Киир

Киир

Ааспыт үйэ 90-с сыллар саҕаланыыларыгар игирэ Егор уонна Гавриил Толбоновтар ырыа кырдалыгар былааһы ыла сылдьыбыт кэмнэрин бары да өйдүүбүт. Икки тэбис-тэҥ сирэйдээх-харахтаах, быһыылаах-таһаалаах, истиҥ, эйэҕэс мичээрдээх уолаттар кэрэ аҥаардар куттарын тутуохтарын туппуттара. Бу иннинэ саха сыанатыгар игирэ ырыаһыттар диэн суох этилэр. Арааһа, Гошалаах Ганя бастакы уонна, бакаа, бүтэһик игирэ ырыаһыттар эбиттэрин олохпут көрдөрөр.

            Биһиги, игирэ дьон хараҕынан көрдөхпүтүнэ, кинилэр эмиэ бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар наһаа истиҥ, харыстабыллаах сыһыаннаахтар. Быраата убайын тылын быһа гыммат, кини тугу эппитинэн сылдьар. Майгыларынан арыый уратылаһаллар. Ол курдук, Гоша 15 мүнүүтэ инники төрөөбүт буолан эбитэ дуу, сүрдээх дуоспуруннаах, оттомноох, оттон Ганя саҥарыах иннинэ саҥарбыт, кэлбит-барбыт сытыы эр бэрдэ.

            Дьэ, уолаттарбыт, хайдах-туох олороллор эбитий?

Өрүүтүн бииргэбит

         – Гоша анаабырдар күтүөттэрэ буоллаҕыҥ?

– Кэргэним Надежда Николаевна – Анаабыр Сааскылааҕын кыыһа. Билигин улууска социальнай көмүскэл управлениетын начаалынньыгынан үлэлиир. Икки оҕолоохпут. Кыыспыт Мичилийэ 6-с кылааска үөрэнэр, уолбут Арылхан 6 саастаах, оҕо саадыгар сылдьар. Надябыныын 1999 сыллаахха долгуйар Дьокуускай куоракка көрсүһэн ыал буолбуппут. Кэргэним дьонугар соҕотох күндү күтүөттэрэ буолабын.

  Кэргэним өттүнэн аймахтарбыт Туприннар – халыҥ аймахтар. Аҕабыт Николай Туприн – Кэһиилээх Уола – улууска биллэр киһи. Кинини Саха Островскайынан ааттыахха сөбө эбитэ буолуо. Икки хараҕынан көрбөт. Ол эрээри олоххо тулуурунан, кыайыытынан барыбытыгар холобур буолар күндү киһибит. Хас да кинигэ ааптара. Элбэх хоһоону суруйар, ол хоһоонноругар элбэх ырыа айыллан ылланар. Мин кини биир хоһоонугар ырыалаахпын. Ийэ кынным – Мэҥэ Хаҥалас Наахаратыттан төрүттээх Евдокия Исакова – эдэр сааһыгар Сааскылаахха кийиит буолан барбыт. Эдэр сылдьан иккиэн бииргэ Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэммиттэр.

DSC 0225

 – Дьэ, тугу үлэлиигин, дьарыктанаҕын?

 – Сааскылаахха тыа сиригэр мээнэ суох, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир “Алмаз” этнокултуурунай кииннээхпит. Онно звукооператорынан үлэлиибин. Маны сэргэ хаартысканан дьарыктанабын. Устуудьуйалаахпыт, фонограмма оҥоробут. Бэйэм муусука айарбын, суруйарбын сөбүлүүбүн.

 – Бэйэҕит төрдүгүт хайа диэкиний?

  – Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар 1969 сыл ахсынньы 20 күнүгэр, тымныы муҥутаан турар кэмигэр, 8 оҕолоох ыалга 9-с, 10-с оҕолорунан 15 мүнүүтэ быысаһан күн сирин көрбүппүт. Хомойуох иһин, төрөппүттэрбит: аҕабыт – биһиги 4-с кылааска, оттон ийэбит 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, күн сириттэн барбыттара. Улахан убайбыт Василий көрөн-истэн улаатыннарбыта, онон киниэхэ улахан махталлаахпыт. Аҕабытын солбуйбут күндү киһибит ааспыт сыл ахсынньытыгар суох буолбута.

– Төрүттэргитигэр игирэ удьуордаата дуу?

 – Чугас аймахтарбытыгар да, бииргэ төрөөбүттэрбитигэр билиҥҥитэ игирэ суох.

  – Төһө бииргэ таҥна-сапта сылдьаҕыт?

  – Билигин бииргэ таҥныбаппыт. Оҕо сылдьан таҥнааччыбыт. Биһиги үөрэнэрбит саҕана Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар 7 игирэ баар этибит. Интэриэһинэй, биир кэмҥэ оччо игирэ оҕо үөрэммитэ.

 – 15 мүнүүтэнэн аҕа киһи, бырааккын көрө-истэ сылдьар буоллаҕыҥ?

  – Эрдэ төрөппүттэрэ суох хаалан, бырааппар ийэ-аҕа кэриэтэбин. Игирэ буолан, олохпутугар улаханнык арахса иликпит. Арай, ыал буолан баран, кини 2 сыл Ньурбаҕа олорор кэмигэр тус-туһунан олоро сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ бэйэ-бэйэбитин наһаа суохтаһарбыт, ахтыһарбыт. Тус-туһунан сылдьарбыт хайдах эрэ курус, чуҥкук соҕус буолара. Ол иһин бырааппын Анаабырга ыҥыран ылбытым. Билигин бииргэбит, онон үчүгэй.

tolbon2

 – Аармыйаҕа эмиэ иккиэн биир сиргэ сулууспалаабыккыт дуо?

 – 1988-90 сылларга Читаҕа ПВО-ҕа сулууспалаабыппыт. Бастаан тиийбиппитигэр иккиэммитин икки аҥыы (Ганяны тааҥкабай сулууспаҕа) ыытаары гыммыттара. Ону “биһиги игирэлэрбит ээ, бииргэ сылдьыахпытын баҕарабыт” диэбиппитигэр сирэйбитин көрөн баран “Ээ, кырдьык, игирэ эбиккит” диэн араарбатахтара, онон, хата, биир чааска сулууспалаабыппыт.

  – Онтон салгыы эмиэ бииргэ үөрэннигит дуу?

  – Аармыйа кэнниттэн тута, 1991 сыллаахха, култуура колледжыгар төрүт култуура салаатыгар, фольклор идэтигэр үөрэнэ киирбиппит. Ол кэнниттэн мин ДьПУ-1 фольклор преподавателинэн үлэлээбитим, оттон Ганя “Саха” НКИХ үлэлээбитэ.

 – Төһө кыыһырсаҕыт, тыл-тылга киирсибэт түгэннээххит дуу?

 – Олох кыыһырсыбаппыт. Баччааҥҥа диэри биирдэ да этиһэн-охсуһан көрө иликпит. Быраатым истигэн, улахан киһи тылыттан хаһан да тахсыбат.

Убайбын батыһан Анаабырдаабытым

 – Ганя, убайгыттан балыс буолаҥҥын, “убай” диэни сүрдээҕин өрө тутаҕын быһыылаах?

 – Оттон ол иһин Анаабырга олоро тиийдэҕим дии. Оччолорго суотабай төлөпүөн дэлэйэ илик кэмэ этэ. Ньурбаҕа үлэлии сырыттахпына, биир үтүө киэһэ убайым “Анаабырга көһөн кэлиэҥ дуо?” диэн субуоннаабытыгар тута сөбүлэспитим. Кэргэним эмиэ сөбүлэспитэ. Онон оҕолорбутун илдьэ көспүппүт. Көһөн тиийээт, сыл аҥаара убайбар олорбутум.

 – Оҕо сылдьан дьиэ үлэтин үллэстэн толорор этигит дуу?

 – Убайым Гоша үксүгэр дьиэ ис үлэтин үлэлиирэ, ас астыыра. Оттон мин тиэргэн үлэтин – мас мастыырым, муус киллэрэрим. Наһаа сэлээннэспэккэ, ол чааһыгар иллээх-эйэлээх баҕайытык эбээһинэспитин толорорбут. Кини оччоттон миэхэ ийэлээх-аҕабын солбуйдаҕа дии. Ол иһин билигин да убайым тыла сокуон – кини тылыттан хаһан да тахсыбаппын.

 – Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуу?

 – Кэргэним Розалия Михайловна Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Анаабырга үөрэх управлениетыгар мэтэдьиичэскэй отделга исписэлииһинэн үлэлиир. 3 оҕолоохпут. Улахаммыт Хаарчаана быйыл гимназияны бүтэрэр. ХИФУга омук тылыгар туттарсар баҕалаах, илин омук тылларын интэриэһиргиир. Уолум Харысхан – 4-с кылаас үөрэнээччитэ, кырабыт Уйгулаана бастакы кылаас.

  1998 сыллаахха ыал буолан баран, Ньурбаҕа бэйэтигэр олоро сылдьыбыппыт. Мин онно “Саха” НКИХ Ньурбатааҕы филиалыгар эрэдээктэринэн үлэлээбитим.

– Тылгыттан иһиттэххэ, Ньурбаҕа олорбут, үлэлээбит сылларгын, уу иһэ-иһэ хайгыыгын дии.

 – Оо, ырыаҕа хоһуллар, Күөх Ньурба диэн үтүөкэн дойду буоллаҕа. Итинник үтүөкэн дьонноох-сэргэлээх дойдуну мин өссө көрсө иликпин. Чахчы, ис дууһабыттан этэбин – Ньурбаны наһаа сөбүлээбитим, таптаабытым. Төһө да кылгас кэмҥэ олордорбун, эдэр сааһым саамай кэрэ, чаҕылхай, умнуллубат кэмнэрэ ааспыта. Кырасыабай айылҕатын, хатыҥнаах чараҥын, Бүлүү эбэ өрүһүн, ама, хайаан умнуомуй, билигин да сүрэхпэр-быарбар илдьэ сылдьабын.

tolbonovy

  – Анаабырга билигин тугу үлэлиигин?

  – “Аэропорты Севера” тэрилтэҕэ куттал суох буолуутун сулууспатыгар (САБ) иниспиэктэрдиибин.

 – Ганя, булт диэн баран муннукка ытаабыт эн быһыылааххын дии, бадаҕа?

 – Эр киһи буоларым быһыытынан саамай сөбүлүүр дьарыгым – булт. Анаабырым киэҥ туундаратыгар бараммын хаастыыбын, кустуубун, кырсалыыбын, балыктыыбын. Күһүн кыыл табалыыбыт. Туундараны тилийэ мин курдук элбэхтик кэрийбит күтүөт аҕыйах буолуохтаах. Лаптевтар муораларыгар тиийэ сылдьабыт. Онно бэйэбит базалардаахпыт, бултуубут-алтыыбыт.

 – Игирэ быһыытынан төһө майгыннаһар өрүттэрдээххитий?

  – Убайым Гоша сонно ыллыы иһэр буоллаҕына, мин эмиэ ол ырыаны ыллыы иһэр түгэннээх буолааччыбын. Кини ыарыйдаҕына, мин эмиэ ыалдьабын. Игирэ буолар наһаа үчүгэй. Туораттан көрдөххө, игирэлэр бииргэ таҥна сылдьаллара көрөргө наһаа үчүгэй. Ол эрээри игирэ буолар ис-иһигэр киирдэххэ, эмиэ ыарахан. Өскөтүн мин соҕотох төрөөбүтүм буоллар, Анаабырга барыа суох этим. Ханна эрэ, баҕар, дойдубар Кириэс Халдьаайыга олохсуйуо эбитим буолуо. Игирэбин батыһаммын, дьоммун илдьэ Анаабырга олохсуйан олордоҕум.

DSC 0221

Гавриил уонна Егор Толбоновтар билигин даҕаны эдэрдии эрчимнээхтэр, улаханнык уларыйбатахтар. Ырыаларын олохторун аргыһа оҥостон, ыллыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Бэйэлэрэ этэллэринэн, Анаабырга биир да кэнсиэри, тэрээһини көтүппэттэр, айылҕа биэрбит талааннарынан, кэрэ ырыалары бэлэхтии, айа-тута сылдьаллар. Этэҥҥэ эрэ сылдьыҥ, Гошалаах, Ганя – ини-бии игирэлэр!

Саргылаана БАГЫНАНОВА.  

        

           

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар