Киир

Киир

Орто дойду олоҕо түһүүлээх-тахсыылаах, оллурдаах-боллурдаах. Олоххо көһүтүллүбэтэх өттүгүттэн араас моһол тахсар. Олортон биирдэстэрэ -- эрэһээҥки нөҥүө көҥүлэ суох олох.

Хаайыы киһи көҥүлүн хааччахтыыр ыар тыыннаах дойду буоларын онно киирэн, олорон тахсыбыт дьон билэн эрдэхтэрэ. Итиннэ түбэспиттэр үксүлэрэ арыгы ыар содулуттан ыарахан буруйу оҥорон эдэр саастарын, олохторун үтүө кэмнэрин барыыллар. Сорох -- алҕаска уолуйан хаалан (в состоянии аффекта), сорох аһыы утахтан киһилии өйүн-санаатын сүтэрэн туран, куһаҕан дьыаланы оҥордохторо.

Киһиэхэ бу Орто дойдуга көҥүлтэн  ордук дьол суох. Хомойуох иһин, ол дьолу быстах түбэлтэ, быстах санаа былдьыыра баар суол. Буолан бүппүтүн кэннэ кэмсинии, кэмиринии, дууһа айманыыта...

Аҥаардас Сахабыт сирин хаайыыларыгар төһөлөөх элбэх киһи эрэһээҥки нөҥүө күн сырдыгыттан, олох кэрэтиттэн матан олороохтуура буолуой?! Бары даҕаны ийэлээх, аҕаттан кырачаан, минньигэс киһичээн буолан Орто дойдуга айыллан кэлэн, төрөппүт истиҥ тапталыгар бигэнэн улаатан, олох киэҥ аартыгар үктэннэхтэрэ.

“Ол дойдуттан” быйыл саас саҥа босхолонон тахсыбыт Ньукулайы кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.

Көҥүлэ быһыллан, олорон тахсыбыт

киһи “МОНОЛУОГА”

Хас биирдии киһи буруйу оҥорон, сууттанан хаайыыга түбэспитин кэннэ хаайыы олоҕо кинини бэйэтин сокуоннарынан, быраабылаларынан көрсөр. Ким да, кими да атаҕастаабат, бары бырааттыы курдук буолан хаалаҕын. Хаайыы аанын атыллаан киирэн, хойуу чэй (чифир) иһэ олорон, сыыйа-баайа хаайыы олоҕун эккэр-сииҥҥэр иҥэринэн киирэн бараҕын. Хас биирдии киһиэхэ хаайыы аатын иҥэрэллэр (хос аат, “погоняло”, “кликука”). Хаайыы олоҕо бэйэтэ ис тутуллаах, үгэстээх уонна өйдөбүллээх.

Хаайыы олоҕун чыпчаал-таҥара киһитэ “түөкүн” (“вор в законе”) буолар. Кини эппитэ – сокуон, кырдьыктаах уонна туолуохтаах. “Түөкүн” этиитин “атах сыгынньахтар” (бырадьаагалар) маассаҕа тириэрдэллэр. Саха сиригэр хас да бырадьаагалар бааллар. Хаайыы олоҕун тутуһуннарар “көрөр” дьон (положенец) уонна көрөөччү (смотрящай) диэн буолаллар.

Хаайыыга саҥа киирбит киһи болдьоҕо бүтүөр диэри “массированнай бырапагаандаҕа” түбэһэр. Итинник ытарчаттан эдэр ыччат көнөн тахсара уустук.

Хаайыы олоҕо, дьыл кэмэ уларыйарын курдук, үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр уларыйа турар. Ол курдук, уонча сыллааҕыта арыгы, наркотик, киһини атаҕастааһын-баттааһын элбэх буоллаҕына, билигин олох аҕыйаата. Ол оннугар хаарты, казино (покер) уонна спортивнай ыстаапкалар (фонфет) дэлэйдилэр.

“Блатнойдар”

Зона иһигэр “көрөөччү” (смотрящай) эбэтэр балаһыанньаҕа эппиэттиир (положенец) уонна кинилэр көмөлөһөөччүлэрэ (братва) хаайыы олоҕун тутан, быһааран олороллор. Ол эбэтэр кими “хараҕа”, кими “кыһылга” араартыыллар, ким тугу дьарыктанарын быһаараллар. “Общак” диэҥҥэ хас биирдии хаайыылаахтан харчы хомуйаллара, оҥоһук оҥортороллоро. Ый аайы биир зонаттан 800 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ киирэрэ. Холобур, “общакка” “Крузер” массыынатыгар тиийэ бэлэхтээбит дьон кытта бааллара. Бу – барыта урут этэ. Билигин ол суох.

“Блатнойдарга” үксэ кэлии хапкаастыҥы омуктар, нууччалар уонна аҕыйах саха уолаттара бааллар. Саха уолаттара үксүгэр “промкаҕа” үлэлииллэр, уһаналлар.

 “Дымка” билигин суох

Урут быраага, испиир, арыгы арааһа, наркотик баар эбит буоллаҕына, билигин эрэсиим кытаатан, “киирии-тахсыы” тохтоон, арыгы уонна наркотик өттө олох сүттэ.

Урукку өттүгэр төлөпүөн кэмчи, аҕыйах эбит буоллаҕына, билигин төлөпүөнүнэн туһаныы кыралаан баар. Төлөпүөн зонаҕа баара үчүгэй да, куһаҕан да өрүттээх. Хаайыыга сытан сибээстэһэллэр уонна көҥүл олоххо туох буола турарын билэллэр. Оттон мөкү өттүн талан этэр буоллахха, фонфет, успуорт ыстаапкаҕа оонньоон иэскэ киирии элбиир. Хаартыга, спортивнай ыстаапкаҕа иэскэ киирбиттэр – көҥүлгэ баар төрөппүттэрин биэнсийэтиттэн, чугас дьонун хамнастарыттан төлүүллэр. Төлөпүөн нөҥүө массыанньыктаан суох сир учаастактарын, араас турбаны, массыыналары, о.д.а. атыылыыллар. Түмүгэр болдьохторугар (срок) эбии сыл эбинэллэр.

Буун уонна аччыктааһын

Хаайыыга буун, аччыктааһын (голодовка) мээнэҕэ буолбат. Сокуон ирдэбиллэрин толороору үлэһиттэр эрэсиими тутуһуннара сатыылларын хаайыы олоҕо күүскэ утарар, охсуһар. Маннык эрэсиими утарар уонна охсуһар ньыма (метод) – аччыктааһын, айаҕы хам тиктии, тымыры быстыы, оһоҕоһу хостооһун, о.д.а. (членовредительство) уонна буун буолар.

Ааспыт кыһын 1-кы №-дээх холуонньа кытаанах эрэсиимнээх зонатыгар (ЗУР) буолбут буун хаайыы олоҕо мөлтөөбүтүн бэлиэтиир. Зона иһигэр буун буолбутун зона барыта өйүөхтээх этэ. Ону өйөөбөтөхтөрө – хаайыы иһигэр хайдыһыы баарын бэлиэтэ. Кытаанах эрэсиимнээх зонаҕа бууннаабыт уонна “айахтарын тиктибит” уолаттар үгүстэрэ -- саха. “Өҥнөөх” өттүлэрэ билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буоланнар, ити уолаттары систиэмэҕэ уган биэрдилэр, эрэйгэ-муҥҥа тэптилэр.

2009 сыллаахха хаайыыга (СИЗО-ҕа) буолбут бууҥҥа түрмэ хаайыылаахтара бары бууннаабыттара, астан аккаастаммыттара, түннүктэри алдьаппыттара итиэннэ сэтинньи ыйга диэри түннүгэ суох олорбуттара. Итинник бууннар, аччыктааһыннар хаайыылаахтары бэйэлэрин истэригэр түмсүүлээх, биир сомоҕо оҥороллор. Оччотооҕуга бу түбэлтэ туһунан иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ суруйан, кэпсээн, көрдөрөн тураллар.

                         “От сумы да от тюрьмы не зарекайся”       

Саха сирин хаайыыларыгар аҥаарыттан ордуга барыта -- саха дьоно. Мантан улахан аҥаардара арыгылаан түбэспит дьон, өйдөөх сылдьан хайдах да кыайан оҥорбот дьыалаларын оҥорон түбэспиттэр. Олор истэригэр үчүгэйдик киһилии олорбут ыал аҕалара, эһэлэрэ бааллар. Ол буолбут түбэлтэлэрин куһаҕан түүл курдук саныыллар уонна онтон кэмсинэллэр.

“Ким да инникитин тымтыктанан көрбөт”, “от сумы да от тюрьмы не зарекайся” диэн норуот өс хоһоонугар этиллэрин курдук, киһи олоҕо эмискэ 180 кыраадыс төттөрү эргийиэн сөп. Хаайыыга арааһынайдаан түбэһэн киирэллэр. Онтон сиэттэрэн биир түгэни кэпсиэхпин баҕарабын.

Афанасий 6 оҕолоох, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах, өрөспүүбүлүкэ биир улахан улууһун киинигэр олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар сыбаарсыгынан үлэлээбитэ.

Биир сайыҥҥы киэһэ, бээтинсэ күн, үлэтиттэн хойутаан дьиэтигэр төннөн истэҕинэ, үс итирик уол көрсөн, туох да сылтаҕа суох үөҕэ-үөҕэ соһо сылдьан кырбыыллар. Нэһиилэ дьиэтигэр тиийэр. Өлүү болдьохтоох, дьиэтигэр ким да суох буолан биэрэр. Кыыһырбычча, уолҕамчы санаатыгар саатын ылан, матасыыкылын собуоттаан кырбаабыт уолаттарын көрдүү барар. Уолаттар Бүлүү өрүс биэрэгэр арыгылыы олороллорун булан тиийэр уонна кинилэр диэки туһаайан иккитэ ытар. Эмискэ өйдөнөн кэлэн, алдьархайы оҥорбутун, дьэ, өйдүүр. Оһоллообут уолаттарыгар көмө оҥоро сатыыр да, биир уол тута өлөр, иккиһэ бааһырар. Үһүс уол куотан биэрэр. “Суһал көмөнү” ыҥырар. “Суһал көмө” кэлэн, эмсэҕэлээбит уол быыһанар.

 Ити курдук, биир быстах түбэлтэттэн, элбэх оҕолоох тыа ыалын нус-хас олоҕо алдьанар. Барыта арыгы содулуттан, итирэн баран туох да сылтаҕа суох киэбирииттэн. Ньир бааччы олорбут ыал аҕата суох тулаайах хаалар. Аҕалара 9 сыл болдьоххо хаайыллар. Ийэлэрэ 6 оҕотунуун эмискэ соҕотохсуйан хаалар.

Афанасий куоракка хаайыыга кэлбитин кэннэ Москубаҕа Бутыркаҕа психикатын бэрэбиэркэлэтэ ыыталлар. Манна кини сыл аҥаара Арассыыйа улахан хаайыыларын барытын кэрийэн, эрэй бөҕөтүн көрөн “доруобай” дэттэрэн, Сахатын сиригэр төннөн кэлэр. Кинини дойдутугар кэлбитин кэннэ кытаанах эрэсиимнээх зонаҕа ыыталлар. Бастаан тиийэн баран хаайыылаахтары уонна “блатнойдары” кытта уопсай тыл булбакка эрэйдэнэр. Онтон, хата, үчүгэй идэлээх буолан “промкаҕа” сыбаарсыктыы тахсар. Үлэлээн-хамсаан, дьэ, сэргэхсийэр. Ол тухары күүстээх санаалаах буолан, итэҕэлин, эрэлин, киһилии сиэрин сүтэрбэккэ сылдьар.

Элбэх саха уолаттарыгар аҕа киһи быһыытынан көҥүл олох туһунан кэпсиир, үөрэтэр-такайар. Манна барытыгар бэйэтин холобура, үтүө майгыта көмөлөһөр. Табаҕын быраҕар, арыгыны олох испэт. Хас да эдэр уолу бэйэтин идэтигэр -- сыбаарсыкка -- үөрэтэн, үчүгэй исписэлиис оҥортуур. Уһуннук, үчүгэйдик үлэлээн, эрдэ УДОнан босхолонор. Хаайыыга олорор кэмигэр улахан оҕолоро, үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэһит, ыал буолаллар, инньэ гынан хас да сиэннэнэр. Оҕолоро бэйэлэрэ дьиэлэнэн-уоттанан, тапталлаах аҕаларын ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсөллөр.

Көҥүлгэ тахсан, баҕа санаатын толорон, сүөһү-сылгы ииппитинэн барар. Билигин атаҕар чиҥник турбут, өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Онон Афанасий курдук ханнык баҕарар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит эрээри, бигэ итэҕэллээх уонна эрэллээх киһи буоллаҕына, өлөн-охтон биэрбэт. Кини ситиһиитэ кимиэхэ баҕарар холобур буолуон сөп.

Бүдүрүйбүт да көнөр ээ

Онон эдэр ыччакка этиэм этэ – биирдэ бэриллэр олоҕу кырасыабайдык, туһалаахтык олоруҥ. Хаайыыга олорор үгүс саха уолаттара көҥүллэрэ быһыллан, хаайыыга олорор куһаҕанын өйдөөн, көҥүлгэ сылдьар доҕотторугар, табаарыстарыгар, бырааттарыгар, чугас дьонноругар, кинилэр курдук сыыһа хардыыны оҥорботторугар сүбэлииллэр, тылларын-өстөрүн тиэрдэллэр. Бэйэлэрэ инники олохторугар эрэллэрэ күүһүрэр, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһаллар. Хатыылаах эрэһээҥкилээх хаайыыттан төлө көтөн таҕысталлар эрэ, аны ол дойдуга төттөрү төлкөлөнөн, таҥнары ыйаахтанан киирбэттии, чаҕылхай күннээх, сырдык халлаан анныгар сирдээҕи дьоллоох олоҕу олорору ыра санаа оҥостоллор.

Онон түмүккэ ыар дьылҕаламмыт чугас дьоҥҥутуттан, көҥүлгэ баар чугас дьонноро, киэр хайыһымаҥ дуу, бүдүрүйбүт да көнөр ээ диэн көрдөстөҕүм буоллун.