Киир

Киир

Модельер Августина Филиппованы аҕыс кырыылаах бирилийээҥҥэ холуубун. Чысхаан, Хаарчаана, Муус Кудулу, Чолбон Куо, Кыһын Хотун Үрүҥ Үллүктэй араас өҥнөрүнэн күлүмүрдүүр мадьыаллар, уобарастар – талааннаах маастар-модельер айар үлэтин чыпчааллара. “Оһуору-ойууну сурук курдук ааҕабын”, – диир Августина Николаевна. Оттон ити мадьыалларын ойуулара-оһуордара кэрэ кэпсээннээхтэр, сэргэх сэһэннээхтэр. Августина Николаевнаны Саха сиригэр эрэ буолбакка, омук дойдуларыгар тиийэ билэллэр. Кини мадьыаллара Саха сирин кэрэ айылҕатын көрдөрөллөр, дириҥ бөлүһүөпүйэлээхтэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Бэрдьигэстээххэ тахса сылдьыбыппыт, Августина Филиппова мастарыскыайын ыксаабакка аа-дьуо сыныйан көрбүппүт, бэйэтин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспиппит.

Суруналыыстыкаҕа: “Эн ханнык эбит эйгэни билбэппин, быһаарсыбаппын диэн иҥнэн-толлон турума. Эн билбэт эйгэҕин киһи нөҥүө, матырыйаалыҥ дьоруойун нөҥүө арыйыахтааххын”, диэн өйдөбүл баар. Ол быһыытынан тус бэйэм билбэт эйгэбин Августина Николаевна нөҥүө арыйдым. Мастарыскыайга турар көрүөхтэн кэрэ мадьыаллартан, кинилэр дьэрэкээн ойууларыттан-оһуордарыттан саҕалаан. Эскиистэри уруһуйдуур, былаанныыр хос, таҥас тигэр кылаас, маастардар үлэлиир хосторо... Баччааҥҥа диэри араас кэбиниэти көрдүм ини, көрбөтүм ини. Ол бэйэм Августина Николаевна кэбиниэтин олус сөҕө-махтайа көрдүм. Сүүтүктэр кэллиэксийэлэриттэн, сөбүлүүр бэйээтэ Александр Пушкинтан сырдык статуэткатыттан, араас кинигэ-альбомнартан, истиэнэҕэ ыйаммыт хартыыналартан саҕалаан барыта олус дьикти, ураты тыыннаах.

Дьэ, онон, эһиги болҕомтоҕутугар Августина Филиппованы кытта сэһэргэһии.

 Таҥас эмиэ тыйаатыр

 – Августина Николаевна, саха төрүт таҥаһыгар-сабыгар интэриэс хаһааҥҥыттан үөскээбитэй?

– Олох оҕо эрдэхпиттэн буоллаҕа дии. Бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына быһыылааҕа, бибилэтиэкэттэн “История Якутской АССР” диэн үс туомнаах кинигэни уларсыбытым. Ити кинигэ иккис туома миэхэ билигин да баар ээ (аттыгар турар долбууртан кинигэни ылан көрдөрөр – Ф.Р.). 1957 сыллаахха бэчээттэммит кинигэ эбит. Бу “Академия наук СССР” диэн суруктаах. Манна Вацлав Серошевскай ыстатыйата баар. Дьэ, бу кинигэ ойуутун сөбүлээн, бэл кууһан утуйарым ээ. “Саха төрүт таҥаһа-саба бэрт баай, дьэрэкээн оһуордаах-ойуулаах буолар эбит дии”, – диэн аһара сөҕөрүм. Саха таҥаһыттан көрөрүм диэн халадаай уонна хаһыаччык буоллахтара дии. Эбэлэрим иккиэн мэлдьи халадаайдаах сылдьааччылар.

– Муус Кудулу, Чолбон Куо, Кыһын Хотун Үрүҥ Үллүктэй уобарастарын, таҥастарын-саптарын айбытыҥ. Ити таҥастар хас биирдии ойуулара-оһуордара дириҥ суолталаах, бииртэн биир ситимнэнэн баай ис хоһоонноох остуоруйа тахсан кэлэр. Итини барытын подиумҥа тахсар кыргыттар үчүгэйдик өйдүүллэр, билэллэр дуо?

– Ити ойуулар-оһуордар син биир сурук кэриэтэлэр. Кинилэргэ айылҕа көстүүлэрэ, кэрэ айылҕалаах Саха сирин таптыы, ытыктыы көрөрүм көстөр. Ити таҥастары подиумҥа кэтэн тахсар кыргыттарга арыт кэпсии турар соло да суох буолааччы. Кинилэр ардыгар туох ис хоһоонноох таҥаһы кэтэллэрин да билбэттэр. Бэйэм суох буоллахпына – сыыһа-халты кэтэн подиумҥа тахсыбыт түгэннэрэ тахсааччы. Сороҕор таҥастары биэрэн ыытааччыбын. Биир үксүн таҥаһы кэтиэхтээх дьон бэйэлэрэ кэлэн ылбакка, массыына ыытан ылларааччылар. Дьэ, оччоҕо түҥ-таҥ кэтэн кэбиспит түгэннэрэ тахсааччы.

Саха төрүт таҥаһын-сабын дьоҥҥо киэҥник кэпсээһин, көрдөрөөһүн үлэтин университекка үлэлиэхпиттэн ыла саҕалаабытым. Саха таҥаһын кэтэн дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр тахсыахтаах оҕолорго лиэксийэ ааҕарым. Омук сиригэр таҕыстахпытына, кыргыттарга кэтиэхтээх таҥастарын ис хоһоонун, устуоруйатын хайаан да кэпсиибин. Таҥас эмиэ тыйаатыр буоллаҕа, сөпкө туттан-хаптан хаамыахтааххын, уобараска киириэхтээххин. Оччоҕо эрэ таҥас “тиллэр”. Манна артыыс маастарыстыбата ирдэнэр. Оннук эрэ түгэнигэр уобарас да, таҥас да көрөөччүгэ үчүгэйдик өйдөнөр, ис хоһооно арыллар.

DSC 8731

Үйэ хардыыта, муода хаамыыта

– Таҥаһы айан, тигэн таһаараргар аныгы муода дьайар буоллаҕа дии?

– Оннук, үйэ хардыытын, муода хаамыытын хайаан да учуоттуугун. Быһаччы эттэххэ – аныгы муоданы кытта тэҥҥэ хаамаҕын, аныгылыы соҕус моһуоннаах таҥаска сахалыы истиили киллэрэҕин.

Уобарас уонна таҥас-сап тус-туһунан өйдөбүллэр. Холобур, Кыһын Хотун, Үрүҥ Үллүктэй уобараһа мин уус-уран көрүүм буоллаҕа дии. Биһиги айылҕа, от-мас иччилэрэ диэни оҕо эрдэхпититтэн өйдөөн, ылынан улааппыппыт. Ити өйдөбүллэри ыччат өйдүөн наада. Холобур, Байанай хайдах көрүҥнээҕин, эбэтэр көрүҥнээх буолуохтааҕын быһа холоон билэбит, өйдүүбүт дии. Оттон Байанай кыыһа хайдах көрүҥнээх, таҥастаах-саптаах буолуохтааҕый? Итиннэ хоруйу айылҕа көстүүлэриттэн ылыахха сөп.

– “Оҕо сылдьан чинчийээччи Вацлав Серошевскай ыстатыйата баар кинигэтин кууһан утуйарым”, – диэтиҥ дии. Үйэлээх үгэстэри таҥаһы-сабы айыыга, тигиигэ хайдах быһыылаахтык туттаҕыный?

– Үйэлээх үгэс биир үксүн харысхал бэлиэлэригэр көстөр. Ити бэлиэлэр, сүнньүнэн, киэргэлгэ бааллар. Онтон таҥас-сап кэм-кэрдии хаамыытыгар элбэхтик уларыйар. Түҥ былыр өбүгэлэрбит тирии таҥастаах буоллахтара дии. Онтон нууччалар кэлиэхтэриттэн ыла таҥаспыт-саппыт сыыйа уларыйан барар.

Оччолорго таҥас тигэр баабырыка эҥин диэн Саха сиригэр хантан кэлиэй?! Тигиллибит бэлэм таҥас эбэтэр таҥас матырыйаала соҕурууттан тиэллэн кэлэр. Аны туран чэйгэ, кэмпиэккэ, сурунаалга дьэрэкээн ойуу баар буоллаҕына баайдар ону батыһаллар, үтүгүннэрэллэр. Киһиттэн ордо, кимиэхэ да майгыннаабат мааны таҥастана сатыыр буоллахтара дии. Онон үйэлэр хаамыыларыгар таҥас элбэхтик уларыйар, араас элэмиэннэр киирэн биэрэллэр.

Холобур, өбүгэлэрбитигэр кылааннаах түү кытыылаах сон баара дии. Киис, бэдэр, бөрө түүтүн сон тэллэҕэр, эҥээригэр, оноотугар (тыыраҕаһыгар) тигэллэрэ. Итини “бууктаах” сон диэн ааттыыбыт. “Бууктаах” сону өбүгэлэрбит нууччалар, ордук куорат олохтоохторун таҥастарыттан үтүгүннэрбиттэр. “Буф” моһуоннаах таҥас диэнтэн “бууктаах” сон үөскээбит.

Таҥаска үйэлээх үгэс диэн тугуй? Дьон-сэргэ сөбүлээбит, ылыммыт таҥаһа-саба үгэскэ кубулуйар. Худуоһунньук-модельер үйэлээх үгэскэ тирэҕирэн фантазиялаан, айан-тутан таһаарар. Таҥас барыта биир халыып буолбат буоллаҕа дии.

DSC 8755

Сурук курдук ааҕабын

– Түмэллэрбитигэр хараллан турар таҥаһы-сабы, археологтар дьикти булумньуларын интэриэһиргээн көрө-истэр, чинчийэр буоллаҕыҥ дии.

– Олус сэргиибин, анаан-минээн үөрэтэбин. Былыргы таҥас бары элэмиэннэрин сыныйан көрөбүн, сурук курдук ааҕабын. Ол чинчийэ олорон бэйэм бэйэбэр ыйытыы бөҕөнү бэринэбин, онно хоруйдары көрдүү сатыыбын. Холобур: “Бу элэмиэни тоҕо манна киллэрбиттэрэ буолуой?” – диэн. Дьэ, ити кэнниттэн уопсай өйдөбүл тахсан кэлэр.

Оһуордар, ойуулар, туох суолталаахтарын, биллэн турар, билэбин. Айар-тутар киһи бэйэм эйгэбинэн, бэйэм өйдөбүлбүнэн оһуордар, ойуулар суолталарын таһаарабын.

– “Российская газета” кэрэспэдьиэнигэр: “Саха төрүт таҥаһын-сабын муода подиумнарыгар хайдах көрдөрөллөрүн олох сөбүлээбэппин”, – диэбит этиҥ.

– Барыта биир халыып таҥас, сырыы аайы бииртэн биир буолааччы. Атын омуктар муода подиумугар төрүт таҥастарын-саптарын хайдах таһааралларын көрбүт буолан этэр буоллаҕым дии. Холобур, нуучча национальнай таҥаһын кэппит кыргыттар, уолаттар подиумҥа үчүгэй баҕайытык туттан-хаптан тахсааччылар. Таҥастара да бэрт сонуннук көстөөччү.

Мин да итинник официальнай көрдөрүүлэри (показ) оҥорбутум. Онно бастаан саха национальнай таҥаһын көрдөрөбүт. Ол кэнниттэн, дьэ, бэйэм айбыт таҥастарым тахсаллар. Саха таҥаһын туһунан уопсай өйдөбүл баар буоллун диэн санааттан итинник дьаһанабыт. Итиннэ, саамай сүрүнэ, сурук курдук кэпсиир ойуулаах-оһуордаах национальнай киэргэллэр.

DSC 8740

Үйэҕэ биирдэ кэтиллэр таҥас

– Былыр кийииттии барар дьахтар хас да хос таҥастаах, таҥаһын-сабын ыйааһына отучча киилэ курдук буолар дииллэр. Айака дии итиччэ ыарахан таҥаһы күнү быһа кэтэ сылдьыах диэтэххэ.  

– Оннук, кийииттии барар кыргыттар таҥастарын ыйааһына олус ыарахан буолар. Кийиит итиччэ ыарахан таҥаһы күнү быһа кэтэ сылдьыбат, дьоҥҥо-сэргэҕэ кылгас кэмҥэ көстө түһэригэр кэтэн тахсар. Итинник гынан кийиит дьоно мустубут дьоҥҥо төһө баайдаахтарын, кыахтаахтарын көрдөрөллөр. Уонна дьахтар, этэргэ дылы, үйэтигэр биирдэ эрэ итинник киэргэнэр. Ити хас да хос кэппит таҥастара дьахтар үйэтин моҥуор дылы кэтиллэллэр. Ити тас соннорун этэбин, оттон ис таҥастара ууруллаллар.

– Өбүгэлэрбит таҥаһы олус хаачыстыбалаахтык тигэллэрин таһынан, бары элэмиэннэри, оһуордары олус сөптөөхтүк туһаналлара сөхтөрөр.

– Кинилэр да син биир оһуордары, элэмиэннэри санаалара хайдах сытарынан тутталлар буоллаҕа дии. Мин, холобур, аныгы модельер, таҥаһы-сабы иэйиим хайдах киирэринэн айабын-тутабын. Өбүгэлэрбит да таҥаһы итинник айаллара буоллаҕа. Кинилэргэ итинник тигиҥ, айыҥ-тутуҥ диэн ким этэн, өйдөтөн биэрэрий? Айылҕалара, олохторо-дьаһахтара, өйдөрө-санаалара... Быһаччы эттэххэ – тулалыыр эйгэлэрэ.

DSC 8773

Көҕүөр ойуу – аан дойду орнамена

 – Киэҥ нэлэмэн Евразияҕа олорор норуоттар оһуордара-дьарҕаалара бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар түгэннэрэ бэрт элбэх.

– Оннук, араас норуоттар култуураларыгар бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар оһуор, орнамент олус элбэх. Уонна, холобур, худуоһунньук барыта биир көрүүлээх буолбат ээ. Бэйэтэ айан-тутан таһаарара атын, үтүгүннэрэр да буоллаҕына халыып курдук түһэрэн ылбат, уларытар. Саха таҥаһыгар оһуору, орнамены уларытан киллэрии бэрт элбэх. Холобур, бу эн, сахалыы моһуоннаах сибиитэрэҕэр түөрт муннуктуу түспүт ойуулар бааллар дии. Ити, син биир, нууччалартан киирбит орнамент.

Көҕүөр ойуу сахалыы моһуоннаах таҥаска-сапка бэрт элбэхтик туттуллар. Ити орнамены чинчийээччиэр “лира” эбэтэр “лировидный орнамент” диэн ааттыыллар. Биһиги көҕүөр ойуу диэн ааттыыр орнамеммыт аан дойдуга бүтүннүүтүгэр тарҕаммыт. Тус бэйэм итини “мировой орнамент” диэн ааттыыбын. Ол гынан баран көҕүөр ойууну омук-омук бэйэтин үгэһигэр, олоҕор-дьаһаҕар, тулалыыр эйгэтигэр олоҕуран таҥаска-сапка араастык туттар. Онон араараҕын.

Кэлин өттө ордук сиэдэрэй

– 2017 сыл күһүнүгэр Сочига ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэрэ ыытыллыбыта. Онно Саха сирин дэлэгээссийэтэ эйигиттэн “Хомус” диэн көстүүмү уларсан илдьэ барбыттара. Ол эрээри подиумҥа тахсалларыгар кэннин иннэ гынан көрдөрбүттэр этэ (көстүүм аллараа өттүн). Тоҕо итини аҕынным диэ. Өбүгэлэрбит таҥастарын кэлин өттө иннилэринээҕэр ордук дьэрэкээн ойуулаах-дьарҕаалаах, киэргэллээх буолар эбит.

– Киһини кытта уун-утары туран туох да куһаҕаны санаабаккын, кини тугу кэпсиирин-ипсиирин өйдүү сатыыгын. Онтон, холобур, бу киһи дьону өһүргэттин, хомоттун, сыыһа-халты саҥардын. Кэпсэтэн бүтэн баран ол киһи барыахтаах сиригэр барар, дьон-сэргэ кинини кэнниттэн одуулуу хаалар. Дьон-сэргэ ортотугар араас киһи баар буоллаҕа. Ыар-нүһэр санаалаах, тыйыс куттаах-сүрдээх. Оннук киһи “көхсүн хараҕын дьөлө көрүө, сиһин тоноҕоһун супту уулуо”.

Ол иһин өбүгэлэрбит таҥастарын кэлин өттүн ордук сиэдэрэй гына оҥостоллоро. Оннук сиэдэрэй ойуулаах-оһуордаах көхсүнү көрөн баран куһаҕан санаа саймааран хаалар буоллаҕа. Илин-кэлин кэбиһэр эмиэ ити курдук суолталаах. Үйэлээх үгэс, дьэ, итиннэ сытар. Билиҥҥи информация үйэтигэр “чакра” диэн өйдөбүлү билэбит дии. Итини киһи уйулҕатын, күүһүн-уоҕун киинэ диэн өйдүөххэ сөп. Онон таҥас кэлин өттө сиэдэрэй ойуулаах-дьарҕаалаах буолуута киһи чакраларын саһыарыы, кистээһин.

Саха таҥаһын көрдөрөр кэм

– Иллэрээ күн (Августина Николаевнаны кытта кулун тутар 7 күнүгэр кэпсэппиппит – Ф.Р.) Дьокуускайга норуот маастардарын күнүгэр аналлаах бараат тэриллибитэ. Биир өттүнэн бэртээхэй тэрээһин, оттон иккис өттүнэн төрүт таҥаспытын барааттарга эрэ кэтэр буоллубут дуу диэх курдук. Мин, холобур, сахалыы көстүүмнэниэхпин баҕарабын да сөбүгэр сыанаҕа төрүт таҥаспыт-саппыт хото атыылана турарын көрбөппүн ээ.

– Билигин норуот маастардарыгар эрэ сакааастаан тиктэриэххин сөп. Сахалыы таҥаһы киэҥник тигэргэ туһуламмыт анал ательелар суохтар. Арай урбаанньыттар Кытайга сахалыы моһуоннаах, ойуулаах-оһуордаах таҥастары тиктэрэллэр. Ол гынан баран мин: “Кытайдардар биһигиттэн уордулар”, – эҥин диэн тыллаһалларын сөбүлээбэппин. Биһиги урбаанньыттарбыт барахсаттар дьону-сэргэни национальнай истииллээх таҥаһынан хааччыйаары итинник дьаһаналлар. Дьон тугу баҕарарын билэллэр буоллаҕа дии. Онон урбаанньыттар таҥаһы да сакаастыыллар, араас киэргэллэри, билээхэлэри эмиэ оҥоттороллор. Сахалыы ойууну-оһуору, орнамены биһиги урбаанньыттарбыт Кытайга илдьэллэр буоллаҕа.

Кытайга оҥоһуллубут таҥас-сап, киэргэл сыаната чэпчэки, онон дьон-сэргэ хамаҕатык атыылаһар. Холобур, араас тэрээһиннэргэ, үҥкүү ансаамбылларыгар сылдьар оҕолор, улахан да дьон – үрүҥ көмүс илин-кэбиһэрдэри, араас киэргэллэри атыылаһар кыахтара суох буоллаҕа. Итинник элбэх таҥаһы-сабы, киэргэли Саха сирин маастардара, уустара оҥорор кыахтара суох. Сыаналара ыарахан диэн буолбатах, Кытайга бэл сайдыылаах дойдулар биллэр-көстөр пиирмэлэрэ араас табаары сакаастаан оҥортороллор.  

Оттон сахалыы таҥастаах дьон Дьокуускай киин уулуссатынан сэлэлии хаампыттара, барааттаабыттара туох куһаҕаннаах буолуой. Ол гынан баран, сахалыы таҥаһы сайбаччы кэтэн баран хаамыы бэйэтэ кэмнээх ээ. Туох баар төрүт култуурабытын түмэн көрдөрөр бырааһынньыкпыт – ыһыах буоллаҕа дии. Ыһыахха киһи бэйэтин да көрдөрө, дьону да көрө тахсар. Онон ол барааты ыһыахха бэлэмнэнии курдук көрүөххэ эмиэ сөп. Норуот маастардара таҥаһы-сабы маннык тигэллэр эбит диэн дьон-сэргэ көрдүн ээ.

DSC 8777

Сөпкө таҥнааччы элбэх

– Эн модельер киһи араас тэрээһиннэргэ сыыһа-халты таҥна сылдьар дьону элбэхик бэлиэтии көрөрүҥ буолуо дии?

– Сыыһа-халты таҥныбыт дьону омнуолуу көрбөппүн. Дьоннор барахсаттар бэйэлэрин кыахтарынан көрөн таҥнар-саптар буоллахтара дии. Онон кинилэри туох да диэн омнуолаабаппын. Оттон үөрүүлээх түгэннэргэ, улахан бырааһынньыктарга дьон сыыһа-халты таҥныытыгар болҕомтону ууруохха, “маннык таҥныахтааххыт” диэн быһаарыахха сөп. Ол эрээри сыыһаны-халтыны сэрэнэн ыйыахха наада, киһини хомоппокко эрэ. Оттон, уопсайынан ыллахха – Сахабыт сиригэр сөрү сөпкө таҥнар, таҥастарыгар барсар аксессуардары олус бэркэ дьүөрэлиир дьон элбэх ээ.

Бэйэтин тус баҕатынан таҥныбыт киһи холкутук тутта-хапта сылдьар. Мин төһө да биллэр-көстөр модельер буолбутум иһин, кимиэхэ эбит сөбүлээбэт таҥаһын тиктэхпинэ – ол киһи кэтиэ суоҕа. Ол иһин миэхэ таҥас сакаастыы кэлбит киһини кытта сыныйан кэпсэтэбин. Киниэхэ ыйытыы бөҕөтүн биэрэбин: “Эн хайдах таҥаһы сөбүлүүгүнүй? Таҥас кылгаһын сөбүлүүгүн дуу, эбэтэр уһунун дуу? Манан кыратык ыга тутар буоллаҕына хайдаҕый? Мин эн быһыыгын-таһааҕын кистиэхпин баҕарабын, онно сөбүлэһэҕин дуо?” Бэл: “Ханнык ыйга төрөөбүккүнүй?” – диэн ыйытабын ээ. Ити курдук бары ымпыгар-чымпыгар диэри быһаарсан, ыйыталаһан баран, дьэ саҕалыыбын.

Муода – устуоруйа көстүүтэ

– Араас тэрээһиннэргэ, бырааһынньыктарга тоҕоостоохтук, толоостук көстүбэт гына хайдах таҥныахха сөбүй?

– Саха дьахтара, холобур, омук сиригэр айанныа. Ол тиийэн кини хантан сылдьарын дьоҥҥо билиһиннэриэн баҕардаҕына – хайаан даҕаны национальнай истииллээх таҥаһы-сабы таҥныахтаах диэн буолбатах. Дьахтар, кыыс ытарҕаны кэттэ да хантан сылдьара, ханнык омуга биллэр. Эбэтэр сахалыы истииллээх кулону иилиниэххэ сөп.

Киһи үйэтигэр араас муода кэлэн ааһар. Итини олох көстүүтэ, ирдэбилэ да диэххэ сөп. Ол муоданы атын тыыннаан, истииллээн биэриэххэ сөп. Холобур, күлүөс бүрүүкэҕэ сахалыы ойууну-оһуору киллэрэн эҥин. Муода диэн устуоруйа биир көстүүтэ буоллаҕа. Ханнык эбит кэми дьон хайдах таҥна-сапта сылдьыбытынан сыаналыыллар дии. Биһиги да ити хайысхаҕа суол-иис хаалларыахтаахпыт.

– Киин тэлэбиидэнньэ ханаалларыгар муодаҕа, модельердарга аналлаах бэрт интэриэһинэй биэриилэр бааллар. Ити биэриилэри сэргээн көрөрүҥ буолуо дии?

– Олох көрбөппүн. Атын модельердар үлэлэрин интэриэһиргээбэппин, тоҕо диэтэххэ ис туругум уларыйыан, “алдьаныан” сөп. Мин сахалыы тыыҥҥа, эйгэҕэ хайдах иитиллибиппинэн, айылҕаны хайдах анаарарбынан барарым ордук. Итинник ис туругу илдьэ сырыттаххына эрэ – ураты, дьиҥ сахалыы тыыннаах таҥаһы-сабы айаҕын.

Саха оҕолоро соҕуруу баран модельер үөрэҕэр үөрэнэллэр. Кинилэри онно классическай көрүүгэ, олохсуйбут стандарка үөрэтэллэр. Ити наадата суох диэбэппин, наадалаах буоллаҕа дии. Дьон олохсуйбут стандарт быһыытынан таҥныан наада. Ол гынан баран биһиэхэ модельер үөрэҕин бүтэрбит оҕолор үлэтэ суох сылдьаллара олус элбэх. Тоҕо диэтэргин кинилэр сахалыы тыыннара суох. Олохсуйбут халыып, стандарт быһыытынан тикпит таҥастарыгар интэриэс суох. Кинилэри күрэхтэһиилэргэ, көрдөрүүлэргэ, куонкурустарга ыҥырбаттар. Отуоралара кэһиллибэтин туһугар сахалыы тыыҥҥа кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн, иитиллэн эрэ баран модельер үөрэҕэр үөрэнэ барыахтарын наада этэ.

Таҥаскыттан санааҥ көтөҕүллүөхтээх

 – “Сыыр үрдүктээх, намыһахтаах”, – диэн өс хоһооно баар дии. Ол быһыытынан үрдүк кылаастаах, орто баайыылаах, олох мөлтөх да маастардар баар буоллахтара дии. Тигээччи маастарыстыбата тугунан сыаналанарый?

– Бастатан туран маастар тикпит таҥаһа эйиэхэ хайдах олороруй? Хамсанаргар-имсэнэргэр хайдаҕый? Ити саамай сүрүнэ. Өҥүн сөбүлээтиҥ дуу, суох дуу? Бэйэҥ мэлдьи таҥнар истиилгэр, уобараскар төһө барсарый? Таҥаскыттан санааҥ көтөҕүллэр, үөрэ-көтө кэтэн барар, дьоҥҥо-сэргэҕэ холкутук тутта-хапта сылдьар буоллаххына – табыллыбыккын.

Уонна таҥаспын хайаан да улахан ааттаах-суоллаах маастарга тиктэриэхтээхпин диэн буолбатах. Улаханнык биллибэт-көстүбэт, да маастар кыһамньытын ууран, сөрү сөп гына,  эн санааҥ иһинэн үчүгэй баҕайы таҥаһы тигэн биэриэн сөп. Таҥас киһиэхэ куппут курдук сытыахтаах, ханан да имиллиэ, мыччыстыа суохтаах.

– Билигин таҥас-сап атыылыыр маҕаһыыннар ханна баҕарар олус элбэхтэр. Дьаныардаахтык көрдөөтөххүнэ бэйэҕэр барсар, сөп түбэһэр таҥаһы булуоххун сөп. Эбэтэр сакаастыыр ордук дуу?

– Сакаастыыр ордук бөҕө буоллаҕа дии. Маастар быһыыҥ-таһааҥ уратытын учуоттуо, эккэр-сииҥҥэр сөп түбэһиннэрэн тигиэ. Ол эрээри мин бэйэм саппыкыһыт саппыкыта суох диэбиккэ дылы – маҕаһыыннартан атыылаһан таҥнабын ээ. Миэхэ сөп түбэһэр таҥас бэрт дэҥҥэ көстөөччү. Ол да буоллар күн аайы кэтэргэ диэн атыылаһабын. Араас тэрээһиннэргэ, үөрүүлээх түгэннэргэ маанытык таҥныахха, киэргэниэххэ наада. Онон итинник түгэннэргэ бэйэм тикпит таҥаспын кэтэн барабын.

Ситим быстыа суохтаах...

 – Саха тылын чөл хаалларарга дьулуһарбыт курдук, таҥаска-сапка омук быһыытынан уратыбытын, хайа сатанарынан, хаалларан иһиэхтээхпит буоллаҕа.

– Оннук, ол инниттэн түмэллэрбитигэр сахалыы таҥас үйэтитиллиэхтээх. Үйэлээх үгэс ситимэ быстыбакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээх. Сахалыы таҥаһы-сабы анаан чинчийэр этнографтар, устуоруктар, археологтар элбэхтэр. Онон култуурабыт ити өттүн үйэтитиигэ үлэ ыытыллар.

– Августина Николаевна, эн киин куораппытыгар төрүт таҥаска-сапка аналлаах дьиэ, аныгы дизайн киинэ баар буоларын туруорсаҕын дии.

– Оннук, итинник Киин ол иһинэн  баар буолара олус наадалаах. Таҥас дьиэтэ (Дом одежды) диэн баара буоллар. Таҥас дьиэтигэр устуоруйа кэрдиис кэмнэригэр дьон хайдах таҥна-симэнэ сылдьыбытын көрдөрөр экспозиция баар буолуохтаах. Итиннэ араас киэргэллэр, симэхтэр, онтон да атын аксессуардар, бэл маллар кытта туруохтаахтар. Быһаччы эттэххэ этнография түмэлин курдук буолуохтаах.

Мин, бастатан туран ыччат туһугар үлэлиибин. Кинилэр сайдыахтарын, атын омуктартан хаалсыбат модельердар тахсыахтарын, ити дьиэҕэ айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиэхтэрин баҕарабын. Ити дьиэҕэ сотору-сотору таҥас көрдөрүүтэ (показ) ыытыллыахтаах. Атын айар эйгэ, уустар оҥоһуктара,  аныгы дизайн ситиһиилэрэ көрдөрүллүөхтээх.

Августина Николаевна, сэргэх кэпсээниҥ иһин улахан махтал! “Кыым “ ааҕааччыларын аатыттан айымньылаах үлэни, ыра санааларыҥ туолан иһэллэригэр баҕарабын!

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ.

                        

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар