Кулун тутар 2 күнүгэр тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийэр институт бэтэрээн үлэһитэ Нелунов Анатолий Гаврильевич 75 сааһын туолла.
А.Г. Нелунов институкка 1972 сылтан үлэлиир. 1979 сыллаахха “Глагольная фразеология якутского языка” диэн хандьыдаат дьиссэртээссийэтин көмүскээбитэ. 1998, 2002 сс. 2 туомнаах сомоҕо домох сахалыы-нууччалыы тылдьытын оҥорон таһаарбыта (5 тыһ. тахса сомоҕо домох). 70-ча билим ыстатыйатын ааптара. 2002 сыллаахха тахсыбыт таба суруйуу тылдьытын (“хара тылдьыт”) ааптардарыттан, 2002 с. сахалыы бэчээттэммит РФ Холуобунай кодексын тылбаасчыттарыттан биирдэстэрэ буолар. Билигин “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” үлэлэһэр.