Киир

Киир

Икки өттүттэн айар куттаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүт Сайсары Куо ырыаһыт буолара үөһэттэн оҥоһуллубут, айыллыбыт курдук. Бүлүү Тыымпытыттан төрүттээх, айар куттаах Степан Сэмэнэп уонна “Туймаада” ансаабыл баһылыыр-көһүлүүр ырыаһыта Уруйдаана Харитонова тапталларын туоһулара, кэрэчээн кыыстара Сайсары Харитонова буолар.

Эдэр ырыаһыт айар үлэтин сэҥээрээччилэр, бука, сэрэйдэххэ, кыыскытын сүтэрбит буолуохтааххыт. Кини билигин дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа олорор, онно үөрэнэр, үлэлиир-хамсыыр. Сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр “Кыымҥа” таарыйан, сэһэргээн ааста.

saysaru

– Сайсары, дорообо!

– “Кыым” ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Манна баар эрдэхпинэ, син ырыаһыт быһыытынан биллэ-көстө сырыттаҕым дии. Кэлин биллибэтэҕим ыраатта. Москубаҕа Гнесиннэр ааттарынан академияҕа төрдүс куурус устудьуона буоллум. Эһиил үөрэхпин бүтэрэбин, онтон салгыы икки сыл магистратураҕа хаалбыт киһи дуу диэн санана сылдьабын. Идэбинэн эстрада-джаз хайысхатын уһуйааччыта диэммин. Ол аата ырыаҕа үөрэтиэхпин, артыыс да быһыытынан үлэлиэхпин сөп. Дойдубар эргиллэрбин күүтэ аҕай сылдьабын. Туох да иһин анараа хаалбаппын, төрөөбүт дойдубар талаһабын.Москубаҕа барыта атын, айылҕаттан саҕалаан дьон-сэргэ майгытыгар тиийэ ураты. Бэйэбин тирэхтээх курдук санаммаппын, төрдүм, силиһим манна баар. Сахам дьонун дириҥ толкуйдарын, элэккэй, көрсүө-сэмэй майгыларын суохтуубун. Үөрэнэр сылларым былаһын тухары биир дойдулаахтарым киэҥ сиргэ тиийэн, үрдүк билиилэрин, дириҥ толкуйдарын көрдөрөллөр эбит. Атыттартан быдан чорбойоллорун бэлиэтээтим.

– Москубаҕа олох-дьаһах хайдаҕый? Кимнээҕи кытта үөрэнэ сылдьаҕыный?

– Бөлөхпүтүгэр 25 буолан үөрэнэбит. Улахан аҥаардара эрмээн уонна аҕыйах нуучча баар. Ыллыыр кыахтара олус күүстээх. Били, итии хааннаахтар диэн дэлэҕэ эппэттэр эбит. Ол эрээри бары күүстээхтэр диир эмиэ сатаммат курдук, таһымнара мөлтөхтөр эмиэ бааллар.

saysary5

– Бу үөрэххэ хайдах туттарсан киирбиккиний?

– Бастаан сайабылыанньа суруйан абитуралаабытым. Туттарсыы кэмигэр харчы төлөөн билсиинэн киирбиттэр эмиэ бааллара. Күрэстэһии наһаа үрдүк этэ. 370 оҕоттон 15 оҕо киирбитэ. Олортон 5 оҕо – бүддьүөт, хаалбыт 10 устудьуон төлөбүрдээххэ киирбиппит. Мин хайдах да бүддьүөт миэстэтигэр хапсар кыаҕым суоҕа, онно, бастатан туран, колледжы бүтэрбит бэйэлэрин оҕолоро үргүлдьү киирэллэр. Ол иһин босхо үөрэнэр туһунан санамматаҕым даҕаны. Хата, биир сыл Эстрада тыйаатырыгар үлэлии сылдьыбытым. Оччолорго Алексей Алексеевич Егоров-Өркөн дириэктэрдиир этэ. Кини уонна Татьяна Николаевна Чаранская көмөлөрүнэн, Үөрэх министиэристибэтин кытары кэпсэтии баран, үөрэҕим сыанатын төлөһөр усулуобуйа тэриллибитэ. Эбэн эттэххэ, бу үөрэххэ 2011 с. эмиэ туттарса сылдьыбытым. Онно фортепианоҕа бастакы идэбинэн киирээри санаммытым эрээри, бырагыраамам арыый да сыппах этэ. Эстраднайга тиийэн туттарсыбыппар “төлөбүрдээххэ ылабыт” диэбиттэрэ. Ол саҕана харчы өттүгэр кыаҕым суоҕа, төннөн кэлбитим. Онон билигин бириэмэтэ кэлэн үөрэнэ сылдьабын дии саныыбын.

– Саха сириттэн Гнесиннэргэ кимнээх баалларый?

– Миигин кытта 2 сыллаах магистратураҕа Айаал Сильверсан уонна Алиса Саввинова бааллара. Кинилэр үөрэхтэрин этэҥҥэ бүтэрэн барбыттара. Алиса билигин манна көһөн кэлбитэ.

saysary1

– Сайсары, бэйэҥ туох идэлээххиний? Ханна үөрэммиккиний?

– Мин 9-с кылаас кэннэ Марк Жирков аатынан муусука колледжыгар, салгыы Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка үөрэммитим. Идэм ырыаны кытары ыкса ситимнээх. Устудьуон сылларбын олус сылаастык, истиҥник саныыбын. Дириҥ билиилээх, талааннаах дьоҥҥо уһуйуллубутум диэн, ханна да сырыттарбын, киэн тутта этэбин.

saysary2

– Саха эстрадатын билиҥҥи ырыаһыттарын туһунан тугу этиэххиний? Киэҥ сиргэ тэлэһийэ сылдьар кыыс, атын омуктары кытта саха ырыаһыттарын тэҥнээн көрөр буолуохтааххын...

– Арассыыйа олохтоохторо син биир сайдыыттан хаалан иһэбит. Ол хааларбыт туһалаах. Тоҕо диэтэххэ, былыргыттан тэйэ иликпит. Билигин анараа аһара сайдан, төрүччүлэрин букатын умнан кэбиспиттэр быһыылаах дии саныыбын. Биһиги көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит үгэстэрбитин, ырыабытын-тойукпутун, олоҥхобутун тута сылдьабыт. Ол эбэтэр, куоласпытыгар урукку өбүгэлэрбит тиэмбирдэрэ иһиллэр. Саха ырыаһыттара уратытык иһиллэр буоламмыт, омуктар интэриэһиргииллэр. Билиҥҥи омуктар фонограмматтан сылайбыттар, ордук тыыннаах доҕуһуолу истиэхтэрин баҕараллар.

Билиҥҥи саха эстрадатын туһунан эттэххэ, ырыаһыттар таһымнара үрдүк. Син биир үөһэ этиллибит тус санаабар олоҕуран хатылыыбын. Билигин кыахтаах киһи тахсар. Хаһан эрэ Алла Пугачева “талааннаах дьону өйүөххэ наада, оттон кыахтаахтар бэйэлэрэ да тахсыахтара” диэн сөпкө да эппит. Биһиги артыыстарбыт бэйэлэрин кыахтарынан, хара көлөһүннэринэн тахсан үлэлии сылдьаллар. Ырыа суруйаллар, ырыа хас биирдии тыаһын-ууһун толкуйдаан оҥортороллор, таҥастарын-саптарын бэрийэллэр, истииллэрин толкуйдууллар. Ол иһин ырыаһыт буолуон баҕалаах киһи дьирээлэһэн туран үлэлиэхтээҕин эттэринэн-хааннарын билэллэр. Соҕуруу ырыаһыттары үчүгэйдик билбэппин, баҕар, истэригэр киирдэххэ, эмиэ оннук буолуо. Чэ, бээ, барытын быһаарсар курдук, дириҥэтэн барбаппын.

Биллэн турар, саха эстрадатыгар итэҕэс-быһаҕас син биир баар. Дьиҥэр, бу идэ ымпыга-чымпыга элбэх, киириилээх-тахсыылаах идэ. Ону үөрэххэ киирэн баран, бигэтик өйдөөтүм. Ырыаһыт сыыһа-халты туттуутуттан, көрөөччүлэргэ сыыһа холобур баран хаалыан сөп. Ол уопсастыбаҕа дьайыыта кутталлаах. Артыыс ону билиэхтээх уонна өйдүөхтээх. Ис күүһү сөпкө туһаныахха наада.

saysary3

– Үс сыл устата үөрэммитиҥ кэннэ, куоласкар, ыллыыр кыаххар уларыйыы баар курдук дуо?

– Соторутааҕыта “Күһүҥҥү серенада” дойдубутугар буолбута. Онно Алексей Егоров “пуормаҕын тута сылдьар эбиккин” диэн хайҕаабыта. Бэйэм санаабар, соччо уларыйыы суох курдук. Дьиэбэр ким да суоҕуна ыллаан көрөөччүбүн. Аныгы үйэ сиэринэн “Инстаграмҥа” таһаарбаппын. Арааһа, кыбыстабын быһыылаах.

saysary4

– Анараа бииргэ үөрэнэр оҕолоргун кытта төһө тапсаҕыный?

– Сахаларым, биир дойдулаахтарым баран хаалбыттарын кэннэ чуҥкуйабын, соҕотохсуйабын аҕай. Аны бииргэ үөрэнэр оҕолорум бары 6-7 сыл кыралар... Чэ, оннук сылдьабын... (мичик-мичик гынан күлэр). Уопсайга олоробун, ол үчүгэй.

saysary6

– Оҕо сааһыҥ хайдах этэй?

– 9-с кылааһы Покровскайга бүтэрбитим. Алын кылааска куоракка үөрэммитим. Өссө Муусука үрдүкү оскуолатыгар эмиэ үөрэнэ сылдьыбытым. Сайын аайы эбэм аахха сайылыыр этим. Билигин да Тыымпыга (Тоҕуска) тиийэ турабын. Бу күннэргэ эмиэ дойдубуттан кэлбитим. Онно тиийэн күүс-уох эбинэбин, саамай чугас дьоммор көмөлөһөбүн, интэриэһинэй кэпсээннэрин истэбин, дууһалыын сынньанабын.

– Ийэҥ этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар дуу?

– Ийэм олус талааннаах, айар куттаах киһи. Кини ырыа да суруйар, таҥас да тигэр, дизайныыр, архитектордыыр. Аймахтарбыт бары дьиэлэрин ийэбэр былааннаталлар. Ийэбиниин айар сибээс күүстээх быһыылаах, кинини кытта кыратык кэпсэттим да, уоскуйан хаалабын. Айар идиэйэбитин иккиэн былааннаатахпытына, үчүгэй баҕайы буолан тахсар. Бэйэм иискэ сыһыаным суох, биирдэ былаачыйа тиктээри гынан иһэн аккаастаммытым. Онон ийэм талаанын, дьоҕурун, тулуурун сөҕөбүн эрэ.

– Ийэҥ инники идэҕин талыыгар оруоллаах дуо?

– Миигин ким даҕаны ырыаһыт буол диэн модьуйбат этэ. Хата, бэйэм сыҥалана сатааччыбын. Кыра эрдэхпинэ, ийэм өрүү дьаабылыка сыттаах буолара. Ыраах айантан кэллэҕинэ, үөрүү-көтүү буоларбын өйдүүбүн. Ийэм гостуруолтан, айантан кэлэрин долгуйа күүтэрим. Ыраах сиртэн бэлэх бөҕөлөөх кэлэрэ. Биллэн турар, оҕо буоламмын, сороҕор ийэбиттэн ордук болҕомтону көрдүүрүм. Наһаа ахтар буоламмын, өйдөөбөт да түгэннэрим бааллара. Бу санаатахха, күн күбэй ийэм мин туспар үлэлээтэҕэ, киһи буолан тахсарбар олук уурдаҕа. Хата, эһэлэрдээх, эбэлэрдээх буоламмын, наһаа дьоллоохтук улааппытым.

– Аҕаҥ эн өйгөр хайдах хатанан хаалбытый?

– Аҕам Байбал Сэмэнэп бииргэ төрөөбүт убайа Степан Сэмэнэп диэн. Кини мин 10-с хонукпар күн сириттэн күрэммитэ. Кинини харахтаан да көрбөтөх буоллаҕым... Чугас дьонум, кинини кытары алтыһан ааспыт доҕотторун кэпсээннэриттэн билэбин. Аҕам табаарыстара үгүһү кэпсээччилэр. Ол эрээри аҕата суох улааппытым диэн санаа суох. Хайдах эрэ өрүү аттыбар баар курдук. Үөһэттэн араҥаччылыыр, көмөлөһөр. Бу саас Тоҕуска аҕам аатынан күрэх буолбута. Мин кыайан кэлбэтэҕим. Күрэх буолара биир хонук хаалбытыгар түүлбэр киирэ сылдьыбыта. Уопсайынан, олохпор туох эрэ суолталаах тэрээһин, уларыйыы буолаары гыннаҕына, өрүү түүлбэр кэлэн барар. Кини миигин көрө-истэ сылдьар диэн итэҕэйэбин. Тас көрүҥмүнэн аҕам курдук үһүбүн, эбэм итинник диир. Аҕам наһаа сымнаҕас майгылаах, сытыы-хотуу үһү. Онно холоотоххо, мин бытаан, мөдөөн соҕуспун.

saysary7

– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный?

– Соҕотох олорон толкуйдуур миэстэни өрүү көрдүүбүн. Оннук санаабын сааһылыырбын, чуумпуга олорон ыллыырбын, дьон мэтириэтин уруһуйдуубун сөбүлүүбүн. Уруһуйга эмиэ кыра сылдьан дьарыктаммытым. Өссө “Айархаан” бөлөҕөр киирэн хомус тардыбытым, ол иһин хомуска оонньуурбун сөбүлүүбүн. “Айархааннары” кытта тас дойдуларынан айан бөҕөтүн айаннаабыппыт.

Наһаа барыы-кэлии быыһыгар ыһыллан хаалабын, ол иһин чуумпуну сөбүлүүбүн. Дойдубун, дьоммун наһаа ахтабын. Ол гынан баран кэлиҥҥинэн соччо чуҥкуйбаппын. Тыйаатырга үлэлиибин ээ.

– Дуо? Ханнык тыйаатырга?

– Ольга Иванова-Сидоркевич кыыһа Олялыын биир тыйаатырга үлэлиибит. Дуровтар ааттарынан чааһынай тыйаатырга киирбитим. Бастакы-иккис кууруска ускул-тэскил сылдьыбытым. Кыра тэрээһиннэргэ ыллыыр этим. Онтон биирдэ бассаапка, Оля суруйбута. Оля ийэтин курдук ааттаах, наһаа күүстээх куоластаах. Быйыл Аммаҕа ыытыллыбыт оонньууларга ыллаан-туойан ыалдьыттаан барбыта. Кини куолаһын үгүс истээччи ийэтигэр майгыннатар эбит. Үлэҕэ киирэрбэр эмиэ долгуйуу бөҕө буолбутум. Саатар, режиссёр Степанида Борисова курдук туой диэн ууга-хаарга түһэрбиттээх. Мин иннибинэ Алиса Саввинова үлэлээбитэ. Биир дойдулаахпыт Семен Ченянов нүөмэрбитин биэрбит этэ. Онон үлэлээх буоламмын үчүгэй, астынабын аҕай. Испэктээкиллэргэ аркыастырга олоробун, туойабын уонна хомус тардабын. Испэктээктэрбит “браво-бис” доҕуһуолга ыытыллаллар, оҕолор төрөппүттэрин кытары көхтөөхтүк тыйаатырга сылдьаллар эбит. Испэктээк бүппүтүн кэннэ бары сибэккинэн көмүллэбит. Ол наһаа үөрүүлээх уонна долгутуулаах. Салгыы бу курдук үөрэнэн, үлэлээн, сайдан сылдьыахпын баҕарабын. Үлэлээх буолбутум кэннэ, олоҕум тосту уларыйбыт курдук.

– Ырыа туһунан эттэххинэ, бу соторутааҕыта саҥа ырыаҥ тахсыбыт этэ дии?

– Аһаа, “Түүҥҥү ардах” диэн ийэм хаһан эрэ ыллыы сылдьыбыт ырыатын саҥалыы тыыннаан таһаардым. Урут араадьыйаҕа тыаһыы сылдьыбыт этэ. Бу ырыа тыаһын-ууһун анараа оҥорторо сатаабытым да, нууччалар, тылын өйдөөбөт буоланнар, баҕам хоту табыллыбатаҕа. Ол иһин дойдубар кэлэн оҥорторон сүрэхтээбитим. Ырыалар өссө бааллар, тахсан иһиэхтэрэ. Ырыа иитиллэн тахсар, бэйэтэ туспа кэмнээх-кэрдиистээх. Ырыаларым наһаа өр оҥоһуллан, чочуллан тахсаллар. Хас биирдии ырыабар оҕобор курдук сыһыаннаһабын.

– Сайсары, куоракка улааппыт, киэҥ сиргэ үөрэнэр сорох саха түргэн үлүгэрдик нууччатымсыйан хаалар дии. Эн наһаа ыраастык төрөөбүт тылгынан саҥара-иҥэрэ сылдьаргын истэргэ үчүгэй баҕайы...

– Бары итинник дииллэр ээ. “Москуба олус үчүгэй, тоҕо сөбүлээбэккиний?” диэн буолар. Миэхэ Сахам сирэ наһаа күндү! Тоҕо эбитэ буолла, атын сиргэ, дойдуга барыахпын баҕарбаппын. Онон дойдубар кэлэн үлэлиир-хамсыыр күммүн күүтэбин! Сахам дьонугар-сэргэтигэр кытаанах доруобуйаны, таһаарыылаах үлэни, тулалыыр дьоҥҥо харыстабыллаах сыһыаны баҕарабын! Этэҥҥэ буолуҥ!

– Махтал! Сэргэх кэпсээннээх, үлэһит майгылаах, талааннаах Сайсары Куобутугар ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

Сэһэргэстэ Екатерина АФАНАСЬЕВА.

Санааҕын суруй