылбыт буоллаххына, эйиэхэ түргэтитиллибит бэрээдэгинэн бас билиигэ биэрэллэр. Онон, барыта итинник судургутутуллан турар.
– Оттон инфраструктура ситимин тардыыга уустуктар бааллар буолбатах дуо?
– Дьон тоҕо гектары ыларый? Куораттан сынньанаары. Аныгы тэтимнээх олоххо, ордук куорат олохтоохторо таас дьиэ түөрт эркинигэр хаайтаран, айылҕаттан тэйэллэр. Оттон гектарга, тыаҕа эн айылҕаны кытта алтыһа тахсаҕын. Саха киһитэ айылҕа оҕото буолан, бу бырагыраама киниэхэ анаммыт курдук. Онно тахсан, көй салгынынан тыынан, тугу эрэ үлэлээн, хамнанан-имнэнэн аҕыйах даҕаны күҥҥэ айылҕаттан сэниэ, күүс бөҕө ылар. Ол да иһин, сорох дьон инфраструктура өттүнэн, “уота-сибээһэ суох олорбуппут ордук” диэн этэллэр. Куорат кытыытыгар даачаларга гаас даҕаны, уот даҕаны баар, тэлэбиисэр көрүөххэ сөп. Оттон айылҕа диэн букатын атын. Биллэн турар, уот баарын сириэ суох этибит. Оттон гааска олох даҕаны наадыйбаппыт: ким эрэ көмүлүөк, ким эрэ нуучча, ким эрэ тимир оһохтоох – оһох уота, сылааһа диэн олох атын буоллаҕа.
Онон сорох гектар баһылааччылар “Аҕыйах сылынан биһиги манна хаһан эрэ тыытыллыбатах айылҕалаах этэ”, – диэн оҕолорбутугар кэпсиэхпит, сотору дэриэбинэ курдук буолан хаалара буолуо”, – диэн хомойон этэллэр. Ити диэки 1,5 тыһыынчаттан тахса киһи гектар ылбыт буоллаҕына, оннук буолуо буоллаҕа. Билигин сир бүтэ илигинэ диэн бары даҕаны гектар ыла сатыыллар. Сорохтор 5 сыл иһигэр тугу эрэ туттан, ол сирдэрин баһылыыллар. Буолунай баһыламматах сирдэр син-биир бааллар. Оннук сирдэри төттөрү ылан, атын дьоҥҥо бэриллэллэр. Оттон ким эрэ хойутуу ылаары гыммыта, сир бүппүт буолуо.
Ити 29 км диэри элбэх оҕолоохторго сир бөҕөтүн биэрбиттэрэ. Онон оскуола, дьыссаат эҥин генбылааҥҥа номнуо киирэн турар. Сотору кэминэн уот ситимин тардыахтара турдаҕа – ГРЭС-2 итинэн баар дии. Гаас эмиэ Бүлүүлүүр суолунан кэлиэҕэ. Онон, баҕар-баҕарыма, син биир хаһан эрэ итинэн дэриэбинэ буолуо. Оттон биһиги, гектардаах дьон, ону быар куустан күүтэн олорбокко, бэйэбитин биллэриэхтээхпит дии саныыбын.
– Аһара бас-баттах тутууну ыытыы, экология сокуонун кэһии тахсар буоллаҕына, ону эмиэ көрөр буоллаххыт?
– Итини барытын СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ, Дьокуускайдааҕы лесничество кыраҕытык көрөн олороллор, эн биир маһы да кыайан кэрдибэккин. Барытын дуогабар түһэрсэн, көҥүл ылан биирдэ кэрдэҕин. Мээнэ дьаама хаһан, сири-уоту алдьатар эҥин кыаллыбат. Мин санаабар, гектардаах дьон диэн саамай айылҕаны харыстаан туһана сатыыр дьон. Тулалыыр эйгэни алдьатан-кээһэтэн тугу эрэ туттар сыал-сорук туруоран буолбакка, айылҕаны кытта биир ситим буолан олоруохтарын баҕарар дьон.
– Гектар ылан баран тугу гыныахтааххыный?
– Сиргэр тугу эрэ 30 тыһыынчаҕа туттубут, онтугун бэлиэтэппит, сиргин бас билиигэ ылбыт буоллаххына, иккиһин гектар ылыаххын сөп.
– Оттон туалет тутуннахха, ол киирсэр дуу?
– Суох, ол киирбэт. Сарай, бэсиэдкэ буолуон сөп. Оҕуруот олордуоххун сөп. Уопсайынан, ханнык хайысхалаах дьарыгы талбыккыттан тутулуктаах. Төҥүлүгэ баран истэххэ, кыра-кыра сарайдар тураллар дии. Ити гектарынан ылбыт дьон сири бас билиигэ ылбыттара тураллар. Нерюнгри диэки баран истэххэ, тыраассаҕа эмиэ тыа быыһыгар кыра-кыра сарайдар, дьиэлэр омоонноро көстөр. Ити эмиэ гектардаахтар сирдэрин бас билиигэ ылаары дьиэ омоонун туттубуттара тураллар.
– Туһаммакка сылдьар дьон баар дуу?
– Дьон гектар туһунан үчүгэйдик аахпакка, билбэккэ, “МФЦга эбэтэр бибилитиэкэҕэ сайаапка биэрэр үһүгүн”, – диэн истиһэн, онно тиийэллэр. Оттон МФЦга дуу, бибилитиэкэҕэ дуу олорооччу исписэлиис тыаҕа тахсан, ол гектарга бэйэтин атаҕынан хаампыта буолуо дуо? Бэйэтин хараҕынан гектары көрбүтэ буолуо дуо? Ханна инчэҕэй сирдээҕин, ханна кураанах суоллааҕын билэрэ буолуо дуо? Кини каартаны көрөн олорон, ханна аһаҕас сир баарыгар киллэрэн эрэ биэрэр. Киһиэхэ ол туох-хайдах сирин быһаарбат даҕаны. Салгыы тугу гынарын ол киһи билбэт. Ол түмүгэр, сүрдээх элбэх киһи гектар ылан баран, таах мээнэ сылдьар.
Оттон мин өҥө оҥорорбор: “Мин туох баар үөскүүр боппуруостаргар эйигин кытта сылдьыһабын, эйиэхэ көрдөрөбүн, сүбэлиибин”, – диэн этэбин. Салгыы тугу гынарын, тугу бастаан оҥотторуохха, туттарыахха сөбүн сүбэлээн-амалаан биэрэбин. Сүрүн быраабыла: гектары ыларыгар киһи бу сири тоҕо, туох-сыаллаах ыларын үчүгэйдик толкуйдуохтаах.
– Махтал, Олег. Агломерацияҕытыгар уонна туох баар гектары баһылааччыларга ситиһиилэри!
Нина ГЕРАСИМОВА.




