Бэйэбит бэлиитикэбит эйгэтигэр, билбэт киһи көрүүтүгэр мэлдьи “айдааннаах-куйдааннаах” диэххэ дуу, арыт “омуннаах-төлөннөөх”, уопсайынан, сорох дьон сыаналыылларынан “баппат батаҥа, бэтиэхэлээх эрэт” диэбит курдук бэлиитиктээхпит. Тоҕо эбитэ буолла, дьон көрүүтүгэр таһыттан итинник, нууччалыы эттэххэ, “неординарнай” өйдөбүлү үөскэтэр. Ол гынан баран бу киһи ис дьиҥин, олоҕу көрүүтүн, олоххо сыһыанын, ис туругун ахсааннаах киһи билэрэ буолуо. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Ил Түмэн дьокутаата, бэлиитик, мэссэнээт Михаил ЭВЕРСТОВ.
– Михаил Ильич, саха дьоно буоларбыт быһыытынан, билсэн кэбиһэр буоллахпыт. “Кыым” хаһыат ааҕааччыларын кытары бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
– Кырдьык, саха дьоно барахсаттар уһун кыһын кэннэ сайын ыһыахха бэйэ-бэйэлэрин кытары көрсөн кэпсэтэллэр, хантан хааннаахтарын, кимтэн кииннээхтэрин, төрдүлэрин-төбөлөрүн токкоолоһор үгэстээхтэр. Ол сиэринэн, мин эмиэ төрдүбүн-ууспун сэһэргээтэхпинэ, ийэм өттүбүнэн Кэбээйи улууһун Сметаниннарабыт. Ийэм – сэрии буойуна, биллэр суруйааччы Тимофей Сметанин чугас аймаҕа Мария Степановна Сметанина диэн. Аҕам Илья Ильич Эверстов – Ньидьили Эбэ Бүлүү умнаһыттан Ээбэристэптэр диэн аҕа ууһуттан төрүттээх. Эһэм Илья Михайлович Эверстов оччолорго 1000 табалаах, кыахтаах киһи эбит. Булчут бэрдэ буолан, түүлээҕинэн эргинэ сылдьыбыт. Үҥсүһүүгэ түбэһэн, эрдэ суох буолбут. Инньэ гынан аҕам үс сааһыгар тулаайах хаалбыт. Ийэм үйэтин тухары биэлсэринэн үлэлээбитэ. Дьон кинини убаастаан “Биэлсэр Маайа барахсан” диэн ааттыыллара. Аҕам ойуур хаһаайыстыбатыгар, милииссийэҕэ, кэлин «Нидьили», «Кэбээйи» сопхуостарга үлэлээбитэ.
– Хас бииргэ төрөөбүккүтүй?
–Үһүөбүт. Мин улаханнарабын. Онон бэйэбин өйдүөхпүттэн бырааттарбын батыһыннара сылдьарым. Уолаттар арыт мэниктиирбит ханна барыай... Аҕабытыттан элбэхтик дьарыллыбыппыт. Сороҕор кырбыыр даҕаны. Майгытынан олус кытаанах киһи этэ.
Охсуһан, кырбанан улааппытым...
– Тыый, ол кэннэ аҕаҕар өстүйбэтэҕиҥ дуо?
– Суох. Урут оҕо сылдьан да хом санаабат этим, буолуохтааҕын курдук ылынарым. Кини кытаанахтык туппатаҕа буоллар, хайдах киһи буолуом өссө биллибэт. Онон, төттөрүтүн, билигин махтана саныыбын.
– Наһаа мэник, истигэнэ суох оҕо буолуоҥ?
– Мэнигин мэник, сытыы-хотуу, бэйэбин атаҕастаппат, аахсан баран тэйэр оҕо этим. Ол гынан баран, дьон көрбөтүнэ туох эрэ дьиикэйи оҥоро сылдьар, була сатаан охсуһар күлүгээн буолбатаҕым. Кыраны-кыамматы атаҕастаатахтарына, сэнээтэхтэринэ, көрөн турааччым суох. Били, “борец за справедливость” диэн этэллэрин курдук. Мэлдьи кими эрэ көмүскүү, охсуһа сылдьан, арыт кырбанан да ыларым. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хаста да оннук кырбанан, балыыһаҕа киирэн турардаахпын. Биирдэ алтыс кылааска үөрэнэрбэр быһыылааҕа, бэйэм саастыы уолу кытары охсуһан кыайдым. Сотору хаайыыттан улахан сааныылаах сурук туттум. “Сотору босхолонон тахсабын, тиийиэм да тыыҥҥын иһиллиэм”, – диэннээх. Санаан көр, уон үс саастаах оҕо хаайыыттан сааныылаах сурук тутар... Онтум баара, кырбаабыт уолум хаайыыга олорор убайыгар үҥсүбүт эбит.
– Ол үлүгэр сааныыттан куттамматыҥ дуо?
– Куттанан буоллаҕа дии... Кутталбыттан, бэл, хас да күн аанньа утуйбатаҕым. Күн аайы пуорка ол хаайыылаахпын көрсө киирэр этим.
– Тоҕо?! Дьоҥҥор эҥин эппэтэҕиҥ дуо?
– Мин, уопсайынан, куттаннахпына, утары барар, саба түһэр идэлээх эбиппин. “Нападение – лучшая защита”. Киһим соннук кэлбэтэҕэ. Аҕабар эппэтэҕим. Көмүскүүр убайа суохпуттан онно аан бастаан харааста санаабытым. Биирдэ киэһэ дьиэбитигэр аһыы олордохпутуна, били кырбаабыт уолум киирэн: “Тахсар үһүгүн”, – диэтэ. Мин тута сэрэйдим. Саатар, дьонум: “Ханна бардыҥ?” – диэн ыйыппатылар. Аҕабар тоҕо эрэ хомойо санаатым. Хайыахпыный, уолбун кытта барыстым. Хочуолунайга тиийбиппит, уонча буолан тураллар. Мин, үгэспинэн, ааҕыстым: “Биир бииргэ охсуспуппутугар кыайтарбыта, билигин бэйэҕит көрөн туран да охсуһуннарыҥ”, – диэтим. Ол хаайыылааҕым 18 саастаах эрээри, уҥуоҕунан миигиттэн соччо улахана суох. Ол киһилиин охсустубут, Мин тустууга, буоксаҕа сылдьар буолан, соччо кыайтарбатым. Онтон, били, көрөн турбут атастара бары саба түспэтилэр дуо, куолаан кырбаабыттара. Балыыһаҕа киирбитим.
– Тоҕо ынырыгай?! Оччолорго оскуола оҕотун балыыһаҕа киириэр диэри кырбыыллар эбит дуу...
– Араас барыта буолааччы. Оҕо эрдэхпиттэн эт-хаан өттүнэн балачча кыанар этим. Кырабыттан успуорт саалаттан тахсыбат буоларым. Тустуунан, буоксанан, сүүрүүнэн, волейболунан, баскетболунан дьарыгырарым. Күрэхтэһиигэ миэстэлэһэрим, чөмпүйүөннүүрүм. Бэрээдэги кэһэр оҕолору уодьуганныырга учууталларга көмөлөһөр уҥа илиилэрэ этим.
– Оттон үөрэххэр хайдах этигиний?
–Үөрэхпэр эмиэ «биэс да биэс» үөрэнэр этим. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ математика, физика, химия олимпиадаларыгар мэлдьи кыттан миэстэлэһэрим. Онон үөрэх чааһыгар хайҕабылга сылдьарым. Үөрэхпэр туйгунум, барыга-бары көхтөөхтүк кыттарым иһин наҕараадалаан, "Артекка" ыыппыттара. Онно тиийэн, оҕолордуун билсэн баран, хайдах эрэ бастаан “ханна-ханна кэлэн хааллым?” диэн соһуйбутум аҕай. Бары хайдах эрэ бэйэлэрин көмүскэммэт, аахсыбат, сытыыта-хотуута суох, били, этэллэрин курдук, нэһиилэ хаама сылдьар ачыкылаах “ботаниктар” кэлбиттэр эбит. Охсуспаттар эҥин... Хайдах эрэ интэриэһинэйэ суох баҕайы этэ.
– Эн бэйэҥ курдуктары көрүөххүн баҕардаҕыҥ...
– Оннук буоллаҕа дии... Кырабыттан кимниин баҕарар аахсар этим. Бастакы кылааска үөрэнэ сылдьан, учууталым нуучча тылын уруогар аахпыттан суруйууга, биир даҕаны сыыһам суоҕар “4” туруорбут. Мин кыһыйдым, соһуйдум. Киэһэ тэтэрээппин туппутунан, учууталым дьиэтигэр тиийдим. Тоҥсуйан киирбитим, аһаары олороллор. Миигин көрөн, соһуйдулар аҕай. Учууталым кэргэнэ оскуолабыт дириэктэрэ этэ. Сотторун моонньугар саба иилиммит, сөбүлээбэтэхтии дьүккүччү көрдө. Мин ытыктыыр учууталым кэргэнин тула “эккэлии” аҕай сылдьарын, ас бэлэмнээн ньыла түһэрин көрөн, олус соһуйдум. Убаастыыр учууталым тойон эригэр эккэлии сылдьарын көрүөм эрэ диэбэтэхпин быһыылаах, тута сөбүлээбэтим. Учууталым сонно тута миэхэ аптарытыата түһэн хаалла. “Сыыһам суоҕар тоҕо түөрдү туруордуҥ?” – диэн ыйыттым. Учууталым соһуйан, мух-мах баран, кытаран хаалла. Туох эрэ диэн хоруйдуу сатаата. Буочарым үчүгэй, тэтэрээтим ыраас, биир да сыыһам суох. Оннук, быыкаабыттан аахса үөрэммитим. Ол кэннэ түөрдү туруорбат буолбута.
– Дьикти дии... Кып-кыра сэттэлээх оҕо ас бэлэмнии сылдьар учууталгын дьиктитик “аптарытыатын түһэрбиккин дии”...
– Мин дьиэбэр итинник хартыынаны көрбөт этим. Аҕам, төһө да кытаанах майгылаах буоллар, ийэбитигэр сыһыана сымнаҕас этэ. Ити учууталым аах курдук, аҕабыт тойоргуу, ийэбит киниэхэ ньыла түһэ сылдьааччыта суох, дьиэ иһигэр бырааптара тэҥэ.
– Охсуһуук уолу пионерга, хомсомуолга ылбыттара дуо?
– Өктөбүрүөнэккэ, пионерга этэҥҥэ киирбитим. Үөрэхпэр туйгун буоллаҕым дии. Оттон хомсомуолга, төһө да үөрэхпэр үчүгэй буолларбын, “бэрээдэгэ суоҕум, охсуһуугум” иһин, ылан быстыбатахтара. Кылааспыттан саамай бүтэһик киирбитим. Оҕолорум сэттис, ахсыс кылааска киирбит эбит буоллахтарына, мин тохсус кылааска эрэ кирбитим. Хомсомуолга киллэрбэттэриттэн санаам наһаа түһэр этэ. Дьиҥнээх бэрээдэги кэһээччи буолбатах буоллаҕым дии, арыгы испэппин, табахтаабаппын, күүлэй тэбэ сылдьыбаппын, кыргыттары дьээбэлээбэппин, мэлдьи үөрэнэн, успуорт саалаҕа эрчиллэн тахсарым. Итэҕэһим диэн, кими эрэ көмүскээн, охсуһан тахсарым. Ону да була-була буолбатах. Бэйэлэрэ саба түстэхтэринэ эрэ.
Оччоттон баччаҕа диэри соҕотох тапталлаахпын...
– Оччотооҕу кыргыттар хайдах эрэ эн курдук сытыы-хотуу, “манчаары” уолаттары таптыыллара... Саппыыска бөҕө тутарыҥ буолуо?
– Кыргыттар билсэ сатаан, саппыыска суруйар, сибидээнньэҕэ ыҥырар аҕай этилэр. Ону мин биир даҕаны кыыһы көрбөт, сибидээнньэлэригэр барбат этим. Ол иһин бүтэһигэр сириллибит кыһыыларыттан эбитэ дуу, абааһы көрөөччүлэр. Мин буоллаҕына, кыыс диэҥҥэ тоҕо эрэ наадыйааччым суох. Күнү-күннүктээн эрчиллэн тахсарым, интэриэһим диэн ол эрэ этэ.
– Улаатан эрэр уолга дьиибэ эбит. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан син кыргыттардыын билистиҥ ини?
– Оскуола кэнниттэн СГУга физфакка киирбитим. Үһүс куурус кэннэ аармыйаҕа баран хаалбытым. Кэлэн баран “учуутал буолбат эбиппин” диэн баран, ИТФ факультетыгар көһөн хаалбытым. Биирдэ үөрэнэ сылдьан, төрдүө буолан буокса эрчиллиитин кэннэ, пааркаҕа күүлэйдии диэн барбыппыт. Уолаттарым саҥарбыт-иҥэрбит “яркай” кыргыттары кытары билистилэр, күлсүү-салсыы бөҕө буоллулар. Мин, төттөрүтүн, итинник кыргыттары испэр киллэрбэт этим. Кырааската суох, сэмэй, килбик, нарын кыргыттары көрөрүм. Ол кыргыттар бииргэ сылдьар дьүөгэлэрин кытары билистим. Кинини бастакы көрүүбүттэн хайдах эрэ тута сөбүлээбитим. Сэмэй, килбик, аны туран, илдьэ сылдьар балтын бүөбэйдээ да бүөбэйдээ. Дьүөгэлэрин курдук “хихи, хаха” буолбатах. Дуоспуруннааҕа тута көстөр. Танябыныын итинник билсибиппит. Мин оччолорго ат сүүрдүүтүн көтүппэккэ көрөрүм, уксарым. Хайа ат хаһан ханна сүүрбүтүн, кыайбытын-кыайтарбытын суоттаан таһааран, уксубут атым хайаан даҕаны кыайааччы. Дьоммуттан харчы көрдөөбөккө, оннук эҥин айахпын ииттэрим. Танябын илдьэ барбыппар, кыыһым эһэтэ эмиэ ат сүүрдүүтүн олус сөбүлүүрүн эппитэ. Онтон ыла арахсыбакка бодоруһан, доҕордоһон, аҕыс ыйынан сыбаайбалаабыппыт.
– Эн киниэхэ сэмэйин, килбигин таһынан өссө тугун сөбүлээбиккиний?
– Ис-иһиттэн күүстээҕэ өтө көстөр этэ. “Мин” диэнин тута сылдьара. Ким эрэ санаатын хоту сылдьыбат киһи. Ити хаачыстыбатын ордук сөбүлээбитим. Кэргэммин билигин да олус таптыыбын. Ол-бу тэрээһиҥҥэ, баҥкыакка куруук иккиэн сылдьабыт, бииргэ үлэлиибит. Кинини кытары кэпсэтэр олус интэриэһинэй. Кэргэним Таня олус үлэһит киһи, билигин киинэ устуутунан дьарыгырар. Киинэлэрин, бэл, омук сиригэр сыаналаатылар. Онон кэргэмминэн киэн туттабын. 35 сыл бииргэ олордубут, икки кыыстаахпыт, биэс сиэннээхпит. Наһаа дьоллоох ыалларбыт.
– Сорох эр дьон, кыаҕыра түстүлэр да, кэргэннэриттэн «туора хаамар», үтүктүһэ-үтүктүһэ, эдэр ойохтонор үгэстээхтэр. Эн тускунан тоҕо эрэ инньэ диэни истибэппин...
– Истиэҥ да суоҕа. Тоҕо диэттэххэ, Танябын таптыырым, убаастыырым бэрт. Ол иһин хаһан даҕаны атын дьахталлары көрбөппүн. Оннук дьахтарымсах дьон баар буолааччылар, суох буолбатахтар. Көстүүмнэрин, массыыналарын, дуоһунастарын уларытар курдук, ойохторун эмиэ уларыталлар. Сатаан санаабаппын, киһи хайдах таптаан ылбыт ойоҕун, оҕолорун ийэтин, көрүөхтээх-көмүскүөхтээх буолан эрэннэрэн баран таҥнарыан, быраҕыан сөбүн... Эр киһи биирдэ кэргэннэниэхтээх уонна үйэтин тухары ол ойоҕун кытары бииргэ олоруохтаах диэн өйдөбүллээхпин. Саас ылан истэҕин аайы, кэргэҥҥэр тапталыҥ, кинини ахтарыҥ, тардыһарыҥ, утарыта көрсөн олорон сэмээр кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдиэххин баҕарарыҥ өссө күүһүрэр эбит.
– Баҕар, наар бииртэн хал буолаллара буолуо...
– Мин ити чааһыгар, дьэ, эргэрбит диэн быраҕан кэбиһэр кыдьыгым суох. Бэл, 1999 сыллаахха «Бенелли Рафаэлло» диэн атыыласпыт саабын билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын. Ама, сааны атыыласпат, уларыппат киһи буоллахпыный. Уруккубун сөбүлээн илдьэ сылдьабын, ол иһин уларыппаппын. Уопсайынан, барытыгар бэриниилээхпин эбит. Доҕотторбор эмиэ. Урукку доҕотторбун ордук эрэнэбин, миигин хаһан да түһэн биэриэхтэрэ, таҥнарыахтара суоҕа.
Элбэх киһи өлөрө сатаабыта
–Хас сыл Москубаҕа олордугут?
–21 сыл олорон баран, быйыл көһөн кэллибит. Бороҕоҥҥо, Томпоҕо, Дьокуускайга милииссийэҕэ үлэлии сылдьан, 1997 сыллаахха, Москубаҕа көспүппүт. Онно ИДьМ тэрээһиннээх буруйу оҥорууну утары охсуһар кылаабынай управлениетыгар үлэлээбитим. Хара бастакыттан бэйэбин көрдөрөн барбытым. Хаста даҕаны Чечняҕа, сэрии буола турар сиригэр, бара сылдьыбытым. Хас даҕаны баан эйгэтигэр улахан айдааннаах дьыалалары арыйталаабытым. Бэйэм экэнэмиис буоллаҕым дии, барытын суоттаан-учуоттаан, хас биирдии афераны ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытан арыйталаатаҕым.
– Холобур?
– Биир улахан баан бөлөҕүн салайааччыта Мазур оччолорго 720 мөлүйүөн дуоллардаах валютнай биэксэллэри, сыаналаах кумааҕылары уоран, тас дойдуга күрээн истэҕинэ туппуппут. Атын да элбэх дьыала толору этэ.
– Ол мазурдарыҥ өлөрө сатаабатахтара дуо?
– Миигин элбэхтик өлөрө сатаабыттара. Араас киирсиилээх дьыалалар баар буоллахтара. Бастаан Хаандыгаҕа үлэлии сылдьан Дьабарыкы Хайа шахтатын салайааччытын туппуппут кэннэ, табаарыстара дьиэбэр өлөрө кэлбиттэр этэ. Хата, эрдэ билэн, сонно тоһуйан, тутуталаан ылбыппыт. Мазуру түргэнник туппут буоламмыт, дьоно өйдөөбөккө да хаалбыттара.
– Билигин туохтан саамай куттанаҕыный?
– Киһи иккитэ өлөр. Биирдэ этиҥ өлөр. Онтон аатын-суолуҥ өлөр. Мин аатым өлөрүттэн куттанабын. Этим-сииним өлбүтүн кэннэ аатым өр үчүгэйдик ааттаныан баҕарабын. Ол иһин туох баар күүспүн, өйбүн-санаабын ууран туран сахам дьонугар-сэргэтигэр, кинилэр олохторо тупсарын туһугар кыһаллабын.
Бардам буолбатахпын
– Эһиги дьиэ кэргэн сылдьаргыт тухары элбэх киһиэхэ көмөлөһөргүт туһунан истээччибин.
– Кэргэммин кытары элбэхтик үлэлиибит, үбү-харчыны сатаан оҥоробут, булабыт. Судаарыстыбаттан хаһан даҕаны биир да кэппиэйкэни ылбатахпыт. Ол булбут үппүтүттэн, чахчы, кыаммат дьоҥҥо мэлдьи бэрсэбит, элбэх оҕолоохторго, устудьуоннарга, оскуола оҕолоругар истипиэндьийэ, грант быһыытынан элбэхтик көмөлөспүппүт. Араас күрэхтэһиини ыытабыт, ыһыах ыһабыт. Онно барытыгар массыына курдук сыаналаах бириистэри туруорабыт. Уопсайа, бу тухары 64 мөлүйүөнү, 62 массыынаны, уон ыһыаҕы тус бэйэбит хармааммытыттан ылан биэрбит, тэрийбит эбиппит. «Төһөнөн дьоҥҥо үтүөнү оҥороҕун – соччонон дьоллооххун» диэн бириинсиптээхпин.
– Сыыһаҕын төһө билинэҕиний?
– Барыта эҥкилэ суох үчүгэй киһи диэн суоҕа буолуо. Мин даҕаны киһи буолан баран сыыһарым ханна барыай?! Кистии-саба, куота-көтө сылдьарбын сөбүлээбэппин. Сыыһа оҥорбут да буоллахпына, сонно тута көннөрүнэбин, сыыһабын билинэбин. Бырастыы гыннарар буоллахпына, кимтэн да тутулуга суох, кимтэн баҕарар көрдөһөбүн.
– Сорох кыахтаах дьон олус улаатымсык, сэнэбиллээх буолааччылар. Эн хайдаххыный?
– Дьэ, ити чааһыгар олох үчүгэйбин. Баайынан өттөйүү, киэбирии, сиилээһин, сэнээһин диэни олох ылыммаппын. Кыаҕа суох киһинии көрөн туран туох диэн сиилиэххиний. Киһи барыта биир буолбат, айылҕа хайдах анаабытынан. Улахан да, кыра-хара да киһи кыһалҕата биир дии саныыбын. Сорохтор: “Кыра киһи кыһалҕата да кыра буоллаҕа”, – диэччилэр, мин итини олох сыыһа дии саныыбын. Сорох үрдүк сололоох дьон дуоһунастарын, үптэрин-харчыларын өрө туталлар, кыра дьон кыһалҕатыгар букатын да кыһаллыбаттар. Оннук дьон суох буолбатахтар. Мин хайа баҕарар боростуой дьону кытары бииргэбин.
– Эйигин кытары кэпсэтэ олорон “киһилии сиэрдээх эбит ээ” диэн соһуйа санаан олоробун. Оттон сорох дьон эйигин арыт “наһаа киһиргэс, бардам баҕайы” диэн сыаналыылларын истээччибин ээ...
– Тус бэйэбин билбэт дьон үрдүттэн саба быраҕан туох баҕарар диэхтэрэ. Майгыбын-сигилибин, олоххо көрүүбүн кыра эрдэхпиттэн хайдах чочуллан кэлбитин аһаҕастык кэпсээтим. Сиэрэ суох быһыыны-майгыны көрөн турбаппын, сөп диэбэппин, аахсан баран тэйэбин. Ол – мин майгым. Тугу оҥорбуппун эппэккэ-саппакка хайдах баарынан кэпсиибин, ол киһиргэнии буолбата буолуо. Соччо “бардаммын” дэммэккэ олоробун. Бардам диэн сыалын ситиһэр туһуттан тугу баҕарар үлтү көтөн, тэпсэн да ааһарын кэрэйбэт, олус сэнэбиллээх, кырыктаах киһини этээччилэр. Мин оннук киһи буолбатахпын.
– Михаил Ильич, киһиэхэ эрэ барытыгар табыллыбата буолуо ээ, олоҕун үчүгэйин-куһаҕанын барытын аһаҕастык кэпсиир. Махтал.
Сэһэргэстэ Туйаара СИККИЭР.