Томпо улууһуттан төрүттээх Лебедевтар-Голиковтар дьиэ кэргэттэрэ, “Дьиэ кэргэн — 2018” бүтүн Арассыыйатааҕы күрэс “Үгэһи илдьэ сылдьааччы — дьиэ кэрэн” номинация кыайыылааҕынан буоллулар. Кинилэр бу күннэргэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа, үрдүк наҕараадаларын тута көттүлэр.
““Дьиэ кэргэн — 2018” бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ 400 сайаапка киирбит. Олортон бастыҥнар кэккэлэригэр киирэн кыайыылааҕынан ааттаммыттара соһуччу буолбут. Билигин 70 ыал Москубаҕа наҕараадалары туттарар тэрээһиҥҥэ сылдьаллар», — диэн СӨ социальнай коммуникация уонна ыччат дьыалатын министиэристибэтин саайтыгар суруллар.
Лебедевтар-Голиковтар тоҕус оҕолоохтор, Москубаҕа биэс оҕолорун илдьэ көттүлэр. Атыттар дьиэлэрин-уоттарын, хаһаайыстыбаларын көрө хаалбыттар. Кинилэр көс олохтоох ыал буоланнар, оҕолоро тайҕаҕа улааппыттар. Онон, Москубаҕа бастакы сырыылара буолар.
Лебедевтар-Голиковтар дьиэ кэргэн 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кыайыылаахтара.