Саха сирэ уонна Бурятия – ыаллыы өрөспүүбүлүкэлэр. Тас көрүҥмүтүнэн, тылбытынан майгыннаһар норуоттар урут-уруккуттан уруулуу ситими тутан кэллэхпит. Ол да иһин икки ардыбытыгар айан, сырыы элбэх. Соторутааҕыта Улан-Удэтааҕы “Диамед” диэн чааһынай балыыһа салайааччыта Валентина Дориева Дьокуускайга биир идэлээхтэрин кытта уопут атастаһан барда.
– Валентина Бадма-Цыреновна, Саха сиригэр туох сыаллаах-соруктаах кэллиҥ?
– Биир идэлээхтэрим, чааһынай балыыһалаах урбаанньыттар үлэлэрин билсэр сыаллаах кэлэ сылдьабын. “Аврора”, “Даймонд” чааһынай балыыһаларга сырыттым. Ааспыт ый бүтүүтэ биһиги тэрилтэбит “Мэдиссиинэ киинин көдьүүстээх администратора” диэн тиэмэҕэ лиссиэнсийэ биэрэр куурустары ыытта. Дьокуускай куорат 15 балыыһатын администратордара, менеджердэрэ, салайар үлэһиттэрэ – барыта 42 киһи килийиэннэри кытта үлэ саҥа көрүҥнэрин кытта билистилэр. Куурус түмүгүнэн анал сэртипикээт туттулар.
– Мэдиссиинэ чааһынай тэрилтэтин тэрийиигэ хайдах ылсыбыккыный?
– Благовещенскайдааҕы мэдиссиинэ институтун 1985 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Акушер-гинеколог идэлээхпин. Кэргэним – хирург. Кырыы оройуоҥҥа сэттэ сыл үлэлээбиппит. Онтон Улан-Удэҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи перинатальнай киин дьиэ кэргэни былаанныыр отделениетын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 2005 сыллаахха судаарыстыба тэрилтэтиттэн уурайан, чааһынай кэбиниэти тэрийбитим. Оччолорго чааһынай мэдиссиинэ туһунан киэҥ өйдөбүлүм суоҕа, бу эйгэ киэҥ далааһыннанарыгар эрэл эмиэ соччо суоҕа. Арай бэйэ санаатынан, кимтэн да тутулуктаммакка, кыаһыламмакка үлэлиир баҕа улахана. 2013 сыллаахха “Диамед” диэн чааһынай тэрилтэҕэ кубулуйбуппут. Күн бүгүн 12 юридическай сирэйдээхпит. Судаарыстыбаннай-чааһынай партнёрство чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 10 мөл. солк. улахан көмөнү оҥорбута. Сатаан оҕоломмот ыаллар Санкт-Петербург, Москуба курдук ыраах куораттарга эмтэнэ, көмө көрдүү барар кыһалҕаларын быһаарар инниттэн репродуктивнай көмө технологияларын отделениетын аспыппыт. Бырабыыталыстыба тыырбыт уонна бэйэбит муспут харчыбытыгар үлэбитигэр туттуллар тэриллэри атыыласпыппыт, быраастарбытын – эмбриологтары, репродуктологтары, андрологтары – Самараҕа баар үөрэх киинигэр үөрэттэрбиппит. Бурятия бырабыыталыстыбата чааһынай мэдиссиинэни олус өйүүр диэн махтана бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Күн бүгүн балыыһабытыгар 250 тыһыынча киһи сыһыарыллан эмтэнэр. Барыта 444 үлэһиттээхпит. 180 быраас онкологияттан ураты мэдиссиинэ бары хайысхатынан үлэлиир.
– Бурятияҕа уонна Саха сиригэр чааһынай балыыһа туруга, кэтээн көрдөххө, хайдаҕый? Репродукцияҕа үлэҕитин сырдата түс эрэ.
– Биһиэхэ 200-чэкэ чааһынай балыыһа үлэлиир, Саха сиригэр 100-чэкэ эбит. Кыһалҕабыт биир. Ыарахан түгэн баар эрээри, дьон үлэлиир баҕалаахтар, бэл, харахтара уоттаах. Саха сиригэр репродукция салаата Мэдиссиинэ киинин иһинэн баар эбит. Биһиги Арассыыйа Мэдиссиинэҕэ киинин реестригэр киирэбит. Кыра куораттарга, чөкө сиргэ олорор дьон үксэ ЭКОҕа барарыттан кыбыстар. Эрдэ эппитим курдук, ыраах айан ороскуота да улахан. Аны улахан суолталаах эпэрээссийэ кэнниттэн уһун айан кутталлаах. Эмбриону криоконсервациялааһын ньыматын туттабыт, дуонар яйцекилиэккэтин, сперматын тутабыт. Арай суррогатнай ийэни кытта үлэлэспэппит. Аҕыйах ахсааннаах норуокка ити ньыма бэрт оччо биһирэммэт. Дьон кыбыстар, толлор. Тоҕус ый сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьыбыт оҕотун биэрии сахаҕа да, бүрээккэ да торооһуна суох. Биирдиилээн түгэҥҥэ эрэ дьон суррогатнай ийэ көмөтүн туһанар. Ону даҕаны бэйэлэрэ булаллар.
ЭКО, ол эбэтэр ускуустубаннай буоһатыы көмөтүнэн күн сирин көрбүт бастакы оҕолорбут соторутааҕыта түөрт саастарын туоллулар. Уопсайа ити ньыманан 738 оҕо төрөөтө. Билигин өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун таһынан ыаллыы эрэгийиэннэртэн кэлэр буоллулар. Улан-Удэҕа диэри биир уһукка билиэт сыаната 6 тыһ. солк. кыайбат, айан уһуна – 3 чаас. 2018 сыл бастакы кыбаарталын түмүгүнэн Сибиирдээҕи федеральнай уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр бастакы миэстэни ыллыбыт. Арассыыйа Репродуктологтарын ассоциациятын официальнай кыттыылааҕа буолабыт. Онон үлэ барар, түмүк да баар.
– Чааһынай балыыһа күнтэн күн элбээн иһэр. Онно үлэлиир көдьүүстээх дуо?
– Чааһынай балыыһалар баар буолбуттара ырыынакка күрэстэһиини үөскэтэр. Ол – аныгы олох көстүүтэ. Билигин судаарыстыба балыыһаларыгар олус элбэх тэрилтэ, кыбартаал сыһыарыллар. Киһи, уочарат олус элбэҕинэн, дьон чааһынай балыыһаларга кэлэргэ күһэллэр. Биһиги сулууспабыт социальнай күүрүүнү сымнатар. Дьон, харчыга да буоллар, кылгас кэм иһигэр кыһалҕатын быһаарар баҕалаах. Судаарыстыба балыыһатыгар, киһи ыарыйдын-ыалдьыбатын, тэрилтэтэ кини үбүттэн балыыһаҕа төлөбүрүн ыыта турар. Оттон биһиэхэ хармааныттан тута төлүүрэ быһаччы уонна барыстаах курдук. Билигин киһи ханна эмтэнэрин бэйэтэ быһаарар.
Ааспыт сылга Дуоктарыскай партнёрство ассоциациятын тэрийбиппит. Онон аһаҕас былаһааккалары тэрийэн, чааһынай балыыһалар үлэһиттэрэ элбэҕи кэпсэтиэхпитин наада. Холобур, судаарыстыба балыыһатыгар үлэлиир эмчиккэ ыстаас мунньуллар. Чааһынайга көстөҕүнэ, онтуттан матар. Онон чааһынай балыыһа үлэһиттэрэ көмүскэллээх буолалларын ситиһэр сорук турар. Билигин оборудованиеҕа буолбакка, каадырга улахан болҕомто ирдэнэр. Идэтийии ыстандаарда уларыйар. Ол иһин чааһынай балыыһалар үлэһиттэрэ сомоҕолоһуохпутун наада. Чааһынай балыыһаҕа үлэлиир көдьүүһэ улаханын дакаастыахпыт дии саныыбын.
Урбаан киһини бары өттүнэн сайыннарар. Доруобуйа харыстабыла – олус киэҥ эйгэ. Японияны кытта ыкса ситимнээх үлэлиибит. Биотехнологияҕа күүскэ дьарыктанан эрэбит. Киһи тириитин солбуйар эттиги оҥордубут. Ол тирии ыарыыларыгар, уокка сиэтиигэ туттуллар.
– “Диамед” чааһынай балыыһа аатырбыт Байкал күөл кытыытыгар бэрт интэриэһинэй салаалааҕын туһунан истэн аһарбытым...
– Ол – аччыктатан эмтээһин. Япония учуонайа, Нобель бириэмийэтин лауреата Есинори Осуми аччыктааһын туһатын дакаастаан турар. Киһи аччыктаатаҕына, куһаҕан килиэккэлэрэ өлөр. Эт-сиин сэргэхсийэр, киһи эдэригэр түһэр. Тирии ыарыылаахтарга, сатаан оҕоломмот, уойан эрэйдэнэр дьоҥҥо, саахар диабетын кыра таһымыгар, истириэс бары көрүҥэр аччыктааһын туһалааҕа дакаастанна.
Байкал – күүс, эниэргийэ ылар сир. Хомойуох иһин, билигин туризм сайдан, дьон күүлэйдиир эрэ сир курдук ылынна. Дьиҥэр, ити күөл кытыытыгар айдаарар, саанан ытар, айыылары аймыыр сатаммат. Байкал салгыныгар эмтэнии улахан көдьүүстээх. Килийиэннэри кытта эмчиттэр суукканы быһа үлэлэһэллэр. Сарсыардаттан оһоҕоһу ыраастааһын, массаас оҥоһуллар. Психотерапевт үлэлэһэр. Байкал кытыытыгар күүлэйдээһин – эмтэнии биир сүрүн көрүҥэ.
Биһиги аттыбытыгар баары сэҥээрбэт идэлээхпит. Үчүгэй биһигиттэн ыраах, атын сиргэ баарын курдук саныыбыт. Бу эмтэниини билиҥҥитэ олохтоох дьон улаханнык сэҥээрэ иликтэр. Оттон тас дойдуттан, чуолаан илиҥҥи Европаттан, кэлиилэрэ олус элбэх. Соторутааҕыта Францияттан кэлбит кэргэнниилэр эмтэнэн, улаханнык туһаммыттарын суруйдулар.
– Үгүс ыарыыга, нууччалыы эттэххэ, “голод и холод” диэн ырысыап ананар. Оччотугар Саха сирин тымныыта эмтэнии быһыытынан эмиэ туттуллуон сөп буоллаҕа.
– Саҥаны киллэрэртэн куттанымыахха наада. Онуоха чинчийэн үөрэтии уонна каадыр быһаарар. Балысхан сайдыылаах үйэҕэ түбэстибит. Дьон айылҕаттан ыраас аһылыгы аһаабат буолла, синтиэтикэ аһылык киирдэ. Смартфон аргыстанныбыт, айылҕаны аахайбат буоллубут. Онон айылҕа күүһүнэн эмтэнии, айылҕаҕа төннүү сөргүтүллүөн наада.
– Эһиги өҥөҕүтүн туһаныан баҕалаах киһи сибээскэ хайдах тахсыан сөбүй?
– Репродуктолог-быраас сотору кэминэн Дьокуускайга “Даймонд” чааһынай балыыһаҕа нэһилиэнньэни кытта үлэлии кэлиэҕэ. Килийиэннэр анаалыстары туттарыахтара, “Диамед” чааһынай балыыһаҕа эмтэниигэ ананыахтара. Улан-Удэҕа кэлбит дьону аэропорка көрсөбүт, балыыһабыт таһынааҕы көстүүнэйгэ олохтуубут. Сыана Дьокуускайдааҕар биллэ чэпчэки. Эмтэнии 21-22 күн устата барар. Төлөбүр сыаната киһи диагноһыттан, туругуттан, туох эмп ананарыттан тутулуктаах. Ол эрээри ити барыта Питер сыанатыттан икки төгүл чэпчэки.
– Саха сиригэр кэлэ сылдьыыҥ биир бэйэҕэр туох суолталааҕый?
– Манна аан бастаан үктэнним. Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар сылдьан, улаханнык сөхтүм. Мин санаабар, ыаллыы өрөспүүбүлүкэ дьоно майгыннаһарбыт үгүс. Инникитин каадыры атастаһыы быраактыкатын киллэриэххэ сөп эбит дии санаатым. Благовещенскай институтун бүтэриэхпиттэн 33 сыл устата көрбөтөх дьүөгэлэрбин кытта көрсүһэн ордук долгуйдум. Идэлэринэн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар, ыал ийэтэ, эбэтэ буолан олороллор. Эдэр, устудьуон сааспытын санаһан, уйадыйан ыллыбыт. Кыра сиргэ киһи ыраас суобаһынан үлэлиирэ улаханы быһаарар. Бииргэ үөрэммит биир идэлээхтэрим ити бириинсиби тутуһан, дьон туһугар үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан олус үөрэбин.
Оксана ЖИРКОВА.