1996 сылы көрсөр Саҥа дьыл түүнүгэр Саха тэлэбиидэнньэтигэр ол кэмҥэ улахан аймалҕаны таһаарбыт “Сэттээх сир” диэн киинэ көрдөрүллүбүтэ. Абааһыны, сибиэни, иччини итэҕэйбэт сэбиэскэй кэм кэннэ, 90-с сылларга, бу хорсун хардыы этэ. Оччолорго омук кутталлаах киинэлэрэ хайыы үйэ бааллара. Ол эрээри сахалар бу жанрга үлэлиэхтэрэ диэн толкуй кимиэхэ да суоҕа. “Сэттээх сир” диэн киинэни көрбөтөх киһи аҕыйаҕа буолуо. Куттанан, дьон хоонньугар утуйбут, хараҥаҕа таһырдьа быкпат буолбут, түүлүгэр баттаппыт элбэҕэ.
1995 сыл ыам ыйын бүтүүтэ Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин Кындал учаастагар тыраахтарынан аҕыйах киһилээх устар бөлөх тиийбитэ. Бэйиэт Дьуон Дьаҥылы төрөөбүт-үөскээбит сиригэр киинэ уһуллар буолбутунан, олохтоохтор туох кыалларынан көмөлөспүттэрэ. Олорор дьиэлэриттэн саҕалаан атыттан оҕотугар тиийэ туран биэрбиттэрэ. Нэдиэлэттэн эрэ уһун кэмҥэ уһуллубут киинэ дьоруойдара бары, сэмэй да буоллар, гонорар харчы аахсыбыттара. Киинэҕэ бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар баҕалаах эдэр ыал быраҕыллыбыт сиргэ олохсуйардыы тиийэн, олохтоох эмээхсини кытта билсиһиилэрэ уонна сир-дойду иччилэрин кытта алтыһыылара ойууланар. Дьон өйүгэр дириҥник иҥмит, улахан уларытыыны оҥорбут саха киинэтин биир чаҕылхай хартыынатын ааптардара уонна артыыстарын олохторо хайдах салаллыбытын, киинэни устуу кэмин туһунан ахтыыларын билсиэҕиҥ.
Киинэ туохтан саҕаламмытай?
Суруйааччы Семен Ермолаев – Сиэн Өкөр хас даҕаны түбэлтэҕэ олоҕуран бу киинэ сынаарыйын суруйбут. Ол курдук, ойууну кытта ситимнээх сэттээх-сэлээннээх түбэлтэни Дьааҥы Адыаччытыгар истибит, оттон биэ сүтүүтэ, балаҕаҥҥа кулунчук хаайтарыыта кини дойдутугар буолбут түбэлтэ эбит. Улуу суруйааччы Суорун Омоллоон: “Бэҕэһээ киинэ көрдүм. Абааһыбыт хоп-хончоҥнос. Оһохтон илии тахсыбытыгар “бара” сыстым”, – диэн ааптар истэн олордоҕуна бэлиэтээбит.– Өлөксөөс эмээхсин дьылҕатын ийэбэр майгыннатан суруйбутум. Урут, көмпүүтэр суоҕуна, оччотооҕу анал ньымалар – күлүктэр, оһохтон илии тахсыыта билиҥҥи кэмҥэ, баҕар, оҕо оонньуутун курдук көстөллөрө буолуо эрээри, ол кэмҥэ саҥа сүүрээн этэ. Киинэ тахсыбытын кэннэ режиссёр Эллэй Иванову кытта Кындалга тиийэ сылдьыбыппыт. Биһиги эрэ иннибитинэ биир көрбүөччү кэлэ сылдьан, киинэ устуутугар “уһуктубут” абааһылары “үүрбүт” этэ. Онон киинэттэн сылтаан аат оҥостооччулар эмиэ бааллара.
Устуу үлэтин ымпыга-чымпыга
Киинэ режиссёра Эллэй Иванову “өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн экэниэмикэтин көтөҕүүгэ ыытыллар үлэҕэ сөп түбэспэт киинэни таһаарда” диэн салалтата улаханнык сэмэлээбитэ. Ол үлэҕэ быраҕыллыбыт сирдэри сөргүтүү, ыччаты тыа сиригэр таһаарыы эмиэ киирэрэ.
– Аймаҕым Гаврил Попов “манна үлэлииргэ сөптөөх сир баар” диэн ыҥыран, Чурапчыга диэри сөмөлүөтүнэн, онтон салгыы Кындалга тыраахтарынан айаннаабыппыт. Петр Баснаев, Надежда Ушницкая тыйаатыр эйгэтин чуумпу сезонугар иллэҥ сылдьаллара. Аны иккиэн биир кэмҥэ үөрэммит, саастыы буоланнар, кэргэнниилэр оруолларыгар барсаллара. Оттон Өлөксөөс оруолугар уһуллуохтаах артыыһы Чурапчы тыйаатырыттан көрдөөбүтүм. Онуоха самодеятельноска кыттар Дария Жиркованы булбуттара. Билигин киинэни устуунан дьарыктанар ыччаттар “Сэттээх сиртэн” иитиллэн тахсыбыттарын, сахалар да киинэни устуохпутун сөп эбит диэн итэҕэйбиттэрин билинэллэр. Киинэ устар кэмҥэ, кэлин даҕаны итэҕэли кытта сыһыаннаах туох да буолбатаҕа эрээри, этим сааһа сүрдээҕин арыллыбыта уонна аны маннык жанрга ылсыбат эбиппин диэн санааҕа кэлбитим.
Эдуард Новиков – саха киинэтин эйгэтигэр биллэр эпэрээтэр, режиссёр. “Сэттээх сир” киинэ кэнниттэн Санкт-Петербурга, чуолаан киинэ эпэрээтэригэр, үөрэнэ барбыта. Кэлин “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык”, “Плисада”, “Айыы уола” уус-уран киинэлэри көрөөччүгэ таһаарбыта.
– Тэлэбиидэнньэҕэ саҥа үлэлээн эрэрим. Чурапчыга, буолаары буолан, киинэни, уста барыахтаахпын аҕыйах хонук иннинэ билбитим. Эдэр киһиэхэ маннык сорудах, биллэн турар, соһуччу уонна кутталлаах да этэ. Уопута суоҕум онон ыарахан этэ. Этии соһуччу киирбит буолан даҕаны, киэҥник толкуйдаан устарга бириэмэ суоҕа. Билигин өйдөөн, ырытан көрдөхпүнэ, чуолаан бэйэм үлэбэр сыыһа-халты элбэх да буоллар, “Сэттээх сир” – мин дьылҕабар далаһа уурбут киинэ. Онон бастакы оҕом кэриэтэ күндү.
Киинэни киһи тыҥыыр гына кутталлаах оҥорбут киһи тыас-уус эпэрээтэрэ Данил Еремеев буолар. Кини билигин даҕаны тэлэбиидэнньэҕэ идэтинэн үлэлиир.
– Киинэҕэ бастакы холонуум этэ. Билигин олох атыннык оҥоруом эбитэ буолуо. Муусукатын Илья Петуховтуун бэйэбит толкуйдаан уһулбуппут. “Сэттээх сир” киинэҕэ үлэлэспиппин дьон соччо билбэт. “Наһаа кутталлаах киинэ” дииллэрин, ол туһунан кэпсэтэллэрин истэн баран, испэр “мүчүк” эрэ гынабын.
Идэлээх уонна норуот артыыстарыттан талыллыбыт састаап
Саха тыйаатырын артыыската Надежда Ушницкая киинэҕэ Аанчык оруолугар ыҥырыллыбыта.
– Киинэтээҕи “оҕом” уонна Өлөксөөһүм хайдах сылдьалларын дьонтон билээччибин. Кутталлаах киинэҕэ уһулла сылдьар курдук санаа ончу суоҕа. Үлэбит иннинэ уоту аһаппыппыт, сиэрдээхтик сылдьыбыппыт. Кэргэммин оонньообут Петр Баснаев түүн дурдаҕа хоноро. Ороҥҥо сытан кэпсэтэр хартыынабытын, ити уһугуннараат, устубуппут. Сөмөлүөт, тиэхиньикэ тыаһын хаппат инниттэн устуу түүнүн кытта буолбута. Олохтоохтор сылаас сыһыаннарын умнубаппын. Биһиэхэ анаан айылҕаҕа бырааһынньыгы кытта тэрийбиттэрэ. Ити кэм наһаа үчүгэй, сырдык өйдөбүлү хаалларбыт.
Дьөгүөр оруолугар уһуллубут Саха тыйаатырын артыыһа Петр Баснаев киинэни устуу түмүктэммитин кэннэ Кындалынан Таатта Кыйытыгар диэри сатыы айаннаан, дойдутугар – Дьохсоҕоҥҥо тиийбит. Оҕо эрдэҕиттэн айылҕаҕа, булка-алка, сылгыга сыстаҕас киһини режиссёр саарбахтаабакка сүрүн оруолга ылбыт. Тыа киһитэ буоламмын, аньыы-хара диэни итэҕэйэбин. Бэйэм даҕаны олохпор, түүл-бит да курдук буоллар, итэҕэли кытта ситимнээх түгэннэр буолуталаабыттара. Сааскы кус кэмэ буолан, тыа сиригэр сынньана таарыйа үлэлиир буолбуппуттан үөрбүтүм. Дурдаҕа сытан, түүнүн аанньа утуйбакка уонна акка олорсубатаҕым ырааппыт буолан, эт-сиин өттүнэн ыарырҕатыы баара. Киинэҕэ бастакы уопутум этэ. Артыыстар испэктээк кэмигэр “ыалдьабыт”, “өлөбүт”, хоруопка сытабыт, ойуун буолан кыырабыт. Онон итэҕэлгэ сыһыаннаах киинэҕэ уһулларым туох эрэ куһаҕанынан дьайыа диэн толкуй суох. Артыыс харыстанар ньымалаах буолар. Атын сиргэ сырыттахха, омук дьоно “төрүт үгэскитин кытта ситимнээх түгэннэри сырдатаргыт, көрдөрөргүт үчүгэй” диэччилэр.
Өлөксөөс эмээхсин оруолун толорбут Дария Жиркова киинэ уһуллар кэмигэр 52 саастааҕа. Сааһын тухары муусука учууталынан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан олороро. Эмискэ улуус кииниттэн эрийэн, киинэҕэ “кыра оруолга” уһулларыгар көрдөспүттэрэ. Өрүү иннинэн сылдьыбыт сэбиэскэй кэм киһитэ дьиэтин-уотун, сүөһүтүн дьоҥҥо туттаран, устар бөлөҕү кытта айанныырга тиийбитэ. Кини билигин Болтоҥоҕо олорор. Өлөксөөс хаартыскатынан кутталлаах аккырыыкка оҥорбуттара бассаап ситиминэн субу-субу эргийэн кэлээччи.
– Ити кэм тухары туох киинэҕэ уһулларбын өйдөөбөккө да сылдьыбытым. “Маннык саҥар, итинэн хаамп, итинник гын” дииллэрин хоту хамсанан испитим. Ыалынан хоно сылдьыбыппыт. Олохтоох эмээхситтэртэн таҥас уларсан кэппитим. Итиннэ уу кэһэр саппыкым эрэ бэйэм киэнэ этэ. Күһүөрү гонорар харчыта диэни туттарбыттара, онтубунан биир дьааһык ынах арыытын атыыласпытым. Киинэ экирээҥҥэ тахсыбытыгар биирдэ туох киинэҕэ уһуллубуппун өйдөөн, хата, бэйэм куттаммытым. Аһаҕастык билиннэххэ, оонньообуппуттан бэйэм ончу астыммаппын эрээри, бу киинэ кимиэхэ эрэ тугу эрэ өйдөппүт буоллаҕына, үчүгэй.
Киинэ саамай кыра артыыската Настенька Павлуцкая Таатта улууһун Даайа Амматыгар ыал буолан, Боярская диэн араспаанньаланан олорор. Технология уонна дизайн колледжын үөрэнэн бүтэрбит, билигин уһуйааҥҥа үлэлиир.
– Артыыстар Кындалга кэлбит киэһэлэригэр миигин булбуттар. Балтараабын саҥа ааспыт кэмим үһү. Дьиэбэр утуйа сытарбын уонна ытыырбын, кэтэһэн туран, устан барбыттарын ийэм кэпсээччи. Киинэҕэ уһуллар кэммэр ийэм аттыбар сылдьан эмиийдэтэрэ үһү. Гонорарбын 5 мөһөөҕү ылбыт эбиппин. Киинэ эйгэтиттэн ыраахпын. Оннук айылаах киэн туттубатарбын даҕаны, биллэр хартыынаҕа киирэн хаалбытым үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
20-тэн тахса сыл буолан баран, Интэриниэккэ дьон санаатын ааҕар интэриэһинэй. “Сэттээх сир” тахсыаҕыттан элбэх сыл ааста, ол эрээри киинэ дьоҥҥо араас санааны хаалларбыта.
-
Фильм буквально сразу стал телекультом, его часто показывали в 90-х и начале 2000-х по местному каналу НВК, и каждый его показ неизменно собирал толпы зрителей перед экранами.
-
Причина такого успеха, на мой взгляд, кроется не только в эффекте новизны; фильм действительно снят очень здорово. В нем есть и простая, но страшная история (основанная на поверьях якутов), приятные актеры, отличный музыкальный ряд, хорошая работа оператора и мастерская режиссура, которая нагнетает такую атмосферу страха и безысходности, что действительно пробирает до мозга костей.
-
“Сэттээх сир” – фильм, который посеял семена языческого ужаса в далеком 1996 году и стал культовой классикой, вселив тревожные ночные кошмары.
-
Мало денег – не значит мало фильма. Местные 30-летние, те, кто видел в детстве «Проклятую землю», говорят, что она напугала их до смерти. Верю. Минимум спецэффектов. И они дешевые. Но картину не портят. Безвестные актеры. И, наверное, главное: фантастически мрачные пейзажи, хорошая операторская работа, мрачная легенда, гудящий, сводящий с ума саундтрэк и убийственная атмосфера.
-
При всей моей симпатии к жанровой продукции из этого края, “Сэттээх сир” - намного лучше всего того, что сняли (и снимают) там в 2000-х. Невыносимо жаль, что нет официального издания на DVD. Я бы купил, не раздумывая.
-
“Сэттээх сир” можно назвать одним из фильмов, определивших настоящее и, возможно, будущее якутского кинематографа.
Оксана ЖИРКОВА.