Киир

Киир

“Кыым” бүгүҥҥү ыалдьытын кытта сэһэргэһиим киирии тылын балай эмэ өр толкуйдаатым. Ырыаһыт эрэ диирим, итэҕэс курдук. Аны артыыс диэҕи эмиэ тутах курдук.

Ырыаһыты ырыаһыт диим. Бэйэтэ тыллаан-матыыптаан айбыт “Кэҕэ” ырыатын толоруоҕуттан харах далыгар хатаммыта. Уһун дьылыгыр уҥуохтаах, харанан чоҕулуччу көрбүт, дэгэрэҥнэтэн ылар чуор куоластаах уолу сонно тута сөбүлээбиттэрэ. “Тахсыыһы, кэскиллээх уол” диэбиттэрэ. Ол – Василий Еремеев. Эстрада тыйаатырын солиһа, СӨ үтүөлээх артыыһа.

evasya

– Василий, интервьюга мээнэ киирэн биэрбэт киһи быһыылааххын. Баҕарбаккын дуу, эбэтэр кэпсээнэ-ипсээнэ суох ньимиликээн киһигин дуу?

– Алдьархай элбэх кэпсээннээх киһибин ээ, дьиҥэ. “Кыымҥа” хаста да таһааран тураллар.

– “Кыымҥа” диэ.

– “Кыымҥа”... Ыҥырдахтарына, сэһэргэһэргэ бэлэммин. Туохпун кистиэхпиний?! (Күлэр). Кистиирим суохха дылы. Дьон курдук олохтоох киһибин. Уратым суох.

– Төһө аһыллымтыа киһигиний? Чэ, аһаҕас майгылаах диэххэ дуу.

– Аһылыннахпына, аһыллан бөҕө буоллаҕым. Эн санаан олороруҥ курдук, оннук үлүгэр тоҥуй киһи буолбатахпын. Ааспыты кэпсиибин. Арай буолуохтааҕы, холобур, былааммын эҥин аһаҕастык этэртэн туттунабын. Урут барытын ыһа-тоҕо кэпсиир идэлээҕим. Онтум туолбакка хаалара. Ол иһин туттунар буоллум.

– Ол аата барыны-бары итэҕэйэ, сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьар киһи буоллаҕыҥ.

– Наһаа да оннук кэтэнэ-манана сылдьыбатарбын, син итэҕэйэбин.

evasya1

– Бүлүүгүн.

– Бүлүү I Тоҕуһуттан төрүттээхпин. Удьуорбар ырыаһыттар суохтар. Арай эһэм ыллыыра. Иһигэр киҥинэйэн ыллыырын өйдүүбүн. Дьоҥҥо, киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах киһи. Аймахтарбар Байбал Сэмэнэп баар. Байбал – эһэм бииргэ төрөөбүт балтын уола. Аҕатын өттүнэн бары удьуор ырыаһыттар. Аҕата тойуксут, оһуокайдьыт этэ. Ол талаана Байбалга бэриллибит.

– Эйигин тоҕо эрэ Байбалы кытта күрэстэһиннэриэхпин баҕарабын. “Күрэстэһээччилэр” да диэх курдук саныырым.

– Бай, тоҕо?

– Биир кэмҥэ ыллыыгыт. Иккиэҥҥитигэр куолас да, талаан да баар. Аны туран, Байбалыҥ сылын аайы кэнсиэрдиир, саҥа ырыаны балай эмэ таһаарар.

– Суох, туохпутун былдьаһыахпытый?! Уопсайынан, эстрадаҕа бэрт былдьаһыы, күөнтэһии диэн суох.

– Ама, хайаан?!

– Мин санаабар, оннук. Баҕар, сорох ырыаһыт атын санаалааҕа буолуо. Ким билэр... Дьиҥэ, биир өттүнэн ылан көрдөххө, күрэстэһии, бастыырга дьулуһуу баар буоллаҕына, ол аата сайдыы барар. Ким эрэ кимтэн эрэ ордук буола сатаатаҕына. Ол эрээри, биһиэхэ суох дии саныыбын. Ахсааммыт аҕыйаҕыттан да буолуо. Шоу биисинэс диэн суоҕун тэҥэ. Тыаҕа олорор дьон биһигини, ырыаһыттары, кыахтаах, баай дьон курдук көрөллөр. Кэнсиэр тэрийбитэ буолан мөлүйүөннүүнү баһан ылар курдук көстөбүт быһыылаах. Оннук буолбатах. Холобур, мин кэнсиэр тэрийэ сылдьан “умайбыт” да түгэннэрдээхпин. Билигин кэнсиэр тэрийэн баран ороскуокка тэбиллибэтэххинэ – үөрүү.

evasya2

– Ыҥырыыга сылдьан ыллаан-туойан балай эмэни аахсар курдуккут.

– Ырыаһыттар – баай дьон диэхпин тылым барбат. Орто баайыылаах диэххэ сөп.

– Бэйэҕин эмиэ олор истэригэр киллэрэҕин дуу?

– Орто сэниэ киһибин дэнэбин. Баҕар, кимиэхэ эрэ кыахтаах баҕайы курдук көстөрүм буолуо (күлэр).

evasya4

– Дьонуҥ туох идэлээхтэрий? Төрүкү Бүлүү дьоно буоллаҕа?

– Тыа боростуой дьоно. Ийэлээхпин эрэ. Кырабыттан эбэлээх эһэбэр иитиллибитим. Ийэм соҕуруу үөрэммитэ. Икки үрдүк үөрэхтээх. Буҕаалтырдыы сылдьыбыта. Билигин биэнсийэҕэ олорор. Урбаан тэринэн атыынан дьарыктанар.

– Хаскар диэри эбэлээх эһэҕэр иитилинниҥ?

– Оскуолабын бүтэрэн, үөрэххэ киириэхпэр диэри. Дьиҥ чахчы, эһэ, эбэ оҕото этим.

POZS6591

– Оччоҕо ийэҥ букатын эдэригэр төрөппүтэ дуо?

– Олус эдэригэр да буолбатар. Сүүрбэ түөрдүгэр төрөппүтэ. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Балтылаахпын. Ыал, үс уол оҕолоох. Тыаҕа олорор.

– Бу чоҕулуччу көрөн олороҥҥун эт эрэ, туох омук булкаастааххыный?

– Нуучча хааннаахпын. Аҕам – нуучча.

– Билсэҕит дуу?

– Суох. Кырабар барбыта. Аҕата суох улааппыт буоламмын, оннукка үөрэнэн да хаалбыппын. Оннук буолуохтааҕын курдук ылынабын. Урут да соччо кыһаммат этим. Билигин көрдүү, сураһа сатаабаппын.

– Хааныҥ тардыбат дуо?

– Суох, быһыыта. Баҕар, нууччалыы иитиилээҕим эбитэ буоллар, көрдөөн көрүөм этэ. Саастаах дьон ииппит буолан, ити туһунан тугу да саҥарбат этилэр.

evasya3

– Бэйэҕин төһө көрүнэҕиний?

– Сыана киһитэ буоллаҕым. Ол иһин бэйэ бодобун тардынан, таҥна-сапта, тутта-хапта сатыыбын. Ыраастык, чэнчистик сылдьарбын ордоробун. “Бэйэҕин таптыыр буоллаххына эрэ, дьон эйигин таптыыр” дииллэр. Мин эмиэ оннук дии саныыбын.

– Ол аата бэйэҕин олус таптыыр, нууччалыы кыбыттахха, “самовлюбленнай” соҕус буоллаҕыҥ?

– Хайҕана-хайҕана, бэйэбин эрэ таптыыбын диэбэппин. Бу дойдуга төрөөбүккүттэн, кэргэннээххиттэн, оҕолордооххуттан, үлэлээххиттэн дьоллонор уонна онтон астынар буоллаҕыҥ. Бэйэҕинэн киэн туттар диэххэ сөбө дуу?.. Санаан да көрдөххө, онтон ордук туох дьоло баар буолуой?!

– Успуорка хайдаххыный?

– Чопчу биир хайысханы тутуһан дьарыктанабын диэбэппин эрээри, иллэҥ кэм көһүннэҕинэ, саалаҕа баран дьарыктанабын. Успуорду сэҥээрэбин.

FQKP3452

– “Ырыа – бу, кырдьык, миэнэ эбит”, “ырыаттан ураты атын үлэ да, идэ да наадата суох эбит” диэн санаа хаһан киирбитэй? Кыраҕыттан дуу, эбэтэр “бостуой ырыаһыт буоламмын” диэн билигин да саарбахтаан ылар түгэннэрдээххин дуу?

– Уончалаах эрдэхпинэ эбитэ дуу... Чэ, уоммуттан тахсан баран. Оччолорго убайым аармыйаттан кэлбитэ. Гитаралаах этэ. Бэйэтэ бэйэтигэр сэмээр оонньооччу. Ону истэн, гитара тыаһын олус сөбүлээбитим. Чахчы, сүрэҕим ортотунан киирбитэ. Ымсыыраммын “үөрэт да үөрэт” дии сатаабыппын, сүрэҕэлдьээн үөрэппэтэҕэ. Тыыттарбат да этэ. Суоҕар эрэ кыратык тутан-хабан көрөрүм. Оннук үөрэнэн аҕыйах аккорду таһаарар буолбутум. Аскалон ырыаларын таһаара сатыырым, үтүктэр этим. Сайын тэлгэһэбитигэр балаакка туруорааччыбыт. Ол иһигэр киирэн ыллыыр этим.

– Оннук “балаакка иһигэр” ыллыы сылдьан сыанаҕа хайдах таҕыстыҥ?

– Биир сайын улахан эдьиийим кэргэнэ, күтүөтүм – саха тыйаатырын үтүөлээх артыыһа Дмитрий Михайлов – кэллэ. Эбэм: “Ити уолу иһит эрэ, ыллаабыта буолар”, – диэтэ. Ыллатан көрдө. Эбэбэр “син ыллыыһы” диэтэ быһыылаах, бэйэбэр туох да диэбэтэҕэ.

– Ол кэннэ?

– Бүлүү Тыымпытыгар “Күһүҥҥү серенада” диэн кэнсиэр буолара. Хас да сыл тохтуу сылдьан баран, быйыл эмиэ тэрийэн эрэбит. Ол бастакы сылыгар Екатерина, Алексей Егоровтар, Аскалон, Байбал, Байбал убайа Ыстапаан кэнсиэрдээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Күтүөм Дмитрийи ыытааччынан ыҥырдылар. Кини кулууппут дириэктэрэ Иннокентий Бурнашовка: “Еремеев Васёк кистээн ыллыыр эбит. Сыанаҕа таһааран көрбөппүт дуо?” – диэн тыл кыбытта. Биирдэрэ сөбүлээбэтэх баҕайытык көрүтэлээтэ, иһин түгэҕэр “ээ-ээ...” эрэ диэтэ. Ол гынан син сөбүлэстэ быһыылаах. Киэһэ ыллыыр буоллум. Дьэ, ыллаатым. Ол кэннэ сыанаттан түспэт буолан хааллым. Күн бүгүнүгэр диэри бу ыллыы сырыттаҕым.

– Бүлүү уола, тыыппалаах ырыаһыттары көрө-истэ сырыттаҕыҥ.

– Кыра сырыттахпына, “чорооннор” эҥин кэлэн гостуруоллаан бараллара. Кэнсиэр элбэхтик буолара, ону букатын көтүппэт этим. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо диэн туспа көрдөрөллөрө. Оҕолор киэннэригэр сөп буолбакка, улахан дьон кэнсиэрин көрөөрү олоппостор быыстарыгар саһан хааларым. Ол быыһыттан өҥөйөн көрөрүм. Алексей Егоров ыллыырын көрөн, ымсыырар да этим. Улааттахпына, чахчы, кини курдук ырыаһыт буолуом диирим уонна сыанаҕа тахсан ыллыы турарбын өйбөр оҥорорум.

eremeev3

– Кэнники саҥа ырыалары тоҕо эрэ таһаарбат буолан хааллыҥ.

– Бааллар. Биирдиилээн-иккилиилээн. Альбом таһаарыахтаах этим да, сытар.

– Тоҕо?

– Үпкэ-харчыга иҥнэн хаалан.

– Сольнай кэнсиэриҥ эмиэ аҕыйахха дылы.

– Былырыын тэрийбитим. Айар үлэм сүүрбэ сылыгар анаан. Дэҥҥэ тэрийэбин. Бэлиэ сылларга сөп түбэһиннэрэн оҥоро сатыыбын.

– Бэйэҥ ырыа айаҕын дуу?

– Аҕыйах ырыалаахпын. Аан маҥнай айбыт ырыам “Кэҕэ” диэн. Чэ, ити да гыннар син сүүрбэччэ баар эбит. “Бүгүн эмиэ тиийэн кэллим Бүлүүм ыраас кытылыгар, бүгүн эмиэ санаам кэллим...” (ыллаан иһитиннэрэр.) Ити – эмиэ бэйэм киэнэ.

– Тыла, матыыба дьүөрэлэһэн, олус табыллыбыт ырыа. Айа соруннаххына, куһаҕана суохтук айар эбиккин буолбаат.

– Урут суруйар аҕай этим. Кэлин бэйиэттэр айымньыларын иҥэн-тоҥон ааҕан, сиһилии билэн баран тохтообутум. Итиччэ үчүгэй хоһооннортон ордоммун суруйа олордохпунуй дии санаабытым. Билигин хоһоон айарга холоно сатаабаппын.

– Туох эмэ “тахсаары” гынан тэйитэ аспат, кэйиэлээбэт дуо?

– Матыып киирэр. Онтуҥ эмискэччи, соһуччу киирэр. Оччоҕо сөптөөх хоһоону көрдөөбүтүнэн барабын. Матыыппар хоһоону Виктор Хон-Омук Уолугар сакаастыыбын. Кини хоһоонноругар уонтан тахса ырыалаахпын. Өссө да бааллар. Оҥоһуллуохтаахтар.

XAJJ8759

– Төһө үлэһит киһигиний?

– Орто диэххэ сөп.

– Сорох артыыстар кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн иннэ үрдүгэр олороллор, аны туран, табыллыбатах да буоллар, ырыа бөҕөтүн айан таһаараллар.

– Оннук үлэһит дьон бааллар. Хайгыахха эрэ сөп. Хомойуох иһин, мин олор истэригэр киирсибэппин (күлэр).

– “Мин олохпун хоһуйар” диир чопчу ырыалааххын дуо?

– Бэйэбэр сөп түбэһэр, майгынныыр ырыалары ыллыы сатыыбын. Сорох ырыаһыттар бэйэлэригэр барсыбат ырыалары ыллыыллар. Халы-мааргытык иһиллэр. Ырыаларым ис-испиттэн тахсар буоланнар, чахчы, оҕолорум курдук саныыбын.

– Лиирик ырыаһыккын.

– Миэхэ наҕыл, холку ырыа барсар. Оннук ырыалары дьоҥҥо ордук аһыллан тиэрдэбин. Дэгэрэҥи эмиэ ыллыы сатыыбын. Тойуктаах эҥин ырыалары сөбүлүүбүн.

– Арамаантык атамаана сылдьар эбиккин.

– Ээ суох, хантан?! Арамаантыкаттан төрүт ыраах киһибин. Аны кэлэн арамаантык буолбатым да буолуо.

– Көҥөс киһигин дуу?

– Суох. Ити чааһыгар баҕас үчүгэйбин (күлэр). Ырыабын ыллаары гыннахтарына, үөрэ-көтө сөбүлэһэбин. Анастасия Готовцеваҕа, Майя Сергинаҕа, Амгаянаҕа, Андреанаҕа биэртэлээбитим. Дьон ыллыыра туох куһаҕаннаах буолуой?

evasya5

– Кыыскын ыллатан испитиҥ дии.

– Ыллыыр. Олус баҕалаах. Ырыа эйгэтигэр киирэрин испэр соччо киллэрбэппин. Ырыаһыт буолар кыыс, дьахтар киһиэхэ ыарахан. Төрүүр-ууһуур буоллаҕа, аны дьиэтэ-уота... Арай олус бэриниилээх эрэ буоллахха, ылсыахха сөп. Утарарын утарбаппын, оҕом баҕарарын туох диэхпиний.

– Талаан баар дии саныыгын дуу?

– Арыый бэлэстээх. Син ыллыыһы дии саныыбын.

– Хас оҕолооххунуй? Кэргэниҥ туох үлэһитий?

– Икки оҕолоохпун. Кыыстаах уол. Кэргэним бэйэм курдук, эмиэ култуура киһитэ. Циркэҕэ артыыстыыр, оҕо устуудьуйатын салайар. Кэргэммин 1995 сылтан билэбин эрээри, 2002 с. биирдэ ыал буолбуппут. Култуура колледжыгар бииргэ үөрэммиппит.

KGFH1090

– Сэттэ сылы быһа тургутан көрдүҥ?

– Оскуоланы 1995 с. бүтэрэн куоракка кэлбитим. Сунтаартан Лёня диэн табаарыстаах этим. Дьону көрсө пуорка киирдибит. Эбиэттэн киэһэ тугу гыныахпыный, дьаарбайа таарыйа диэн кииристим. Онно турдахпытына, арай “ок, кылааһынньыгым кэллэ” диэтэ. Мин көрдөхпүнэ, олус уһун кыыс турар этэ. Кэргэним миигин “ээ, кыра баҕайы бап-бааһынай уол турара” диэн кэлин этэр. Мин кэлин улааппытым. Оскуоланы бүтэрэрбэр баара-суоҕа 160-тан эрэ тахса этим. Киниттэн кыра буоламмын, бэйэбин хайдах эрэ сэнии санаабытым. Үөрэнэ сылдьан кыралаан кэпсэтэр этибит. 2001 с. Аскалон кэнсиэригэр кыттыбытым. Кэнсиэр бүппүтүн кэннэ хаартыскаҕа кэлэн түһүспүттэрэ.Онтон ыла ыкса билсэн эһиилигэр ыал буолбуппут.

– Таптал диэн баар эбит дуу?

– Баар. Сорохтор “таптал суох” дииллэр. Олору кытта букатын сөбүлэспэппин. Баарын баар эрээри, хайдаҕын бу диэн кыайан быһааран эппэт эбиппин.

 Сэһэргэстэ  Диана КЛЕПАНДИНА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар