Киир

Киир

Аһаҕастык эттэххэ, норуот эмчитэ, илбииһит Егор Петров-Дьөһөгөй Дьөгүөссэ туһунан урут истибэт, билбэт этим.

DSC 7044

“Сумрачнай” самурай”

Ыксал соҕустук спорт массаасчытыгар сыһыаннаах ыйытыылары бэлэмнээт, киһибэр тута эрийбитим. Ол кэнниттэн ыйбыт аадырыһыгар тиийдим. Егор Петров-Дьөһөгөй Дьөгүөссэ куорат киинигэр улахан кыбартыыраны куортамнаан, онно дьону эмтиир-томтуур эбит. Кэпсэтиибит бастаан соччо уота-күөһэ суохтук саҕаламмыта.

“Дьөгүөр, хайдах массаасчыт буолбуккунуй? Тоҕо чуолаан массаастыыр идэни таллыҥ?” – “Хайдах? Массаас даа? Бастаан эмтээтэҕим дии” – “Эмтээтэҕим диэн?” – “Дьону эмтии сырыттаҕым дии” – “Ол аата эмчит буоллаҕыҥ дии?” – “Эмчит буоллаҕым дии” – “Туохха идэтийэр эмчиккиний?” – “Идэм – массаасчыт” – “Оччоҕо массаасчыт идэтигэр үөрэннэҕиҥ дии?” – “Үөрэннэҕим дии, онтон дьону эмтээтэҕим дии” – “Массаастаан да?” – “Массаастаан” – “Онтон массааска үөрэниэм иннинэ эмчит этим диэтиҥ дии?” – “Уҥуох тутабын...” – “Аа, ол аата анал идэтэ суох эрээри, айылҕаттан бэрдэриилээх буолан, кыһалҕалаах дьоҥҥо уҥуох тутан биэрэр эҥин буоллаҕыҥ?” – “Оннук” – “Билигин хас саастааххыный?” – “50 сааспын туолбутум” – “Оттон урут туох дьарыктаах этигиний?” – “Сылгыһыттыы эҥин сылдьыбытым” – “Бэйэҥ хайа дойдугунуй?” – “Сунтаар Куокунутуттан төрүттээхпин” – “Бэйэҥ тускунан арыый сиһилии соҕус кэпсиириҥ буоллар” – “Оттон тугу кэпсиибиний?!”

Дьөһөгөй Дьөгүөссэни кытта кэпсэтиибит итинник саҕаламмыта. “Бээрэ, хайдах-хайдаҕый? Кэпсэтиибит табыллыа суох быһыылаах” диэн санаа хаста даҕаны охсуллан ааспыта. Түмүгэр син бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, Дьөһөгөй Дьөгүөссэ аһылыннар аһыллан, санааларын, көрүүлэрин тоҕо-хоро кэпсээбитэ. “Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр” диэн өс хоһооно баар. Ол быһыытынан Дьөһөгөй Дьөгүөссэ айылҕаттан бэриллибит эмтиир дьоҕурдааҕын, онтуката сыыйа-баайа арыллан испитин, дьон кинини итэҕэйбиттэрин, киниэхэ тардыспыттарын өйдөөтөҕүм дии.

Киэһэ дьиэбэр тиийэн дьикти эмчити кытта билсибиппин кэпсээтим. Ону истэн баран кэргэним: “Олох “сумрачнай” самурай эбит”, – диэтэ. Соторутааҕыта соҕус быдан дьыллартан тиийэн кэлбит үгэстэри халбаҥнаабакка тутуһа сылдьар дьоппуон туһунан “Сумрачный самурай” диэн киинэни көрбүппүт.

“Сөрү диэн сөхпүппүт...”  

Дьөһөгөй Дьөгүөссэ айылҕаттан дьоҕурдааҕын, дьоҥҥо-сэргэҕэ эмчит быһыытынан билиниини, ытыктабылы ылбытын өйдүүр туһуттан киниэхэ эмтэммит дьон кэпсээнинэн “ытаһалаан” биэриэҕиҥ.

– Уонтан тахса сыллааҕыта аан боруогуттан иҥнэн, икки ойоҕоспун тоһуппутум, – диэн кэпсиир Дьокуускай олохтооҕо М.Самойлова. – Быраастар туох да эмтиир дьайыы оҥоһуллубат диэбиттэрэ, бэл, укуол да анаабатахтара. Дьэ, манна баар этэ ыарыы диэн: олорон баран киһи кыайан турбат, сөтөллүөхтээҕэр тыынарыҥ да ыарахан. Онон кыһалҕаттан Сунтаар Куокунутугар олорор Дьөһөгөй Дьөгүөссэҕэ тиийбитим. Киһим, хата, дьиэтигэр баара, кустуу-хаастыы бараары тэринэ сылдьара. Көрдөһүүбүн тута ылынаат, хоско киллэрэн буор босхо эмтээбитинэн барбыта. Ол биир эмтээһин кэнниттэн ыарыым харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрбүтэ. Үтүө буолбут киһи үлэбэр тута тахсыбытым. Күн бүгүнүгэр диэри өлүөр сылдьабын. Сэбиэскэй кэмҥэ үөскээбит, абааһыны-тойу, илбииһити-отоһуту итэҕэйбэт дьон сөрү диэн сөхпүппүт.

Аны  Егор Петровка-Дьөһөгөй Дьөгүөссэҕэ эмтэммит Таатта олохтооҕо Лилия Бочонина кэпсээнин истиэҕиҥ:

– Бу кыһын хондуруостааххын диэн диагнозтанан: араастык илбийтэрбитим, угуттаммытым, укуолламмытым. Ыарыым алы буолуохтааҕар күн-түүн бэргээтэр бэргээн испитэ. Иҥиириҥ быстыбыта буолуо диэннэр, куоракка көрдөрүнэ сылдьыбытым.

Дьөгүөссэ Майаҕа кэлбитин истэн,Тааттаттан кэлэн эмтэммитим. Кини эрэнгиэҥҥэ түһэриини көрөөт: “Санныҥ уҥуоҕар эт кыбыллыбыт. Ону тулуйбакка, уҥуоҕуҥ хайа барыылаах, эбиитин иҥиирдэриҥ уолан эрэллэр”, – диэбитэ. Дьөһөгөй Дьөгүөссэҕэ эмтэнээт, хараҕым сырдаата. Инсуллаабыт киһи курдук санным аллара түһэ сылдьыбыта, билигин өрө таҕыста.

Дьөһөгөй Дьөгүөссэ эмтээһинин туһунан өссө биир үтүө тылынан ахтыыны, Сунтаар Тойбохойун учуутала П.Саввинова кэпсээнин, истиэҕиҥ:

– Уонча сыллааҕыта балтым илиитин тоһуппута. Улуус балыыһатыгар эрэнгиэҥҥэ түһэрэн баран, тостубут диэн боллоччу гиипсэлээн кэбиспиттэрэ. Нэдиэлэ ааспытын да кэннэ кыыспыт тарбахтара иһэлийбитэ ааспатаҕа.

Сэлиэнньэбитигэр Дьөһөгөй Дьөгүөссэ кэлбит сураҕын истээт, балтым, эрэнгиэҥҥэ түспүт синиимэгин туппутунан, киниэхэ ойбута. Күөс быстыҥа да буолбатаҕа, кыыспыт, гиипсэтин туппутунан, дьиэҕэ киирэн кэлбитэ. Дьөһөгөй Дьөгүөссэ эрэнгиэҥҥэ түһэриини көрөөт: “Илииҥ олох даҕаны тостубатах”, – диэн соһуппут. Гиипсэлээбиттэрин эрийэ тардан ылбыт уонна аргыый аҕай кэпсэтэ олорон илиитэ тахсыбытын киллэрэн кэбиспит.

“Киһи ылла да эмчит буолбат”

Итинник “ытаһалааһын” кэнниттэн норуот эмчитэ Егор Петрову – Дьөһөгөй Дьөгүөссэни кытта кэпсэтиибитин салгыаҕыҥ.

– Айаҥҥа, сынньана эҥин сылдьан эмискэ дьоҥҥо көмөлөспүт түгэннээххин дуу?

– Биирдэ Куокунуттан Сунтаарга массыынанан айаннаан испиппит. Ардах курулаччы түһэ турара, ол иһин суоппарбыт бытааннык ыытан испитэ. Ол да буоллар массыынабыт көлүөһэтэ аһара кэтититтэн эбитэ дуу – халты тэбинэн, иҥнэри түһэн хаалбыта. Онно биир кыыс атаҕа тостубутун “оҥорбутум”.

– Ханнык ыарыылары массаас көмөтүнэн үтүөрдүөххэ сөбүй?

– Эмтиир ньымабын массаас, илбийии курдук өйдүүр тутах. Мин үксүн сиһи уонна уҥуоҕу кытта үлэлиибин. Холобур, ньиэрбэ тахсыбыт буоллаҕына, оннун булларыахпын эбэтэр сис тоноҕоһо токуруйбутун имэрийэн-томоруйан көннөрүөхпүн сөп. Онон, сүнньүнэн, уҥуоҕу кытта үлэлиибин.

– Массаас, илбийии көҥүллэммэт ыарыылара бааллар дуо?

– Бааллар. Холобур, искэннээх дьону илбийии, имэрийии-томоруйуу көҥүллэммэт. Төттөрүтүн оҥоруоххун, искэни улаатыннаран кэбиһиэххин сөп.

– Хас сааскыттан дьону эмтээн барбыккыный?

– Отуппуттан. Ханнык да киһи ылла да эмчит буолбат. Сыыйа-баайа саҕалыыгын. Саха киһитэ тутан-хабан көрдөҕүнэ биирдэ билэр дии. Дьон көрдөһүүтүнэн систэрин тоноҕоһун көрөр этим. Биир оҕо илиитин тоһуппутун “оҥорбутум”. Барыта бэрт үчүгэйдик сатаммыта. Дьэ, онтон илиим иминэн тутан-хабан туох эрэ сыыһа-халты олоруу, хаанньары тардыллыы эҥин баарын араарар, билэр буолбутум. Атахтарын өлөрбүт дьону “тутаттаабытым” барыта сатанан испитэ. Миэхэ көрдөрүнүөм диэн анаан-минээн кэлбит дьону үүрбэппин, барыларыгар көмөлөһө сатыыбын.

“Уҥуоҕу кытта эмиэ кэпсэтэҕин...”

– Илиигинэн тутан-хабан, имэрийэн-томоруйан эмтиигин буоллаҕа дии?

– Имэрийии-томоруйуу да баар, тардыы да баар. Аҥаардас имэрийииттэн уҥуох көммөт буоллаҕа дии. Барытын үчүгэйдик көрөн-истэн, этэргэ дылы, ымпыгар-чымпыгар диэри “суоттаан-учуоттаан” баран тардаҕын. Киһи дэлби күүрэн, быччыҥнарын кытаатыннаран кэбистэҕинэ, кыайан “туппаккын”.

– Уҥуох олох кыайан “тутуллубат” түгэннэрэ да бааллара буолуо.

– Оннук, уҥуох сатаннаҕына сатанар, сатамматаҕына, олох сатаммат. Уҥуоҕу кытта эмиэ кэпсэтэҕин. Холобур, быччыҥы тардан олорон, ньиэрбэни кыбытан кэбиһиэххэ сөп. Манна илииҥ эрэ үлэлээбэт, өйүҥ-санааҥ эмиэ үлэлиир. Илииҥ иминэн тутан-хабан көрө олорон кэпсэтэҕин. “Чэ, аһара күүрүмэ, ыыт”, – диэн искэр көрдөстөххүнэ, “ыытар” курдук.

Мин туох да эмп-томп көмөтө суох “тутабын”, ол иһин эмтиир киһигин кытта аргыый аҕай кэпсэтиэхтээххин. Кэпсэппэккэ олорон эмискэ: “Тартым”, – диэтэххинэ, киһиҥ иҥиирдэрин күүрдэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин кэпсэтэ олорон, ыарыһах быччыҥнарын холку соҕустук ыыппытын кэнниттэн тардаҕын. Оччоҕо биирдэ сатанар.

– Уҥуох араастык тосторо буолуо дии?

– Оннук бөҕө буоллаҕа дии, уҥуох араастык тостор. Холобур, эриллэҕэс тостуу диэн баар. Уҥуох хаанньары, кыҥнары соҕус тостубут буоллаҕына, төһө да туппутуҥ иһин ыпсыбат. Оччотугар балыыһаҕа баран тимирдэтиэхтэрин сөп. Бытарыйан тостуу диэн баар буолааччы. Тилэх уҥуоҕа да тостооччу. Онон тостуу араас.

main

“Миигин норуот таһаарбыта”

– Атын уҥуох тутааччылары кытта билсэҕин дуу?

– Ааттаах эмчит Гурий Турантаевы кытта билсибитим. Атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит. Үчүгэй, астык киһи этэ. Тыла-өһө ылыннарыылаах, санаата-оноото киэҥ, дьиҥ сахалыы толкуйдаах. Мин уҥуоҕу кини курдук тутабын дии санаабаппын. Кини бэрт өрдөөҕү да эчэйиилэргэ ылсыһар уонна көннөрөр, үтүөрдэр эбит этэ.

– Өрдөөҕүтэ Николай Федоров диэн Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх уҥуох тутааччыны кытта кэпсэппитим. Кини дьону эмтиирин таһынан эчэйбит сүүрүк сылгылары эмиэ эмтиир-томтуур этэ.

– Мин эмиэ сылгылары эмтии сылдьыбытым. Ыттары эмиэ. Сунтаар Кутанатын икки сүүрүк сылгытын “оҥорбутум”. Ол икки ат күрэхтэһиигэ кыттыбыттара.

Биири чопчулаан этиим: мин норуот киһитэбин, эмчит быһыытынан миигин норуот таһаарбыта. Уҥуоҕу үчүгэйдик тутар, илбийэр, массаастыыр буоллаххына, дьон-сэргэ бэйэтинэн эйиэхэ кэлэр. Бэйэҕин эмчит быһыытынан үчүгэйдик көрдөрдөххүнэ, дьону үтүөртэххинэ, көмөлөстөххүнэ, эйигин итэҕэйэллэр, эрэнэллэр, эмтэнэ кэлэллэр буоллаҕа дии. Онон миигин эмчит быһыытынан дьонум-сэргэм таһаарбыта. Дьон көрдөстөҕүнэ, аккаастааччым суох. Ол иһин этэбин: эмчит быһыытынан норуот таһаарбыт киһитэбин диэн. Итини тоһоҕолоон суруйарыҥ буоллар үчүгэй буолуо этэ. Ол иһин: “Маннык сатаан эмтиигин дуо? Оннугу сатыыгын дуо?” – диэтэхтэринэ, кыыһырыах санаам кэлэр.

– Уҥуох тутааччы Николай Федоров оттон-мастан бэйэтэ маас оҥорор эбит этэ.

– Мин эмиэ туттар мааспын бэйэм оҥоробун. Ол оҥорорбор биир үксүн буокканы кытта мас арыытын туһанабын. Олус туһалаах маас. Холобур, уҥуоҕу үчүгэйдик туттуҥ, көннөрдүҥ даҕаны эт-сиин иһэлийбитэ көрөн турдаххына сүтэр. Сис тоноҕоһо улахан болҕомтону, кичэллээх, мындыр сыһыаны эрэйэр. Итинэн элбэх ньиэрбэ ааһар, протрузияны (сис тоноҕоһун учаастагын үллүүтүн) да таһаарар түгэннэрим баар.

– Дэлби кэлэн түһүүттэн тостубут сис тоноҕоһун (компрессионнай тостуу) “тутаҕын” дуу?

– Ньурбаҕа биир уолу оҥорбутум. Миэхэ алта күн эмтэммитэ. Онтон Новосибирскайга көрдөрүнэ барбыта. “Үчүгэй буоллаххына, төннөн кэлиэҥ”, – диэбитим. Төннүбүтэ.

Дьэ, норуот эмчитэ Егор Петров-Дьөһөгөй Дьөгүөссэни кытта итинник хабааннаах кэпсэтии тахсыбыта, ону хайдах баарынан ааҕааччыларга тириэрдэ сатаатым. Өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр кини туһунан сурулла илик эбит. Сунтаар улууһун “Алаһа” диэн сурунаалыгар кини туһунан ыстатыйа тахса сылдьыбыт. Бу матырыйаалы бэлэмнии сылдьар кэммэр кини туһунан элбэх үтүө тылы иһиттим. Дьөһөгөй Дьөгүөссэ тылыттан-өһүттэн, дьон-сэргэ киниэхэ сыһыаныттан улахан дьоҕурдаах норуот эмчитэ буоларын итэҕэйдим.

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ.

Бүтэһик сонуннар